Кэпсээ
Войти Регистрация

Кырыыс

Главная / Кэпсээн арааһа / Кырыыс

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
19.11.2020 14:59
(Олоххо буолбут түбэлтэ) Кыскаан сэниэтэ эстэн, этэ-сиинэ ыараабытын, мөлтөөбүтүн, бүтэр уһук тиийэн кэлбитин санаан, сүрэҕэ ыарыылаахтык кымыстаата. — Бэйэм өһөрбүттэн олох кэмсиммэппин, Тоһууккайбын, чыычаахпын, мүччү тутарым баар! Хара сорум да эбит! Күн тэҥэ саныыр Аанчыгым, оҕом Айыынам, эрдэ күрэммиккит дьолгут эбит. Мин сорбун-муҥмун ким үллэстиэй, өйдүөй? Мин туспар сирэйдэрин тириитэ халыҥаан турар. Аанчыгым уйуттубат буолбутугар биир ытыс бурдугу көрдөөбүппэр бэрэстээтэлим үүрэн таһаарбыта. Кыскаан хамсаабакка дүлүҥ төрөөн сытар оҕотун куттаммыттыы, биһигиттэн тайанан көрөн турда. Илиитэ тарда-тарда оҕотун кубархай сүүһүн имэрийдэ. Итирик киһи курдук байааттаҥнаан холумтаныгар тиийдэ. Оһох чанчыгын харбыалаһан, аҕыйах хардаҕаһы булан уотун отунна. Балаҕан холлоҕосторугар күлүктэр эйэҥнэстилэр. Аал уот санаарҕаабыттыы сыыгыныы умайда. Бэҕэһээ Костя уол бэрэссэдээтэл (аньыырҕаатаҕа буолуо) икки киилэ туорааҕы абаансалаабыт нэрээтин аҕалан биэрбитэ. Сонно ыалыгар Бадаайыга тахсыбыта, киһитэ дьиэтигэр суоҕа. Иккиһин тахсыбыта хоно, саалана барбыт аатырбыта. Үсүһүн, сарсыарда эрдэ, дьиэтигэр баарын баттаста. — Дьиэҕэр тахсан күүт, эбиэттэн киэһэ биэриэҕим,— ыскылаат тойонун атаҕа ыараабыта. — Ыксыыбын... Оҕом... Бадаайы ситэ саҥардыбакка: — Киһи барыта оҕолоох. Оҕом ийэтин сайыһан ытаан тахсар. Соҕотохтуу көрүүтэ суох бырахпаппын, — суон куолаһынан ордоотообута. Былтайбыт иэдэстээх этиргэн уол атаҕынан тиҥилэхтии-тиҥилэхтии: «һат! һат!»- дии-дии эргиллэ-эргиллэ курунан аҕатын самыытын охсуолуур. Ол аайы аҕата кэтит самыытын ласпараҥнатан түөрт атах буолан лаҕырҕайдыыр. Оҕо дьоллоохтук күлэн чачыгырыыр. Бадаайы ыскылааты кууһа олорор. Кыскаан Бадаайыны урут да иһигэр киллэрбэт киһитэ этэ. Бэрэссэдээтэл атаах кыыһын ойох ылан, уһааттаах арыыга сөтүөлээн эрдэҕэ. Сэриигэ ис тэһэҕэс аатыран барбатаҕа. Арҕааттан алдьархай ааҥныы илигинэ олох көнөн испитэ. Сүрэхтээх-бэлэстээх дьон байылыаттык олороллоро. Бадаайы аска улахан хамыйаҕын ууммутун аанньа, үлэҕэ кэнники сыһыллара, тойотторго тылбай-өспөй буолан ньыла көтөрө. Кыскаан балаҕанын халҕанын тоҕус сорунан ырычаахтаһан аһан киирдэ. Атаҕын нэһиилэ соһо тардан оҕотун оронугар чугаһаата. Оҕотун саһара кубарыйан хаалбыт сүүһүн имэрийэн иһэн чугурус гынна: — Сорум-муҥум эбит! Оҕом, Тооһуккайым... Баар суох соҕотох күһэҥэм быата быһыннаҕа, аал уотум умулуннаҕа, алаһа дьиэм чэҥирдэҕэ. Үйэм тухары үлэни өрө туппутум, сырдыгы батыспытым. Үлэ киһитэ дьоллонуохтаах дииллэр да, ханна баарый, өрүһүлтэтэ суох ииҥҥэ киирэн эрэбит. Күүһүн түмэн уотун тигинэччи отунна. Модьоҕотугар тобуктаата, күлү ытыһан ылан ыһан күдээриттэ. — Балаҕаным иччитэ, аал уотум барахсан, тэҥҥэ үөрсэн, хомойсон дьоллоохтук да олорбут эбиппит. Күһэҥэ быата быстара адаҕыйан кэллэ. Хаһан да киһи туһунан ыар ньаҥсыар тылбын эн аттыгар саҥаран иһитиннэрэ илигим. Абам-сатам кытыйата туолан, биһиги туспутугар муус чэҥ сүрэхтэммит Бадаайыга тылым кырыыланан, өһүм-сааһым өһөхтөнөн кырыыс таныар тылбынан үөрбэ буолан түһэн имнэри эһээри куоһанан олоробун. Икки оҕобун, кэргэммин көрдөрбүтүнэн мэлиттим. Ыскылаат хайдарынан туораах бурдук кутуллан кырылаан турар. Хотон муҥунан хороҕор муостаах, сыһыы ахсын сыспай сиэллээх сырыыргыыр. Итиччэ баайы көрөн олорон хоргуйан тыыммыт быстар.
Оттон тойоттор: «Киһи курдук ыарахан капитал суох»,—диэн айаҕаланаллар, тылларынан тотороллор, — күлүн булкуйда, ытыһан ылан ыһан күдээриттэ. Уота мөлтөөбүт хараҕынан балаҕанын кэрийэ көрүтэлээтэ. — Киһи киэбин сүтэрэн, кырыыс эркиннэнним, өс-саас иитинним, аал уотум, санааҕар тутума. Кэдэрги кэмэлдьилэммиттэр, хайыр муус сүрэхтэммиттэр үс күнүм тэҥэ саныыр күндү биэбэйдэрбин араҥаччылаабатыгыт, чэҥнээх ииҥҥэ умса астыгыт. Аанай-туонай абам да буолар эбит!!! Эт бэргэ сүрэхтээх Бадаайы мантан ыла эн тускар айыыҥ сирэ ардаҕырдын, күнүҥ сирэ көлбөҕүрдүн! Аньыыҥ-хараҥ сэтэ-сэлээнэ бэдэрдэргэр тиийэ иэстэһэн дьоллорун сарбыйдын, кэскиллэрин кэҕиннэрдин! Ойоҕуҥ бокоорор ыарыыга будуулатан ууллан тоҕуннун, кэнчээри ыччатыҥ хаһыҥҥа хаарыйтаран ыалы кэриимнээн уҥуох-тирии ырыттаҥнаатын, көмүскэҥ уутун үс хос сарыы бүрүйэн Орто дойду мандарын көрүмэ. Күлэ-күлэ күлгүтүн таптайдаҕым буоллун!!! Аал уотум, быдан дьылларга бырастыы! Кэлэр-барар үүтүм-ааным бүөлэнэн, аба-сата тылларын ыһыктыбыппын санааҕар тутума... — маһын хомуйан оһоҕун тиһэҕин тигинэччи отунна. Көһүйбүт оҕотун сэрэнэн көтөҕөн ылан хоонньоһон кууһан сытта... Мууһура тоҥмут сордоохтору үс хонон баран булан, сир ирэрин кэтэһиннэрэн, ампаарыгар укпуттара. Күн-дьыл киһи дьылҕатыгар кыһаллыбакка уу сүүрүгүнүү устан ааһан истэ... Бадаайы ойоҕо уҥуох бэлэхтэтэн ириҥэнэн устан өлбүтэ, оттон уоллара, сүрэхтэрин чопчута, күлүгээннээн хаайыы дойдуламмыта. Быһыта кырбанан ыарыы буолан таҥаралаабыт сурахтааҕа. Аҕалара Бадаайы кырдьар сааһыгар көрөр-харайар уруута-хаана суох буолан, кырдьаҕастар дьиэлэригэр сытара иһиллэр. Аньыыны-хараны оҥорбутуҥ бэйэҕэр төттөрү эргиллэн сыдьааҥҥын ылҕаан умса уурар диэн былыргылар этэллэрэ оруннаах эбит. Федор Постников-Арчы Сүөдэр.
kyym.ru сайтан