Кэпсээ
Войти Регистрация

Итэҕэйбэт буоллаххына

Главная / Кэпсээн арааһа / Итэҕэйбэт буоллаххына

K
04.03.2021 15:01
Саабыс аҕыстаах доруобуттан ордук чугаһынан тэҥнэһэр саа суоҕун курдук омуннаан кэпсиирин олус сөбүлүүрэ. Дьэ, биир саас кус-хаас хойуутук кэлбитэ. Мин аллараа, хаас үөрэ таптаан түһэр боруутугар, киирбитим. Кылыкына иһигэр хаас үөрэ бөҕө түһэн олорорун сонно саҥаларыттан биллим. Туох да өй мэйдээх тулуйбат айдаана. Балайда үөмпэхтээн баран, тэргэммин биир обургу талахха баайаат, ортолорун диэки туһаайан баран, чыыбыспын төлө тардабын. Онно көтөн таҕыстылар ээ, дьэ! Халлаан өҥүн көрдөрбөт хойуу көтөр диэтэҕиҥ. Туруохтара дуо, кынаттаах биистэрэ обургулар хараҕым далыттан мэлис гынан хааллылар. Чэ, төһө өлбүтүн ааҕа барбатым. Мунньан таһааран чөмөхтөөбүтүм, биир обургу бугул буолла. Оттон хойобуун буолбут хаастар кылыкына иһигэр үөр сылгыны ыыппыт курдук, тип-тигинэс этилэр. Атыыһыт диэн ааттаах аппынан хаастарбын күнү быһа таспытым. Биир ытыыга үчүгэй буолбат дуо?! Итэҕэйбэт буоллаххытына, киирэн көрөөрүҥ даҕаны. Мин ыппыт буулдьам суолун устун билигин пиэрмэҕэ тыраахтарынан от тиэйэн тирилэтэн таһаараллар. Биирдэ Саабыстаах Дэбэдэйгэ хаһыа да буолан сиилэс омуһаҕын ыраастыы сырыттахтарына, үрдүлэринэн хаас үөрэ ньамалаһан ааспыт. Онно чугас турар эмээхсиниттэн ыйыппыта үһү: — Ол инники иһэн саҥарар улахан хааһы билэҕин дуо? — Эчикийэ суох, доҕоор! – диэн баран, Маайата илиитин нэлэс гыннарбыт. — Ити уруккуттан сылдьар хаас атыыра. Дэбэлэй күөлүн ньамаҕар түһэн эбиэттээн ааһыахпыт диир, — диэн Саабыс дьонугар чуолкайдаан биэрбит. Хаастар ханна түһүөхтээхтэрин, ханан үөмэн киирэн ытыахтааҕын барытын ааҕан-суоттаан, көрө-сэрэйэ турбут эбит. Сотору буолаат, Саабыс үс хааһы өлөрөн аҕалбыта. Кини көтөрдөр майгыларын-сигилилэрин олус бэркэ билэр, саҥаларын кытта истэр кырдьаҕас. Чөркөйдөр Күһүҥҥү көччөх саҕана Бөстүрүөптээх Хоохо Куола буоланнар саалана барбыттар. Хоохо Куолаҕа саата төрүт суоҕа. Үгэһинэн доҕор курдук батыһааччынан, кус тутааччынан сылдьыһара. Бөстүрүөп кус таптаан түһэр үрэҕин төрдүгэр кэлэн, киһитин хаалларан, үөттэринэн хаххаланан, чугас соҕус киирэн ыппакка кыҥаан көрө-көрө, балайда иһийэн сыппыт. Онуоха Хоохо Куола тэһийбэккэ уонна кыымаайылар сииллэрин тулуйбакка: “Тоҕо ыппаккын?” – диэн ботугураабытыгар киһитэ эргиллэн “чөркөйдөр” диэбит. — Бандьыыттар даа? – диэн утары ыйытар киһи буолбут. — Чөркөйдөр. — Ньиэмэстэр даа? Бөстүрүөп абаккаран, куолаһын сонотон обургу соҕустук: “Чөркөйдөр диибин дии!” — диэбитигэр кустара үргэн, көтөн куһугураһан хаалбыттар. Инньэ гынан Хоохо Куола Бөстүрүөп кинини олус күлэрин, элэктиирин иһин иэстэһэ сатаабыта табыллыбатах. Күөһүн уутун эптэрэ сатыы олорбут Бөстүрүөп, үөҥҥэ-көйүүргэ тиллэр бэйэтэ, бу сырыыга бэйэтэ буугуначчы буһан хаалан, бултарыттан маттахтара ол. Хотоол уонна Эмтик Былыр бу сиргэ үөлээннээхтэр чугас-чугас ыаллыы олорбуттар. Кинилэр нэмнэрин бэркэ билсибит дьон эбиттэр. Биирдэрин аата — Хотоол, иккиһэ Эмтик диэн эбиттэр. Ыаллыылар саас аайы халаан уута түһүүтэ, Эбэ диэн ааттыыр бэрт өрдөөҕүттэн дьон бөҕөнү көмүс хатырыктааҕынан аһаппыт-сиэппит күөллэрин, өрүһү кытта ситимнэһэр синньигэс сүллүмэҕин быһыттаан, туу уган ньоҕор балыгы хото хостууллара. Биэрбит дьылыгар ньоҕордорун сыалаан, тууйас
эҥин мээрэйдээхтэрин түөрэтин толортууллара. Сарсыарда күн күөрэччи ойуута балыксыттарбыт быһыттарыгар баар буолаллара. Эмтик эрдэһит муҥутаан, үлэхтээх кэмнэрин ууннара-уһата сылдьыбат киһи. Хата, ол оннугар эрдэлиэ. Үөрүүлэрин-хомолтолорун үллэстэ таарыйа тууларын күүтүһэн, тэҥҥэ киирэн хостоон көрөллөрүн ордороллоро. Бүгүн да Эмтик киһитин иннинэ киирэн, күүтэ таарыйа табах тардан унаарыта олорбута. Хотоол, эмээхсинэ ыарытыйар буолан, сарсыарда сороҕор тардыллааччы. Эмтик, Хотоол тымтай сүгэһэрдээх кэлэн иһэрин көрөн, быйыл улахан уу кэлбитинэн уонна, куолутунан, эмиэ тоҕоос көстүбүччэ, хаарыйан хаалыахха дии санаммыт. Киһитэ тиийэн кэлбитигэр маннык саҥалаах тоһуйбут: — Дьэ, доҕоор, быйыл балайда улахан уу кэлэн барда. Бэйэҥ да көрө-билэ сылдьаҕын. Көрбөккүн дуо, оол-ол, хотоол сирдэри бүтүннүүтүн ордорбокко ылбыт, — дии-дии, уҥа илиитинэн ыйа-ыйа, ырбайыаҕынан ырбайа көрсөр. Эмтик, арахсыбакка хаадьылыырын билэр буолан, Хотоол иэскэ хаалбатаҕа. Хата, бэрт холкутугар түһэн: — Дьэ, Эмтик. Үчүгэй дии. Хата эмти түһэн муҥхалыахпыт буоллаҕа, — диир. Эмтик салгыы тугу этиэн булбакка турдаҕына, өлүү болдьохтоох, тастарынан сүөһү үөрэ аллараа мэччийэ киирэн иһэр эбит. Онуоха Эмтик биллэр даҕаны соруйан ыйыппыт: — Бу — хаан аҥаардаах, хааман-сиимэн хотолдьуйбут хайаларын ынаҕай? Арааһа, эн ынаҕыҥ ээ, быһыыта. Хотоол, тымтайыттан туох эрэ суулааҕы хостоон таһаара туран: — Ээ, ити миэнээ-миэнэ, өссө сааһынан кырабыт. Эмтик-имтик үктэнэн, дьэ, мэччийэ киирэн иһээхтиир. Сүөһүлэрбин кытта бодьуустаһан аһаабакка да сылдьабын. Эйигин күүттэҕэ буолуо диэммин, аһыы-хайыы олорботум. Хата, кыратык үссэнэ түһэн ылыахха. Тууга киирбит балык ханна да тахсан барыа суоҕа. Тууйастаах ымдаанын кырыска уураат, лэппиэскэтин Эмтиккэ ууммутун, киһитэ хап-сабар харбаан ылаат, тосту тутан ылан сиэбитинэн барар. Киһи аһа хаһан баҕарар минньигэс бөҕө буоллаҕа. Мэҥиэтэ табыллыбыт Хотоол саҥа аллайа түспүт: — Көр эрэ, бу уолуҥ, лэппиэскэттэн син балайданы эмти туппут ээ, — дии-дии, күлэн лэһигирэппит. Эмтик саас аайы халаан уута кэлиитигэр Хотоолу хотон сордуурун иһин, бу сырыыга Хотоол Эмтиктэн очукуо хомуйан ылаары, сарсыарда аһаатар даҕаны собус-соруйан үтэлэммитэ үһү. Кыратык хабыалыы түһээт, аны Эмтик эрдэттэн бэлэмнэммит угаайытыгар киллэрэн, туу көрө киирэргэ киһитин ыксаппыт: — Били, эргэ илиммин киллэрэн быһыт айаҕынан уҥуор хонууга бэрийэ сытыарабын. Тууну таһаарар кэмҥэ балык барбатын диэммин, быһыт айаҕын бүөлүү сытыараары аҕаллым. Быам төбөтүн ол кытыыга турар хатыҥ мас төрдүгэр иҥиннэрбитим. Сүөрэ тардан илими түһэр, — диэн Эмтик Хотоолу соруйар. Хотоол үөлээннээҕэ сөпкө дьаһайбытын иһигэр хайгыы саныыр, быа төбөтүн мастан араараат, субуйа тардан илими ууга түһэрбитинэн барар. Эмтик, былаана санаа хоту баран иһэриттэн эрдийбит. Быһыт таһыгар тиийэн, син биир очукуо хомуйса, күлэ турбут: — Нохоо, көр эрэ, илимиҥ хотоҕосторун. Хайыы-сах хотоһон киирэн бардылар. Быһыттан куттанан түспэккэ сылдьар балык үөрэ билигин да баһаам эбит ээ, — дии-дии күлэн ырбайыы бөҕө буолар. Онуоха Хотоол киһитин хайҕаабыта буолбут:
— Дьэ, маладьыас. Бэркэ толкуйдаабыккын. Баар балыктан эмти харбаатахпыт ити дии, — диэн Хотоол үөрүүтүн киһитин кытта тэҥҥэ үллэстэр. Ити курдук хайалара хоппута-хотторбута биллибэт эрээри, үөлээннээхтэр ыаһахтаспакка, хам бааччы сылдьыбыттара үһү. И.Елисеев-Усхаан “Итэҕэйбэт буоллаххына” кинигэтиттэн.
kyym.ru сайтан