Кэпсээ
Войти
Регистрация
КЭРИЭС ТУОЛУУТА
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ КЭРИЭС ТУОЛУУТА
K
kyym.ru сайтан
Номох
15.03.2018 17:29
(С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин, үс бырааттыы Хотоҕоороптор 125 с. көрсө) Эһиил 2017 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Чурапчы улууһа, Чакыр нэһилиэгэ Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтиир былааннаахтар. Эрилик Эристиин Орто туруу дойдуга 50 эрэ сыл олорон ааспыт кылгас олоҕо биир киһи үйэтигэр баппат элбэх туруулаһыыны, дьыаланы, эрэй-муҥ арааһын хаппыт уратылаах. Бииринэн, Эрилик Эристиин күчүмэҕэй революционнай дьылҕата Саха АССР 95 сылын уонна Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 100 сылын кытары ыкса сибээстээх. Гражданскай сэрии тырагыадьыйатын (1918-1922) туһунан хаалларбыт ахтыылара, суруйуулара тулхадыйбат туоһу, историографическай докумуон буолар. Иккиһинэн, кини сиэртибэлээх дьыалалара, саҥа тутулу көрүүлэрэ үөрэх, култуура, холкуоһунай тутуу хайысхаларынан олоххо киирбиттэрэ. Yс бырааттыы Хотоҕоороптор буулдьа-буурҕа быыһыгар 1920-1928 сс. Толооҥҥо туттарбыт оскуолалара баччааҥҥа диэри «үөрэҕинэн өрүһүнүү» тирэҕэ буолан турар. Yсүһүнэн, кини 1928-1942 сс. суруйан хаалларбыт айымньылара литэрэтиирэни уонна саха уус-уран тылын байыппыта. Билэбин, ГЧИ учуонайдара 17 туомнаах «Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын» таҥан онороллоругар Эрилик Эристиин баай тыла туһалаабытын. 1938 сыллаахха икки хараҕыттан мэлийбит иэдээнтэн иҥнибэккэ, айар үлэтин салҕаабыт хорсун холобурун «Саха Корчагина» диэн сыаналаабыттара. Дьэ ити кэмҥэ кини «Маарыкчаан ыччата» диэн саха бастакы арамаанын айбыта. Биһиэхэ, кини ыраах-чугас аймахтарыгар, бу үбүлүөй сүрэхпитигэр уруккуну-хойуккуну холбуур, кэскили кытары ситимниир дириҥ суолталаах. Эрилик Эристиин – 1890-1893 сс. бииргэ төрөөбүт үс бырааттыы Хотоҕоороптортон ортокулара. Онон кини 125 сылын үс Хотоҕоороп эһэлэрбитин араарбакка, бииргэ кэриэстээн бэлиэтиир баҕа санаалаахпыт. Хотоҕоороптор (Яковлевтар, Филипповтар) төрүт уустара, көлүөнэлэрэ. Хотоҕоороптор удьуордара Хотоҕортон саҕаланар. Хотоҕор уола – Дьоҕус (1719 с.), Дьоҕус уола – Өтөҕө Силип (1778 с.). Биир улуу аймахпыт Р.А. Филиппов (1927-2009) – Эрилик Эристиин сопхуос аатырбыт дириэктэрэ маннык суруйбута баар: «Дьаакыбылаптар, Филипповтар төрүппүт биир – Өтөҕө Силип. Ону Куоҕай Дьаакып (1806 с.) суруйтаран Дьаакыбылап буолбуттар». Манна «Кэриэс» диэн тылы аҕа көлүөнэ муҥур сааһын учуоттаан тутуннум. Чакырга 2014 с. Уулаах Уйбаан сиэнэ Евдокия Петровна Гуляева (Яковлева) күн сириттэн барда. Онон Эрилик Эристиин хаан уруу аймахтарыттан саамай кырдьаҕастара Татьяна Егоровна Федотова (Неустроева) – Е.И. Яковлева (Неустроева) сиэнэ уонна мин Иоган Егорович Максимов – Кыра Хабырыыс сиэнэ эрэ хааллыбыт. Мин өбүгэм устуоруйатын үөрэтиибэр бырааттарым – Кыра Хабырыыс сиэннэрэ Иван (1942-1991) уонна Гаврил Васильевтар көмөлөспүттэрэ. Эрилик Эристиин сиэннэриттэн бу үлэҕэ Яковлев Семен Иванович 2008 с. чинчийэр санаата уһуктан кыттан барбыта. Эрилик Эристиин 120 сылын тэрийэргэ бииргэ үлэлээбиппит. Арай туран, үөһэттэн өйөбүл, ойоҕостон оҥостуу кэмчитин үрдүнэн 24.01.2012 Саха тыйаатырын саалатыгар баппат элбэх саха эһэбит 120 сылын бэлиэтии кэлбитэ. Эриликкэ тэбэр сүрэх тардыыта муоҕурбатаҕын, дьэ, онно өйдөөн үөрбүппүт. С.Д. Яковлев-Өргөстөй (1868-1914) уонна Е.И. Яковлева-Өлөөнө (Неустроева) (1868-1922) – үс бииргэ төрөөбүт бырааттыылар күн сирин көрдөрбүт төрөппүттэрэ. Элбэх сүөһүлээх Чакыр сэниэ ыала этилэр.
Ол да буоллар баттала суох олох туһугар өрөбөлүүссүйэҕэ суобастарынан туруммут уолаттарын өйөөн, Хотоҕоороп киэҥ аймах эйэлээх олоҕо булкуллубута, силис-мутук сарбыллар алдьархайыгар түбэспитэ. 1922 сыл тохсунньутугар үрүҥ бандьыыттар Кыра Хабырыыһы эрэйдээн-муҥнаан өлөрбүттэрэ. Күн күбэй ийэ «Чурапчы холотуускатыгар» 04.07.1922 с. хас да аймахтарын кытары тыына бииргэ быстыбыта. Өлөөнө тоҕус оҕолоох Игнатий Васильевич уонна Устинья Адамовна Неустроевтар үһүс оҕолоро эбит. Саамай кыралара Егор (1888-1973) – Татьяна Федотова аҕата. Татьяна Егоровна (1937 с.т.) Намҥа олорор. Кини биһигини хаһыат нөҥүө 2003 с. булбута эрээри, биирдэ эрэ 2013 с. көрсөн турабыт. Кэргэнэ, Нам улууһун биллиилээх зоотехнига Алексей Яковлевич 2013 с. өлбүтэ. Сергей, Марина уонна Лида диэн үс оҕолоохтор. Сергей ийэтин кытары олорор, уус-маастар тарбахтаах тыа сирин үлэһитэ. Кыргыттар Дьокуускайга: Марина – физик, ХИФУ дассыана, Лида – быраас. Г.С. Яковлев-Улахан Хабырыыс (1890-1925). 1907с. Скараульскай нэһилиэк кыыһа Варвара Петровнаны кэргэн ылбытын туһунан Абаҕа Николаевскай таҥара дьиэтин кинигэтигэр суруллубут. Ыар кэм содулунан кылгас үйэлэммитэ. Оҕото суоҕа. Кини аатын ииппит уола Егор Михайлович Филиппов (1914-1990) – СӨ биир биллэр судаарыстыбаннай-бартыыйынай диэйэтэлэ тус холобурунан үйэтиппитэ. Бу лабааны уола Виталий Филиппов – геология билимин дуоктара уонна үс кыыс күөх мутукчалара чэчирэппитэ. Киэҥ Филиппов аймахтар Эрилик Эристиини кытары ситимнэрин Роман Афанасьевич уонна Егор Михайлович кинигэлэриттэн билиэххитин сөп. С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин (1892-1942). Дария Ивановна кэргэниттэн элбэх оҕолоох ыал буолар чинчилэммитэ. Ону баара, Гражданскай сэрии уота кырыыстаахтык салаабыта. Yгүс иэдээнин Димитриан, Вячеслав, Аполлон диэн үс нэһилиэнньик уолаттарын 1924-1936 сс. эмискэ сүтэрии алдьархайа дириҥэппитэ. 1928 с. «Үөрэҕинэн эрэ өрөһүнүөхпүт» диэн уһуйаан ыстатыйаны суруйбута. Улахан уола Вячеслав-Бээски Харьков куорат устудьуона этэ. Табыллыбакка, кэргэниттэн арахсыбыта. Иккис кэргэнин – Анисияны өйдүүбүн. Солкоҕо, көмүскэ сууламмыт мааны биэлсэр дьахтар Чурапчыга баара. «Аймахтарын чугаһаппат, улаатымсык, Эрилиги куһаҕаннык көрөн үйэтин кылгаппыта» диэн дьон сэмэ тыла хаалбыта. Соҕотох биир саастаах кыыһа Валентина 1922 с. Хотоҕоороптору эһэргэ сойуолааһын кэмигэр үтүө дьон саһыаран тыыннаах ордубута. Дьолго, Валентина Семеновна (1921-1995) Амма улууһун үтүө киһитэ Еремеев Иван Константиновичка (1910-2008, сэрии бэтэрээнэ) кэргэн тахсан, биэс оҕону улаатыннаран, Эрилик лабаата быстыбатаҕа. Уонна чиҥ аламаҕай сүрэҕинэн киэргэппит Эрилик Эристиин нуучча тулаайах кыыһа Тамараны иитэ ылбыта. Тамара Семеновна (1927-1964) Чакыр олохтооҕо Агапий Иннокентьевич Адамовтыын (1923-2011, сэрии бэтэрээнэ) холбоһон, аҕыс оҕолоох ыал буолбуттара. Улахан кыыс Венера кэргэнэ Илларионов Афанасий Петрович (1942-1997) Ил Түмэн бастакы бэрэссэдээтэлэ этэ. Г.С. Яковлев-Кыра Хабырыыс (1893-1922) – мин эһэм. Yрдүк уҥуохтаах, чаҕылхай тыллаах, бастыҥ актыбыыс киһи олоҕо 28 сааһыгар сарбыллыбыта. Кэргэнэ Ноева Марфа Игнатьевна 1926 с. «испанкаҕа» ыалдьан өлбүтэ. Кини соҕотох 4 саастаах кыыһын Ольганы эмиэ үтүө дьон саһыаран биһиги сэттэ оҕо ийэбит кыл мүччү тыыннаах хаалбыта. Ол аата
биһиги, Эрилик Эристиин уонна Кыра Хабырыыс сиэннэрэ, салҕанар көлүөнэлэрэ, дьылҕабыт төрүөхпүт иннинэ быһаарыллыбыт эбит. Олох кыл мүччү күчүмэҕэйин сааһыран баран өйдөөбүппүт. Эһэбит хорсун-хоодуот олоҕо Эрилик Эристиин «Кэриэс туолуута» сэһэнигэр суруллубутун ааҕар этибит даҕаны, тус олохпутун кинигэ дьоруойун кытары сибээстиир санаа суоҕа. Мин эһэм Мара үрүйэ тыатыгар кистэммит сиригэр таайым И.Д. Неустроевы кытары 1987 с. сылдьан сүгүрүйэн турабын. Бириэмэ хараардыбыт остуолбатыгар буулдьа суола баара. 1962 с. Чакыр хомуньуустара түмсэн Эрилик Эристиин уонна Кыра Хабырыыс өлүктэрин Толооҥҥо аҕалан, устуоруйа-литэрэтиирэ түмэлигэр салгыы “бырааттыы могила” тэрийбиттэрэ. Ийэбит Марфа Иннокентьевна Ноева ийэтинэн Амма нэһилиэгиттэн (Быттына, Yрдүк Өтөхтөн) төрүттээх. Аҕыс оҕолоох эһэтэ Иннокентий Иннокентьевич Ноев-Лөһүгүрүүр Лөгөнтөй салаатынан ырыттахха, Дохсунов, Сердитов, Михеев, Егоров, Неустроев диэн киэҥ аймах лабаата арыллар. Амматааҕы аймахтар 23.06.2013 Соморсун ыһыаҕар нэһилиэк баһылыга П.И. Лебедев ыҥырыытынан бырааттарбын Гаврил Васильевы (Хатас) уонна Е.К. Максимовы (Москуба) кытары бэркэ бииргэ түбэсиһэн сылдьыбыппыт. Аймахтаһар бырааппыт В.Е. Васильев этэн, үрүҥнэр хааннаах ыстааптара Амма биэрэгэр, чугас «Арыы» диэн сиргэ, турбутун билбиппит. Онно тиийэн эһэлэрбит тыыннара быстыбыт устуоруйатын эргитэ санаан сүгүрүйбүппүт. Манна 1922 с. эрэйдээн өлөрбүттэрэ: Г.С. Яковлевы-Кыра Хабырыыһы (1893 с.т), Тимофей Иванович уонна Евстафий Тимофеевич Максимовтары, Эрилик Эристиин аймаҕа Петр Иннокентьевич Лебедеви (1896 с.т.) – Соморсун баһылыга П.И. Лебедев эһэтин. Эһиилигэр 2014 с. сайын Соморсун аймахтарбын кытары балтыларбын Октябрина Данилованы (Маҕарас) уонна Ольга Аргунованы (Бэрдьигэстээх) илдьэн билиһиннэрбитим. Улуус хаһыатыгар тахсыбыт «Эрилик Эристиин Амматааҕы аймахтара» диэн Н.Н. Ефремов ыстатыйатын туттарбыттара. Дьокуускайга тыл билимин дуоктара Николай Николаевич уонна кини кэргэнэ Салайа Софронова ыҥырыыларынан ыалдьыттаабытым. Онон Эрилик Эристиин аймахтара Лебедевтэр-Ефремовтар салааларынан эбиллэр эбит. Учуутал сүрэҕин сылааһа Маҕарас оскуолатын үөрэнээччитэ Мотя Данилова эбэтэ Ольга Гаврильевна Васильева (Яковлева) туһунан «Бэлэм буол» хаһыакка 1988 с. аан бастаан суруйан турар. Ити түгэнтэн Кыра Хабырыыс устуоруйата, «Кэриэс туолуута» сэһэн дьоруойа тиллэн дьон болҕомтотун ылбыта. 08.06.1988 с. ыраах Ньурбаттан, Маалыкай оскуолатын учуутала В.К. Ксенофонтовтан маннык суругу тутан турабыт: «Кыра Хабырыыс кыыһа баарын туһунан ханна да түбэһэн аахпатахпын. «Кэриэс туолуутугар» кэргэннээҕин, оҕолооҕун туһунан да этиллибэт ээ. Бандьыыттар Кыра Хабырыыһы өлөрөллөрүн, ийэтин, эһэтин сордуулларын сэттистэргэ үөрэтэрбэр олус хараастабын. Хабырыыһы олус аһыйабын, дьонун аһынабын. Бандьыыттар сордоохторго, абаккарбыт да иһин, туох кэлиэй! Дьэ, итинник сыл аайы, кыһын аайы. 1959 с. саха тылын, литэрэтиирэтин учууталабын. «Бэлэм буолу» ааҕыахпыттан, Мотя, эн суругуҥ курдук миигин үөрдүбүт сурук суох. Кыра Хабырыыс кыыһа киһи буолан, оҕолоро, сиэннэрэ баалларыттан үөрэбин. Хааннаах бандьыыттар санаалара туолбатах, туолуон да сатаммат». Ольга Гаврильевна аҕатын 100 сааһын көрсөр баҕатын толорон баран, 1994 сыллаахха Орто дойдутааҕы олоҕун түмүктээбитэ. Билигин Мотрена Семеновна – икки оҕо ийэтэ, Маҕарас оскуолатыгар үөрэх сэбиэдиссэйэ. Билигиҥҥи кириисис ыкпыт кэмигэр 125 сыллаах
үбүлүөй хайдах дуоспуруннаахтык тэриллэн ыытыллара – боппуруос. Олохтоох нэһилиэнньэ Эрилик Эристиин аатынан Чакыр оскуолата таас дьиэтин тутуу уонна Дириҥ-Толоон суола ардахтан иҥнибэт уларыйыытын туһунан көрдөһүүлэрэ СӨ Бырабыыталыстыбатыгар киирэн турар. Yбүлүөй хамыыһыйата Ил Дархан Е.А. Борисов 13.02.2014 с. дьаһалынан тэриллибитэ. Онон Эрилик Эристиин, үс бырааттыы Хотоҕоороптор чугаһынан, ырааҕынан аймахтара, биир дойдулаахтарбыт, ыҥырабын бу Кэриэстэбил даатаны тэрийсэргэ, бука диэн, кыттаргытыгар, санааҕытын, сүбэҕитин холбоон миэхэ сибээс араас көрүҥүнэн тиэрдэргитигэр: 8-913 901-82-69, 8-383 333-52-39 (Новосибирскай), Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра. document.getElementById('cloakcea70ebc14ec9fb971b87f29611c434f').innerHTML = ''; var prefix = 'ma' + 'il' + 'to'; var path = 'hr' + 'ef' + '='; var addycea70ebc14ec9fb971b87f29611c434f = 'iogan-maximov' + '@'; addycea70ebc14ec9fb971b87f29611c434f = addycea70ebc14ec9fb971b87f29611c434f + 'yandex' + '.' + 'ru'; var addy_textcea70ebc14ec9fb971b87f29611c434f = 'iogan-maximov' + '@' + 'yandex' + '.' + 'ru';document.getElementById('cloakcea70ebc14ec9fb971b87f29611c434f').innerHTML += ''+addy_textcea70ebc14ec9fb971b87f29611c434f+'<\/a>'; . Алгыһынан Иоган Максимов, ССРС атомнай бырамыысыланнаһын уонна өҥнөөх металлургиятын бэтэрээнэ, тэхиниичэскэй билим хандьыдаата, С.А. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Болугур уонна Чакыр нэһилиэктэрин, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан