Кэпсээ
Войти
Регистрация
Өлүү илдьитэ — дууһаны илдьээччи
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Өлүү илдьитэ — дууһаны илдьээччи
K
kyym.ru сайтан
Сонор
05.04.2018 21:58
Саха итэҕэлэ олус дириҥ суолталаах, атын эйгэни кытта ыкса ситимнээх. Былыр өлөөрү гыммыт киһини кэлэн дууһаларын үс эбэтэр икки хонук иннинэ илдьэ бараллар үһү диэҥҥэ сахалар наһаа итэҕэйэллэр уонна онтон куттаналлар эбит. 90-н сааһын ааспыт эбэм Мария Власьевна куруук кэпсии-ипсии да сылдьыбатар, саха сиэригэр-туомугар биирдэ эмит быктаран кэпсээбититтэн син балаччаны өйдөөн хаалбыппын. «Өлөөрү гыммыт киһи дууһатын илдьэллэригэр сэрэтэллэрэ эбитэ үһү. Дууһаны сэрэппэккэ хайдах илдьэ барыахтарай. Сылгы сааҕынан түннүгү эбэтэр өйдөммөт кыыл хаһыытын хаһыытаан куһаҕан бити үөскэтэллэрэ үһү», — диэн кини кэпсээбитэ. edersaas.ru Кэлтэгэй Хаймыык Киһи этин сааһын иһинэн киирэн тахсар дьикти аат өбүгэлэрбит саҕаттан кэлбитэ. Кэлтэгэй Хаймыык — диэн өлүүнү ааттыыллар. Былыр өбүгэлэрбит өлүү иннинээҕи дьикти туруктан, дууһа ылааччыттан куттаналлара үһү. Өлөөрү гыммыт киһи күлүгүрэр диэн мээнэҕэ эппэттэр. Кэлтэгэй Хаймыык бэлиэтээбит киһитэ уһуннук барбат. Устудьуон уол кыһыҥҥы каникулугар дьиэтигэр кэлбит. Бииргэ төрөөбүт кырачаан быраата киниттэн куота сылдьар, ылан көтөҕөөрү гыннаҕына, ытаан тоҕо барар буолбут. Туох да иһин убайын чугаһаппат эбит. Дьоно бэркэ дьиктиргээбиттэр. Атыҥырыыр дии санаабыттар. Оттон үс ый буолан баран устудьуон уоллара олохтон соһумардык барбыт. Кыра оҕо өлөөрү гыммыт киһини билэн куттанар, бэйэтин көмүскэнэр эбит. Дууһата көппүт, номнуо атын эйгэҕэ барбыт киһини оҕо дууһата сатаан уйбат эбит. Үрдүгэр хаһыытаабыт Киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан, биир кырдьаҕас ыал ороннорун эрдэ булан утуйардыы оҥостубуттар. Түүн оройугар эмискэ ким эрэ улахан баҕайытык хаһыытаабыт. Эмээхсин уһуктан «Оҕонньор, туох буоллуҥ?», — диэн ыйыппыт. Онуоха оҕонньор: «Эн хаһыытаабатыҥ дуо?», — диэн утары ыйыппыт. Кинилэр иккиэн утуйа сытан соһуйан уһуктубуттар. Ол сарсыныгар оҕонньор сүрэҕэ тохтоон соһуччу олохтон барбыт. Ити аата оҕонньору түүн кэлэн дууһатын ылан барбыттар эбит. Ол да иһин, сахалар күн киирдэ, халлаан хараҥарда да мээнэ улаханнык саҥарбат эбиттэр. Оҕолорун буойаллар. Түүн атын эйгэ дьоно уһуктан алҕас өҥөйөн ааһыахтара диэн ылы-чып, сэмэйдик сылдьаллара. Эргэ суорҕан Уһуннук суорҕан-тэллэх буолан ыалдьыбыт киһи ыар тыына оҕоҕо иҥэр дииллэр. Ол иһин ыалдьыбыт киһи хоһугар оҕону киллэрбэттэр эбит. Бу киһи олохтон барбытын кэннэ таҥаһын-сабын уматан кэбиһэллэр. Биир билэр ыалым кырдьаҕас эбэлэрэ өлбүтүн кэннэ кэриэстээн, суорҕанын бырахпатахтар. «Эбэбит бэйэтэ тикпит суорҕана араҥаччылыа» диэн санааттан оҕолорун саба сылдьыбыттар. Арай оҕолоро куруук ыарытыйар, кэлин дьону кытта аһаҕастык кэпсэппэт, күлбэт-үөрбэт буолбут. Оннооҕор биирдэ дьиэтигэр истиэнэҕэ эмээхсин өҥөйөн турарын көрбүт. Төрөппүттэрэ кыыстара оҥорон көрөр дьоҕура сайдыбыта буолуо диэн бастаан кыһамматахтар. Кыыстара аанньа утуйбат буолбут. Сыттыгын туппутунан төрөппүттэрин хоһугар кэлэрэ элбээбит.Санаа курдук дьиэлэрин ыраастаппыттар. Ыраастааччы дьахтар эргэ суорҕаны быраҕалларыгар сүбэлээбит. Өр эрэйдэнэн ыалдьан өлбүт эбэлэрин суорҕана куһаҕанынан дьайар эбит. Дьэбин уонна санаа Сахалар төһө даҕаны былыр балаҕаҥҥа олордоллор, кыахтара баарынан чэнчистик, ыраастык туттан-хаптан олорорго дьулуһаллара. Кири-хаҕы күһүн, саас
ыраастанан «быттанар күн» диэн оннооҕор анал күнү аныыллара. Аныгы да үйэҕэ чанчарыктык, ыһыллаҕастык олорор ыаллар бааллар. Буолар-буолбат бөҕү-саҕы наада буолуо дии-дии мунньар, уу сүүрдэр кырааны өр уларыппакка дьэбиннириэр диэри туттар куһаҕан тыыны үөскэтэр эбит. Киһи дьиэтин-уотун өрө тардынннаҕына, оннооҕор дууһата чэпчиир. Кирдээх, эргэ малга-салга оҕо дууһата тутахсыйар, ымсыыра, ордук саныы улаатар. Ол иһин дьон үстүү-түөртүү сыл буола-буола өрөмүөннэнэн, дьиэ ис эйгэтин саҥардаллар эбит. Биир дьүөгэм, аймахтара эргэ кинигэлэри, хаһыаттары, таҥаһы-сабы харыһыйан бырахпакка барытын мунньан олороллорун кэпсээбитэ. Эргэ мал-сал куһаҕаннык дьайар. Оннооҕор харыһыйан алдьаммыт смесители хоруопкаҕа ууран туруорбуттар. Дьэбин өһү-санааны уонна ыарыыны аҕаларын оннооҕор Фэн-Шуй этэр. Дьэбиннирбит эргэ тимир дьиэ иһинээҕи эйгэҕэ кыыһырсыыны, ыарытыйыыны аҕаларын кэлин өйдөөбүттэр. Ол да иһин элбэх тимир, бөх-сах, сыбаалка быраҕыллар сиригэр сибиэннээх буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Хаптаһын тыаһа Оҕо сылдьан аҕабытын кытта оттуу сылдьан тыа саҕатыгар мас мастыыр дуу, эмиэ да хаптаһын сааһылыыр тыаһы истибиппит. «Ити туох тыаһыырый?» — арааһа тыаҕа дьон бааллар, кинилэр тыаһыыллар диэн аҕабытыттан ыйытабыт. Онуоха аҕам: «Иһиллээмэҥ, сотору дьиэлиэхпит» диэн аҕыйах тылынан этэн эрэ кэбиспитэ. Мин эдьиийбинээн харахпыт тыа саҕатыттан арахпатаҕа. Онно туох эрэ кутталлаах маһы маска охсор буоллаҕа дуу диэн санаан эрэ аһарбыппыт. Бииргэ үөрэнэр кыыспыт ийэтэ ол сайын суорума суолламмыта. Эбэбиттэн тоҕо итинник киһи өлөөрү гыннаҕына мас тыаһыырын, ити ким тыаһатарын үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан ыйыппыппар: «Ырааҕынан аймахпыт дьахтар этэ. Баҕар, ол иһин эһиги истибиккит буолуо», — диэн сабаҕалаабыта. Итиниэхэ майгынныыр түгэни истэн турардаахпын. Биир эр киһи илимин көрө сылдьан ууга хаптаһын уста сылдьарын көрбүт. Онто оҕо ууга түһэн өлөрүн биттэнэн, күөлгэ хаптаһын устаахтаабыт буоллаҕа… Саха итэҕэлигэр, сиэригэр-туомугар киһи таайбата, билбэтэ үгүс. Сорох үгэстэр, итэҕэллэр умнуллан да барбыттара буолуо. Ол эрээри, икки атахтаах баарын тухары, олоҕу кытта өлүү сэргэстэһэ сылдьаллар. Кинилэр күнүс уонна түүн солбуһарын курдук айылҕаны кытта ыкса ситимнээхтэр… Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан