Кэпсээ
Войти
Регистрация
Байанай бэлэҕэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Байанай бэлэҕэ
K
kyym.ru сайтан
Сонор
12.02.2021 13:32
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук нэһилиэгэр Улуу Сайылык диэн сир баар. Онно оччолорго сопхуостар аатыра сылдьар кэмнэригэр отделение пиэрмэтэ тахсан сайылыыра. Уонча ыал оҕолуун-уруулуун бары балаҕан ыйа бүтүөр диэри олороллоро. Ийэм ыанньыксыт буолан, сайын үтүөтүн эдьиийбиниин үксүн пиэрмэҕэ атаарарбыт. Оччолорго уон биир сааспын саҥа туолбут уол, сайыһан туран сааһыттары кытта барсаммын, куһу күөрэтэн түһэрэллэрин сүрдээҕин ымсыыра көрөрүм. Ийэм ону билэн, “бу оҕо аны сааны ылан ону-маны оҥоруо, дэҥ-оһол тахсыа” диэн, аҕабын сэрэтэр буолара. Аҕам тырахтарыыстыыра. Дьиэтигэр олох хойут кэлэрэ. Сороҕор хоно сылдьан үлэлиирэ. Күһүөрү, биир күн, сарсыарда аҕам үлэтигэр бараары ыксыы сылдьан, саалаах батарантааһын умнан кэбистэ. Мин, суорҕан быыһынан көрө сыппыт киһи, ороммор олоро биэрдим. Онтон сааны ылан, имэрийэн-томоруйан, кыҥаан көрөн баран, дьиэҕэ ким да суоҕунан туһанан, оһох кэннигэр саһыара уурдум. Күнүс миэхэ биэрбит үлэлэрин түргэнник толоро охсоммун, ийэбиттэн дэриэбинэҕэ киинэ көрө барарга көҥүл ыллым. Киинэ көрө барыам дуо, уоран бултуу таҕыстым. Тыа саҕатыгар тиийэн, хайа диэки барарбын толкуйдуу турдахпына, хата, ытым «манан барыахха» диэбиттии, кутуругунан оонньуу-оонньуу, иннин хоту сүүрэ турда. Мин элбэхтик отоннообут, тэллэйдээбит, моҕотойдоон сүүрбүт-көппүт тыам устун хаама турдум. Балайда өр хааман уонна саабын инним хоту тута сылдьар буоламмын, илиим дэлби сылайда. Тохтоон сынньана түһэргэ быһаарынным. Биир суон тиит төрдүгэр хатаастан тахсан саабын көрө-истэ олордохпуна, арай ыркый ойуур иһигэр тыас иһилиннэ. Ытым саҥата өрө оргуйа түстэ. Мин соһуйан даҕаны, кутталбыттан даҕаны маһым кэннигэр сөрүөһүннүм. Арай көрбүтүм, ыллык устун хаһан да харахтаан көрбөтөх кыылларым ойон аҕай иһэллэр эбит. Ыксала бэрт буолан, саабын өндөтөөт, кыҥыыр да бокуойа суох, биир чыыбыспын тардан кэбистим. Саам охсуутуттан олоро түстүм. Онтон ойоҕолуу соҕус биир ойуоккалаан эрэрин көрөммүн, сөһүргэстии түһэн иккис уоспун таһаардым. Өр-өтөр буолбата, аны ытым ойоҕоспунан кэлэн ааста. Онтон тэйиччи соҕус ар-бур саҥата, тугу эрэ тутан эрэрэ билиннэ. Куттаммытым, уолуйбутум бэрдиттэн, көлөһүнүм сар түстэ. Аргыый аҕай тиийэн, мастар быыстарынан көрбүтүм, ытым туох эрэ кыылы моонньуттан хам ылбыт, сирэйэ хараҕа кытара кыынньыбыт. Мин кутталым өссө улаатта. Саабын туора элитээт, дьиэм диэки сүүрдүм. Өр-өтөр буолбата, ытым бу кытаран-наҕаран ситэн кэллэ. Ону көрөөт, сүүрүүбүн өссө эбэн биэрдим. Дьэ, онно баар этэ, куттал диэн иэдээнэ. Дьиэбэр кэлэн аҕылыы-аҕылыы: «Аҕаа, тугу эрэ өлөрдүм», – диэтим. Аһыы олорбут ийэлээх аҕам, эдьиийдэрим, убайым – бары чөрбөс гына түстүлэр. Ийэм часкыйа түһээт, сүүрэн кэллэ, кэтэххэ биэртэлээтэ, аҕабын мөхтө. Аҕабын кытта тыраахтарынан били сирбин көрө бардыбыт. Баран иһэн аҕам: «Дьэ ноо, торбоһу өлөрбүт буоллаххына, сэрэн!» – диэн ордооттуур. Ону «олох куттаныма» диэбиттии көтөхтөрөн иһэр ытым, сирэйбин салаан, уоскутан ылар. Тиийэн көрбүппүт, ыркый ойуур иһигэр туртас өлөн тыылла сытар эбит. Аҕам көрбүтүттэн соһуйан, саҥа
аллайан эрдэҕинэ, ыппыт тэйиччи соҕус тугу эрэ тардыалаһар, ырдьыгыныыр саҥата иһиллэр. Көрбүппүт, өссө биир туртас тараллыбыт. Дьэ, иккиэн сөҕүү-махтайыы бөҕө буолан, тыраахтарбыт иһигэр кыайан батарбакка, таһыгар сиэрдийэ анньан, онно тиэйэн аҕаллыбыт. Ол киэһэ сайылыгым дьоно бары үөрбүттэрэ. Ийэлээх аҕам барахсаттар Баай Байанай күндү бэлэҕин ыалларыгар барыларыгар өлүүлээбиттэрэ. Ону биһиги, ыппын Майдааны кытта, таһааччы буолбуппут. Дьон махталын ылбыппыт. Кэпсээним бүтэһигэр этиэм этэ, уол оҕону кыра эрдэҕинэ кыыс курдук тутан олус атаахтатымаҥ, кыра диэн сэнээмэҥ. Кини айылгыта атын, айылҕаҕа тардыһар кистэлэҥ модун санаалаах. Ону тута сылдьан улаатарыгар көмөлөһүөх, сүбэлиэх тустаахпыт. МИИТЭЭ, Майа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан