Кэпсээ
Войти Регистрация

Ньургуһуҥҥа анаммыт хоһооннор, хоһуйуулар

Главная / Кэпсээн арааһа / Ньургуһуҥҥа анаммыт хоһооннор, хоһуйуулар

K
kyym.ru сайтан Айымньы
18.05.2022 16:49
Ыам ыйын 18 күнэ – Саха сиригэр Ньургуһун күнэ.Элбэҕи, үгүһү эппэккэ, эһиги болҕомтоҕутугар тоҥ буору тобулута үүнэн тахсыбыт ньургуһун туһунан хоһооннору хайдах баарынан, улахан уларытыыта суох таһаарабыт.Айымньылары Саха сирин араас муннугуттан, үгүс литературнай түмсүүлэртэн, биирдиилээн ааптардар куйаар ситиминэн ыыттылар. Хомуйан таһаарааччы – Ираида Коркина-Чугдаара. ***Саас-Сылаас...Хонуу-Хойуу...Сибэккилэр-Сир симэхтэрэ...Ньургуһуннар -Ньургун куолар... Ньургуһуннар - ньургун куолар Ыам ыйын илдьитэ - ньургуһун,Ылааҥы күннэрбэр уһугун,Тоҥ буору тобулан эн үүн,Туохтан да толлума, көҥүлгүн. Халдьаайы, томтор быарыгарХаралдьык бөҕө тахсыбыт,Эҥсиэлим хочотун сыырыгарЭлбэх да ньургуһун тыллыбыт. Бу кэрэ, дьикти көстүүттэн,Бу нарын, сэмэй үҥкүүттэнДууһам үөрэн ыллаата,Дуйдаах хонуум алҕаата. Кыыс оҕо намчыта буоламмын,Кырдалга бүтүннүү сууланным,Кырдьык да, ураты хартыынаттанКынаттанным утары хардаттан. Ньургуһун сибэкким ытарҕам буолаҥҥын,Нуоҕайа наскыйан сааскыбар ууллаҥҥын,Нуурал күн сүргэбэр туолаҥҥынНуктаабыт бэйэбин таптаа уйаҥҥын. Ыам ыйа илдьитэ - ньургуһунЫлааҥы күннэрбэр уһугун! Саргын кыыһа Күннэй ***Дойдубар, халдьаайы быарыгарНьургуһун сэлэлээн эрдэҕэ,Сарсыарда, сиик түспүт томторгоУмнаһын көннөрөн турдаҕа. Эн-биһи тиэстибит ыллыкпытНьургуһун күөҕүнэн үүннэҕэ,Ол ааспыт кэмнэри өҥөйбүтАарыма хатыҥмыт күүттэҕэ. Ол хатыҥ сүрэҕи долгутанКиэркэйэ суугунуур буолара,Таптаһар куттары харыстаанЛабаатын нөрүтэн ылара. Бастакы ол туҥуй тапталбытБу сиргэ уоскулаҥ булбута,Оҕотук ып-ыраас санаабытОл онно сайыһа хаалбыта. Дойдубар, халдьаайы быарыгарНьургуһун сэлэлээн эрдэҕэ,Баҕардар, ахтыбыт уоҕугарУрукку доҕорум күүттэҕэ. Айаан_Чакыр.НЬУРБА НЬУРГУҺУНА Ньургун дьонноохНьурбам сирэНьургуһуна күөх өҥнөөх -Ньургун Боотур кэриэтэНьургуйаахтыы тыллаҕын,Ньургуйаана Куо курдукНуоҕайаахтыы үүнэҕин.Нарын, намчыНьуолах түүлээх,Ноотоллубут бэйэккэҥНачаас ситэн, киэркэйэн,Налыы, сыһыы сирдэриНьуолдьаҕайкаан ньуургунанНуоҕалдьыта симиэҕиҥ.Нөрүөн-нөргүй,Наскыл-мичилНаҥнаҕаркаан чэчиккэ!Номнуо кыһын бүппүтүн,Нүөлсүйбүтүн сир кырсаНьурбам буора биллэриэҕэ,Ньургуһунун тылыннарыа! Саргылаана, Маалыкай. СҮРЭХТЭРГЭ ИЭЙИИ САҔАН... Хара сиргэ сааһын бастаанХоһуун ньургуһунум тыллар,Сүрэхтэргэ иэйии саҕанСуруллаллар истиҥ тыллар. Сыырым быарын сэргэхситиэхСэгэйбиттэр ньургуһуннар,Субу туран дьиэрэҥкэйдиэхСубуспуттар барахсаттар. Кийиит кыыстыы кэмчиэриһэнКэрэлэриэн нуоҕаһаннар,Чугас-чугас кэккэлэһэнЧороон курдук чочуонайдар. Саха дьоно сүгүрүйэрСаас бастакы сибэккитэ,Санааҥ күүһэ сүрү күүрдэрСырдык ыра иэйиэхситэ. Оһуохай Уола.НЬУРГУҺУН... Саас аайыЫам ыйынСыырдарынБыарыгарНьургуһун нуоҕайа тахсыыта,СаныыбынСанньыйа,АхтабынАйманаСураҕа суох сүппүт саллааты.ТөрөөбүтТүөлбэтинКөҥүлүнКөмүскээн,Түҥ түгэх дойдуга түгэнэн,Сир ийэСиҥнэстэрУот сэрииУоругарЭдэркээн олоҕун биэрбити.Санаабар,СаһархайНьургуһунБарахсанОл уолчаан олоҕун салҕаабыт,Саас аайыЫам ыйынСыһыытынКырдалынСаргылаах санаанан алҕаабыт...   Оһуохай Уола. ***Ньургуһун барахсан, эн тыллаар... Сандал саас салаллан кэлиитэ,Күн уота күндээрэ тыгыыта,Халдьаайы хараарбыт иэнигэрНьургуһун нуоҕайа тыллыаҕа... Ол кэрэ, ол сырдык кэмнэргэЭдэр саас аттыбар туруоҕа,Сүгэһэр санаабын киэр кыйдаанУмнубут иэйиибэр сирдиэҕэ. Кинини батыһан тиийиэҕимЭдэркээн ньургуһун саастарбар,Эрэнэ сүрэхпин аһыаҕымУмнубат бастакы тапталбар. Олоҕу саҥалыы таптааммынДьэҥкир дьол чыпчаалын билиэҕим,Оччоҕо ньургуһун барахсан,Махталбын эйиэхэ аныаҕым. Ньургуһун барахсан, эн тыллаар,Сыл аайы эдэрбэр эргитээр,Хагдаҥ буор сирбитин киэргэтээрКэрэҕэ эрэли үөскэтээр. Эн баарыҥ тухары эдэрбитКэрэчээн сибэкки сэгэрбит,Эдэр саас тапталын иҥэрбитОлоххо уостубат эрэлбит. Ньүргуһун барахсан, эн тыллаар...Мария ПоскачинаНЬУРГУҺУН Саргылаах кэм эргийиитэ,Салгын сайа илгийиитэНьургуһунум киэргэммитиэн,Ньээкэ отум тэлгэммитиэн. Саас кэлбитин кэрэһитэСаха таптыыр сибэккитэ,Сайаҕастай бэйэкэтэСандаарыйан кэрэкэтэ. Аан бастакы харалдьыккаАламаҕай мичээр тыганКиэргэл буолар айылгылаахКини дьикти айдарыылаах. Тоҥ буору тоҕо көтүүтэТомтор аайыттан күлүүтэ -Ньургун санаа түмүллүүтэНьургуһуҥҥа баар бүттүүнэ. Хоодуот быһыы бу көстүүтүнХорсун сүрэх сүдү күүһүнХас саас аайы мин көрөбүнХал буолбаккабын сөҕөбүн. КалисфенаДьокуускай куорат.****Эйэҥнэс таммах уу мөһүүрэЭнньэлээх ньургуһун көстүүтэСимэхтээх кийиит кыыс кэриэтэСилигин сиппитэ кэрэтэ. Халдьаайы аайыттан күлүүтэ,Халадаай тэлээрэр үҥкүүтэХарахха хатанар бэйэтэХаҕыс да сүрэҕи эймэтэр. Калисфена, 18.05.2022***Төрөөбүт күҥҥүнэн, ньургуһун,Кэтэспит нап-нарын сибэкким,Бу сааскы хаарынан сайҕананТахсан эрэҕин дуо, ньургуһун? Аарыаҕым ыллыгым таһыгар,Ыраахтан маҥхайар хатыҥмар,Тулалаан ол быкпыт кэрэбэрМичиһэр ньургуһун бөлөҕөр. Тобуктаан олорон кэпсиэҕимСипсийэн таптыырбын этиэҕим,Мунньубут сонуммун-нуомаспынЭйигин кэтэспит эрэлбин. Хас биирдии сүрэххэ тыллаҕынЭн ырыа буолаҥҥын ньургуһун,Эр хоһуун сүрэххэр үҥэллэрСаас аайы көрсүһэн үөрсэллэр. Хайыҥ хаар тулаҕын ыраастыамЭр хорсун сүрэххэр нөрүйүөм.Эйиэхэ анааммын тиһиэҕимАхтыбыт мин ырыам тылларын. Н. Дьуур. НЬУРГУН ОТ НЬУРГУҺУН Кырдалга кылыйбыт ньургуһунБу кэмҥэ олоххо тускулуҥ,Дьиибэтик сөхтөрөр хоһуунуҥИстиҥник долгутар мин куппун!.. Бэл диэтэр куула тыа быыһыгар,Намыһах халдьаайы быарыгарСылааһы булбуттуу санананБу үүнэн тураҕын сандааран. Эн кэрэ бэйэҕин бу туоххаТэҥниэххэ сөп буолуон билбэппин:Арай дьэ уол буолан иэйэҥҥинМэниктээн кылыйыаҥ дии, туоска. Эбэтэр кыыс оҕо наскыйанКынтайар үҥкүүтүн санатыаҥ,Сиккиэр тыал кууһарын, кыбыстанСалгыҥҥа хоҥкуйа сапсыныаҥ. Бастакы чэчиккин, ньургуһун,Хаар быыһын киэргэтэр ньургуҥҥун,Тапталы тургутар хоодуоккун,Кэпсэнэр үйэлээх номоххун! Марта-Мария.12.05.22. ОО, НЬУРГУҺУН Ньургуһуммут барахсан, кэмиҥ кэлэн ситэҕин,Хатааһыннаах сааскыттан иҥнибэккэ үүнэҕин,Дьикти, кэрэ туос күүрээн айылҕаттан силиккинМодун күрэх күүстээххин, айхаллыыбыт эйигин! Туох сэниэттэн үүнэргин, быдан дьылтан билигин,Өбүгэттэн ылата бары бэккэ билэбит:Сиртэн силис тардаргар улуу төрдүҥ чиҥ биэрбитУордаах дохсун сир уоҕун иҥэринэр эбиккин! Ньургуһуммут, эйигин, ама туохха тэҥниибит-Аан ийэттэн аналыҥ, эн сахаҕын үөрдэҥҥин,Хаар быыһыттан тахсаҥҥын дьиктини дьэ кэпсиигин,Тулуур, дьулуур мөккүөрүн, кэрэхсэтэ тиэрдэҕин. Ньургуһуммут дэлэй бэрт иҥэмтэлээх имэҥҥинСэрэнэммит туттуохтаах ичээн күүһэ эмтээххин,Ылынабыт көмөҕүн, айылгылаах бэлэххинСатыыр, билэр эмчиттэн кистэлэҥнээх иэйиигин. Ол быыһыгар ньургуһун, таптал иэйэр кэрэҕэр,Эйиэхэҕэ үҥэбит нарын- намчы бэйэҕэр,Харгыстарга бэриммэт үһүйээннээх кэпсээҥҥэр,Кэрэ кыыстыын сиэттиһэр номох буолбут килбиккэр! Марта-Мария,10.05.22. КҮҺҮҤҤҮ НЬУРГУҺУН Күрэҥ оту быыһыттанКыбыста быһыытыйанКэрэчээнэ ньургуһунКүлүмнүүрэ олуһун. Күндэл сааспыт илдьитэКэрэхсэнэр чэчигэКүөх от төннөр кэмигэрКөр, бу хантан кэлбитэй? Ким сиппэтэх тапталаКүүппүт күндү аналаКүрэммитин туоһулууКүһүн аайы тыллар дуу... Күн сардаҥа утаҕарКөмүс дуйдаах ардаҕарКөрүлээхтии ойуолууКөччүйдэҕэ буолуо дуу. Күлэрэ дуу ньургуһун,Күн анныгар олоҕумКүһүнүн уруйдаарыКүлүмүн уһатаары. Күрэҥ оту быыһынанКыбыста быһыытыйан... Калисфена, 27.08.2021, Дьокуускай куорат.  НЬУРГУҺУН ХОНУУТА Ньургуһун күндүтэ -Сир ньуурун киэргэлэ,Хас биирдии сүрэххэИэйиибит истиҥэ. Үөрүүнү түстэһэн,Намчытык бигэнэн,Тоҥ кырдал биһигэрКэккэлии үүнэллэр. Күн уотун сылааһарСэргэхтик сыламнаанСылтан сыл тупсаллар,Өлгөмнүк тыллаллар. Ньургуһун хонуутунКүүс-күдэх арчыта,Тапталы куустарарСаас - үйэ тускута. Розалия ПавловаӨлөөн, 16.05.2019 с. СОҔОТОХ НЬУРГУҺУН Халыҥ хаар анныгар ньургуһунСоҕотох хоҥкуйан тураҕын,Ис куппар харааста аһынанЫтыспын даҕайан бигиибин. Дьылҕаҕын уһатар санааттанКэрэчээн бэйэҕин сылытан,Эйиэхэ сүрэхпин арыйан,Сүрдээҕин долгуйа үөрэбин. Нарыҥҥын-намчыгын көрөммүнТулуһар тулуургун сөҕөбүн,Айылҕа анала буолаҥҥын Алҕанан бу сиргэ үүннэҕин. Саас кэлиэ, эн эмиэ тыллыаҕыҥ,Буор сири киэргэтэ симиэҕиҥ,Хоһооҥҥо үгүстүк хоһуллуоҥ,Ньургуһун ыһыаҕар ылланыаҥ. Розалия ПавловаӨлөөн, 30.08.2020 с. ХОТУГУ СИБЭККИМ НЬУРГУҺУНХотугу сибэкким ньургуһунДойдубут биһигин киэргэтэр,Хоһууннук тымныыны тулуйанСэргэхтик симэнэн тэлгэнэр. Хотугу сибэкким ньургуһунИс куппар кэрэни иҥэрэр,Хараастар сүрэҕи уулларанҮөрүүнү бэлэхтээн көһүтэр. Хотугу сибэкким ньургуһунЫтыспар оҕолуу бигэнэр,Арахпат угутун сыдьаайанАрамаат сытынан илгийэр. Розалия Павлова,ӨлөөнСӨХТҮМ МОДУН ТУЛУУРУТТАН... Хаамтым бүгүн ыллыктарбарХара сиргэ -харалдьыкпар,Сылаас тыыннаах НьургуһуммарТиийдим чаҕыл тырымчааммар... Кырдалларга хаар быыһыттанУһуктубут дьөрбөчөөммөр,Ньуолаах түүлээх бытырыыстанКүкээрийбит төбөчөөммөр... Лыҥкыр-лыҥкыр сырдыкчааммарЛыҥкынатар чуораанчыкпар,Сэрбэй чараас симикчээммэрСитэн сиэтэр сэгэрчээммэр... Уйан куттаах НьургуһунтанУйадыйдым нарыныттан,Сэмэй дьүһүн алыбыттанСөхтүм модун тулууруттан... Сырдык сааһым бэлэҕиттэнСэргэх дьоһун киэргэлиттэнСимитинним кэрэтиттэн,Сүргэ иэйэр көрүҥүттэн... Ньургуһунум, нарын КуолууТаптал кыымын эн саҕаҕын,Сэгэйбэхтиир симэх оттууДьиэрэҥ ойо дыгыйаҕын... Сааскы күнтэн күүс эбинэнҮйэлэргэ үүнэ тураар,Сириэдийэр симэххинэнСүрэхтэри эн абылаар...  Ульяна Ива, 16.05.2018. ТААС ХАЙА НЬУРГУҺУНА Таас дьарҕаа дьапталҕан хайаҕа,Муус болгуо ньуурдардаах хапталгаКүн Айыы Далбара дьаарбайда,Ньургуһун дьөрбөтө нуоҕайда. Сибэкки ыһыаҕа ыһылланТаҥара олбоҕо тэлгэннэ,Аар Тойон удьуора хомулланАлыптаах биһиккэ бигэннэ. Таас Дьааҥы хайатын үрдүгэрДьэргэлгэн чэчигэ чэлгийдэ,Айылҕа кистэлэҥ имигэрИрбэт тоҥ күөх дуолга көччүйдэ. Уо, таптал кыымыгар таарылланНьургуһун кыыс курдук тубуста,Оо, чороон уостаргар даҕалланХаар ууллан уохтаахтык уураста. Хоту сир хаспаҕын быттыгарСааскы ил сылааһа налыйда,Муус кыаһаан хаттыгын сыттыгарНьургуһун сытынан дыргыйда!      -ХОТУУНА-НЬУРГУҺУН Эдэр сааспын санатан,Ньургуһун кэрэтик тылынныҥ.Тулабын үөрүүнэн толорон,Бастакы тапталы санаттыҥ. Саас аайы сандаара үүнэннинСааһырыы диэннэрин үүрэҕиҥ.Сүрэхпин битийэ тэптэрэнСүүрэбин сыһыыга көрөөрү. Аргыыйдык лыах буолан көтөбүнСэрэнэн үктэнэ сатыыбын.Араҕас дьүһүнүн кэрэхсээн,Турабын аттыгар сэҥээрэн. Сивцева Елизавета Петровна-Күндэйэ, Чурапчы улууһа, Мугудай нэһилиэгэ.  НЬУРГУҺУН Саҥа быкпыт үнүгэстииНьуолах окко сууланан,Сытыы уктаах оноҕостууТоҥ сир кырсын тобулан,Быыкаа чыычаах оҕотунууКүрэҥ түүлээх кулуһун,Таптыыр сүрэх сорҕотунууТыллар ньургун ньургуһун.Уоһах өҥнөөх эминньэҕэҮрүҥ күҥҥэ махтана,Тыалга хамсаан эйэҥниэҕэКуорсун анньан, сапсына.Эдэр сааспын эргитиэҕэСааскы аптаах хомуһун!Кырдал ньуурун киэргэтиэҕэСырдык-кэрэ ньургуһун. Мария Винокурова, 18.05.2022***Күн утаҕынан угуттаанКүлүмнээн, сандааран,Кэрэтик оонньоонКустуктана сардаҥаран.Ньургуһун барахсан күөгэйэн,Наскыйан кэрэтинэн көөчүктээн,Нарыннык тыалга долгураҥнаанНуоҕайан чээлэйдик тыллаҕыҥ.Бары кэрэхсии көрөбүтКэрэни хоһуйан ыллыыбыт,Баалланан тыалга суһумнаанКылбайан толоону саһардан.Дьон иэйиитин уһугуннаранДьолунан толорон нуолурданан.Истиҥ сыһыаҥҥа угуттананИэйии кыымын сырдатан.Кэрэ көстүү суһумуттанКылбар астык кэрэтиттэн,Кустук араас өҥнөрүттэнКиччим санааннан бэрсибититтэн.Бэлэх ууммута өлгөмүттэнКэрэттэн махтанан үөрэммит.Бүөмчү санаа кууһарыттанКэскиллээх иэйии айылларыттанСыһыыга аргыый хаамаммытСүргэбит күүскэ көтөҕүллэн,Салгыны сайа тыынаммытСанаабыт ырааһыран саймаардан.Таптал долгунугар уйдаран,Толооҥҥо аргыый күүлэйдээн,Сир симэҕин кэрэтиттэн долгуйаллар,Ситим санааҕа чэлгийэннэр.Мэлдьи үөрдээр тылларгынанМичээр долгураҥар уйдараҥҥын,Мырааны киэргэтэн, сандаардан,Мааны нуһараҥынан кэрэхсэтэн. Анна Айтыына, 08.0.4.2022 ***Олоххо тардыһыы күүһэ баарын.Итэҕэйэ көрдүм мин.Чэҥ, тымныы хара буортан.Чэлгийэ үүнэн үөрдэрин.Быллар ахсын кэлимник тарҕанан,Көрүөхтэн кэрэтик көстөрүн.Күн сылаас утаҕын иҥэрэ,Намчытык хамсанан, нуоҕайда.Сааскыбын сандаарда сырдатан.Ньургуһун сибэкки тыллаҕыҥ.Сүрэҕи алыптаах күүскүнэн.Бэйэҕэр болҕомто ылаҕыҥ.Тапталга тэҥнэнэр сибэкким.Сир кырсын сиэдэрэй өҥнүүгүҥ,Сүргэни көтөҕөр алыбым,Өрүүтүн киэркэйэ көрсөҕүҥ. Инн. Алексеев.НЬУРГУҺУН Сахам сирин дьиктитэ,Сааспыт кэрэ илдьитэ,Сыһыы, алаас бэлэҕэ,Сырдык ыра симэҕэ,Сүргэ үөрэр ымыытаСаҥа тахсар ньургуһун. Томтор туһун тоҕуоруһар,Толоон устун үмүөрүһэр,Тумул аайы ханыылаһар,Тумус тыаҕа дьүөрэлэһэрТаптал дьикти иэйиитэТыллар нарын ньургуһун. Күнү көрсө тардыһар,Күүһү уоҕу көҕүлүүр,Кэрэ кыыстыы кэпсэнэр,Көрөн сүрэх дьоллонор,Күүстээх санаа бэлиэтэКилбик намчы ньургуһун. Ырыа ыллыыр - ньургуһун,Тойук туойар - ньургуһун,Хоһоон тыла - ньургуһун,Кэрэ кыыспыт - ньургуһун,Араҕас аанньалым ньургуһунСүрэхпин сүүйэҕин куруутун. Дьэбдьиэйэ НЬУРГУҺУН ТАХСЫБЫТ...Сайар күн сарыалын арыйанСырдыгы, үөрүүнү үксэтэ,Саас аайы тоҥ буору тобуланСылааска тардыһан тахсаҕын. Сүүрээннэр эйиэхэ суол аһанСырсаллар иннигэр сыыйылла,Сиик буолан сир кырсын угуттаанСүүрэллэр көмүрүө аннынан. Саас кэлбит үөрүүтүн айхаллаанСаҥалыы тыыннаары тиэтэйэ,Саһарҕа кэриэтэ сандааранСиэдэрэй симэҕин симэнэн. Саһархай ньургуһун барахсанСардаҥа өҥүнэн киэргэтэ,Сыл ахсын эрдэлээн арылланСир үрдүн оһуордаан симиигин. Хачыана, 2020. ***Х оһооҥҥо ылбаҕай тылынанО лоҕу туойуохпун баҕардым.О лус эрдэ, сааһын тыллыбыт,Д ууһаны ытатар, ыллатар,У йгулаах кэммитин биллэрэр,О лоххо тардыһар дьулуурдаах,Т улуурдаах ньургуһун туһунан.НЬ ургун от нуоҕайа тыллыыта,У оллаах кыыс тапталга куустаранЫ рыаҕа ылланар алааскаГ ербарий хомуйа тиийдилэр.У уллубут сыһыыга ньургуһунҺ оп-паа, эйэргии, уккуйаУ остубат тапталы билинэ, Н аҥнайа, нуоҕайа көрүстэ. Агафия Винокурова, 15.05.22 НЬУРГУҺУН Сандал күммүт күлүмэСандаарыйа тыгыыта,Салгын мүөтүн ыймахтыыСыһыы устун хаамабын. Сааһын тыллар сибэккиСыа хаары төлө көтөн,Сайдан-үүнэн тахсыбыт,Ситэн-тупсан киэркэйбит! Сэмэй кэрэ ньургуһун,Силигилии үүнэҥҥинСиргэ кыыһа тураргынСөҕө көрөн, үөрэбин. Сааскы сырдык симэх отСиккиэр тыаллыын сиэттиһэн,Сырдыы күлэ мичийэнСүрэх аайы киирдэҕэ. Сахам сирин кэрэтэ -Салаллыа ньургун оттон.Сааспыт ситэн тупсуоҕа,Самаан сайын чэлгийиэ. Агафия Винокурова, 11.05.22 ***Салгыбат эбиппин сыл ахсынСымнаҕас умнаскар умсарбын,Кэрэхсиир нуоҕайар халлааммарКүн уотун сорҕотун буларбын. Мууһурбут иэйиини уулларан,Муунтуйбут туругу уоскутан,Харахха хатанар кэрэҕэрХаар үрдэ кытары ирэрин. Көөчүктүүр кэриэтэ сылааскынКыһыны кыйдааҥҥын ыһаргын,Тулуурдаах, дьулуурдаах бэйэҕэрТэҥнэһэр санааны саҕаргын. Сибэкки көбүөрүн тигэҥҥинСаас аайы сүрэҕи сүүйэҕин,Ньуолах от көҕөрүөн иннигэр,Ньургуһун, күөҕүнэн көрөҕүн.  Диана Сутакова-Дайаана Куо НЬУРГУҺУН ТОЛООНО Толооҥҥо тахсыаҕымКэрэни кэрэхсии...Дорообо, доҕорум,Ньургуһун сибэкки! Долгуйа көрсөбүнХаралдьык тахсыыта,Туохха да бэриммэт,Эрэллээх бэйэҕин. Хом санаа санныбарХорҕойор кэмигэрЭйигин саныыбын,Холобур оҥостон. Хайдахтаах да тымныыЭйигин хаарыйдын,Күүс ылан тахсардыы,Хайаан да тыллаҕын. Диана Сутакова-Дайаана Куо, 11.05.2018 НЬУРГУҺУННАР ТЫЛЛАЛЛАР Кырыа хаары аннынанКырыс сири уулларан,Кындыа-кылыс кыргыттарКырдалбытын симииллэр. Хаппахчыттан быгыалаанХаралдьыкка тахсаннар,Халлаан диэкки хайыһанХантаарыҥныы тураллар. Ньуурдуун күҥҥэ тэтэрэн,Ньургун Боотур сүрэҕэрНьургуйаана Куо буолан,Ньургуһуннар тыллаллар. Диана Сутакова-Дайаана Куо, 25.04.2019 НЬУРГУҺУН ЫҺЫАҔА Кыстыгы этэҥҥэ туораабытКылыһах ырыата кыырайар.Кыһыҥҥы соннорун устубутКыргыттар кынтайа хаамаллар. Кыырпаҕа суох халлаан үрдүттэнКыралаан күн уота сылытар.Кырыа хаар анныттан ньургуһунКырдалга көҕөрө нуоҕайар. Күөгэйэр кэмнэрбин эргитэрКэрэчээн Куолары көрөбүн,Күөх умнас Ньургуһун ыһыаҕарКөҥүллүк көччүйэр саастарын. Диана Сутакова-Дайаана Куо НЬУРГУҺУН ...Тоҕуоруспут дьон быыһыгар,   Таас суол ортотугар   Тэпсиллибит кэрэни,   Тууруллубут ньургуһуну   Таба көрөн аһынным,   Тохтоон ылан төҥкөйдүм,   Тоҕо эрэ ытаатым,   Ааспыты эргитэ санаатым...Тыыннаах бэйэтин туураннар,Тоҥ буоруттан үргээннэр,-"Туһаҥ бүттэ,"- диэбиттэр,Суолга быраҕан ааспыттар.    Ааһар атах анныгарӨлбөөдүйэн сыттаҕа...Өссө да эн эргиллиэҥ,Көҥүллүк үүнэн тырымныаҥ,Күн сырдыгар талаһыаҥ,  Олох кэрэтин анаарыаҥ. САРДААНА ***Бэс чагда быыһыгар,Үрдүк сыыр быарыгар,Сыллата тыллађыҥ,Ньургуһун барахсан. Кырдалгын симээри,Кыһыны кыайаҕыҥ.Күн диэкки көрөңңүн,Күөгэйэ үүнэҕиҥ. Сүрэхтиин долгуйан.Эн күүскүн сөђөбүн.Сып-сырдык бэйэђиҥ,Ырыабар ыллыыбын. Сэрэнэн-сэрэнэн,Эйигин таарыйан,Нап-нарын иэйииттэн,Күүс-сэниэ ылабын. Үүнэр күүс туоһута,Ньургуһун барахсан,Саас ахсын сандаара,Симээ дуу, сирбитин! Таптал Чагда.НЬУРГУҺУН Сүргэни көтөҕөөрүТоҥ кырыһы тобулбут,Сүрэҕи үөрдээриХаартан быган сэрбэйбит,Санааны кынаттаарыХаралдьыкка тахсыбыт,Дьоҥҥо дьолу уунаарыНьургуһуммут киэркэйбит.Таптал курдук ыраас куттаах,Үөрүү курдук сырдык тыыннаах,Иэйии курдук сылаас кыымнаах -Ньургуһун абылыыр күүстээх!Силигилии ситээриКүн күүһүн иҥэриммит,Сирбит ньуурун симээриСандаарыйа сырдаабыт,Сиккиэр тыаллыын оонньооруБөлөхтөһөн чуоҕуспут,Сэгэлдьийэ хамсаарыЭмдэй-сэмдэй сиэттиспит.Таптал курдук - ыраас куттаах,Үөрүү курдук - сырдык тыыннаах'Иэйии курдук - сылаас кыымнаах,Ньургуһун - кэрэ эйгэлээх! Таптал Чагда. НЬУРГУҺУННАР, КЭРЭҔИТ Тоҥ кырыһы тобуланӨрө үүнэн тахсаҥҥыт,Сааскы тыаны киэргэтэнСандаарыйан тураҕыт. Күнүм уотун иҥэрэн,Күндээрийэ сырдыыгыт.Сырыы ахсын киэркэйэнТупсан иһэр эбиккитКырдал устун сиэттиһэн,Дьиэрэҥкэйдии оонньуугут. Оһуор ойуу үктээҥҥит,Оһуохайдыыр курдуккут.Сиккиэр тыалга бигэнэнКүөгэлдьиһэ хамсыыгытНарын тылы сипсийэнТаптал кыымын саҕаҕыт.Сылын ахсын бу маннык,Сиэттиһэҥҥит үүнээриҥ.Олох, таптал кэрэтинКэрэһитэ буолаарыҥ! Таптал Чагда.***Саҕыйаҕын кэппитинэнСэмээр быкта тоҥ буортан,Сэрэммиттии килбигийэн,Симик нарын ньургуһун. Сырайар күнтэн күүс ыланСылаас сонун киэр илгэн,Сап- саһархай халадаайынСайбаччы кэтиэ киэргэнэн. Сандаар күҥҥэ тардыһан,Сиккиэр тыалтан нуоҕайан,Сэмэйдик хаарыс былаатынСанныгар иилиниэ симэнэн. Сүрэхтэри үөрдэн, долгутан,Силигилии ситэри тупсан,Сириэдийиэ сири симээн-Сааскы сибэкки, ньургуһун. Таптал Чагда. СААСКЫ КЭМ Сааскы кэм кэллим диэн,Саймаархай үөрүүнэнСалгыммыт дьэргэлгэнСайгытын түһэрэн,Сылайбыт сахатынСылааска бигэтэр,Санньыарбыт санаатынСаамылаан көнньүөрдэр.Сата тыал мэнигин,Сиккиэрдиин оонньоһорСиллиэрэр мэктиэтинСистэргэ хоннорор.Симэх от - ньургуһунСыһыыга үүммүтүн,Сыа хаартан быкпытын,Сиикэрэ көрүҥүнСиксийэн ылбытын-Синим биир диэбитин,Сиҥнибэт эбитин,Сээн, - диэбит саас хотун,-Ситэн үүн, хоһууҥҥун,Сэгэрим эбиккин,Сэмэйтэн сэмэйгин,Сэргээтим кэрэҕин.Сибэкки буолаҥҥынСимэнэн тураргын,Силлиэбин буойуоҕум,Сиккиэр тыал буолуоҕум,Сипсийэн ааһыаҕым,Сыллаһан ылыаҕым...Сандаарар үрүҥ күнСол онтон үөрбүтүн,Сис тыаны быыһынанСардаҥа тыытынанСалбаҕын эрдинэн,Саргытын салаҋан,Сарадах кирбиинэнСир иэнин ириэрэн,Силбиктээх сэтиинэнСаары туос былыттан,Сайаҕас майгынанСамыырын куппута... Марта-Мария, 05.05.19, Нам. СААСКЫ КЭММИТ БЭЛЭҔЭ Уорааннаах уһун кыс хаарынан салгытан,Урааҥхай сахатын санаатын самнаран,Саас кэлэн харалдьык буордарын сылытан,Үөрдүөҕэ хара сир устунан хаамтаран. Хаар уутун иҥэрбит халдьаайы сирдэрбитАйылҕа уһуктар сытынан тыыннарбыт.Хатыҥ мас хайы- сах үнүгэс астарбыт,Амтаннаах ууларын дьэҥкэрдэ сүүртэрбит. Сиккиэр тыал көҥүллүк илгийэн ааһара,Сүрэхпит сааскылыы иэйиинэн туолара.Сэгэйэр чэпчэки айылгы сиэттиһэр,Айылҕа сир ийэ тулалыы эргийэр. Хаалбыт хаар быыһыттан ньургуһун барахсанКэрэтиэн, соһуччу нуоҕайан үүммүтэ.Ууллаҕас уйаҕас дьиктинэн манньытан,Сөхтөрөр күн диэки тардыһар дьиибэтэ. Биһиги олохпут тускулун батыһар,Кыыдааннаах кыһыны туоруурбут тускута,Ньургуһун, муус болгуо дьыбары аһаран,Сааскыга үктэнэр дьулуурбут туоһута. Ньургуһун сибэкки биһиги бэйэбитСылайбыт санаабыт уоскуйар үөрүүтүн,Хараҕы саататар чэлгийэр көстүүтүнСааскы кэм буор куппут силигин үүннэрбит... Марта-Мария, 30.04.17, Нам.  НЬУРГУҺУН Сааскы кэммит кэрэтин,Ньургуһуммут үүнэрин,Сүрэх үөрэр түгэнин,Номох тыынын иэйэбин. Өксүөннэри кыайаҥҥын,Сэмэй уохтан тахсаҥҥын,Хаар быыһыттан быгаҕын,Харалдьыкка тыллаҕын. Хоҥкуй - намчы төбөҕүн,Сиккиэр тыаллыын эйэҕин,Кыра, нарын бэйэҕин,Модун күүскүн сөҕөбүн. Ырыаларга ылланар,Ыраас тыыннаах тапталлар,Эн ааккынан ааттанар,Үйэлэнэр дьылҕалар. Ньургуһунум кэпсэтэр,Нуоҕалдьыйа сипсийэр-Таптал дьикти иэйиитинСүрэхтэргэ бигиирин... Марта-Мария, 18.05.19, Нам. ЭРЭНИЭМ ЭЙИЭХЭ, НЬУРГУҺУН Саас ахсын Мырааҥҥа, кырдалгаТоҥ буору тобулан тахсаҕын,Кыс хаары ыксаан уулларанҮүнэҕин нарынчаан нургуһун. Сөҕөбүн эйигин көрөммүнТыалы тымныыны аахсыбаккын,Тырымныы сандааран тыллаҕынКүн курдук сылаастык мичийэн. Үөрэбин оҕолуу истиҥникЭн кэрэ сырдык бэйэҕиттэн,Тэҥниибин эйигин кыысчааҥҥаЭдэркээн бэйэлээх саастарга. Хомойон хоргутан ылабынКылгастык да олороргуттан,Күн сирин үрдүттэн куотаҥҥынБараҕын сыһыыттан, кырдалтан. Ол эрэн эрэниэм бүтэйдииАны да саас эйиэхэ кэлиэҕэ,Олох салҕанарын туоһулаанСаһара тыллыаҕыҥ турдаҕа. Ньургуһун сибэкким барахсанҮөрдэ көтүтэ турууй куруук,Ааспыт ахтылҕаны аһаранҮйэттэн үйэҕэ бу курдук. ДОЙДУМ ХОҺУУН СИБЭККИТЭ  Нарын-намчы ньургуһунум,Таптал уйан бу тирэҕэЧахчы-чахчы, эн эбиккин.Хантан маннык күүс киирэрийКыра-намчы ньургуһуммар?Баҕар күнүм кыырпахтараЫһан ыыппыт бэлэхтэрэ,Баҕар буолуоҥ ньургуһунумТаптал тыыннаах мин сибэкким.Сааһын аайы бастакынанТаптал уотун тиэрдиһэҕин.Тоҥут буору тобулаҥҥынТахсан кэлэн мичээрдиигин,Сүрэхтэри ууллараҥҥынТаптал кыымын күөдьүтэҕин.Хантан маннык сэниэ ыланТиэтэйэҕиэн ньургуһунум. Н. Дьуур. ***Харалдьыкка сааһын күн тахсыыта,Күөх урсуҥҥа талаһаннар хойдоллор,Сиккиэр тыалга сэбирдэҕэ тэлибирээнНуоҕалдьыйан тобулааннар үүммүттэрин.Ньургуһуннар тыллыбыттар мин сүрэхпэрНьургуһуннар симэммиттэр мин тулабар,Ньургуһуннар киэркэйбиттэр мин дууһабар,Ньургуһуннар, ньургуһуннарДьол сибэккилэр.Тулам сырдыыр сыдьаайар мичилийэр,Санаам-оноом көтөҕүллэр дыргыл сытыттанӨрүү маннык дьон сүрэҕэр истиҥ иэйиилээхЫрыа тойук аргыстанан үүнэ чэлгийиҥ. Колесов ВладНЬУРГУҺУН Сандал сааһымсэргэҕиттэн,Сыдьаай күнүмсыралыттан,Сырдык ырамсыдьаайыттан,Сиккиэр тыалтансэгэлдьиһэ,Сирэм күөхтэнсилис тардан,Сиртэн тэйэ сэгэйэн,Ньуолах түүлээхньургуһунум,Ньургуйаҥҥыннуоҕалдьыйа,Сирим сиигин иһэҥҥин,Тоҥтон толлубакка,Тобулу анньантуйгуннук,Толооммунтолордуҥ,тоҕойбун симээтиҥ,Томторбун тупсардыҥ.Халдьаайыгархаамтардыҥ,Харалдьыккарханыылаатыҥ,Сибэккигэрсуулаатыҥ,Хатыҥ чараҥанныгарУоллаах, кыыһыкуустардыҥ,Эдэр кэмиэргиттиҥ,Эмэн сааһысанаттыҥ,Хоту дойдумхорсун чэчигэНарын намчыньургуһунум! МИЛА, 11.05.22 НАРЫН НЬУРГУҺУН Нарыын-нарын ньургуһунУоскутардыы үс куппун,Сэргэх, мэник буолбуппунУҕарытар олуһун. Намыын-намыын көстүүтэНамыратар омуммун,Тилиннэрэр иэйиитэСылаанньытар олохпун. Үтүө кэммит бэлиэтэ -Наскылдьыйар ньургуһун,Истиҥ сыһыан илдьитэКэпсиир эбит номоҕун. Бүппэт сэһэн кэриэтэҮүммүт дии хонуу устун,Сүппэт дьикти кэрэтэКиэргэл гыммыт урсунун... Таптал бастыҥ ырыатаТаайтарыылаах ньургуһун,Кини саныыр ырата -Кутааламмыт кулуһун. ...Нарыын-нарын ньургуһунҮөрдэр эбит бар дьоммун,Наҕылытар үс куппунЫгылыйбыт турукпун... Ираида Коркина-ЧугдаараХаартыскалар улахан аҥаардара аһаҕас источниктартан ылылыннылар, сорох хаартыска хомуйан таһаарааччы тус архыыбыттан туһанылынна.
kyym.ru сайтан