Кэпсээ
Войти
Регистрация
Калмыктар 1771 с. алдьархайдара
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Калмыктар 1771 с. алдьархайдара
K
kyym.ru сайтан
Номох
13.03.2018 17:08
17-с үйэ саҕаланыытыгар Джунгар ханствотын иһигэр биис ууһунан күөнтэһииттэн сылтаан, арҕааҥҥы джунгардар торгоут, дербет, хойт, олет уо.д.а. биис уустара дьонноруттан ойдон Волга истиэптэригэр көһөн кэлбиттэрэ. Арассыыйа соҕуруулуу-арҕааҥҥы кыраныыссаларын өстөөхтөн көмүскүүргэ тылланан туран, кинилэргэ миэстэ булан олохтууругар нуучча ыраахтааҕытыттан көрдөспүттэрэ. Бу көһөн кэлбит дьону “калмыктар” диэн ааттаабыттара. Ол эрээри, ыраахтааҕы чунуобунньуктара кинилэр олохторугар быһаччы орооһор, сирдэрин былдьаан ылан олохсуйар, күүстэринэн христианствоны соҥнуур буолан барбыттарын сөбүлээбэккэ, бэркэ саараан олордохторуна, Кытай Цин импиэрийэтэ кинилэри кытта хаан аймахтыы Джунгар ханствотын имири эспит сураҕа иһиллибитэ. Былыргы бэйэлэрин төрүт сирдэрэ босхоломмутун истэн баран, калмык омугун баһылыктара норуоттарыттан кистээн онно көһөн барарга быһаарыммыттара. Кинилэр ким да ойоҕоһуттан орооһуута суох, бэйэлэрин дьылҕаларын бэйэлэрэ быһаарынан, туспа судаарыстыба буолан олорор ыра санаалаахтара. Улуу көһүүгэ бэлэмнэнэн, 18 саастаах Убаши хан норуотун Волга илин өттүгэр көһөн тахсарга дьаһайбыта. Нуучча былаастара уорбалаабаттарын туһугар, “казахтар күүстэрин түмэн, саба түһээри оҥостоллор, онно бэлэмнэнэбит” диэн иһитиннэрии ыыппыттара. Кинилэр хомойуохтарын иһин, ити дьыл Волга халааннаан кэбиһэн, калмыктар сорох чаастара өрүһү кыайан туораабакка арҕаа кытылга хаалан хаалбыттара. 1771 сыл тохсунньутун 8 күнүгэр калмык норуотун кэскилин сарбыйбыт, иэдээн эҥээрдээбит улуу айан саҕаламмыта. Айаҥҥа 170 тыһ. калмык туруммута, 40-50 тыһ. киһи өрүс уҥа кытылыгар хаайтаран хаалан хаалбыта (олор билигин Калмыкия өрөспүүбүлүкэтэ буолан олороллор). Көһөн иһэр калмыктар Уралга кинилэр айаннарын туорайдаһа сатаабыт нуучча казактарын кириэппэстэрин урусхаллаан баран, Казах истиэптэригэр киирбиттэрэ. Баҕар ким эрэ ол көһөн иһэр калмыктары утуу-субу биир холуоннанан субуруһан туох да тыаһа-сыма суох бара турбуттара буолуо дии саныаҕа. Оннук буолбатах. Хас эмэ мөлүйүөнүнэн сылгылаах, ынахтаах, тэбиэннээх, хойдоох, козалаах калмыктар туох баар сүөһүлэрин барытын мэччитэ-мэччитэ, уулата-уулата барар туһугар, хас эмэ сүүһүнэн килэмиэтирдээх сиринэн тараахтаан, бытааннык тоҕо ааллаан, тарҕанан айанныыллара. Кинилэр суолларын сүүһүнэн килэмиэтир урутаан, ойоҕолоон иһэр чуҥнааччылар, ол эбэтэр разведчиктар, сүрүннээн биэрэллэрэ. Быһата, мэччирэҥнээх сирдэри тала сатыыллара. Көһөн иһэр дьон куттала суох буолууларын уҥа, хаҥас ойоҕосторго толору сэбилэниилээх, 5-тии тыһ. боотурдаах этэрээттэр хааччыйаллара. Иннинээҕи суолларын 10 тыһ. талыы буойуннаах сэрии солуура. Өскөтүн биир ойоҕостон өстөөх саба түстэҕинэ, инники иһээччи бөлөх онно көмөҕө 4-5 чаас иһигэр баар буола охсоро. Быһата, былыргы истиэп сэриитин стратегиятын-тактикатын барытын толору тутуһан, калмыктар Казах истиэптэригэр лаппа дириҥээн барбыттара. Кинилэр сирдэрин хаба ортотунан, саамай үтүө сирдэри барытын кураанахтаан, уруккуттан хаан өстөөхтөрө калмыктар айаннаан иһэллэрин казахтар сөбүлээбэтэхтэрэ. Онуоха эбии кинилэр бас бэринэр Арассыыйаларын былааһа “калмыктары үлтү кырган, кэһэтэн төнүннэриҥ!” диэн дьаһал биэрбитэ. Инньэ гынан, Казах Улахан, Орто уонна Кыра жузтарын ханнара Абылай, Эрали уонна Нурали бары кыттыһан калмыктары моһуоктаан, кыһарыйан барбыттара. Кэлин онно кыргызтар кыттыспыттара. Ахсаан өттүнэн быдан баһыйар казах сэриилэрэ биир да күн-түүн өрөөбөккө сабыта түһүүлэриттэн, аара
турбут ыарыылартан, хоргуйууттан калмыктар күүстэрэ өһүллэн барбыта. Кэлин казах да, калмык да, нуучча да докумуоннара кэпсииллэринэн, аһаҕас киирсиигэ калмыктар мэлдьи кыайыылаах хаалаллара, казаҕы да, кыргыһы да киһилээбэттэрэ эрээри, үөр ыт тохтообокко ньаҕыйан бэл эһэни-бөрөнү тохтотор. Ити кэмҥэ айаны кыайбатах, көлөлөрө эстибит дьон төттөрү Волга диэки төннө сатаабыттара. Ол быыһыгар, дойдуларыгар сайыһа хаалбыт калмыктар Волганы туораан кинилэри эккирэтэн ситэн кэлэллэрэ. Балхаш күөлгэ тиийэллэригэр, казахтар дэлби мөрөйдөөн калмыктары кураайы истиэпкэ ыган таһаарбыттара. Онуоха эбии, сүһүрбүт куһаҕан ууну иһэн сылгылара-сүөһүлэрэ, хойдоро маассабайдык өлөн барбыта. Ордон хаалбыт калмыктар 1772 сыл сайыныгар эрэ хааннаах суолу тэлэн, кэннилэриттэн суор-тураах курдук арахпакка батыһа сылдьар казах-кыргыз сэриилэрэ батыһыннарыылаах Цин импиэрийэтин сиригэр-уотугар киирбиттэрэ. Бу ынырык айаҥҥа калмык норуота баһыйар үгүс чааһын, 100 тыһ. киһитин сүтэрбитэ. Сүөһүтүн-аһын барытын сүтэрбит, оҕо да, кырдьаҕас да киһи ордубатах, норуот аатыттан ааспыт калмыктары Кытай былаастара “мантан антах туох да кэпсэтиитэ суох Цин импиэрийэтигэр бас бэринэр эрэ буоллаххытына киллэрэбит. Сөбүлэспэт буоллаххытына, төттөрү барыҥ” диэн усулуобуйа туруорбута. Ити кэмҥэ Илиҥҥи дойдулар ырыынактара кулукка атыыланар калмык оҕолорунан-дьахталларынан туолбута. “Сыана алдьанан”, кулут сыаната аһара чэпчээн, билиэн тутуллубут калмыктары ырыынакка илдьэ да сатаабакка кыдыйан кэбиһэр барыстаах буолбута диэн суруйаллар. “Цин импиэрийэтигэр биир-биэс тыла суох бас бэринэбит” диэн тылларын биэрбиттэрин эрэ кэннэ Кытай былаастара калмыктары ылбыттара. Ол кэннэ, бары бииргэ олордохторуна сэрэхтээх дьон буолалларын быһыытынан, калмыктары Кытай хотугу кыраныыссаларын былаһын тухары тарҕатан, ыһан кэбиспитэ. 1791 с. Кытай былаһын тухары ыһыллыбыт калмыктар күүстэрин түмэн, төттөрү Арассыыйаҕа көһөн кэлэ сатаабыттарын дьарыйбыттара дииллэр. Ол эрээри аҕыйахтыы тыһыынча киһилээх калмык бөлөхтөрө адьас хойукка диэри Арассыыйаҕа көһөн кэлитэлии турбуттар. Кытай калмыктарыгар күн бүгүнүгэр диэри “эдэр, өйүн тута илик эдэр Убаши ханы батыһаммыт иэдээн эҥээрдэннибит, биһикпит ыйаммыт үтүө дойдутугар, Волга кытылларыгар аны хаһан эмэ төннүөхпүт дуо...” диэн ырыалар элбэхтэр дииллэр. Оттон Арассыыйаҕа хаалан хаалбыт калмыктар эмиэ ыарахан балаһыанньаҕа түбэспиттэрэ. 1771 с. норуоттарын сүрүн чааһа көһөн барарын кытта, Калмык ханствота суох оҥоһуллубута, кинилэр урукку бырааптара барыта сотуллубута. Оттон норуоттарын баар-суох элиитэтэ, ытык-мааны дьоно, удьуор тойотторо-хотуттара, итэҕэллэрин бэрэстэбиитэллэрэ, судаарыстыбаннай архыыптара, докумуоннара барыта Кытайга баран хаалбыта. Быһата, тулаайах хаалбыттара.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан