Кэпсээ
Войти Регистрация

Буруоттан үөскээбит санаалар

Главная / Кэпсээн арааһа / Буруоттан үөскээбит санаалар

K
14.01.2021 14:12
Бу күннэргэ тэлэбиисэринэн, араадьыйанан, хаһыаттарынан баһаар туһунан кэпсээн бөҕө буолла. Өйдөтүү, сэрэтии, куттааһын, бобуу уонна көрдөһүү бөҕөтө. Дьиҥэр, сыччах буойууттан-хаайыыттан буорахтаах буочука бэлэмнэнэн таҕыстаҕа. Үрэхтэрбит, үрүйэлэрбит, алаастарбыт, маардарбыт уонунан сыл устата лаҥханы бүрүнэн, биир кыымы кэтэспиттэрэ ыраатта. Бу кыымы түһэрэр ки´ини ыстарааптаары кэтээбит дьон эмиэ бааллар. Онон сотору кураанах этиҥи түһэрбитин иһин Сүҥ Дьааһын ыстарааптанар эрэ хайыыр... Сатаан салайбакка-дьаһайбакка гынан баран, буруйу барытын Моттойоҕо соҥноору гынан эрдэхтэрэ. Лаҥханы өртөөһүнү күһүн уонна саас тэрээһиннээхтик ыыппакка гынан баран, "харахадьыыл хараҕын уутун" тоҕон эрдэхтэрэ. Олохтоох дьаһалталарынан өртөөһүнү кэмигэр тэрээһиннээхтик ыытар буоллар, сир-дойду төһө эрэ абыранар, өрө тыынар этэ. Мин биир сорсуннаах булчуту кытары сэһэргэспиппэр киһим манныгы кэпсээн соһутта: Танда үрэҕэр, тыатыгар сырыттахха үчүгэйэ сүрдээх. Кыыл-сүөл суола, көтөр-сүүрэр саҥата элбэҕэ. Үчүгэй баҕайы. Онтон Тандагы үрэҕэр бардахха, көтөр-сүүрэр лаппа аҕыйыыр да, син биир сэргэх. Онтон салгыы Хаптаанньа үрэҕэр тиийдэххэ, улахан кыыллар суоллара биирдэ эмэ быһа охсон ааһар. Өссө салгыы баран Халыма үрэҕэр тиийдэххэ, дьөрү суор да халаахтаан ааспат. (Халыма диэн Уус Алдан уонна Таатта быыһыгар сытар, Тиит Арыы, Түүлээх нэһилиэктэринэн устар от үрэх аата). Дьэ, ити Танда үрэҕэр үс бөһүөлэк олорор буолан, бүтүннүү оттонор. Тандагы сорҕото оттонор. Оттон Хаптаанньа, Халыма быраҕыллыбыттара ыраатта. Бу үрэхтэр бүтүннүү лаҥханан бүрүллэн тураллар. Ону хайа тиистээх кыыл сиэ, кэбийиэ буоллаҕай. Онон дьөрү кутуйах да үөскээбэт, туртас, тайах да төрөөбөт. Ол иһин адьырҕалар эмиэ тохтооботтор. Сылын ахсын оттонор Танда үрэҕэр аһа-үөлэ үчүгэй буолан, кыыл-сүөл тохтуур, ууһуур буоллаҕа. Биһиги икки-үс биэрэстэлээх сиргэ куобах үөскээбит сибикитин билэ охсоот, киһилиин, ыттыын саба түһэн имири мэлитэн кээһэбит. Уонна куобах суох, үөскээбэт диэн айахпыт муҥунан айдаарыахпыт. Бу үөһэ ааттаммыт үрэхтэргэ өртөөһүн ыытыллара буоллар, төһөлөөх кыыл-сүөл үөскүөх эбитэ буолла. Сылгы хаһыыта эмиэ тупсуох аҕай этэ. Мэҥэ Хаҥалас курдук элбэх нэһилиэнньэлээх, кыра иэннээх улууска баһаар кыайтарбат буоллаҕына, унаара-мэнээрэ биллибэт киэҥ улуустар тыалара умайдаҕына, хайдах буолабыт? Ол иһин өртөөһүнү былааннаахтык, тэрээһиннээхтик ыытар сөп. Элбэх киһини, тиэхиньикэни түмэн уонна бириэмэтин табан өртөөтөххө, тоҕо сатаммат буолуой? Уонна ыстараабы өртөөбүттэн буолбакка, өртөөбөтөхтөн тутуох баар этэ. Чобуо Чооруос.
kyym.ru сайтан