Кэпсээ
Войти
Регистрация
Байанай соһуччу бэлэҕэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Байанай соһуччу бэлэҕэ
K
kyym.ru сайтан
Сонор
04.06.2021 16:58
Уһун кыһыны быһа тымныы саба бүрүүкээн турбут хотугу туундараҕа сандал саас барахсан салаллан кэлэн иһэрэ биллэр буолбут. Уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ нэлэмэн туундара сырдаабыт, ырааһырбыт. Ону соторутааҕыта түспүт туус маҥан кыраһа хаар үрүҥ чөмчүүк уотунан чаҕылыйа, дьиримнии оонньуура өссө ордук тупсаран, ситэрэн-хоторон биэрэр. Итинник дьикти-кэрэ эйгэ улуутуйан, саҥата-иҥэтэ суох утуйа сытар чуумпутун бураан айаннаан иһэр тыаһа-ууһа аймаата. Бу кэмҥэ ото-маһа суох остуол ньуурун курдук иэннээх туундараҕа баар хамсыыр-харамай барыта ытыска уурбуттуу ыраахтан харааран көстөөччү. Онон кураанах кэриэтэ сыарҕаны соспут сыыдам сырыылаах бураан Сыалаах үрэҕин төрдүн көрбүтүнэн айаннаан дыыгынатан иһэрэ ала-чуо көһүннэ. Бу — Дьүкээгир национальнай (көс олохтоох) нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Федор Горохов уонна туундара сорсуннаах сонордьута, Үлэ Кыһыл Знамята уонна Ленин уордьаннар кавалердара Иван Ребров иһэллэр. Кинилэр күн-дьыл үчүгэй туруктааҕынан туһанан, кырдьаҕас булчут Кыталыктаах диэн күһүҥҥү муус аннынан балыктаабыт сириттэн чугас, үрэх кытылыгар кырсаҕа ииппит хапкааннарын бэрэбиэркэлиир санаалаахтар. Бу дьон, көстөн турар кэриэтэ чугас баар Сүүрүктээх үрэҕин төрдүгэр барар буолан, сааларын-сэптэрин ылбатахтара. Өрүүтүн араарбакка илдьэ сылдьар, өттүктэригэр иилиммит кыыннаах быһахтарыттан ураты биилээх-уһуктаах тэриллэрэ суоҕа. Иван Климентьевич, 75 сааһын туолан, урукку курдук үрдүк дьайымтыалаахтык бултуур-алтыыр кыаҕа суох да буоллар, балыктыыр сирин чугаһыгар кырсаҕа хапкаан иитэр идэлээх уонна табыллыбыт кэмигэр хастыы эмэ күндү түүлээҕи бултуур. Кини ол сиэринэн быйыл кыһын эмиэ атыыга кыайан барбат муор-туор балыгы мунньан, кырса тоҕуоруйан аһыыр-сиир анал миэстэлэрин оҥорбута уонна олорго хастыы да хапкааны ииппитэ. Бу бүгүн олору бэрэбиэркэлии анаан-минээн айаннаан иһэллэр. Кинилэр үрэх сыырын үрдүгэр турар аһылык мунньуллубут сиригэр тиийэн эрдэхтэринэ, онно тохтоон өр кэм устата олохсуйан, аһаан-сиэн күөнэхтии сылдьыбыт киис, мотуор тыаһыттан-ууһуттан үргэн, аллараа диэки ыстанна. Иһэ төһө ыларынан ыгыччы аһаабыт кыракый адьырҕа кыыл, туораттан көрөн олордоххо, бытаана сүрдээх, сүрэҕэлдьээбит курдук, аа-дьуо сүүрэн мөлбөрүҥнүүр. Федор Иванович, ону кэнниттэн эккирэтэргэ сананан иһэн, бу сарсыарда бураана бөтө-бөтө үлэлээбитин, хаста да умулла сылдьыбытын өйдөөн, тохтоото. Булчуттар, улам тэйэ сүүрэн, ыраатан эрэр күндү түүлээх кыылы кыһыйбыттыы, батыһыннары көрөн хааллылар. — Дьэ, доҕоор, Байанайбыт барахсан биһиги сирбитигэр-уоппутугар анаан-минээн үүрэн-түрүйэн аҕалан биэрбит күндү түүлээҕиттэн саата-сэбэ суох буолан, көрбүтүнэн олорон маттыбыт! Дьэ, сүрдээх кыһыылаах-абалаах дьыала буолар эбит! — Ф.И. Горохов киис барбыт суолун тонолуппакка одуулуу туран хомойбут куолаһынан тыл ыһыгынна. — Чэ, ити туох буолуой, этэҥҥэ сырыттахха, Байанай уон оччону биэриэҕэ. Хата, үрэх сыырын анныгар ииппит хапкааннарбытын көрө барыахха. Баҕар, олорго туох эмэ иҥнибитэ буолуо! — кырдьаҕас булчут И.К. Ребров сааһынан лаппа эдэр доҕорун алы гынардыы бытааннык сыыйан саҥарда. Нэһилиэк баһылыга үлэлээн тигинии турар көлөтүн уруулун барар сирин хайысхатын диэки хайыһыннарда уонна гааһын эбэн биэрдэ. Чэпчэки сыарҕалаах бураан сыыр аннын туһаайыытынан ыппыт охтуу сыыйылынна. Сотору кэминэн булчуттар икки хара ыт баайыллан туран, өрүтэ мөхсөн талаһа турар сирдэригэр тиийэн кэтилиннилэр. «Хайа, бу эмиэ туох ыттара бачча ыраах сиргэ кэлэн хаалбыттарый?» — диэн санаа Горохов төбөтүгэр чаҕылҕанныы охсуллан ааста. — Бэйи, бэйи... доҕоор, тохтоо, тохтоо!.. Ити туундара адьырҕалара — сиэгэннэр хапкааҥҥа ылларан олороллор эбээт! — диэн Иван Климентьевич ыксаабыт куолаһа иһилиннэ. Федор, тимир көлөтүн тохтотон баран, аргыһыгар эргилиннэ, онтон хараҕа хапкааҥҥа иҥнэн олорор кыылларга хатанна. Бэлэм аска-үөлгэ иҥсэрэн, сэрэхтэрин сүтэрэн, былдьаһа-тарыһа аһыы-сии сылдьан кэлин атахтарынан кырса хапкааныгар хаптарбыт ардай аһыылаах адьырҕалар, дьон тиийэн кэлбиттэрин көрөн харса суох мөҕүстүлэр, тоҥ буорга хам хараҕаланан сытар сыабы быһа тардаары дьулустулар. — Ити мин тугу эппиппиний, Байанай уон оччону биэриэҕэ диэн! Кырдьаҕас булчут мээнэ хаалары тылласпат буоллаҕа эбээт! — сыарҕаҕа олорор И.К. Ребров үөрбүт-көппүт куолаһынан дьаһайда. — Бэйи эрэ, кырдьаҕас, оттон биһиги чугас сиргэ айанныыр буолан бэйэбитин кытта анньыыны даҕаны, сүгэни даҕаны ылбатахпыт эбээт... — Оо, дьэ, кэм биһиги буолан истэхпит! Ити бэйэлээх күндү түүлээх кыыллартан эмиэ көрбүтүнэн олорон матыахпыт дуо? Туох эрэ ньыманы тобуллахпытына сатанар! — диэтэ сорсуннаах сонордьут сорунуулаах куолаһынан уонна сыарҕаттан туран кэллэ. Федор Иванович, кэтэҕин тарбана-тарбана, сыарҕаны эргийэ хаамта, онтон тугу эрэ өйдөөбүттүү тохтуу түстэ уонна үлэлээн тигинии турар бурааныгар сүүрэн кэлэн олорор сирин хаппаҕын арыйа баттаата. Онно баар дьааһыгы хасыһан иһэн уһун уктаах тимир өтүйэни ороон таһаарда: «Хайа, кырдьаҕас, бу сэп хайдах буолуой, ыарахана киһи илиитигэр биллэр курдук». — Чэ, ити даҕаны барсыан сөп! Ол эрээри эн адьырҕаларга сэрэнэн чугаһаар, ардай аһыылаах тиистэрэ сүрдээх сытыы буолааччылар. Сиэгэн саамай кэбирэх миэстэтэ мунна буолар. Ону таба охсо сатаар... — Иван Климентьевич тэйиччи туран сүбэ-ама буолла. Федор, уҥа илиитигэр өтүйэтин охсордуу бэлэм туппутунан, сиэгэннэргэ бытааннык чугаһаата. Хапкааҥҥа ылларбыт адьырҕалар олохторун бүтэһик төгүл көмүскэнэргэ бэлэмнэнэн, көхсүлэрин иһигэр ырдьыгынаан кырдьыгынаатылар, ардай аһыылаах тиистэрин килэттилэр. Ол эрээри туундара хоһуун булчута кинилэртэн чаҕыйбата. Түргэн-тарҕам туттуулаах эдэр киһи урутаан хамсанна уонна өрө ыстанаары түүрүллэ түспүт сиэгэни өтүйэнэн муннуга саайда. Итини күүппэтэх адьырҕа саамай уйан миэстэтигэр таптаран тиэрэ таралыйа түстэ. Иккис кыыл эмиэ итинник дьылҕаланна. Федор, сиэгэннэр дөйөн сыттахтарына, лаппыйан, төбөҕө охсуталаан биэрдэ. — Оо, ол да иһин, оҕом барахсан, баай Байанайдаах булчут бэрдэ эбиккин! Мин, кырдьаҕас киһи, хапсаҕайдык хамсаммыккыттан улаханнык астынным! — Иван Климентьевич махтанарын биллэрэн доҕорун илиитин кытаанахтык ыга тутта. Бүөтүр МОХСУНУОХА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан