Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сэхсээн көрдөөх түгэннэриттэн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сэхсээн көрдөөх түгэннэриттэн
K
kyym.ru сайтан
Сонор
25.02.2021 15:18
Булчуттар тохтообут сирдэрэ — маһа суох ырааһыйа. Хайалар тулалаан тураллар. Быыстарыгар киэҥ күөллэр сиэркилэ курдук күн уотугар күлүмүрдүү оонньуур ньуурдарыгар көтөр-сүүрэр мустан, эҥин араас эгэлгэ саҥанан туолар. Ол аайы эр дьон айылҕаларын сиэринэн сүргэлэрэ көтөҕүллэн, булт абылаҥар өссө күүскэ ыллараллар. Кэпсээн-ипсээн элбиир. Санааларын ирэ-хоро үллэстэллэр. Күлсүү-салсыы дэлэйэр. Сир-сир аайы бултуур ньыма да уратылаах буолан, үөрэтээһин да баар. Астарын астанан, тото-хана аһаан, сирдэрин аһатан баран, айантан сылайбыт дьон утуйдулар. Олохторун булан, суунан-тараанан, өрө тардынан, дьон буоллахтара дии. Сарсыныгар туран ким ханна барарын, тугу бултуурун быһаарсан, бөлөхтөргө арахсан тарҕастылар. Сэхсээн эмиэ саатын сүгэн күөлгэ кииристэ. Уйаара-куйаара биллибэт күп-күөх халлаан ньуура, ханан да былыта суох, көҕөрө көстөр, дириҥ күөл уутун ньуурунуун силбэһэн, аламай күн уотугар күлүмүрдүү оонньуур. Салгын ып-ыраас, сис хайа нэлэмэнигэр үүммүт чэмпэрээк сибэккитин сытыныын дьүөрэлэһэн, тыынарга чэпчэки. Сэхсээн айылҕа кэрэтиттэн ис-иһиттэн чэпчээн, наҕылыйан өрө тыыммахалыы-тыыммахалыы, атаҕа бэйэтэ барарынан дугуйан истэ. Ол иһэн, биир соҕотох кус күөл кытыытыгар налыччы уста сылдьарын көрө биэрдэ. «Һук, хата, маны ытан ылыахха, ким да саата тыаһаабат, мин бастакы бултуйар буоллум быһыылаах!» — диэн үөрэн өрө көтө түстэ уонна үөмэн тиийэн ытан хабылыннарда. Биир ытыынан куһун хаптаччы саайда. Үөрүүтүттэн сүрэҕэ нүөлүйбэхтээн ылла. Куһун туппутунан дьонугар ыстанна. Дьоно күөл кытыытыгар табахтаан бусхата олороллор. Ханна да ыксаабат дьон сиэринэн хоп-холкулар. — Хор, эр бэрдэ биир кустаах. Чэ, баран чэйдиэҕиҥ, — диэн хомунан дьиэлээтилэр. Сэхсээн бултуйбут киһи быһыытынан түөһүн мөтөтөн, уоһа ыпсыбат гына ырбайан, куһун моонньуттан тутан тэйбэҥнэтэн, дьиэҕэ чугаһаан истилэр. Атын сирдэргэ барыталаабыт дьонноро бары кэлэн, уот оттон, ас буһара сылдьаллар. Ити кэмҥэ дьиэттэн Дьэргэл-биэк тахсан кэлэн, Сэхсээн булдун көрө биэрээт, эмискэччи бөдөҥ дьөлгөркөй бэйэлээхтик: — Ноо, ити куһу тоҕо өлөрдүҥ! Эдьиийгин өлөрбүккүн дии! Хайдах буола сылдьаҕын?!. — диэн, ып-ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии саҥата дуорайда. Сэхсээн, тымныы уунан ыстарбыт киһи курдук, биир сиргэ хам тоһоҕолонон, этин сааһа барыта тыбыс-тымныынан саба биэрэн, туран хаалла. Онтон өй булан, кустаах илиитин сэниэтэ суохтук өрө көтөҕөн, куһун «хайдах?!» диэбиттии, дьэ болҕойон өр да өр сыныйан көрдө. Куоҕас эбит. Куоҕаһы бултаабаттар эбит. Куоҕас буолан, улахан үөһэттэн айдарыылаах дьон сылдьыахтарын сөп үһү. Өйүгэр араас санаалар эргичийэ көттүлэр. «Оо, кырдьык даҕаны-ы-ы-ы... Эдьиий Дора «куоҕас буолан кэлиэхпин сөп» диир этэ дии. Бу алдьархайы-ы-ы... Хайыыбыныый?..» — диэн санаа бөҕөҕө түһэн, ким эрэ көмөлөһүө диэбиттии дьонун эргиччи көрдө. Дьоно буоллаҕына, ким эрэ күлэн мүчүҥнээтэ, ким эрэ Сэхсээни аһыммыттыы өрө тыынна, ким эрэ аһаҕастык күлэн саһыгыратта. Астара буһан аһаатылар. Сэхсээн, уоскуйан, инникигэ сэрэхтээх буоларга сэрэтии ылан, тото-хана аһаан, дьонун кытта ирэ-хоро кэпсэтэн барда. Онтон хас да хонон баран, урукку олорон
ааспыт дьоннор ампаардара турарын аттынан ааһан истэхтэринэ, аһаҕас аан таһыгар ампаар иһин диэки хабдьы олорорун көрөн, Сэхсээн эмиэ ааспыты өйдөөн, тобуктара титирэстээн ыллылар. Дьоно дьээбэлэнэн: — Ити хабдьыны ытан ылыахха, эн ыт! — дэстилэр. Сэхсээн — «аны баҕас итинниккэ киирэн биэрбээт!» — кэннинэн тэйиэккэлээн, тэскилииргэ барда. Кусчуттар күөл кытыытыгар дурда оҥордулар. Сэхсээн кус кэтии хаалар буолла. Дьоно күөлү эргийэ бардылар. Чаҕылхай халлааннаах чуумпу күн. Улахан күөл иэнэ, күн уотугар кыра долгуннарынан күлүмүрдүү оонньуур. Балыктар сэмсиир тыастара, инэн-манан чалымныыллар, ууга төгүрүк-төгүрүк ойуулары таһаараллар. Сэхсээн оннун булунан, оҥостон олорон күөлүн одуулуур. Саатын бэлэмнэнэр. Кини сытар сирин диэки кустар кэлэр санаалара отой суох. Ханна эрэ саҥалара иһиллэр. Арай, ол олордоҕуна, ууга кус устар тыаһа иһилиннэ. Сэхсээн бүтүннүү харах-кулгаах буолан, саатын ыкса тутан, булчут киһи киэбин ылан, тыыммакка да олордо. Арай сүрэҕэ тиҥ-тиҥ тэбэн, уу чуумпуну аймыыр, истэрин мэһэйдиир курдук. Уһун кур оттор киһи көрөрүн мэһэйдииллэр. Чочума буолаат, куһа бу ньылбыйан устан кэллэ. Адьас дурда иннигэр кэлэн, тумсунан ууга умса-умса, тугу эрэ сиэн, моонньута куохаҥалыыр. Ити кэмҥэ били күөлү тула кэрийэ барбыт дьоно чопчу дурда утарыта тиийэн, олорон эрэн бинокллаатылар. Онно көрдөхтөрүнэ, киһилэрэ, дурдатыттан быган кэлэ-кэлэ, илиитэ эйэҥэлээн олорор. Иннигэр биир кус уста сылдьар. — Тоҕо ыппатый? Хайыырый? — Күрэтэ сатыыр дуу, тугуй дуу? — диэн дэлби сөҕөн, уҥуоргуттан хаһыытаан көрдүлэр. — Ыт! Ыт! Кус кэллэ! — диэн. Киһилэрэ онно эрэ кыһаллыбат. Быга-быга сүтэр. Сөҕүү бөҕөнү сөхтүлэр. Оттон Сэхсээн ити куһу баҕас аны ханнык баҕарар түгэҥҥэ билэр. Куоҕас. Аны куоҕаһа буоллаҕына, оҥостон туран, күөл кытыытыгар дурдаттан отой чугас төттөрү-таары уһун да уһун буолла. Туох ааттаах куоҕаһа буулаатаҕай? Сорбун ньии... Сэхсээн дурдаттан быган кэлэн, аны куһун үүрэргэ барда: — Кыс-кыс... кыс-кыс... — диэн тарбахтарынан таарыйан эрэр курдук эйэҥэлэтэ далбаатаан үүрэ сатаата. Кыһыы диэтэҕиҥ! Сатахха, ити дьон көрөн кэбистилэр. Дьиэҕэ тиийдэхтэринэ эмиэ күлүү бөҕөтүн күлэр буоллулар. Булан түбэһэр да эбит. Ханна да сырыттахха, дьону күллэрэр төрүөтү бэйэтэ да билбэтинэн булар киһи хайаатар да баар буолааччы. Сэхсээн эмиэ биир оннук киһи. Сэхсээн, ити курдук, түгэннэрэ элбэхтэр, олортон бу сорҕотун эрэ кэпсиибин.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан