Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сэдэх кустааһын
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сэдэх кустааһын
K
kyym.ru сайтан
Сонор
20.05.2021 14:44
Туундараҕа айан үөр табатын, өрүһү биир сиринэн харбатан туоратаары, уонунан биэрэстэ уһуннаах, кынат курдук боробулуоха тардаллар. Табалар ол боробулуоханы кыйан, булчуттар тоһуурга сытар сирдэринэн өрүһү харбыыллар. Мотуоркалаах дьон өрүһү ортолообут табаларга сүүрдэн киирэн ытыалаабытынан бараллар. Оттон өрүһү нэһииччэ туораабыт муҥнаахтар аны тыаҕа сытар сааһыттар тоһуурдарыгар түбэһэллэр. Маннык кыдыйыы түмүгэр бэрт аҕыйах кыыл ордоохтуур. Муома улууһугар учууталлыы сырыттахпына, улахан чыыстайдар хайдах кустуулларын туһунан Николай Атласов диэн физкультура учуутала кэпсээбиттээх. Бөһүөлэктэн тэйиччи Улахан уонна Орто Күөл диэн улуу эбэлэр бааллар үһү. Бу күөллэргэ улахан биригээдэнэн баран кустууллар эбит. Николай Орто Күөлгэ бултаммыт биир түгэни кэпсээбитэ. Биригээдэлэр түөрт уонча ытааччы, ас астааччылаах, салайар киһилээх буолаллар. Күөл тула уонча барыаҕа — дурдаҕа олороллор эбит. Кус ордук түһэр сиригэр киин барыаҕа аҕыс ытааччы олорор. Манна үчүгэйдик ытаргын таһынан хайаан да аптамааттаах уонна саппаас саалаах буолуохтааххын. Киин дурдаҕа олорооччулар ыта иликтэринэ, атын дурдалар ыталлара булгуччу бобуллар. Бу эбэлэр дьиҥнээх айан кустара киҥкиниир киэҥ халлаан оройуттан түһэр сирдэрэ эбит. Бастаан кустар халлааны хайа суруйан түһэн иһэр тыастара иһиллэр. Ол тыас халлаан биир өттүттэн атын өттүгэр сыҕарыйар, кусчуттар халампаастарынан кустары көрөөрү кыҥастаһаллар. Биир эмэ киһи таба көрөн хаһыытыы түһэр: « Оо, ол эргийэн эрэллэр, тордох курдуктар, хара баһаамнар». Кэнники хаһыс да эргиирдэригэр, киһи хараҕынан көрөр гына намтыыллар. Бу үөртэн үксэ киин барыаҕа түһэр, атыттар атын барыаларга тарҕаналлар. Атын барыаҕа олорооччулар хас да кус хоһулаатын — урут ытыа суохтаахтар. Киин барыаҕа олорооччулар аҕыс аптамааттара өрө битигирии түһээтин кытта, күөл тулата саа тыаһынан түптэ саалла түһэр. Биир барыаттан сыыһа туттаран, ырбыы устун күөлү эргийэ көппүт кус син биир ханна эрэ тиийэн охтор. Түспүт үөртэн тыыннаах кус орпотун кэриэтэ. Муомалар кустуу сылдьан сүрүн аһылыктара кус эбит. Кусчут аһылык аайы биирдии куһу сиэхтээх. Түөрт уон кусчут биир күн сүүс сүүрбэ куһу сиир. Уон күҥҥэ кустаатахтарына, тыһыынча икки сүүс кустара аһылыктарыгар баранар. Үллэһиккэ элбэх куһу ылаары куһу сиэбэтэххинэ — бэйэҥ ночоотуҥ. Сиэбит буол, сиэбэтэх буол, тэбис-тэҥҥэ үллэрэллэр. Ол иһин сааһыт барыта куһу сиир. Сааһыт дурдатыгар олорон, биир куһу үргээн асчыт киһиэхэ биэриэхтээх. Куһу үргээбэтэх киһи кус сиэбэт. Оттон Халымаҕа бугул саҕа куһу көрөн олорон аччык сылдьыаххын сөп. Чахчы, ыксаатахтарына эрэ куһу сииллэр. Аһыылларыгар атаҕынан эт, дьааһыгынан кэнсиэрбэ илдьэллэр. Төбүлэх дэриэбинэтигэр учууталлыы сырыттахпына, күһүн кус барыытын саҕана, биир дьикти түбэлтэ буолбуттаах. Оройуон киинин Хонууну кытта рациянан кэпсэтии буолбут. Хонуу арадьыыһа эппит: «Дьэ, эһиги диэки Индигир өрүһү өрө икки улахан үөр кус барда. Бу субу аҕай биллэрдилэр, онон хас чааһынан тиийэллэрин суоттаан баран, киирэн тоһуйуҥ». Олохтоохтор суоттааһыннарынан түөрт чаас курдугунан кэлиэхтээхтэр эбит. Ити 1986 сыллаахха этэ. Олохтоох араадьыйанан хаста да биллэрбиттэрэ: «Хонуу диэкиттэн икки улахан үөр кус өрүһү батан иһэр. Ким саалаах, мотуордаах бары, ол кустары тоһуйа өрүскэ киириҥ!» Биһиги, учууталлар, улахан кылаас уолаттара оскуолабыт дириэктэриттэн көҥүллэтэн көрбүппүт да, бэйэтэ сааламмат киһи буолан көҥүллээбэтэҕэ. Түннүгүнэн көрдөххө, саалаах дьон өрүскэ киир да киир. Сорох мотуордаахтар сүүрүгү аллара, сорохтор үөһэ барбыттара. Мотуора суохтар кытылга, хайа сирэйигэр олорбуттар. Кустар ханна да туора барар сирдэрэ суох. Индигир өрүс икки өттө — халлааҥҥа харбаспыт үс биэрэстэ курдук үрдүктээх таас хайалар, онон кустар өрүһү эрэ бата көтөр кыахтаахтар. Икки өттүнэн чугаһынан күөлэ суох дойду. Уруок кэмигэр ыраах аллара саалар тыастара иһиллибитэ, онтон чугаһаатар-чугаһаан, мотуордар тыастара кытта бирилээн иһиллэр буолбута. Сорох мотуордар чычаас сиргэ охсуллан бааҕынаһыы-биигинэһии бөҕө буобуттара. Оскуолабыт өрүстэн чугас турара. Саалар тыастара оскуола анныгар кэлбитигэр, оҕолуун-учууталлыын бары түннүккэ ыстаммыппыт. Сүүһүнэн кус өрүс устун көтөн ааһан эрэрэ, сотору-сотору табыллыбыт кустар таммалыыллара. Оҕолор: «Оо, биир түстэ, икки, үс түстэ» — дии-дии, өрүкүһүү бөҕө буолбуттара. Саа, мотуор тыаһа өрүһү өксөйө ырааттар-ыраатан бара турбута. Дьэ уоскуйан, уруокпутун салҕаан эрдэхпитинэ, аллараа ыраах саалар тыастара өрө битигирии түспүттэрэ. Аны иккис кус үөрүн сэриилээһин саҕаламмыта. Саалар тыастара мааҕыҥҥытааҕар ордук хойдубута. Бары эмиэ түннүктэрбитигэр ыстаммыппыт. Мотуоркалаах дьон эккирэтэ сылдьан ыталлара. Таппыт кустарын ылар бокуойа суох ыталларын эрэ билэллэрэ. Ким куһун ким ылбытын быһаарар түгэн суоҕа. Ити курдук, саалар тыастара ырааттар-ыраатан, сотору олох сүппүттэрэ. Дьэ уоскуйан, үөрэнэн истэхпитинэ, эмиэ саалар тыастара хойдо түһэр. Кэнники истибиппит, мүччү туттаран ааспыт кустар сынньанаары ууга түһэн баран, сүүрүккэ оҕустаран төттөрү кэлэн биэрэн, иккиһин ытыллаллар эбит. Дьон бэрсибит сүрдээх эмис, күһүҥҥү айан куһун хаһы да сиэбиппит. Барыларыттан элбэҕи Орто Халыматтан кэлэн олохсуйбут Николай Кудрин өлөрбүт. Кини түөрт уон аҕыс кустаах тахсыбыт. Дьылҕа диэн сүрдээх кытаанах оҥоһуу. Киһи күҥҥэ түөрт уон оһолу туоруур дииллэр, көтөр кынаттаах хас оһолу туоруура буолла?! Ити кустар өлөр быаларыгар, ити кэмнээҕи тиэхиньикэ ситиһиитин дьон өстөөхтөргө курдук кинилэри утары туһаннахтара. Хонууттан араадьыйанан эппэтэхтэрэ, олохтоох араадьыйанан биллэрбэтэхтэрэ буоллар, ити кустар Төбүлэх дэриэбинэтин этэҥҥэ мүччү түһэн, эһиилигэр төрөөбүт сирдэригэр төннөн кэлэн, төрөөн-ууһаан хас эмэ төгүл элбиэхтэрэ хааллаҕа. Сүбэ Сүөдэр.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан