Кэпсээ
Войти
Регистрация
Булт абылаҥар ылларан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Булт абылаҥар ылларан
K
kyym.ru сайтан
Сонор
23.07.2021 12:55
Анамы нэһилиэгин киинэ Кутана Алдантан 60 көс ыраах сытар. Соторутааҕыта онно бара сылдьан 76 саастаах, булдунан дьарыктанар Анатолий Акимович Лукины көрсөн булт туһунан кэпсэттэрдим. – Аҕыс оҕолоох ыалтан саамай улаханнара буолан, уол оҕо мас-от бэлэмнээһинигэр, булка-алка аҕабын кытта тэҥҥэ сылдьыһан, дьиэҕэ-уокка сүрүн көмөлөһөөччү буолбутум. 16 саастаахпар холкуоска табаһытынан ыланнар, ол кэмтэн ыла 60 сыл устата аар тайҕабыттан арахсыбакка бултаан-алтаан, үлэлээн-хамсаан кэллим. Табаһыт үлэтэ уустук, ыарахан үлэ Хайалаах тайҕа сиргэ табаны көрүү-харайыы үратылаах. Уонча сыл “Учур” холкуоска Абрам Мартыновы, Василий Стручкову, олоҥхоһут Николай Трофимовы (быйыл 100 сааһын Хатыыстыырга табаһыттар күннэригэр бэлиэтээтилэр) кытта бииргэ табаһыттаабытым. Ол үлэлии сырыттахпына, 1959 сыллаахха, Москубаттан кэлбит геологтар эспэдииссийэлэригэр холкуоһу кытта дуогабардаһан, сайынын биэс-алта сыл Учур хайаларынан сылдьан каюрдаабытым. Сүрдээх үчүгэй сыһыаннаах, үрдүк култууралаах дьон этилэр. Табаҕа ындыылаан хайаттан курустаал тааска маарынныыры аллараа өрүс тэллэҕэр таһарбыт, ону бөртөлүөтүнэн кэлэн, ылан бараллара. Ыал — ийэтинэн — Дьэ, ол курдук Учур хайаларын быыстарыгар сытар Тыркандаҕа “Спокойнай” диэн геологтар бөһүөлэктэригэр үлэлии сылдьан, Ирина Андреевна Никанорованы көрсөн ыал буолбуппут. Биир дьиктитэ, бэйэм ол бөһүөлэккэ төрөөбүт үһүбүн. Онон кэргэммин геологтары кытта сылдьан кииним түспүт сириттэн булан ылбыппын. Аҕам Никаноров Андрей Дмитриевич – Амма Наахаратыттан, ийэм Борисова Екатерина Александровна Маар Күөл диэки Улахан бөһүөлэктэн төрүттээхтэр. Икки кыыс, биир уол оҕолоохпут. Оҕолорум бары ыал буолбуттара, алта сиэннээхпит. Өрүүнэм урут сопхуос саҕана Дьокуускайга арадьыыстар куурустарын бүтэрбитэ, онто улаханнык туһалыыр, араассыйанан бириэмэтигэр сибээскэ тахсан кэпсэтэбит. Булка кэтэр таҥаспын-саппын, аспын-үөлбүн барытын бэйэтэ бэрийэр, бэлэмниир, булка сырыттахпына, дьиэтин-уотун көрөр-истэр. Онон холкутук сылдьабын. Аар тайҕам баар буолан — Уонча сыл сылгыһыттаан баран, 1989 сыллаахтан “Учур” сопхуос тэриллибитигэр уруккуттан иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаабын толорон кадровай булчутунан үлэлии киирбитим. Урут табаһыттаабыт, сылгыһыттаабыт, каюрдаабыт, куруутун бултаан кэриэтэ сылдьыбыт буоламмын, булчут эриирдээх-мускуурдаах олоҕо дьиҥнээхтик ити кэмтэн саҕаламмыта. Кыра эрдэхпинэ (сэрии кэнниттэн) дьонум олоро сылдьыбыт дьикти-кэрэ айылҕалаах Алдан эбэни өҥөйөн турбут, билигин маһынан-отунан саба үүнэн эстибит Сүлүүдэ дэриэбинэтиттэн чугас сытар Тэтиҥнээхтэн үөһэ бултаах-алтаах Арҕаа, Илин Хаахаан үрэхтэригэр 1992 сыллаахха сир ылбытым. “Тэтиҥнээх” диэн община тэринэн сүүрбэттэн тахса сыл бултуу сылдьабын. Саарбам тириилэрин туох да халбаҥа суох “Сахабулт” ААУо дуогабардаһан, сорох сыл – саарба балайда үөскүү сылдьыбыт кэмигэр – балтараа сүүскэ тиийэ тириини туттарар этим. Саарба быйыл быста аҕыйаата, 60-ну эрэ бултаатым. Сорох хапкааммар иҥнибит саарбалары бөрөлөр сиэтилэр. Иллэрээ сайын Хаахаан арҕаа өттүттэн – Амма диэкиттэн — баһаар кэлэн тыаны сиэбитэ. Саарба аҕыйаабыт төрүөтэ ол буолуон сөп. Төрүөҕэ олох аҕыйах этэ. Амма баһын диэки Кырбыыкаан, Улуу, Сылгылыыр үрэхтэргэ кыайа-хото бултаабыттарын истибитим, ол диэки сыҕарыйбыттар быһыылаах диэн сабаҕалыыбын. Бөрө туһунан аҕыйах тыл — Бултуур сирбэр тайаҕы, кыыл табаны бөрө тарпыта элбэх. Сэмнэхтэрэ элбэҕин көрөн инньэ диибин. Мин сирбинэн 13 бөрөлөөх биир үөр уонна тыһылаах атыыр бөрө кэлэллэр-бараллар, киһиэхэ да кутталы үөскэтэн эрэллэр. Арассыыйаҕа оҥоһуллубут туһахтарбын аа-дьуо быһа кэрбээн бараллар, Эмиэрикэ туһаҕа бөҕө дииллэр эрээри, ол миэхэ суох. Аныгы хапкаан табыгаһа суох гына оҥоһуулаах, иитэргэ эрэйдээх даҕаны, кутталлаах даҕаны. Былыргылыы тыл оҥорбуттара буоллар. Билигин улахан ириэһин буолан, хапкаан мууһуран хаалан, көстөн кэлэр. Онон биһиэхэ, хайалаах сиргэ, бөртөлүөтүнэн эбэтэр дьаатынан эрэ бөрөнү уодьуганныахха сөп. Тайах, кулааһай баар, куобах кэнникинэн син көстөр буолла; мас көтөрө урукку сылларга баар эбит буоллаҕына, билигин быста эһиннэ. Дьааты бобуохтарыттан ыла бөрө олус үөскээн, кыылы-сүөлү, ордук бэйэлэрэ да аҕыйаан бүтэн эрэр дьиэ табаларын, эһэн эрэллэриттэн дьиксинэбин. Мин бултуур сирбэр тайах, кыыл таба сэмнэҕэ элбээтэ. Барытын бөрө тардар. Бултаһа сатыыбын да, быйыл хаар чараас буолан, ыырдаммакка талбыт сирдэринэн бэйдиэ сүүрэ сылдьаллар. Сылгы иитиитэ – төрүт дьарыкпыт 1971 сыллаахха “Алдан” холкуоһу сопхуоска уларыппыттарыгар сылгыһытынан анаабыттара. Ол кэмҥэ отделение сылгыта 300-тэн тахса сылдьыбыта, төрүөҕү балай эмэ ыларбыт. Бултуур сирим диэки Алдан өрүс биэрэгинэн 10-ча сылгылаах биир атыыр үөрдээхпин. Олортон 5-һэ – төрүүр биэ. Быйыл хаһыы баар буолан, сылгыларбыт туруктара үчүгэй. Булка туһанар икки аттаахпын. Күһүн хаар чарааһыгар атынан сылдьан бултуур ордук. Ындыыга үөрэхтээх, сындааһыннаах ыраах айаҥҥа тулуурдаах ат ордук баҕайыта. Булчут ыттаах буолуохтаах — Бэйэтин булчутунан сананар киһи аттыгар эрэллээх доҕордоох – булчут ыттаах буолуохтаах. Бу 60 сыл усталаах туоратыгар элбэх ыты кытта доҕордоһон, кыһалҕабытын бииргэ үллэстэн кэллэхпит эбээт. Ыттарым миигин ханнык да түгэҥҥэ түһэн биэрбэт курдук кыһалла сатыыллара, харыстыыллара. Мин эмиэ кинилэри көмүскэм уутун курдук харыстыы сатыырым. Эн-мин дэһэн бииргэ сылдьыбыт ыттарбыттан саамай ордуктара, өйдөөхтөрө, Север диэн этэ. Алдан куоратыгар сүрдээх булчут геолог киһи Иркутскай питомнигыттан аҕалбыт ытын оҕото. 1998 сыллаахха кэлбит халаан уута илдьэ барбыта, кинини быыһаабатахпыттан билиҥҥэ диэри улаханнык хараастабын. Халыҥ халҕаһа муус базабытыгар бу ыган кэлбитэ, биһиги аттарбытын нэһииччэ миинээт, муҥ кыраайынан ыстаннарбыппыт. Намыһах уу толорбут сирдэрин харбатан туораабыппыт, кэннибитигэр халҕаһа муус имири сотоору, оту-маһы барчалаан тыас-уус бөҕөтө буолан, ситиэхчэ-сиппэккэ эккирэтэн испитэ. Өлөр-тиллэр кэм тирээн кэлбитэ, кыра үнүгэс ыппын атым кутуругар баайан состорон кэриэтэ илдьэ испитим. Улахан ытым Север кэнникинэн мин ыҥырарбын истибэт буолбута, улам хаалан испитэ. Арааһа, муустаах ууга тоҥон, бөҕүөрэн барбыта быһыылааҕа. Ол кэнниттэн биир олому туорааһыҥҥа тохтообута, үрэр саҥатын эрэ истибитим... Кэлин үчүгэй ыттарым Казбегым, Атаһым оһоллонон суох буоллулар. Соторутааҕыта Ньылхантан Тыһымаан диэн ыт оҕотун аҕалбытым улаатан, саарбаҕа барар, сүрдээх сүрэхтээх. Быйыл 12 оҕону төрөттө. Олортон 2 атыыры хааллардым, биирин талан хаалларыам. Уус Майда Эдьээниттэн табаарыһым биир ыт оҕотун аҕалыахтааҕын кэтэһэбин. Үйэ ирдэбилинэн тиэхиньик эмиэ наада курдук Уолбунуун уонна бииргэ төрөөбүт балтым уолун кытта үс бурааннаахпыт, сайын, күһүн уунан сылдьарга үс мотуордаах оҥочолоохпут. Бэйэм оҥочом “Судзуки” мотуорун эрэллээҕин иһин хайгыыбын буолан баран, арыыйда күүстээх мотуорга уларытыахпын баҕарабын. Быһайын 75 сааспын туолбуппар оҕолорум, аймахтарым кыттыһан саҥа снегоход бэлэхтээннэр, үөрүүм улахан. – Өрүү бултуур киһиэхэ, бастатан туран, олорорго, сынньанарга, бултаабыт булкун сүлэргэ ичигэс сир, үүтээн наада. Алдан кытылыгар олорор дьиэлээхпит, баанньыктаахпыт, мал-сал уурар ампаардаахпыт, ат аһатар даллаах, кыра да буоллар, сылгыга анаан оттуур ходуһалаахпыт. Эмэгэйтэн Тэтиҥнээҕинэн Хаахааннар бастарыгар диэри өссө алта үүтээни туттубутум, онон син кыахпытынан тэринэ сатыыбыт. Түмүк тыл оннугар «Хайа да эр киһи булчут баҕайыта» дииллэр. Онон булчут киһи тус олоҕор тугу барытын сатыырга кыһаллыахтаах. Бастатан туран, дьиэ ис-тас үлэтин сатыыр буолуохтаах. Айылҕа араас ыараханын, моһолун тулуйарга, ардахха-силбиккэ уоту сатаан отто, күөһү сатаан буһара үөрэниэхтээх. Маны таһынан олорор дьиэни туттарыҥ, маһы-мууһу бэлэмниириҥ, араас тиэхиньикэни сатаан туһанарыҥ – барыта наада. Тугу барытын дэгиттэр сатыыр киһи олоҕор көрсөр кытаанахтартан толлон туруо суоҕа. Саамай кылаабынайа, туруоруммут сыалгытын-соруккутун ситиһэ сатааҥ. Этэҥҥэ буолуоҥ! Николай Местников, Алдан.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан