Кэпсээ
Войти
Регистрация
УруҺуй хотой
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ УруҺуй хотой
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
26.11.2020 14:33
Тымныы, хахсаат күһүн этэ. Сэлиэнньэ кытыытынааҕы титирик кэрии иһэ хоҥурахха иэдэскинэн анньылларыҥ кэриэтэ тымныы салгынынан көрсүбүтэ. Бээ-бээ, манна дьиэ тиэргэнэ баар, хм... Киһи дьик гыныах сирэ. Бэрт синньигэс маһынан – бадаҕа, уһаайба титириктэринэн быыкаайык, дьиэ диэтэххэ дьиэ буолбатах, үүтээн диэтэххэ үүтээн буолбатах – тутуллубут. Киһи уҥуоҕун моһуонунан, түөрт сирэйдээх, туол бүрүөһүннээх кырыыһатын оройугар дьип-дьап курдук кириэс сааллыбыт. Алларааттан үөһэ тахсар туорайдаах — быһата, киһи уҥуоҕар туруоруллар кириэс быраабыла быһыытынан оҥоһуллубут. Хаһаайын субу олорор эрээри, чүмэчи уотугар оонньоон ылар кыһыл көмүс «фиксата» ханна эрэ быһах биитэ килбэчийэн ыларын курдук — ыраах үөл-дьүөлгэ. Ханна? Баҕар, таһырдьааҥҥы тымныыга титириккэ сөрүөстэн турара буолуо, баҕар, элэс гыммыт олоҕун ааспыт аартыгар ыралана сатыы олороро буолуо, баҕар, буолуохтаах эрээри буолбатах, туолуохтаах эрээри туолбатах дьылҕатын сибиэнэ туора киһини муннарар муҥа буолуо... Лоп курдук, хайдах эрэ сыанаҕа артыыстаан эрэр курдук саҥата намыһах дьиэ үрдүттэн таас иһиккэ таммалыырга дылы хатан. Харахтара кырдьаҕас киһи харахтара буолбатах: — Дьэ, билбэтим. Анараа дойдуга оҕонньоттор элбэхтэр. Эҥин араас киһи барыта баар. Ол иһигэр үйэлэрин тухары олорбут оҕонньоттор. Дьиктитэ диэн, бары ып-ырааһынан көрбүт оҕонньоттор. — Ээ, сымыйа буоллаҕа дии. Хаайыы ыраастыа баара дуо. Ол оҕонньотторуҥ ып-ыраастык көрбүтүнэн хабарҕаҕын туора сотуохтара, чыпчылыйан да көрбөккө. — Оттон мин? Ону ким да быһа этэр кыаҕа суох. Мин соҕуруу сылдьан Кудеяр атамаан туһунан ырыаны сөбүлүүр этим. Билэҕин дуо, ол ырыаны? — Билбэккин. Манастыырга барбытынан бүппэт эбээт, дьиҥэр. Толору ырыата маннык. Этэриҥ курдук, элбэх киһи хаанын тохпут, обуос, айанньыт бөҕөнү халаабыт Кудеяр атамаан биир үтүө күн суобаһа оонньоон, кырдьык, баандатын ыһан кэбиһэн баран, атах балай сылдьар. Ол сылдьарын тухары таҥараттан аньыытын-харатын боруостуурга көрдөһөр — хайдах да сордоо-муҥнаа, дууһабын эрэ быыһаа диэн. Таҥара ньимиликээн курдук, Кудеяр үҥэрин-сүктэрин кубулуппат. Аан дойдуну кэрийэн кэлэн баран үс быластаах дууб мас анныгар балаакка курдугу тардынан олорор. Арай биир үтүө күн киниэхэ ханнык эрэ кырдьаҕас кэлэн этэр: "Бу дууп аннын таҥара ыйааҕынан булбутуҥ. Дьэ, дьон хаанын тохпут илиигэр ороспунньуктаабыт быһаххын ыл уонна бу дуубу ол быһаҕынан кыһан сууллар. Ол сууллардаххына, аньыыҥ-хараҥ өһүллүө". Дьэ, кырдьаҕас ороспуонньук кыаҕын таһынан үлэ буолан биэрэр — үс быластаах аарыма дууп маһы кыракый быһаҕынан суулларыахха диэтэххэ. Ону ол диэбэккэ Кудеяр атамаан күнү-күннүктээн дууп маһы кыһар. Кыракый кыспаларынан, быт хаамыытынан... Ол тухары таҥараны айхаллаан тойук туойар, мэлииппэ ааҕар. Сылайар-сындалыйар диэни билбэт эрээри, кыах кырата диэн баар. Ол сырыттаҕына биир үтүө күн ааттаах-суоллаах Глуховскай пан тиийэн кэлэр. Аньыыта-харата таһынан бычыахтаабыт тойон. Кудеяр киниэхэ мээнэ кэпсиэ дуо, үөрэтэр-такайар, сэрэтэр быһыынан кэпсээтэҕэ дии. Онто киһитэ оҕонньору күлүү гынар: — Дууһабын быыһыырга кыһаммаппын. Мин бу Орто дойдуга
дьахталлары, кыһыл көмүһү уонна ыраас арыгыны эрэ күндүргэтэбин. Хайдахтаах элбэх кулут-чаҕар дьону сордуурум-муҥнуурум, эрэйдээн-накаастаан тыыннарыгар турарым буолуой даҕаны, хайдах курдук модуннук утуйарбын көрүөҥ этэ! Маны истээт, Кудеяр хаана хамсаабыт, тыына бобуллубут, бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн пан Глуховскайга ойон тиийбит да, били, дуубу кыһар быһаҕынан дьакыйан кэбиспит. Дьэ, аньыыны-хараны хат оҥоһуннум диэн кэмсиниэн иннинэ, били үс быластаах дууп маһа сууллан таҥкынаан түспэтэх үһү дуо. Этиллибитин курдук, тута Кудеяр аньыыта-харата өһүллүбүт, таҥара иннигэр кыһыл оҕолуу ыраас киһи буола түспүт. — Мин аҥаардас ийэҕэ иитиллибит тыа оҕото кырдьаҕастары туох да сүрдээҕин ытыктыы улааппытым. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ (өссө балтылаах этим) саамай көдьүүстээх, кэлэ-бара маспытыгар, уубутугар-хаарбытыгар көмөлөһөөччү оҕонньоттор буолаллар этэ. Бары да пиэрмэҕэ олордохпут дии, биир кыһалҕанан, биир үөрүүнэн-көтүүнэн. — Олохпор саамай улахан охсууну улахан дьону кытта аан бастаан оттоспут сылбар ылбытым. Сорох эдэр уолаттар кырдьаҕастары улахаҥҥа уурбаттарын урут да билэр-көрөр этим буоллаҕа. Ол эрээри ону сүрэхпэр чугастык ылына илигим. Дьэ, онуоха аан бастаан бэйэм кыттыспытым диэххэ сөп. Хоруочай диэн аттары көрөр-истэр кыра баҕайы уҥуохтаах оҕонньор баар этэ. Үйэбэр аан бастаан онно кырдаҕас киһиэхэ дьорҕойбутум. Туох эрэ сүүнэ кирбиини атыллаабыт курдук, этэргэ дылы, сиэр-майгы өттүнэн босхо барбыкка дылы буолбутум. Эгэ, саастыылаахтарбар дуо? Онтон салгыы баппат аатырбытым. — Ким буруйдаах буолуой. Уопсайынан, мин ол дойдуга сүүрбэттэн тахса сыл олордум даҕаны, буруйа суох киһини көрсө иликпин. Биир эмэ киһи баар да буоллаҕына, биһиги онно туһунан бөлүһүөпүйэлээхпит. Биллэн турар, ол сахха дэриэбинэҕэ "бу уол сатанарын ааста, түргэнник оннун буллара охсуохха наада" диир дьон баар буолааччылар. Ол эрээри эдэр киһини харыстаабакка, алы гыммакка хаайыы киһитэ оҥорбуттара диэн хом санаам суох. Буруйдаах буоллаҕым. Буруйу оҥорон баран хайдах хаайыллыам суоҕай? Уол оҕону тараҥнатар, атаахтатар букатын наадата суох. Улар мэйии буоллаҕа дии. — Кэмсиммэппин. Аны кэлэн. Миэхэ ким даҕаны бу дуубу кыһан охтор, оччоҕуна аньыыҥ-хараҥ өһүллүө диэбэтэ буолуо. Түһээтэххэ даҕаны. Ол эрэн биири этэбин: дууһаҕын хаһан баҕарар, ханнык баҕарар аньыыттан боруостуохха сөп. Баҕалаах эрэ буоллаххына диэн буолбатах, кырдьыгы тутуһар буоллаххына. Кудеяр аньыытын-харатын боруостуу сылдьан эмиэ улахан аньыыны оҥорор — киһини өлөрөр. Ол да буоллар норуот (бу норуот сэһэнэ буоллаҕа дии, төһө да бэйиэт Некрасов сурукка киллэрдэр) кини аньыытын-харатын бырастыы гыммыт. Тоҕо диэтэххэ, кини кырдьык иһин аньыыга киирбит. Өйдөбүлэ онно сытар. Өйдүүгүн дуо? Үүтээн дуу, балаҕан дуу иһэ итиикэтэ сүрдээх. Оҕонньор ырбаахытын устан кэбиспитэ, этирик түөһүн биир гына уруһуйдаммыт хотой быыс буллар эрэ ыыспа иһиттэн көтөн хаалыахтыы даллаҥныыр. — Мин "бродяга" буолбатахпын. "Сокуону" киһи эрэ быһыытынан тутуһабын. Ханнык да түгэҥҥэ киһи буолуохха диэн санаалаах этим. "Сокуон" иһинэн сылдьар ыарахан. Киһи эрэ барыта кыайбат суола.
Бүтэһикпэр тахсан баран, бииргэ сылдьыбыт уолбар тиийбитим. Ыарахан киһи. Хаайыыга барарыгар ойоҕун муннун быһан кэбиспит этэ – мин суохпар көссүүлэспэтин диэн. Онтуката, бадаҕа, улаханнык туһалаабатах быһыылааҕа – күн аайы ардырҕаһалларынан сылыктаатахха. Күн аайы өлөрөөрү хаайар. Онно мин тугум кыһалҕатай – онно орооһор быраабым суох. Онон мин туспар дууп сууллар кыаҕа суох, һа-һа! Биллэн турар, ыарахан. Арыычча туттунарым. Уопсайынан, мин аттыбар киһини атаҕастыылларын кыайан тулуйбаппын. Онтон тэбиэһирэн тиийэн түбэспитим. Хабарҕабар диэри ыгылла сылдьаммын. Элбэҕи билэ сатаама — баарым барыта бэйэм киэнэ. Кимиэнэ да буолбатах. "Хотой“ дьэ уоскуйда, бэл, аҥаар хараҕын симмиккэ дылы буолла. — Бу ыыспабар олороммун арааһы саныыбын. Кэмсиммэппин диибин даҕаны, саарбахтааһын ханна барыай. Тырыта тыыттарарым элбэх. Ону дьоҥҥо сыҥалыы сатыыр сатаммат. Һа-һа, аны буруйдааҕы булан ылыам дии, оччоҕуна эмиэ алдьархай тахсаарай? Мин курдук киһи бэйэтэ бэйэтигэр сытыйа сыппыта ордук. Дьону көрбөхтөөтүм, сырыыны сылдьымахтаатым — арай олохтон астыныы суох. Төрүүр оҕону төлкөлөөбөтүм, дьиэ-уот тэриммэтим, хотун-ойох сылаас хоойун, сымнаҕас сыһыанын билбэтим. Морбойон хааллахпына, соторунан ким булан ылар үһү — онон ыыспабын киһи уҥуоҕун курдук туттубутум. Баҕар, манна сытыйар дьалҕалааҕым буолуо. — Биири этиэххэ сөп. Ханна даҕаны олох отуора уларыйда. Манна даҕаны, анараа дойдуга даҕаны. Урукку "сокуону" тэбистилэр, киһилии киһи онно бэйэтин бэйэтэ билинэн сылдьара ыарахан буолла. Ыччат дьүүлүн-дьаабытын өйдөөбөт сүөһүгэ кубулуйан эрэр. Этэргэ дылы, сибэтиэй диэн кинилэргэ суох. Урут ханна да сокуон баар буолара. Көҥүлгэ да, анараа даҕаны. Кэспит киһи сөптөөх накаастабылы хаһан баҕарар ылара. Бэрээдэк баара. — Иккистээн төрүүрүм олорорум буоллар? Ол туһунан толкуйдаабаппын. Арай Хоруочайтан бырастыы гын диэн көрдөһүөм эбитэ буолуо. Анараа да дойдуга көрсөрбүт биллибэт. Кини үтүө киһи этэ — бука, ырайга көттөҕө буолуо. Мин атын сиргэ барарым чуолкай. Муҥ саатар, аад уонна ырай икки ардыларынааҕы "привраткаҕа" көрүһүннэрэн аһараллара буоллар, туох-ханнык иннинэ бырастыы гыннарыам этэ. Дьиҥинэн, кини миигин былыр бырастыы гыммыта. Атыҥҥа бырастыы гыннараары гынабын — дириҥник уонна бэйэм эрэ туспар буолбатах. Ону хайдах өйдүүргүнэн өйдөө. — Элбэҕи аахпыт киһибин — бириэмэ да баар этэ. Дьоппуоннар оҕолорун биэс сааһыгар диэри көҥүл атаахтатан баран, биэстэриттэн ыла быччаччы туталлар эбит. Ол сүрүнэ тугуй? Аҕа саастаах дьоҥҥо ытыктабыл. Ону ирдииллэр эбит, бу самурайдарыҥ. Ханнык баҕарар төрүт сиэринэн олорор омуктар ону өрө туталлар — аҕа дьоҥҥо, кырдьаҕастарга, төрөппүттэргэ ытыктабылы. Ону сүтэрбит омук — сордоох-муҥнаах омук. Бэйэбинэн билэбин. Эппитим курдук, быһаарыылаах кирбии баар. Кырдьаҕас дьону үрдүлэринэн үктээбитиҥ ааспыт кэми буорунан көмпүтүҥ тэҥэ буолар. Биһиэхэ зонаҕа тута эппиттэрэ — хомуньуустар былаастарын ырыата ылланна диэн — 80 сыллар ортолоругар. Хайдах курдук дойду устуоруйатын баһааҕырдан, куһаҕанын хостоон барааттарын кытта онно бүтэһик "бөтүүк" билэр этэ — сэбиэскэйдэр
эстэн эрэллэр диэн. Бакыр сөмүйэтин чороччу тутта. Ойуу "биһилэхтээх" чороҥ соҕотох сөмүйэ. Хараҕын уота өспүтэ ыраатта. Билигин кинини ким да санаабата буолуо — оннук киһи сири бааһырдан ааспыта диэн. Быйыл ыйыттым биир киһиттэн: "Манна киһи уҥуоҕун курдук дьиэ баара..." "Оол диэки..." — киһим быһаарыыта суох букатын атын сир диэки ыйан көрдөрдө. Тарбаҕар көҕөрүмтүйэр "биһилэх" баарын бэлиэтии көрөн аһардым. СУР.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан