Кэпсээ
Войти
Регистрация
Уорааннаах-уодаһыннаах 1952 сыл
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Уорааннаах-уодаһыннаах 1952 сыл
K
kyym.ru сайтан
Номох
02.05.2018 14:35
1951 сыл ахсынньытыгар “Правда” хаһыакка Обком I сэкирэтээрэ Семен Борисов уонна дойду биллиилээх литератордара А.Сурков, Л.Климович илии баттааһыннаах “За правильное освещение истории якутской литературы” диэн ыстатыйалара тахсыбыта. Ону иилэ хабан, 1952 с. обком уурааҕа ылыныллыбытын, ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэбит барытын үрдүнэн националистары көрдүүр ынырыктаах уонна ньүдьү-балай хампаанньа ыытыллыбытын билигин үһү-таамах курдук эрэ истэбит. Быһата, ол хампаанньаҕа саха дьоно ким эрэ куттанан, ким эрэ туһанар тутах сыаллаах, ким эрэ бүк итэҕэйэн, бэйэбитин сиир дьайга саҕаһа, алын сыҥаах буолан кыттыспыппытын, омукпутун хара балыырга умньаспыппытын билигин киһи санаан сөҕөр. Бу кэм туһунан бэрт үтүө киһи, тюрколог Николай Антонов: “Саха интэлигиэнсийэтэ муста-муста мунньахтаан моргуһан, этиһэн-үөхсэн, эһэ-бөрө курдук бэйэтин сиэһэн тахсар этэ. Ол кэми саныахпын да кыбыстабын”, – диэн турардааҕа. Бу курдук сааттаах быһыы-майгы аны хаһан да хатыламматын туһугар, биһиги оччотооҕу быһыыны-майгыны билиэх, аҕа көлүөнэ эрэйдээх-буруйдаах олоҕуттан уруок ылыах тустаахпыт. Оччотооҕуга Сахабыт сиригэр хайдах быһыы-майгы буолан ааспытын ол кэмҥэ устудьуоннуу сылдьыбыт Михаил Васильевич Колодезников санатар. Кини билигин 84 сааһыгар сылдьар ытык кырдьаҕас. – Уус Алдаҥҥа Танда оскуолатыгар 1939 с. оскуолаҕа үөрэнэ киирбитим. Биллиилээх “культармеец”, кыһыл бартыһаан Хабырылла Дьөгүөрэп туттарбыт оскуолатыгар. Кини онно оскуолаҕа бэйэтигэр баар икки кыракый хоһу баһылаан олороро. Эдэр ойохтооҕо, олус оҕомсоҕо. Арааһа, биэнсийэтэ да суох быһыылааҕа. Холкуостаахтар дохуоттарыттан быһа түһэн өлүүлэһэрэ. Мэлдьи кэриэтэ сабыс-саҥа, күп-күөх гимнастеркатыгар кыһыл таҥаска киһи илиитигэр биллэр лис курдук ыйааһыннаах “Бойобуой Кыһыл Знамя” уордьанын кэтэ сылдьар буолара. Ол мааны гимнастеркатын Ворошиловтан бэйэтиттэн көрдөһөн ылбытын туһунан кэпсииллэрэ. Кэпсэтэн бүтэн баран тахсаары туран: “Клим, эргэ-урба таҥаскыттан быраҕан биэрбэккин ээ...” – диэбитин туһунан номох аҥаардаах кэпсээн баара. Хата, ону тылбаасчыт устудьуон уол “обмундирование наада” диэн “сымнатан” эппитин курдук кэпсииллэрэ. 1942 с. ынырык сут-кураан дьыл этэ. Ыарыһах аҕам аһынан хааччыйар кыаҕа суох буолан үөрэммэккэ олордохпуна, хата, Дьөгүөрэп оҕонньор Тандаҕа интэринээт арыйтаран абыраабыта. Онно 5 нэһилиэк оҕото бары түмсэн үөрэммиппит. Арааһа, онон хоргуйан өлбөтөҕүм быһыылааҕа. Интэринээккэ да олорон оҕолор сааһыгар тиийэн дэлби быстаран, хоргуйан байааттаҥнас буолан хаалаллара, өлө сыһааччылар да бааллара. Туох кистэлэ кэлиэй, оччолорго эр дьон учууталлар бары сэриигэ бараннар, үөрэх хаачыстыбата баҕас быстар мөлтөх буолара. 7-с кылааһы бүтэрэн баран, салгыы Бороҕоҥҥо үөрэммитим. Нууччалыы тугу да билбэт тыа оҕолорун нууччалыы үөрэтэн эрэйдииллэрин өйдүүбүн. Оскуола кэнниттэн мин тыҥабынан ыалдьан үөрэнэр кыаҕым сарбыллан, сэбиэккэ сэкирэтээрдии бараары сырыттахпына, оччотооҕу үөрэх миниистирэ Семен Сюльскай, киһи хараҕа халтарыйар мааны киһитэ, тус бэйэтинэн тыаҕа кэлэ сылдьан дьаһайан үөрэххэ ыыппыта. Ол саҕана педучилищеҕа, пединститукка киирэр ыччат олус аҕыйах буолан, куонкурус эҥин диэн суоҕун кэриэтэ эбит этэ. Ол да иһин оннук тэринэн-дьаһанан эрдэхтэрэ. Мин, дьиҥинэн, математикаҕа үчүгэй этим эрээри, оскуолаҕа үчүгэйдик
үөрэппиттэригэр тирэҕирэн, саха тылыгар киирэн хааллым. Эппитим курдук, куонкурус суох. Бөлөхпүтүгэр 23-пүт. Саха тылын Никита Григорьев диэн доцент үөрэтэрэ. Билиҥҥи дуоктардарга ханан да холооно суох киэҥ билиилээх-көрүүлээх киһи этэ. Сунтаар кырдьаҕастара кинини “Уһун Успурдуон уола” диэн ааттыылларын өйдүүбүн. Сураҕа, төрүттэрэ улахан кыахтаах, баай дьон эбиттэрэ үһү. Литэрэтиирэни поэт Сэмэн Данилов үөрэтэрэ. Өксөкүлээх айымньыларын олус иэйэн-куойан, умсугуйан туран кэпсиирэ. Олус үчүгэй учууталлар этэ. Дьэ, ити кэмҥэ “Правда” хаһыакка ыстатыйа тахсар. Ыстатыйа тахсара кэмнээх буолуо дуо, бастаан ким да ону соччо аахайбатаҕа быһыылааҕа. Онтон дьэ, саҕаламмата дуо! Олунньуга каникулбутуттан төннөн кэлбиппит (1952 с.), айдаан бөҕө буола турар эбит. Обком уурааҕа тахсыбыт. Билигин ону “саха омугар ол араллаан син биир балаҕан ыйын 1 күнүгэр АХШка “игирэ-башнялары” суулларбыттарын курдук улахан суолталаммыта” дии саныыбын. Култуурабыт, литэрэтиирэбит, сайдыыбыт хас да сыл төттөрү быраҕыллыбыта. Төһө да ол быһылааннар быһаччы кыттыылаахтара буолбатарбын, туораттан син көрө сырыттаҕым... Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тойон, салайааччы бөҕө ууратылынна. Никита Григорьевпытын уураттылар, Сэмэн Даниловы тохтоттулар. Мунньах аайы устудьуоннар тура-тура учууталлара националистарын саралаан тыл этиитэ бөҕө. Ол саҕана тутуллубут Багдарыын Сүлбэни, Даланы, Афоня Федоровы көрөн билэр дьоммут буоллаҕа. Улахан куурустар, актыбыыстар. Багдарыын Сүлбэни эҥин лаппа толло көрөр этибит. Эбиитин, Даланы кэлэн тутан таһааран иһэллэрин утары ыы-муннугунан көрсөн ааспыттааҕым. Икки МГБ үлэһитэ иннилэригэр уктан, таһаҕаһын барытын бэйэтигэр сүктэрэн таһаарбыттара... Ол саҕана мин “Кыымҥа” таһыттан сылдьан үлэлиирим. Миэхэ убай курдук истиҥник сыһыаннаах Василий Алексеев-Байҕал – хаһыат эппиэттиир-сэкирэтээрэ. Кистэлэҥи кэпсэтэр киһитэ суох буолан дуу, хайдах дуу, миигин эрэдээктэр хоһугар ыҥыран киллэрэн, олус хараастан олорон обком бюротуттан кэлбитин, онно “Семен Борисов дьүһүлэммитин, кэбилэммитин... Кинини бэйэтин киһи оҥорбут Илья Винокуровы сиэбитин... Алдьархайдаах дьыала буолбутун” кэпсээтэ. Кырдьык, аһара долгуйбут, хараастыбыт этэ. Кини Илья Винокуров таһаарбыт каадырын быһыытынан биллэрэ. Ол быыһыгар Обком сэкирэтээрэ Борисовы үөхсэр: “Ол совпартшкола эрэ үөрэхтээх Семен Борисов хаһан Өксөкүлээҕи аахпыт буолан эҥин араас сыанабылы, дьаралыгы дьоҥҥо сыбыахтааҕый?” – диэмэхтиир. Эппитим курдук, салайааччы бөҕө уһуллубута. Били Далан эппитинии, “бүттэлээх киһини хаалларбатахтара”. Историк Башарин эккирэтии бөҕөҕө түбэспитэ. Инньэ гынан турист ыстаансыйатыгар мэтэдьиистии барбыта. Хата, киһитэ кини буолан, кэлэн-баран, туруорсан, хаайыллыбатаҕа. Сэмэн Данилов олорор дьиэтиттэн үүрүллэн (ол иннинэ Сэргэлээххэ үчүгэй баҕайы үс хостоох преподавателлэр дьиэлэригэр олорбута), Мархаҕа киэһээҥҥи оскуолаҕа нуучча тылын учууталынан үлэлии барбыта. Санаата олус самныбыт, соргута тостубут этэ. 1954 с. аэропорт таһыгар биир нуучча уолунуун сылдьарын көрөн сөҕөн турардааҕым. Хата, өрүттэн, соҕуруу үөрэнэ баран ол ынырык дьэбэрэттэн төлө көппүтэ. Ол 1952 с. айдаан бириэмэтигэр “Кыымҥа” информация отделыгар сыһыарыллан үлэлиибин. Отделбытын Михаил Капустин салайар. Наар тэрилтэлэргэ ыытар. Ол баран боростуой оробуочай дьонтон “баартыйа хаһыс эрэ пленумун уурааҕын сэҥээрдим, сөбүлээтим, ону көрсө
маннык үлэ былаанын толоруом” эҥин диэн курдук тыллардаах ыстатыйалары суруйабын. Бу сырыттахпына, биирдэ, бырапагаанда отделын салайааччыта Григорий Нынныырап ыҥыртаран ылла. Икки туумбалаах, күөх сукуна сабыылаах улахан баҕайы остуол кэтэҕиттэн нэһиилэ көстөр кыра киһи эбит. Сэрии бэтэрээнэ, кыра, бүрэ, уҥуох ыарыытыттан бүк түһэн хаалбыт токур киһи. Сорудах биэрдэ. Пединститукка сахатын-нууччатын бырыһыана төһөтүн, сахалар ханнык улуустан сылдьалларын суруйуохтаахпын. Ис иһигэр киирдэххэ, үктэтиилээх соҕус сорудах быһыылааҕа. Ону мин оҥорон аҕалбытым. Арай, бэйэм факультетым туһунан матырыйаал ыларбар, хомсомуол сэкирэтээрэ Егор Кычкин “ким көҥүллээн эйигин онно-манна ыытта, ким хомуйтарарый!” диэн тутан сии сыспытын өйдүүбүн. “Кыымҥа” үлэлиир дастабырыанньабын эрэ көрдөрөн быыһаммытым. Оччолорго дьон хаһыаттан, обком уорганыттан, улаханнык толлор этилэр. Бу Кычкин “Баһаарын дьыалатыгар”, кырдьык, наһаалаабыта. Саха националистарын саралаан тыл бөҕө этэрэ. Эмиэ оччолорго, Владимир Парфеньевич Самсонов диэн хас мунньах аайы “башаринецтары” үөҕэн, кыбдьырынан тахсар, сахаҕа улахан кырыктаах киһи баара өйбөр олорон хаалбыт. Хомуйбут матырыйаалбын Нынныыраппар илдьэн биэрдим. Сотору киһим эмиэ ыҥыртаран ылла. “Сорудаҕы кыайар, толоругас дииллэр. Бу эппиэттээх сорудаҕы кыайар инигин,” – диэмэхтиир, чинчилиирдии көрөр-истэр. Ол кэннэ Сэмэн Данилов “Ойуун түүлүн” хайдах үөрэппитин суруйан аҕаларбар соруйда. Быһата, Сэмэн Данилов “наһаа үчүгэй” диэн хайҕаан үөрэппит айымньытын дьиҥнээх ис хоһоонун билэн баран биһиги, устудьуоннар, хайдах курдук кэлэйбиппитин суруйуохтаах эбиппин. Ныныыраптан тахсан истэхпинэ эппиэттиир сэкирэтээр Байҕал көрсө түһэн ыҥыран ылла. “Тоҕо ити киһини кытта куодарыһаҕын?” – диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. Эрэдээктэр хоһугар киллэрэн (эрэдээктэр бэйэтэ мэлдьи суох буолара) ыйыталаһан баран: “Онно-манна умньаммакка көнөтүк сырыт!” – диэн мөхтө. Олус үтүө сүрэхтээх киһи этэ. Кыаммат-түгэммэт устудьуон диэн аһынан ботуччу соҕус гонорары суруйара. Ити кэпсэтииттэн сылтаан, били “сакаастаммыт” ыстатыйам суруллубакка хаалбыта. Ол “Башарин дьыалатыгар” актыыбынайдык үлэлэһэн, Нынныырап дуоһунаһа эрэдээктэри солбуйааччыга тиийэ үрдээбитэ... “Националистары” сойуоласпыт дьон бары да дуоһунастаммыттара. Кэлин уонча сыл буолан баран “Кыымҥа” үлэлии сылдьан Нынныыраптан ол туһунан сүөргүлүү былаан ыйыталаһан турардааҕым. “Оҕолоох-уруулаах киһибин. Онно мин туох да буруйум суох, Обком линиятын эрэ олоххо киллэрсибитим. Балаһыанньа оннук этэ. Биир киһи систиэмэни утарара кыаллыбат”, – диэн кэбиспитэ. 1956 с. “Саха орфографиятын оннун булларыахха” диэн ыстатыйа таһаардым. Онтубун учууталбар Никита Григорьевка илдьэн көрдөрдүм. Кини “сахатытан” суруйууну уруккуттан да туруорсар буолара. Бука, хайҕатаары гыннаҕым буолуо. Кэлин ол ыстатыйам тус бэйэбэр охсууланан тахсыбыта. Тылга аспирантураҕа киирээри биллиилээх учуонай Лука Харитоновка кэлэн кэпсэттим. Адьас сөбүлэһэн эрдэҕинэ, бэйэтин аспирана Николай Егорович Петров киирэн туорайдаспыт. “Тенденциознай ыстатыйа ааптара...” эҥин дэтэлээбит. Петров, уопсайынан, сахатытыыны барытын утарсан утарбыт киһи этэ. Харитонов оччолорго олус кырдьаҕас киһи этэ, аспиранын тылыттан тахсыбатах. Николай Петров өссө иккис куурус устудьуона сылдьан Георгий Башарины, Авксентий Мординовы “буржуазнай националистар” эҥин диэн саралаан, үөҕэн ыстатыйа суруйан “аатырбыта”. Ити курдук
ынырык быһыы-майгы кэлин арыый сымнаабыта эрээри, сүнньүнэн, ааспыт үйэ 90-с сылларыгар диэри салҕанан барбыта дии саныыбын (1986 с. устудьуоннар айдааннарын да санааҥ). Итини таһынан, бу барыта эрдэттэн былааннаммыт, иитиллэн баран күүтэн турбут айа эстиитэ, 1937-38 сыллар салгыылара этэ. Холобур, сэрии сылларыгар Ньурбаҕа 4-5 учууталы “националистар” диэн буруйдаан хаайбыттара, 1948 с. Бүлүүгэ Гаврил Сивцев-Ордьоох диэн учууталы хаайыыга ыыппыттара, Горнайга, Тааттаҕа “националистар” дьыалалара күөрэйбитэ. Ордук дьаныһан туран үөрэхтээх, үтүө дьону кыайаллар эбит, онтон көрдөххө. Быһата, кыра норуоту ыгар-түүрэр, хам баттыыр быһыы сэбиэскэй былаас баарын тухары салҕанан барбыта дии саныыбын. Ол ынырык кэм аны төннүбэтэр ханнык. Иван Гаврильев.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан