Кэпсээ
Войти Регистрация

Таксист кэпсээнэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Таксист кэпсээнэ

K
12.03.2021 17:35
Соторутааҕыта үлэбинэн ыраах улууска сылдьан баран, таксинан эргиллэн кэллим. Кэпсэттэххэ, уһун суол биллибэккэ ааһар дииллэрэ кырдьык эбит. Суоппарым кэпсээннээх киһи буолан, Дьокуускайга хайдах кэлбиппитин билбэккэ да хааллыбыт. Эр дьон тугу үгүһү кэпсэтиэхпитий – тиэмэбит икки эрэ – бэлиитикэ уонна булт-алт. Оттон айах аһылыннаҕына, уос өһүлүннэҕинэ, бу икки тиэмэ тула хас эмэ хонугу быһа тохтообокко даҕаны кэпсэтиэххэ сөп. Ол уһун суол кэпсээниттэн эһиэхэ биири тиэрдиим. Бу Анаабырга буолбут түбэлтэни 1989 сыллаахха ийэм кэпсээбитэ. Оттон киниэхэ онно, Муустаах муора кытылыгар олорор, илэ чахчы, бу быһылааҥҥа түбэспит дьүөгэтэ эмээхсин кэпсээбит. Ийэм Анаабыртан төрүттээх – диэн суоппарым кэпсээнин саҕалаабыта. Дьүөгэтэ аах муора кытылыгар олорбуттара үһү. Мин кинилэри көрөрүн көрбөтөҕүм эрээри, ийэм кэпсээнинэн сабаҕалаан билэбин. Биир күн оҕонньордоох эмээхсин дьиэлэрин үрүҥ эһэ буулуур. Таһырдьа таһаарар да, таһыттан кэлбит киһини киллэрэр да аат суох. Төрүт арахпатах. Кэлин тиһэҕэр оҕонньор ыксаан: “Арахпат баҕайы буулаата быһыылаах. Бэйи, дьаһайдахха сатаныыһы”, — диэн баран, саатын ылан таһырдьа тахсар. Буулаабыт эһэ ханна барыай, төһө да тэйиччи буоллар, элиэтии сырыттаҕа дии. Дьэ, оҕонньор биэстэ эстэр бойобуой харабыынын ииттэн баран, били күтүрү “сүрэҕэ манан буолаарай” диэн баран, хонноҕун аннынан туһаайаат, тардан кэбиһэр. Саа тыаһа өрө хабылла түһэрин кытта, анарааҥҥыта часкыйбытынан туундара диэки түһэ турар. Оҕонньор кэнниттэн хаста да батыһыннаран көрөр да, таппат. Буулдьа сүүрэн бойбойон иһэр эһэни ойоҕоһунан түһүтэлиир. Дьэ, доҕоор, оҕонньор алдьархайдаах иэдээни тоҕо тардар. Бу кэмҥэ эмээхсин, ийэм дьүөгэтэ, дьиэ иһигэр оҕонньорун кэтэһэ олорбут. Ол олордоҕуна эмискэ аана тэлэллэ түһэр да, барыах-кэлиэх сирин булбатах, туохтан эрэ дэлби ыксаабыт-ыгылыйбыт оҕонньоро көтөн түһэр. “Эмээхсиэн, дьэ, иэдээн буолла. Аана суох алдьархайы саба тардынныбыт. Били күтүрү сыыһа ытан, бааһырдан эрэ кэбистим. Куота турда. Аны үс хас хонугунан доҕотторун аҕалтыа. Оттон олор кэллэхтэринэ бүтэбит. Куотан туһа суох. Суолга тутан сиэхтэрэ. Онон маспытын-мууспутун, аһыыр аспытын дьиэҕэ таһан бэлэмнэниэх. Кэллэхтэринэ көрсүөхпүт”, — диэбит. Көр эрэ, үрүҥ эһэ итинник гынар үһү ээ. Ытан өлөрбөккө бааһырдан кэбистэххэ, атын эһэлэри батыһыннаран аҕалар. Онон, дьэ, оҕонньордоох эмээхсин бэлэмнэнэн бараллар. Муустарын-мастарын, эттэрин-астарын иһирдьэ таһыналлар уонна кэтэһэллэр. Үһүс хонугар, оҕонньор эппитин курдук, били эһэтэ хас да эһэни батыһыннаран иһэрэ көстөр. Оҕонньор эмээхсинигэр дьиэҕиттэн тахсыма диэн сорудахтаан баран, бэйэтэ сэбин-сэбиргэлин ылан, балаҕанын үрдүгэр хорҕойон хаалар. Эһэлэр кэлэн тэйиччи соҕуһунан тиҥсирийэ сылдьаллар. Оҕонньор бастаан утаа, ыксаабычча, хаста да ыраахтан ытаары гынан баран, уоскуйан, олус ыраахтар эбит диэн тохтуур. Кыыллара кэлиэхчэ кэлбэттэр, барыахча барбаттар. Онтон оҕонньор эрдэттэн бэлэмнээн сытыппыт этин чугас соҕус — балаҕан иннигэр быраҕар. Эт сытын ылаат, алта эһэ аа-дьуо алтахтаһан кэлэллэр. Дьолгутуулаах, кутталлаах мүнүүтэ үүнэр. Балай эмэ чугаһаабыттарын кэннэ, оҕонньор ааҕан-суоттаан баран, ытыалаабытынан барар.
Бастакы ытыытыгар – бастакыны, иккиһигэр – иккиһи, үсүһүгэр – үсүһү... Ити курдук биэһи охторор. Арай алтыһа көстүбэт. “Ханна баран хаалбыт баҕайыный? Оо, сорум эбит, эмиэ аҕалтыа турдаҕа. Өссө элбэх эһэ кэлиэ”, — дии санаан кыһыйа-абара турдаҕына, арай, кыыла хантан кэлбитэ биллибэккэ ойон тахсар да, туундара устун муҥ кыраайынан сүүрэ турар. Ырааттар ыраатар. Оҕонньор кыҥыыр, кыҥыыр, кыҥыыр... Саа тыа өрө хабылла түһэр да, сүүнэ улахан эһэ бурҕас гына түһэр. Ити курдук оҕонньордоох эмээхсин өлөр өлүү айаҕыттан төлө көтөллөр. Быһылаан кэнниттэн онно өр олорботохтор үһү. Тута дэриэбинэҕэ көһөн киирбиттэр. Онон, дьэ, үрүҥ эһэ диэн итинник буолар үһү. Биири бааһырдан ыыттаххына, онтуҥ, сотору буолан баран, доҕотторун батыһыннаран кэлэн иэстэһэр эбит. Алтан Кырыылаах.
kyym.ru сайтан