Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Уйбаачааннар бултуйбуттар!»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Уйбаачааннар бултуйбуттар!»
K
edersaas.ru
Категорията суох
16.05.2022 18:30
Оҕо сылдьан кыайыгас-хотугас, булчут-балыксыт аҕалаах, убайдардаах биир саастыылаахтарбар ымсыырар, ордугурдуур да этим. Саас-күһүн кустаан, андылаан, куобахтаан, мас көтөрдөөн, балыктаан тэлгэһэлэрин толорон кэбиһэллэрэ. Саас бултаан кэлэн, күөх окко араас улахан-кыра куһу тэлгэтэн кэбистэхтэринэ кыһыл-хара атахтара тыраадыһан, көҕүллэрэ көҕөрүмтүйэн, кытарымтыйан, түүлэрэ-өҥнөрө дьэрэкээннирэ кылабачыйан үчүгэйэ сүрдээх да буолара. Сөҕө-махтайа тумустарыттан тутан, атахтарыттан таарыйан, түөстэриттэн имэрийтэлээн ыларбыт. Оччолорго алталаах бэдик быһыылааҕым. Сааскы булт үгэнэ. “Бу сарсыарда Ньикииппэрэп Бииктэрдээх отучча кустаахтар. Нуучакаан Оппуонньа биир ытыынан аҕыс моонньоҕону тэптэрбит. Кумахтаахха, Токурга, Бэрдьигэстээххэ, Бооболоох Бакааттыыр арыытыгар куһу кыайбыттар” диэбит курдук кэпсээн-ипсээн дэриэбинэни толороро. Бэл, хараан киэһэлэргэ дэриэбинэбит кус миинин сытынан туолбут курдук буолара. Биһиги, уйбаачааннар да, ыалларбыт бэристэхтэринэ, кус сиэн, кус миинэ иһэн дьон тэҥинэн сананарбыт. Биир киэһээ, утуйаары сыттахпытына, аҕабыт таһаараа ыалбытыттан, Бүөккэлээхтэн киирэн баран, быраатым Куока биһигини сыллаталаан ылбыта уонна: “Оҕолорум сыыстара, биһиги да эр дьон буоллахпыт. Сарсын сарсыарда кустуу барыахпыт, утуйуҥ”, – диэн суорҕаммытын хайбыта. «Кустуу барыахпыт. Кустуу барыахпыт!” өрүкүйэн кылахачыҥнаабыт кыра киһини модьууннуран хас да биэстээх харчы саҕа тараҕайдардаах оройуттан имэрийэн ылбыта. Сарсыарда сып-сап аһаан, аҕабыт иһитин сууйарын нэһиилэ тулуйан кэтэһэн, кустуу бардыбыт. Аҕабыт батарантааһын иилинэн, 16-лаах, бүлгү тутуллар биир уостаах саатын сүгэйдээн, биһигини эр-биир сиэтэн, ибиирэр ардахха кыһаллыбакка күө-дьаа буолан, аһаҕас сиргэ оҕурсу тиэрэ үүнэр Хордоҕой оҕуруотунан, Нохто күөл үрдүнэн Кумахтаахха тиийдибит. Табаарыстарбыт Өлөксөй, Оппуонньа, Бөтүрүүскэ дьонноро, ыалларбыт Быладьыымыраптар кустуур, бачыгыраччы маччыык анньыллыбыт ууларыгар тиийэн кэллибит. Үлэ дьоно сытыахтара дуо, барбыттар. Онон киэҥ дурдаҕа киирэн тулуубунан, нэк буолбут куобах суорҕанынан үллүнэн олорунан кэбистибит. – Кустар хаһан кэлэллэр, – дурда иһигэр көҥүл турар-олорор Куока чуолҕанынан өҥөҥнөөбүтүгэр тээтэбит: – Тоойуом, ыксаама, өҥөҥнөөмө. Түһээри кэлбит кустары үргүтэлиэҥ. Дурда кэтэҕэр саҥата суох, хамсаабакка олоруҥ, – диэн тулуубунан харахтарбыт эрэ кылахачыһалларын курдук саба тардан кэбистэ. Өр буолбатыбыт, анныбытынан, кутуйахтар чыбыгыраһа-чыбыгыраһа сырсан тилигирэстилэр, хаппыт тэллэх оту сырдырҕаттылар, тугу эрэ хачыгыраттылар. – Бу-бу, улахыын кутуйах, миигин көрөр! – быраатым сөмүйэтинэн ыйа-ыйа, миэхэ сыһынна. Атах диэки, дурда муннугар, күтэр обургу мөлбөрүйэн, ньулуопка дарабыына саҕа харахтара кылахачыйан, уун-утары олорор эбит. «Сус!» диэн суоһурҕанан атахпынан сиирэ-халты тэбэн кэбистим. – Сүрдээх дьоммут, кутуйахтары, күтэрдэри бултаһар кусчуттар буолаахтаатахпыт, – тээтэбит мүчүҥнээн ылла. Таһырдьа ардах ибиирэр, тыалыран, иннибитигэр эрэһэ долгуҥҥа бигэнэн маччыыктарбыт тыыннаах кустар курдук эргичиҥнэһэллэр, устаҥнаһаллар. Соҕуруу арыыга барар суол айаҕын диэки, Халҕан Ааныгар кулунчуктар иҥиэрсэллэрэ, сылгылар хаһыҥыраһаллара иһиллэр. Дэриэбинэҕэ сайылыкка көһөөрү хомуна-түбүгүрэ сылдьар ыанньыксыт дьахталлар Түөллэҥ Моруусалаах, Кыраһа Таанньалаах, Уус Ылдьаа эмээхсинэ Уһун Аана, Чэкэйэ Ларыыһата айманаллар, ньирэйдэр мэҥирэһэллэр. Үрдүбүтүгэр, Хордоҕойго, ыһыы үлэтэ саҕаланан, оҕуруотчуттар сири-буору миккийэллэр, ноһуом сиидэлээн сиксийэллэр, «итии кирээдэлэри» оҥороллор. Сассыы тыраахтыр таһыгырыыр, тырахтарыыстар Эмэлдьээннээх Хомунаар хаадьылаһаллара, күлсэллэрэ охсуллан ааһар. Бүтүннүү кулгаах-харах буолан чуҥнуу-кэтии олордоххо, тула өттүҥ олох атыннык, сонуннук иһиллэр, көстөр эбитин дурдаҕа олорон билбитим. Тэйиччи өрүс арыытын үрдүнэн хаас үөрэ айманан, тыыннаах өтүү курдук субуллан сэллээн-хойдон ыла-ыла талахтар кэтэхтэригэр сүтэн хаалла. Аҕам, көрбөтөр да, саҥаларын истибит. – Намтаатылар дуо, Паабылап ойооһугар түстэхтэрэ. Чэ, тоҕойдоруом, Байанай көрдөрөн эрэр. Бултуйар дьон буоллубут, кытаатан сэрэнэн, хамсаабакка олоруҥ, – диэн өссө лаппыйан сэрэттэ. Ол икки ардыгар «Өбүт чочоох, өбүт чочоох!», «Кур итир-риик, кур итир-риик!» дэспитинэн дурдабыт иннигэр ньамахха икки чөкчөҥө сараспытынан түһэн, испиискэ маһын курдук уһун, тыраадыспыт атахтарынан тыкаарыҥнастылар. – Кустар-кустар! – Куока хайа икки ардынан дурда чуолҕанынан быган, кулгаахтара таллайан турарыттан бэйэбит да соһуйдубут, бэккиһээтибит. Чөкчөҥөлөрбүт көтөн «тырк» гынан хааллылар. – Дьэ ити, олох да дурдаттан ойон тахса сыста. Ыл, сыт, хаптай! – тээтэбит өҥө-дьүһүнэ биллибэт, араарбакка кэтэр уоттуйбут дассабыыгын тимэхтэрин төлөрүтүннэ. – Кустар буолбатах, чөкчөҥөлөр буоттаа! – дии-диибин бырааппын сонун эҥэриттэн тиэрэ тардан түһэрэн, хам баттаатым. Эмискэ дурдабыт кэтэҕинэн «Кырык-кырык!», «Кырык-кырык!» диэн саҥа иһиллээтин, туох эрэ куһуурда. Чочумча буолаат, чуолҕанынан күлүктэр барыгылдьыстылар да, иннибитигэр уу тыаһа бырылыы түстэ. – Кустар, кустар, саҥарымаҥ, – тээтэбит оргууй саатын уоһун чуолҕан туорай маһыгар ууран, луоһугар сэҥийэтинэн хам сыстан, халыҥ таастаах ачыкыта килэбэчийэн, уулаабыт сылгы курдук дьигиһийэ, титирэстии, тыын быһаҕаһынан тыына, кыҥыы олордо. Уһуннук да кыҥаата, кустарбыт көтөллөрө буолуо диэн ыксаталаатым. Хам баттана сытар быраатым тыына-быара ыгыллан, ньааҕынаары гынан эрдэҕинэ, биирдэ түптэ саалла түстэ. Тээтэбит көлөһүнэ сарт түһэн, ыыс-быдаан буолбут дурда иннин олоотоон, дөйбүт курдук хамсаабакка да олорбохтоон баран, саатын өйөннөрөн, дурда илин хаппаҕын өрө анньаат, сулбу ыстанан таҕыста. «Баар, баар! Оо, Баай Байанай, Кумахтаах эбэ, махтал буоллун!» – биир кэм баллыгырыы-баллыгырыы кылгас остоох саппыкыларынан самаҕар диэри ууга киирэн, умса, тиэрэ түһэн сытар икки улахан куһу харбаан ылаат, ууну биллиргэтэн бүдүрүйэн туруйалаан ыла-ыла, өрө батыччахтаан кытыыга таҕыста Киллиргэччи-халлыргаччы үктэнитэлээн, уу чаккыраан, бултуйан уостара ыпсыбат буола үөрбүт, өрүкүйбүт аҕабыт: – Оҕолорум сыыстара, биһиги да эр дьон эбиппит. Бу бултуйдахпытын. Мэйиҥ, моонньоҕотторгутун тутуҥ! – диэн, кутуруктарын үрдүнэн арыйталаан, хараара сылдьар түүлэрин көрдөрөн, «кус сыатын оборор» диэн быһааран турута тардыталаан, дурдаттан бырдааттаһан тахсыбыт, эккирэһэ сылдьар уолаттарыгар эр-биир туттартаан кэбистэ. Кустарбытын тута-хаба, имэрийэ-томоруйа, сөҕө-махтайа турдахпытына аҕабыт саппыкыларын уутун сүөкээн, саатын махтаммыттыы сиэҕинэн имэрийэ сотон сүгэйдээн, дурда хаппаҕын сабан, моонньоҕотторбутун тэйгэччи тутан дьиэлээтибит. Аара утары көрсүбүт дьоммут: «Оо, уйбаачааннар бултуйбуттар, куһу кыайбыттар!» – уруйдуу-айхаллыы ааһаллар. Хордоҕойго ыһыыга сылдьар, куоракка сэлликтээхтэр балыыһаларыгар эмтэнэ сытар ийэбит дьүөгэлэрэ дьахталлар, Сиипсэбэ Кээтиилээх, Солобуйуоба Маасалаах: «Барахсаттар, эрэйдээхтэр…» – дэһэн кэннибититтэн аһынар, эйэргэһэр саҥаларын тоҕо эрэ олох умнубаппын. Атыыр моонньоҕонтон эрэ өндөс быраатым Куока куһун көхсүгэр быраҕынан сүгэйдээн иһэрэ, кэнниттэн такымыгар охсуллара, тээтэбит биһигини, эрбэнньиктэнэн иһэр кырачаан дьонун иннигэр уктуталаан, көнньүөрдэҕинэ буоларыныы, көхсүн иһигэр массыына тыаһын курдук биир күрүс ыллаан кыыгыныыра бу баардык көстөн, иһиллэн кэлэр. Үйэбэр аан бастаан уонна биирдэ алталаах уолчаан аҕабыныын, кырачаан бырааппыныын итинник кустаан, бултуйан турабын. Иван КСЕНОФОНТОВ-СИЛИГИ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан