Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эһэ аһылыктаах бухатыыр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эһэ аһылыктаах бухатыыр
K
kyym.ru сайтан
Сонор
16.07.2021 14:04
Бу оҕонньор үс уоллаах. Улахан уолаттара дьиэлэммиттэр. «Аллараа үрэххэ өйүмүгэ дайдыланыам», — диэн эппит. — Эһиги ыстаадаҕытын кытта Чыыстайга бара сылдьыҥ», — диэбит. Бу оҕонньор үс сыл олорор. Үһүс сылыгар тайахха киирбит. Үөһэ лаабас туппут үһү, бэрэбинэнэн. Сороҕор онно утуйар, сороҕор – китииккэ. Арай биирдэ оҕонньор: «Чэ, тоойуом, аны үс хонон баран кэлээр, — диир. Тоҕо эрэ куһаҕан буоллум быһыылаах, аны туран, кырыйдым», — диэбит. Кыра уол тиийэр. Ол тиийэн көрбүтэ, аҕата биир эһэни сүгэн баран тыа диэкиттэн кэлэр. Хаһан да көстүбэтэх сүрдээх улахан эһэ. Отуутун таһыгар быраҕар, уотун оттубутунан барар. Алгыйдаах эбит, алтан солуур. Эһэтин аҥаарын сүлбүт да, чиэппэрин ылан буһарбыт. «Чэ, тоойуом, билигин өллүм, — диэбит. – Бу дьээдьискэ төбөтүн чокуйтарбата. Онон иккиэн сутурукпутунан өлөрсөн, ойоҕоспун көтүрү таһыйтардым». Көрдөрбүтэ, букатын аҥхайа сылдьар үһү. Ол гынан баран төрүт да ынчыктаабат үһү. Аһаабыт. «Өллүм. Көрөн баран бараар», — диэбит. Эһэ чиэппэрин сиэн кэбиспит. «Аан дайды дьэ көрдөрдө, саамай атамааннаах атамаанын, – диэбит. — Эһиги хаһан да эһэни дьулуйан өлөрбөт, этин сиэбэт буолуҥ, — диэбит. Мин чубуку курдук өлөрө сылдьан, кыһаллыбат буолан иһэн түбэстим», — диэбит. — Кэриэһин этэ-этэ, чыыста барытын сиэн кэбиспит. Отуутун китиигэр оҥостон сыппыт: «Араҥаспар уган кээһээриҥ, — диэбит. — Буорга көмүмэҥ», — диэбит. Оҕонньор төбөтүн уурбут да өлөн хаалбыт. Ол курдук өлбүт. Бүөтүр Саас көһөн испиттэр. Чыыстайдарыгар баран истэхтэринэ алыыга эһэ сүүрэн кэлбит. Хаар бараммытын кэннэ. Саҥа дьиэлэммит уоллаах эбит. Таба соһуйан, бэһиктэлиин үлтү тэпсэн өлөрбүт. Түһэр сирдэригэр түспүттэр. Оҕону бэһиктэлиин эҥинниин түһэрбиттэр. Чэйдээн эҥиннээн баран: «Чэ, мин барыым, сиир буоллаҕына, миигин сиэтин» диэбит. «Кэбиһиий, доҕоор, саалаах эҥиннээх барыый», — диэбиттэр. «Ээ, суох. Эһиги миигин батыһымаҥ да, хайаамаҥ да, хаалыҥ», — диэбит убайдара. Бырааттара сүбэлэспиттэр. Көстүбэт гына батыспыттар. Бүөтүр ыт үтүлүгүн кэтэн быһаҕа да, туга да суох барбыт. Били, таба сиһэ тостубут, оҕо да өлбүт сиригэр баар үһү эһэ. Эһэ утары көппүт. Киһи чугурус да гымматах. Эһэ өрө хололоон истэҕинэ, сүрдээх улахан тииккэ түҥнэри охсон түһэрбит. Ол сүрдээх улахан тиит анныгар эһэтин ууран баран уот оттубут. Эһэтин сүгэн илдьэн бырахпыт уонна сис туттан баран дьиэлээбит. Уолаттар убайдарыттан куттанан куоппуттар. Ол курдук кыра бырааттара убайдара Бүөтүр күүстээҕин билбиттэр. Эһэни чокуйан өлөрүү Ыт оҕолоохпун. Үөрэннин диэн, илдьэ сылдьабын. Иэрэгиндьэ диэн үрэҕи таҥнары бардыбыт. Үрдэ да үрдэ. Ойуур иһигэр булгунньах баар. Анна – халдьаайы. Ол үрдүгэр эһэ арҕаҕа баар. Аттыгар эҥин араас эһэ суола да суола, өссө орохтоох. Ыппын ыҥырдым да кэлбэтэ. Түһэ турар. Көрдөһөн көрөргө сананным. Икки саалаахпын. Туоһапка уонна бинтиэпкэ-бэрдээҥкэ. Дьиэттэн биир куһаҕан ботуруону ииппитим хас да хонно. Сэрэххэ, табаларбын босхо баралларын курдук баайдым. Титирик быһаммын бүө оҥоһуннум. Тыаһыыллар. Баайдым. Өлүү болдьохтоох, биир титиригим тиийбэтэ, онуоха эбии ытым хаһар. Ону буойа сатаатым да тохтообот. Ол иһин манна эмиэ хайаҕастаах дуу дии санаан, өҥөһөн эрдэхпинэ, доҕоор, эмискэ буордаах силинэн ыста. Онон дьөлө таһыйан ыытта. Саабын тута сылдьабын. Тирээн баран ытаары гыммытым – эстибэтэ. Атын ботуруону угаары гыммытым, ботуруонум хаамыратын иһигэр тоҥон хаалбыт. Тииһин булгу тардан ыллым. Хасыһа сатаа. Ол кэмҥэ эһэ ортотугар диэри былтас гынна. «Сааны сиэҥ суоҕа, миигин сиэҥ!» — дии санаатым. Били маспынан хааҥсаарга саайдым. Силэ сирэйбэр түстэ. Өлбөт оҥоруубар, кыылы түҥнэри таһыйан түһэрдим. Титириир, тыаһа улахана. Саабын нэһиилэ ылан, ботуруоммун оруу сатаатым. Икки быһах тоһунна. Нэһииччэ кэллэ. Хасыанай ботуруоннартан угуннум. Ытаары гыммытым, эһэ титириирэ мөлтөөн барда. Иккиһин охсоору гыммытым, маһым хатырыгыттан эрэ иҥнэ сылдьар эбит. Тосту таһыйбыппын. Эмискэ биир эһэ бардьыгыныы түстэ. Ону ытан кэбистим. Табахтаатым. Кыра эһэ кэннигэр иһиттэхпинэ, айах тыаһыыр. Быычыкаан баҕайы эһэ быйылгы оҕото көстөр. Киһини сиэ суох быһыылаах. Ону эмиэ өлөрдүм. Ыппын ыҥырдым. Кымырдаҕастар Үс тугуттаах таба сүттэ. Убайбыныын көрдүүбүт. Арыы хайа тумсугар таҕыстыбыт. Арай кэбиһиилээх от саҕа бугуллар бааллара. Сүрдээх дьиэ саҕа күрбэлэр бааллар. Ол аттыгар орох, тайах түүтэ, уҥуохтара бааллар. Күн саҥардыы кылбайан тахсан эрэр. «Күрбэни кыайан тахсыбакка манна чаамык дойдуламмыт дуу, хайдах?» — диэн ыйытабын. «Суох, доҕоор, чаамыктан атын быһыылаах, — диир. таарыйымыахха». «Суох, таарыйарга. Туох буолар эбит», — диибин. Саам суох. Кини чакыр бинтиэпкэлээх. Хараҕа мөлтөх буолан, миэхэ ыттарар. Үрүйэ уҥуор уучахтарбытын хаалларбыппыт. Орох элбэх уонна муҥур. Ураҕаһы тоһутта. Бугулу булкуйбута, кымырдаҕас бөҕөтө таҕыста. Курууска саҕачча, сөгүлээн курдук кымырдаҕастар эккирэттилэр. Биһиги үрүйэ уҥуор ыстанныбыт. Тыастаахтар, сырылаан олорор. Сүүрэр тыастара дуу, хайдах дуу? Биллибэт. Кэлэ-кэлэ, биһигини кыйдаабыт омуннарыгар, ууга түһэн уста тураллар. Киһини көрө-көрө, кэлин атахтарыгар тура-тура, ыт саҕачча баҕайылар кэлэллэр. «Дьэ, маны уоттуурга, ууну туораабаттар эбит», — диир. Ураҕаска оту баайан баран, испиискэнэн даҕайан уҥуор бырахта. Умайан тигинээтэ. Баран истэхпитинэ кэннибитигэр динэмиит эстэрин курдук, бөлөх-бөлөх тоҕута барда. Табаларбытын булан нэһиилэ дьиэбитигэр кэллибит. Этиҥнээх ардах түстэ. Хайдах эрэ сэттээх курдук буолар эбит. Муома Үрүйэ Төрдүн олохтооҕо, 98 саастаах Афанасий Петрович Корякинтан. 1981 c.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан