Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тайах үҥкүүлээбитэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тайах үҥкүүлээбитэ
K
kyym.ru сайтан
Сонор
03.12.2020 16:11
Сааскы кус кэмэ ааһан, анды кэлиэ биир хонук хаалбытын кэннэ Горнай улууһун Харыйалаах учаастагар оҕонньоттору андылата илдьэр буоллум. Федот Васильевич Попов Гаврил Скрыбыкинныын эрдэттэн кэпсэтиилээх эбиттэр. Бу – Ньукулай өрүү бииргэ балыктыыр-бултуур истиҥ доҕотторо. Куораттан бээтинсэ күн эбиэттэн киэһэ барыахтаах Харыйалаахпытыгар айаннаатыбыт. Суол куһаҕана суох, бэрт сыыдамнык тиийдибит. Хабырыыс кэргэнэ: “Хабырыыс дурдатын оҥоро бултуур алааһыгар сарсыарда атынан барбыта”,– дии тоһуйда. Остуол толору ас арааһа тардыллан турара. “Кэлиҥ, олоруҥ, чэйдээҥ. Киһигит кэтэһэ сылдьыаҕа”, – диэн буолла. Аһаан бүтээт, Хабырыыс ханан күөллээҕин билэр буоламмын, тугу да ыйыталаһа барбакка, тахсан олордубут да айаммытын салҕаатыбыт. Харыйалааҕы туораан, Ыстаансыйа күөлүгэр тиийдибит. Хатыҥ чараҥы быһа түһэн, үрэххэ киирэн баран көрбүтүм, суолум тулата уста сытар уу буолан биэрдэ. Ньукулайым: “Куоста, суолгуттан туораама, төһө да уу буолбутун иһин түгэҕэ кытаанах, суол чэрэ буоллаҕа дии”,– диэтэ. Кырдьык, оннук эбит. Сотору соҕус дурдабыт аттыгар бу баар буола түстүбүт. Хабырыыспыт дулҕа мончууктарын атах маска олордо сылдьар. Кытыыттан көрдөххө, сибилигин түспүт анды курдуктар. Биһиги кэлбиппитин көрөөт, туттара-хаптара өссө түргэтээтэ. Сотору бүтэн таҕыста. Үөрбүт-көппүт, сирэй-харах атын буолла. Федоттуун аармыйаҕа бииргэ ыҥырыллан, сылтан ордук кэмҥэ бииргэ сылдьыбыттар. Өр кэмҥэ көрсүспэтэх буолан, илии тутуһан бараннар, куустуһан ахтылҕаннарын таһаардылар. Кэпсэтии-ипсэтии элбээтэ, тыыннаах эргиллэн, бииргэ бултуур кэмнэрин санастылар. Ньукулай биһикки саҥата суох кинилэри кэтэһэбит. Хабырыыс аһа элбэҕэ – этэ, сүөгэйэ, собо маанытын үөлбүт, буһарбыт. Сир-дойду кырса остуолланан, саҥа сэбирдэхтэнэн эрэр арыы хатыҥ саҕатыгар ас арааһын тардан кэбистэ. Онно наҕылыччы үс чаастан ордук холобурдаах кэм олордубут. Ол тухары кинилэр кэпсээннэрин сөҕө-махтайа иһиттибит. Хабырыыс тураат: “Көстөкүүн, миигин батыс”, – диэт, тыа диэки хаама турда. Мин батыстым. Киһим хара сыгынах сытарыгар тиийэн тохтоото. Төҥкөйөн умуһах хаппаҕын арыйа туран: “Мантан эттэ, үүттэ, сүөгэйдэ илдьэн оҕонньору тото аһатаар, эт эмиэ баар”, – диэт, дурдатын диэки хаамта. Онтон: “Бүгүн Аччыгый Харыйалаахха тайахсыттар тахсыахтаахтар. Мин онно баар буолуохтаахпын”,– диэтэ. Түргэн үлүгэрдик хомунан, атын аҕалан, ыҥыырдаан адьас бараары халампааһын ууна туран: “Көстөкүүн, мин саабынан ытаар, ботуруона дурда иһигэр батарантааска баар. Улахан саа, харабыын – тэллэх анныгар. Ону мээнэ тыытаайаҕыт. Баҕар, тайах киириэ. Ытаайаҕыт. Киэһэ Маҕарастан аймахпыт уол – Дьячковскай Миитэ – кэлиэ, ону кыттыһыннараарыҥ”, – диэт, атын тиҥилэхтээн, элэс гыннаран хаалла. Биһиги үһүөн хаалан, тэринэн, киэһэлик уот оттон, чэйбитин сылыттан эмиэ аһаатыбыт. Халлаан хараҥара быһыытыйан эрдэҕинэ Миитэ кэллэ. Хата, чэй, миин сылааһын баттаһа кэллэ. Эмиэ сэһэн-дойҕох буола түстүбүт. Дурдабытыгар киирэн, миэстэбитин булан, ким сытар сытан, олорор олорон эрдэхпитинэ, хойуу кус кынатын тыаһа иһилиннэ. Эмискэ мончууктар быыстарыгар алта моонньоҕон түстэ. Бары саҥата суох, тыаһаабакка кыҥаан олордубут. Миитэ “чэ” диирин кытта, түөрт саа биирдэ эстэн тиҥинэттэ! Кус
көппөтө. Бары табыллан тыла суох барбыттар. Миитэ тыынан киирэн, хомуйан таһаарда. Үөрүү-көтүү өссө улаатта. Онтон ыла түүн туох да биллибэтэ. Халлаан саҥа суһуктуйуута илин диэкиттэн күөлбүт үрдүнэн күүстээх баҕайы кынат тыаһа иһилиннэ да, мончууктарбыт быыһыгар долгун ытылла түстэ! Андылар түһэн баран, төттөрү-таары устан бардылар. Биһиги тыынарбытын туттунан, сүрэхпит тэбиитин иһиллээн, ким хайа диэккиттэн ытыахтааҕын тарбахпытынан имнэнсэн баран, Миитэ “чэтин” кытта саабыт чыыбыһын тардыталаан кэбистибит. Эмиэ биир да көппөтө! Арай биир умсан баран күөрэйэн эрдэҕинэ, Федот оҕонньор дэлби ытан ылла. Миитэ тыынан киирэн хомуйда. Икки тыһы, үс атыыр. Дьэ, үөрүү-көтүү диэтэҕиҥ! Ол икки ардыгар күн кытаран таҕыста. Эбэбит үрэх күөлүгэр обургу соҕус, уута бардаҕына, күһүн муҥха саҕана үүт-үкчү ыстаан курдук буолааччы. Бу күөлгэ Хабырыыс эдэриттэн сааланар, балыктыыр сирэ. Халлааҥҥа былыт оҕото да көстүбэт, ыраас чаҕылхай күн үүммүт. Күөлбүт илин халдьаайы өттүттэн уута наһаа ырааҕа суох. Дурдабытыттан тахсаары күө-дьаа буола олордохпутуна, эбэбит илин өттүгэр тайах баар буола түстэ! Бары ууну омурдубуттуу, саҥата суох бардыбыт. Барыбытыгар халампаастаах этибит. Таас харахтана оҕустубут. Тыа мааны кыыла хайдах буоларын кэтээн олордубут. Тайахпыт бокуойа суох ууга киирэн, устан барда. Тахсан, уутун илгистэн бырдаҥалатта. Иккиһин киирэн эмиэ уһунна. Эмиэ таҕыста — илгиһиннэ. Онтон икки кэлин атаҕар туран илин атахтарынан салгыны охсуолаабытынан барда! Төбөтүн араастаан булкуйар, төгүрүччү эргийбэхтээн ылар, өрүтэ ыстаҥалыыр! Оҕонньоттор ону көрөн олорон: “Барахсан кэлэн, оонньоон эрдэҕи-ин!” – дэһэллэр. Чэйбитин оргуттан, мииммитин сылыттан, аһаан эрдэхпитинэ, Хабырыыспыт кэлэн, атын хатыҥҥа баайаат, чэйдэспитинэн барда. Сэһэн-кэпсээн туола түстэ. Хайдах хоммуппутун ыйыталаста. Дьонноро Борокуоппай Вырдылиннаах Харыйалаахха икки дурданан сытан хаалбыттар. Син ыппыттар. Хабырыыс дьиэтигэр баран хоммут, онтон манна быһа кэлбит. Өлөрбүт кустарбытын биирдии-биирдии көтөҕөлөөн көрөттөөн: “Син үчүгэйдэр эбит. Дьэ, си буолбаххыт, маладьыастар!” – диэтэ уонна тыытыгар олорон, илимин көрө уста турда. Үс илимтэн өлгөм собону таһаарда. Миитэ: “Эргэ миини тох, саҥа собото буһар”, – диэтэ. Киһитэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр собо хатырыктаан, үөстээн туруора оҕуста. Онтон тайах туһунан кэпсэтии саҕаланна. Түргэн саҥалаах Миитэ тайах хайдах хамсаммытын туран көрдөрө-көрдөрө омуннаан кэпсээтэ. Оҕонньоттор истэн олорон биир эмэ тылы кыбытааччынан, ситэрээччинэн олордулар. Онуоха Хабырыыс: “Күөл илин өттүгэр томторго тураҥ баар, ону кирэ киирэллэр. Ол тыа маанылааҕын эһиэхэ күндүлээн көрдөрдөҕө. Дойдубар кырабар Оконтой Попов диэн аатырбыт булчут киһи баара, “тайах үҥкүүлүүр” диирин истэрим, улахаҥҥа уурбат этим. Адьас дэҥҥэ көстөр. Оннук көстүүнү бу эбэ эһиэхэ күндүлээтэҕэ буолуо”, – диэн түмүктээтэ. Аһаан баран куораппар төннөр буоллум. Сарсын – үлэ күнэ. Тэрилтэбэр суох буоларым табыллыбат. Онон массыынабын көрүнэн, тардынан бүттүм. Хабырыыс илиибэр аҕалан икки андыны уонна кустары туттаран кэбистэ. Балары таһынан биир биэдэрэ улахан баҕайы собо. Табаарыһым Миитэ эргэ
дьааһык баарыгар күөх окко суулаан массыынам үрдүгэр уурда. Кустарбын кууллаан эмиэ үөһэ уурбут. Дойдубар кырабар Төннүбэт Охонооһой оҕонньор: “Туох барыта төлөбүрдээх буолар”, — диэбитин өйдүү биэрдим. Ол иһин бачча элбэх астанан, айылҕа дьикти көстүүтүнэн күндүлэтэн баран, олохпор маннык түгэн көстүбүтүгэр махтанан, “Тыһыынча бытархай” лааппы харабыла Сергеева Биэрэттэн атыыласпыт таҥас бүрүөһүннээх кылгас бараан соммун аттыбар турар улахан хатыҥҥа үөһэ таһааран ыйаан кэбистим. Аттыбар көмөлөһө сылдьар Миитэ табаарыспар: “Тыытымаарыҥ, турдун”, – диэтим. Ол сонум хас да сылы быһа турбут үһү. Оҕонньотторбун кытта илии тутуһан, аҕыйах тылынан алгыс этэн баран Миитээбиниин массыынабытыгар олорон, кэлбит суолбут устун Харыйалаахпытыгар айаннаатыбыт. Миитэм эмиэ хас да кустаах, андылаах, балыктаах. Биһиэхэ тэҥнээх ким да суоҕун курдук, күө-дьаа кэпсэтэн, айаннаан Харыйалаахпытыгар кэллибит. Дьячковскайы эдэригэр Курулаан ойуунунан ааттыыллара үһү. Ол курдук, Алыһардаах удаҕаҥҥа Покровскайынан, Нөмүгүнэн, Маалтаанынан кутуруксутунан сылдьыталаабыт. Бэйэтэ холонон көрүүлэнэн көрөрө үһү. Ол иһин Курулаан ойуун диэн ааттаабыттар. Кырдьык даҕаны, сирэйэ-хараҕа сытыыта, тутта-хапта сылдьара тас көрүҥүттэн туохтааҕа эрэ көстөрө. Массыынабытын олбуор таһыгар тохтотон, оҕонньор дьиэтигэр бардыбыт. Кирилиэскэ үктэтэн эрдэхпитинэ, кырдьаҕаспыт утары тахсан кэллэ. Сахалыы дорооболоһо оҕустубут. Кырдьаҕас күөлгэ туох буолбутун биһигиннээҕэр ордук билэр эбит. Аар тайҕам мааны кыыла тайах үҥкүүлээбитин хамсана-хамсана кэпсээтэ. “Олорон ааһар олоххутугар дэҥҥэ көстөр түгэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсии сылдьыҥ” – диэбитэ Курулаан ойуун – Дьөккүөс кырдьаҕас. Дьиэҕэ киирэн тымныы чэйи иһээт, тахсан массыынабытыгар оҥоро түһээт, айаммытын салҕаатыбыт. Миитэни Маҕараска илдьэн лааппы таһыгар түһэрдим, саҥа тутуллан эрэр дьиэ таһынан далбаатыы-далбаатыы: “Киэһэ биир эмэ уолунан бырахтарыам”, – диэбитэ. Тайах барахсан үҥкүүлүүр кэмнээх буолар эбит. Бу дьиҥнээх кэрэ көстүү хаһан да умнуллубат. Константин Накатов.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан