Кэпсээ
Войти
Регистрация
Байанай бэркэ хадаҕалаан турар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Байанай бэркэ хадаҕалаан турар
K
kyym.ru сайтан
Сонор
15.10.2020 17:22
Бу суруйар түбэлтэм 80-с сыллардаахха илин эҥээр биир улууһугар буолбута. Оччолорго мин сэттис кылааһы бүтэрэн сылдьар этим. Оройуон киинигэр үөрэнэн бүтэн, дойдубар — кыра учаастакка — таҕыстым. Анды кэмэ этэ. Онон убайдарбын кытта анды манаһа барсар буоллум. Икки уостаах сүүрбэлээх саалаахпын, уон аҕыс тимир ботуруоннаахпын, барыта бэйэ иитиитэ. Долгуйуу киэнэ кытаанаҕа. Андылыыр эбэбит дэриэбинэттэн биэс биэрэстэлээх сиргэ баар, ол эрээри онно тиийэргэ икки үрэх туорааһыннаах буолан, кэлэргэ-барарга эрэй соҕус буолар этэ. Аны ол дьыл уу-хаар бөҕөтө, үрүйэ-үрүччэ барыта сүүрүгүрэн, таһаҕастаах айанныыр бэрт эрэйдээҕэ. Аттарбытыгар таһаҕаспытын ындан, сирбитигэр тиийэн дурдаларбытын сөргүтэн, хоруолларбытын атахтарга анньан, күнү быһа түбүгүрэн дьэ бүттүбүт. Көҥүлбүт түөрт күннээх, онтон иккитэ — өрөбүл күн. Илим үтэн, балык бөҕөтүн ылан моҥкурдуохпутугар диэри сиэтибит. Ол дьыл эбэбит собото тупсубут ахан этэ. Эбэбитигэр сезон устата анды биирдэ-иккитэ эрэ киирэр, эбэтэр таарыйан ааһар үгэстээх. Онно таба тутуннахпытына бултуубут, суох да суох. Сороҕор иһирдьэ-таһырдьа буолан хаалан, сатаан кыаммакка хааллахха, буруйдаах киһи өр кэмҥэ хомуруйууга сылдьааччы. Быраабылабыт адьас кытаанах – суруллубатах сокуон. Андыны сатыылаттыҥ да, бэйэҕэр ылбыт саҕа сананан кэбиһэҕин. Ким да ону эйигиттэн ураты киирэн бултаан ылбат. Ытан ылар да буоллаҕына, тиийэҥҥин ыппыт ботуруонун биэрэн бараҥҥын, туура тутан ылаҕын. Онон сатыыны мээнэ сырсыбаттар. Эбэтэр үөскэ түспүт анды үөрүн хабырыйан таһаараҥҥын атын дурдаҕа ыттарар буоллаххына, биирдэ да ыппаккаҕын эрэ, ууга хаалбытыттан хайа охсор аҥаарын туох да мачаакката суох тыыгар быраҕаттаан кэбиһэҕин. Аны улахан үөр хайа эмэ дурдаҕа хайдан түстэҕинэ, улахан үөрү аан бастаан ыппыттарын кэннэ эрэ аҕыйах андылаахтар ыталлар. Онтон омуннуран аҕыйах үөрдээҕи эрдэ ыттылар да — уураахтара тахсар. Андылыы адьас кииримиэхтэрин сөп. Дурдабыт турар тумуһа былыргы хос-хос эһэбит саҕаттан бэриллэн кэлбит. Хаста эмэ уларытыллан, кэҥэтиллэн уонча киһи сытар кыахтаах. Киирэр ааммыт — дурдабыт кэннинэн. Уу сүүрүгүрдүбүт аппалаах буолан, үөмэн киирэргэ наһаа табыгастаах. Эбэбит хаартаҕа көрдөххө, оруобуна киһи тилэҕин курдук боһуомнаах. Биһиги дурдабыт оруобуна ортотугар — тойон тумуска —турар. Эбэ тула, уопсайа алта дурда баар. Дурдалары кэрийэн күнүһүн ыалдьыттаһыы, кэлии-барыы буолар. Мин үс кыһын дьоммун-сэргэбин көрбөтөх буолан, кэпсээн-ипсээн хара баһаам. Ол сыл суол-иис суох буолан, ыалдьыт-хоноһо оройуон кииниттэн, атын сирдэртэн эҥин кэлбэтэх этилэр. Арай киин сиртэн кэлбит киһи, мин, сонунум бүппэт курдук. Биһиги хамаанда, уопсайа сэттиэбит. Саабыт — уон икки. Икки аптамааттаахпыт, уоннааҕыта биирдии-иккилии уостаахтар. Халлааммыт куйааран, туох да сүрдэннэ. Арай сезоммут тухары туох да биллибэтэ. Кураанах халлааны өрө маныыртан бары сылайан бардыбыт. Тула эргин уу чуумпу. Ханна да саа тыаһа иһиллибэт. Арай күөх тыаҕа кэҕэлэр эрэ куоталаспыт курдук чоргуйуу бөҕөтө. Сорох аттынааҕы дурдаларбыт дьоно дойдулаатылар. Тиһэх түүммүт эмиэ кураанах буолла. Сарсыарда сэттэ чаас
саҕана убайдарым үлэлэригэр-хамнастарыгар дэриэбинэлээтилэр. “Эбэҕэ соҕотох эн эрэ хааллыҥ” диэтилэр. Икки хаалбыт дурдалаахтарбыт эмиэ тахсан элэс гыннылар. Дурданы, мончууктары кэнники эбиэттэн киэһэ кэлэн эһиэх буоллулар. Сааны-сэби барытын үөһэ улахан отууга таһааран кистээр диэтилэр. Мин, түүн устата утуйбатах киһи, ньиргиччи утуйан хааллым. Наһаа буһаммын уһуктубутум, арай күнүм кыырай үөһэ тахсыбыт. Кумаар туох да наһаалаабыт. Мин сирэйбин-харахпын ньухханан баран, хоруолларбын ааҕан бардым. Уҥа кынаппын ааҕан бүтэн, үөспүн саҕалаан эрдэхпинэ, арай туох эрэ тыаһаата. Онтон сүтэн хаалла. Чочумча буолаат, эмиэ тыаһаата. Ол кэннэ сирилэтэн лаппа күүһүрдэ. Мин дьиктиргээн, кулгаах-харах буолан олордум. Дурдам хайаҕаһынан, халлааммын кыҥастаһан тугу даҕаны көрбөтүм. Тыаһым эмиэ сүтэн хаалла. Мин ааранан аны куттанан бардым. Онтон, доҕоор, адьас төбөм оройугар силлиэрдэ да үөс мончууктарбар ким эрэ тааһы тамнаабытын курдук буолла. Сэрэниин-сэрэнэн өҥөйөн көөртүм, туох да аймалҕаннаах, хаһан да харахтаан көрбөтөх уп-уһун кутуруктаах кустартан уум үрдэ бидилийэн олорор. Өҥнөөх дьүһүннээхтэрэ, арааһа, атыырдара быһыылаах. Охсуһалларыттан уум үрдэ адьас сампаан курдук өрө кыынньа олорор. Боростуой дьүһүннээх тыһылара сүрдээх түргэнник мин иннибэр кытыыга устан тахсан, аһаан-сиэн киирэн бардылар. «А-аҥҥаа» диэн хаһыы бөҕөтө буола түстэ. Көрдөхпүнэ, утаппыттара, аччыктаабыттара туох да сүрдээх курдук. Адьас үс-түөрт эрэ миэтэрэ курдуктар, харахтарын аахтара көрөбүн. Сүрэҕим тыаһа бип-биллиргэс, санаабар, тэбэр тыаһын кустарым истиэх курдуктар. Мин төһө кыалларынан тыаһаабакка сааларбын хомуйталаан бардым. Аптамаатынан сатаан туттубат буолан тыыппатым. Хата, ол сылдьан ааммынан өҥөс гыммытым, улахан убайым сыыллыы бөҕөтүн сыыллан иһэр эбит. Миигин көрөөт, тарбаҕын уоһугар даҕайан сэрэттэ. Киһим киирбитин кэннэ эмиэ сааларбытын, ботуруоннарбытын бэрийдибит, саамылаатыбыт-үллэһиннибит. «Туох кустарый?» – диэн ыйыттым, онуоха убайым «ээмиллэлэр» диэн сибигинэйдэ. “Бу иннигэр көрөр тыһыларгын эрэ сэриилиигин” диэн сибигинэйэн баран, хамаандалыырын кытта ытыалаан битиргэттибит. Дьэ, доҕоор, ааттаах араллааны тоҕо тардыбаппыт дуо? Көтөн тахсыбыт кустар дурдабыт хайаҕаһыгар эрэ киирэ сыспатылар. Эргийэ көтө сылдьан айманыы бөҕөтө буолла. Убайым тыыланан ууга киирдэ, мин буоллаҕына кытыынан сүүрэ сылдьан ытыалыыбын. Кустарбыт эбэбитигэр ыһыллан хааллылар. Ол курдук ытыалаан баран, убайым тахсан “ботуруон бүтээри гынна, дэриэбинэҕэ ойутан ботуруонна аҕал” диэн соруйда. Мин сыыр үрдүгэр баар өтөххө турар аппар ыстанным. Нэһиилэ ыҥыырдаат, дэриэбинэм диэки ойута турдум. Түөрт күнү супту тото аһаабыт ат туос бөтөрөҥүнэн түстэ. Аара биир ыаллыы дурдалаах сылгыһыт уолу көрүстүм. Туох айылааҕы сэриилээтиҥ диэн ыйыппытыгар «ээ, ээмиллэлэр, ээмиллэлэр» эрэ диибин. Онтон өй ылан, антах убайым Бааскайдаан баар, баран көмөлөһө оҕус дии охсоот, көтүтэ турдум. Үрэхтэрбин нэһиилэ батыччахтатан, кэстэрэн туораталаан, дэриэбинэбэр көтүтэн киирдим. Дьиэм күрүөтүгэр кэлэн нэһиилэ тохтоттум, үүммүн баҕанаҕа иилэ быраҕаат, иһирдьэ баар буола оҕустум. Киирэн баран «ботуруонна, ботуруонна» эрэ диибин, күөмэйим куура хаппыта сүр. Үс лиитирэлээх бөтүөннээх тымныы ууну киллиргэтэн барабын. «Тохтоо, бу туох
айылаах буоллуҥ?» — диэн кырдьаҕас эһэм хаһыытаабытыгар эрэ уоскуйан кэпсээбиппэр, оҕонньор тута өйдөөтө. Хоһугар киирэн саа сэбэ угар аатырар хоппотун аһан, ытар кыахтаах бары ботуруонун сыыһын барытын үрүсээкпэр уган баран, атым ыҥыырыгар төргүүлүү баайан биэрдэ. Уонна “аккын харыстаа эрэ, наһаа илиһиннэрээри гыммыккын” диэтэ. Төннөрбөр сөбүгэр соҕус түргэнник хаамтаран тиийдим. Дьонум ботуруоннара бүппүт, күөлгэ алта-сэттэ сатыылаабыт ээмиллэ хаалбыт эбит. Олору чаас курдук бултаһан ыллыбыт. Дьэ, ити курдук биир үтүө дьыл Баай Барыылаах Байанай ботуччу хадаҕалаан турардаах. Хойут хоту сылдьан ээмиллэлэри бултаатым да, наар ол оҕо сааһым биир ураты түгэнин саныыбын. Толлуман Сэмэн. Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан