Кэпсээ
Войти
Регистрация
Суор моҕуһун сөхпүппүт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Суор моҕуһун сөхпүппүт
K
kyym.ru сайтан
Сонор
21.01.2021 13:13
Суор туһунан элбэх сурулуннаҕа. Кини сытыы тумсун, өйүн, уһун үйэлээҕин, уол оҕо төрөөтөҕүнэ, айылҕа кыылларыттан, көтөрдөрүттэн кини эрэ үөрэрин эмиэ билэбит. Ол эрээри бу көтөрү улаханнык үөрэтэ иликтэр. Онон өссө да ситэри билбэппит, соһуйарбыт, сөҕөрбүт элбэх. Куобах мэнээгэ диэххэ дуу, Дьокуускай куорат таһын кытта таарыйбыта. Көҥүл кэмигэр ойуурга тахсыбыт киһи хайаан да илии тутуурдаах киирэрэ. Үчүгэй тиэхиньикэлээх, хоно-өрүү тэринэн барар дьон хото бултуйаллара. Биһиги эмиэ хаар түһүөр диэри хааман, үүрэн син бултуйбуппут. Хаар киһи уллуҥаҕын сабар буолуута, тымныы түһүүтэ аны туһахтааҕынан «ыалдьан» турдубут. Мас көтөрдүү таарыйа куобахха туһах иитэбит. Көҕүлээччибит, такайааччыбыт – Тыаһыт. Кини оччолорго 70-нун ааспыт, биһиги санаабытыгар, оҕонньор буоллаҕа. Ол эрээри тыаҕа сылдьа үөрүйэҕэ, билэрэ-көрөрө биһигиттэн таһыччыта. Аны ойуурга тыаһа-ууһа суох түргэнник хаамарын көрүө этигит. Чахчыта даҕаны, ааттыын Тыаһыт буоллаҕа. Куобах арыыланан хаалбыт сирдэрин билэттиир буоламмыт, чуо тиийэн туһах иитэбит. Сылдьар ыырбыт массыынабытын хаалларбыт сирбититтэн икки-үс биэрэстэ иэннээх. Бэрт баҕайы, сибиэһэй салгыҥҥа, уу чуумпуга аа-дьуо туһахтаргын кэрийэҕин. Баай Барыылаах Байанай мичик аллайан куобаҕынан күндүлээтэҕинэ, эн саҕа сорсуннаах, сатабыллаах булчут суоҕун курдук үөрэҕин-көтөҕүн. Биһиги, үлэлээх дьон буолан, өрөбүлтэн өрөбүлгэ сылдьабыт. Ол эрээри тымныы түһэн, куобах хамсаан, сорох ардыгар быыстатан, нэдиэлэ ортото эмиэ баран көрөн кэлэбит. Бээ, ити эттэххэ дөбөҥ курдук эрээри, син балачча ыраах сир. Аҥаардас куораты даҕаны туоруургар элбэх бириэмэ барар. Онон сарсыарда хараҥа эрдэҕинэ айаннаан сырдык буолуута туһахтарбытын көрөөт, төттөрү ойутабыт. Туһахтыыр ыырбытын үчүгэйдик үөрэппиппит. Бэл, туох көтөр-сүүрэр баарын кытта билэр курдук сананарбыт. Сылдьарбыт тухары биһигини өрүү биир суор арыаллыыр. Убайбыт Тыаһыт булдун элбэхтик былдьаппыт буолан, суору кыр өстөөҕүнэн ааҕар. Ол эрээри, төһө даҕаны абааһы көрдөр, биһиги билээҕимсийиибитинэн суор Байанай илдьитэ аатыран, ону кытта сөбүлэһэн, «эйэ дуогабарын» түһэрсибит курдук сылдьара. Суорбут ону билбиттии, тиийдэхпит аайы араастаан халаахтаан көрсөр. Ити сылдьан аска тииһинэрэ ханна барыай? Хойутаатахпытына, иҥнибит куобахпытын сэмнэх гынан, кыһыйабыт ахан. Наһаалаатаҕына, дьууктуох буолан саанабыт эрэ. Кини даҕаны бултуур ыырдаах, сирдээх буолан, атын суордары чугаһаппат быһыылааҕа: өрүү соҕотох буолара. Биирдэ икки күннээх өрөбүл күннэри туһанан, хоно-өрүү, бултуу таҕыстыбыт. Ырааҕынан эргийэн, мас көтөрдөөн, туһахтарбытын көрөн син бултуйдубут. Хонор үүтээммитигэр төннөн иһэн, урукку сирбититтэн арыый аҕай тэйиччи үчүгэй ыркый ойууру булан, Тыаһыт бэйэтинэн уонча туһаҕы баайда. Кини кылгас гына чэҥкээйилээн иитэр. Оччоҕо иҥнибит куобах син барбахтаһан, охтубут мас анныгар, талах эҥин быыһыгар, уопсайынан, хахха сиргэ тиийэн өлөр. Итинниги суор мээнэ булбат үһү. Биһиги эмиэ чэҥкээйилээн иитэбит. Көннөрү маска баайдахпытына, хайаан даҕаны үрдүгэр кыһыл өрбөх оҕотун иилэбит. ЄӨҥү араарарын-араарбатын билбэппин эрээри, кыра даҕаны сиккиэр өрбөх сыыһын хамсаттаҕына, куттанарын чахчы итэҕэйэбит. Бэрт үчүгэйдик хонон, аһаан-сиэн баран, туһахтарбытын кэрийэ бардыбыт. Түүн устата
куобах бэркэ хамсаабыт. Урукку сирбититтэн икки куобаҕы ылан, күммүт табыллан эрэриттэн күлүкпүтүгэр имнэнсэ-имнэнсэ, салгыы Тыаһыт саҥардыы ииппит туһахта-рын көрө айаннаатыбыт. Дьиктиргиэхпит иһин, бу күн үүтээнтэн тахсыбыт киһини суорбут халаахтыы, айхаллыы көрсүбэтэҕэ. Бэл, Тыаһыт өлөр өстөөҕүн суохтаан: «Хара баранаак, тугу булан бүктэҕэй?» – диэн тыл быктаран ааста. Киһибитин сиригэр түһэрэн, кэлэн иһэн ылыах буолан, биһиги салгыы сир көрө ааһа турдубут. Курупааскылары эккирэтиһэн, син балачча өр буолан кэллибит. Киһибит суолга тахсан тоһуйан турара. – Дьэ, «Байанайгыт бэриэтчитэ» көрүлэппит, – диэн, Тыаһыт улаханнык уордайбытын, кыһыйбытын биһиэхэ туһаайда. – Дьиикэй баара, ол иһин бэҕэһээ туһах иитэрбэр аттыбынан сурдурҕаан ааспыта. Көрүҥ эрэ, киирбит суолбун, – диэн ойууру ыйан кэбистэ. Өйдөөн көрбүппүт, Тыаһыт суолун батыһа, кытыылата соҕус, суор сатыылаан бадьаалаабыт. – Суолбун батыһан, туһахпын барытын кэрийбит. 8 куобах иҥнибитин, сэмнэхтэрин эрэ хааллартаабыт. Улахан моҕус көтөр эбит. Барытын бу сарсыарда мэҥиэстибит. Көрсүбүтүм буоллар, кэһэтэрдээҕим хаалла, – диэн Тыаһыт сөхпүтүн биллэрэн чыпчырынан кэбистэ. – Суорга сэрии биллэрэбин, – диэн, аны быраат Гошпай убайыгар көх-нэм буолан, субу ытыахча аптамаат саатын сомуогун тардыалаан халырҕатта. – Эйэбит бүттэ. Көрдүм даҕаны ытабын, – киһибит өрө оргуйан олорор. Бары даҕаны суор моҕуһуттан салынныбыт. Бэҕэһээ эрэ иитиллибит туһахтары бүгүн сарсыарда кэрийдэҕэ. Элбэхтэр диэҕи биир эрэ суол. Хайыахпытый, үөхсэ, саана түһэн баран, салгыы атын туһахтарбытын көрө бардыбыт. Арай, бүтэһик туһахпар чугаһаан истэхпинэ, суор көтөн соһутта. Ыта сыстым эрээри, аньыырҕаатым. Кини да соһуйда бадахтаах, бэрт куһаҕаннык кулуктаан, тиэрэ-маары дайбанан үөһээни былдьаста. Чуут-чаат баттаабыппын. Чэҥкээйи маһы соһон талахха киирбит куобаҕы балачча тэйиччи сиргэ соһоҕостоһон таһаарбыт. Саҥардыы сиэри-аһаары олордоҕуна тиийбиппин. Массыынаҕа бары илии тутуурдаах кэлэн, санаабыт арыый көтөҕүлүннэ эрээри, аны көрдөхпүтүнэ, саатар куттаан ытарга сүбэлэстибит. Ити икки ардыгар борук-сорук түһэн барда. Күө-дьаа буолан айаннаан сырылатан иһэн көрө түспүппүт, биир сонос тиит аллараа мутугар суорбут сахсайан олорор. – Уоруйах олорор, дьэ кэһэттэҕим, – диэбитинэн Гошпай массыынаны даҕаны үчүгэйдик тохтотор бокуой биэрбэккэ ыстанан түстэ. Суорбут биһигиттэн 30-ча хаамыылаах сиргэ төбөтүн кынатын анныгар уктан утуйа олорор бадахтаах. Уолбут ытарын көрөөрү бары ойуоккалаһан түстүбүт. Массыына ааннара аһыллан-сабыллан лабырҕаабыттарыгар суорбут көтөн таҕыста. Ону даҕаспытынан саа тыаһа сатарыйда. Суорбут хайдах эрэ аллараа ыһыктынан эрэр курдуга даҕаны, тыастаах баҕайытык өрө харбыалаһан тахсыбытыгар көрбүппүт, адьас да атын көтөр эбит. Хара тыа маанылаах көтөрө – хара улар! Гошпайбыт, итинниги эрэ көрүөм диэбэтэх киһи, соһуйан хаалла. Өйдөнөн сыалыгар иккистээн киллэриэр диэри уларбыт ыраатан, мастар быыстарынан көстүбэт буола оҕуста. – Тууй-сиэ, суор диэммин куттаарыбын, үөһэнэн кыҥаан ыппытым. Оо дьэ, сатана суора бултан матардаҕын кыһыытын! – диэн киһибит өрө уһуутаан кэбистэ. Төһө даҕаны кыһыйдарбыт, хара тыа маанылаах көтөрүн көрөн, суор
моҕуһуттан саллан, көх-нэм буолан айаннаан кэлбиппит. Ити эрээри суор төһө даҕаны сэрэх көтөр буоллар, сэтэ-сэлээнэ кэм ситэр эбит. Эмиэ Тыаһыт туһаҕын сатыы кэрийэ сылдьан, бэйэтэ туһахха иҥнибит этэ. Кини дьолугар, Тыаһыт илэ бэйэтинэн тиийэн кэлбит. Суор сордоох тыыннаах сахсайан олороро үһү. Иккиэ буолан бэрт эрэйинэн тутан, туһаҕыттан арааран көҥүлгэ ыыппыттар. «Билигин баҕас мин суолбун быһа хаампат буолла ини. Туһахтарга аны чугаһаабат. Кэһэкэнэ буоллаҕа. Итинтиҥ сүрдээх өйдөөх көтөр», – диэн Тыаһыт суору «үөрэппититтэн» астыммыт этэ. Айанньыт.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан