Кэпсээ
Войти Регистрация

Куорат дьахтара

Главная / Кэпсээн арааһа / Куорат дьахтара

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
12.11.2020 14:38
“Ким да миигин алҕас көрбөтөр ханнык” диэбит курдук, чиэски сытар дэриэбинэ хайдах эрэ аан дойду да аймалҕаныгар кыһамматах киэбинэн дьаалатынан олороро. Ардыгар хайа эрэ ыччат кийиит дуу, күтүөт дуу аҕалан сыбаайба буолан эрэрэ иһиллэрэ эбэтэр кэмэрсээн кэлэн, табаар атыылаан олохтоохтору аймыыра. Онуоха барахсаттар бэйэ-бэйэлэриттэн иэс ылан атыылаһар сүпсүлгэнигэр, кыаммат өттө отонун, этин туттараары түбүк бөҕөҕө түһээхтииллэрэ. Арай хайа эмэ сыл артыыстар кэлэн ыллаан-туойан, ыччаты ыраах баар абылаҥнаах куоракка угуйан бараллара. Ол кэннэ эмиэ уу чуумпу сатыылыыра. Ириэрии буолла да, суола быстан хаалар кыра нэһилиэккэ сайын сылдьар олус эрэйдээх. Бэл, биирдэ дьахтар төрөөрү гыммытыгар улуус киинигэр сөмөлүөт суох буолан, атын сиртэн бэрт хойутаан кэлбитигэр оҕо барахсан ол көтөр аал иһигэр күн сирин көрөн дьону соһуппута. Оттон ол быыһанан тахсарга эмиэ биир туспа эрэй. Өрүс сүнньүн бата мотуорунан саҥа төрөөбүт оҕону уһун сындалҕаннаах айаҥҥа тоҥмотун диэн, баата суорҕанынан дэлби суулаан-суулаан баран, баалынайга уган илдьэ тахсаллар. Кыра кыһалҕалаах киһи улуус киинигэр мээнэ киирэ сатаан быстарбат ыраах сирэ. Онон нэһилиэк кыанар ыаллара суол турдар эрэ, оҕолорун үөрэттэрээри куоракка көһүтэлииллэрэ үксээн барбыта. Уйгуураптар эмиэ төһө да дьиэ атыыласпаталлар, оҕолорун куорат аатырар оскуолаларыгар киллэрэр баҕаттан уонна киин сиргэ тиийдэхпитинэ, олохпут уларыйыа дии санаан, көһөөрү тэриммиттэрэ... Куоракка кэлбиттэригэр маҥнай утаа барыта сонун этэ. Эрэйдээхтик да буоллар, үлэ булан, син атын дьон курдук олорон, саҥа олох саҕаламмыта. Дьиэ куортамнаан олороллоруттан харчылара туохха да тиийбэт буолан барбыта. Урукку курдук эти, балыгы көҥүллүк сиэбэт, ыарахан сыаналаах мааны таҥаһы-сабы атыыласпат буолбуттара. Онон хастыы да үлэҕэ сылдьа сатыыллара. Ыал ийэтэ Люба тэрилтэҕэ сэкирэтээрдиирэ, оттон аҕалара Бүөтүр чааһынай тэрилтэҕэ суоппарынан үлэлии киирбитэ. Ол курдук түбүккэ баттатан, күн-дьыл биллибэккэ ааһан испитэ. Орто уол Ариан уонна кыра уол Максим оҕолору кытта саҥа бодоруһан эрэллэрэ. Оттон улахан кыыстара Лена — 10 кылаас үөрэнээччитэ. Сытыы-хотуу баҕайы да буоллар, бэйэтэ туһугар, дьэ кытаанах майгылаах кыыс. Маҥнай утаа куорат кыргыттара киниэхэ хайдах эрэ улахамсыйар уонна тоҥуй баҕайы курдуктара. Ол эрээри Лена кимиэхэ да бэрт буола сатаабатаҕа. Мэлдьи бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьара. Кини уһулуччу кэрэ дьүһүннээҕэ, таҥара анаан айбытын курдук кырасыабай сэбэрэлээҕэ. Хамсанара да, таҥнара да оҕолортон олох ураты этэ, үрдүк баҕайы хобулуктаах түүппүлэ кэтэрэ, баттаҕын баҕарбыт араас өҥүнэн сотору-сотору уларыта сылдьан кырааскалатара. Ити барыта туһугар оҕолору бэйэтигэр тарда сатааһыныттан тахсара. Оҕолор ону олох атыннык ылыммыттара. Биирдэ уһун тохтобулга кинини кылааһын уолаттара кэнниттэн кэлэн, соруйан хатыйан түһэрбиттэрэ. Ону эрэ күүтэн турбут кыргыттар үөннээхтик күлэн тоҕо барбыттара. Ол эрээри Лена онтон санаатын түһэрбэтэҕэ, үөрэҕэр син биир уруккутун курдук кыһаллара, туох баар тэрээһиҥҥэ барытыгар көхтөөхтүк кыттара. Кыыс олус нарын куоластааҕа. Онон маҥнай оскуолатын иһигэр,
онтон куоракка тэриллэр ырыа күрэхтэригэр кыттар буолан барбыта. Кини, санаатыгар, ыллаан-туойан, таптыы көрбүт уолун болҕомтотун тардыан эмиэ баҕарар… Лена ураты ыллыыр дьоҕурдааҕын, биллэр продюсер бэлиэтии көрөн, устуудьуйатыгар ыҥыран дьарыктаан барбыта. Ол курдук продюсера талааннаах оҕолору түмэн, туспа ырыа бөлөҕүн тэрийбитэ. Лена суруйбут хоһооннорунан ырыа оҥорон, туох баар ыытыллар куонкурустарга барытыгар ситиһиилээхтик кыттан испиттэрэ. Онон оскуола кыргыттара бары кини курдук буолуохтарын баҕараллара. Хаһааҥҥыта эрэ күлүү гынар, «деревенская» диэн сиилиир кыыстара ити курдук кинилэр харахтарыгар олус үрдүк таһымҥа тахсыбыта. Таһыгар туохтан да толлубат сытыы көрүҥнээҕэ да, илдьэ сылдьар муунтуйбут ис санаатын кимиэхэ да, хаһан да кыайан эппэт этэ. Ол, биллэн турар, ийэлээх аҕатын икки ардыгар бэрт түргэнник уларыйбыт тымныы сыһыаннара буолар. Аҕалара Бүөтүр куоракка кэлиэхтэриттэн киһи билбэт гына уларыйан хаалбыта. Дьиэтигэр наар хойутаан кэлэрэ, сороҕор олох да кэлбэт буолбута. Биирдэ арыгы амырыын сытынан аҥылыйан кэлбитигэр, Люба мөҕө тоһуйбута. Онуоха туох да саҥата-иҥэтэ суох таҥаһын-сабын хомунан тахсан барбыта. Ол кини атын дьахтарга букатыннаахтык араҕан барбыт быһыыта этэ. Ийэлэрэ маҥнай хайдах буолуон билбэтэҕэ. Салгыы “оҕолорбун дьиэтэ-уота суох хайдах иитэбин?” диэн толкуй бөҕөҕө түспүтэ. Ол да буоллар хас да үлэҕэ киирбитэ. Төһө да кырыымчыктык олордоллор, оҕолор уруккуларын курдук кыһанан үөрэнэллэрэ. Лена бырааттарыгар ийэбитин өйөөн, үчүгэйдик үөрэнэн үөрдүөхтээхпит диэн мэлдьи этэрэ. Бу аҕыйах кэм иһигэр кинилэр улахан киһилии олус дьоһуннаах буола улаатан хаалбыттара. Аҕалара суоҕун курдук суоҕа. Люба иһигэр, баҕар, кэлээрэй диэн күүтэ саныыра. Хас да үлэҕэ сүүрэ сылдьар соҕотох ийэ ыарытыйар буолан барбыта. Кини үөрбүт-көппүт оҕо сааһын, ийэтин сырдык мөссүөнүн мэлдьи саныыра. Оччолорго сэрии кэннинээҕи ыарахан кэмҥэ тулаайах хаалбыт ийэтэ ыал буолан, икки оҕону төрөппүтүн кэннэ, кэргэнэ үөрэхтэнэ диэн куоракка киирэн баран, эмиэ атын дьахтары ойох ылан, туһунан дьиэ кэргэн тэриммитэ. Онно ийэтэ барахсан оҕолорбун хайдах иитэбин, дьон-сэргэ көмөлөһүҥ диэн кимтэн да көмө көрдөөбөккө, биир хааппыла харах уутун көрдөрбөккө, соҕотох бэйэтэ ыар олоҕу эт хаанынан билэн, үлэ ухханыгар түспүтэ. Биирдэ Люба эдьиийин кытта сайылыктан оҕуһунан дэриэбинэҕэ быһа бараары, ойуур иһинээҕи аҥхараат-таҥхараат суолга үүттэрин улахан аҥаара тохтон хаалан олус куттаммыттара. Дьиэлэригэр мэлдьи хаппыт лэппиэскэ баарын мотуйаллара, онтон атын туох да суоҕа. Ийэлэрэ кыанар ыалга сылдьан кэллэҕинэ, хоонньугар булгуччу сылаас эт уктан кэлэрэ минньигэс да буолара. Аны ийэлэрин кытта илим үтэн, эдьиийиниин иккиэйэҕин киэҥ эбэҕэ ону көрө киирэллэрэ. Күнү быһа туруорбах балаҕаҥҥа оҕолор бэйэлэринэн эрэ олороллоро. Быыһы төттөрү-таары арыйа-арыйа сабан, кэнсиэр көрдөрө оонньууллара. Кэлин быраата муҥнаах төрөөбүтэ. Ийэлэрэ тыҥ хатыыта үлэтигэр баран хаалара. Эдьиийэ онно киниэхэ көмөлөһө барсар буолбута, кини ол кыра быраатыныын дьиэҕэ хаалаллара. Ханна эрэ барарыгар ол саҥа хааман эрэр оҕону санныгар мэлдьи сүгэ сылдьара.
Быраата күнү быһа ас көрдөөн айманара. Аччыктаан, айаҕар тугу булбутун барытын ытыран, эмэн көрөр этэ. Ол курдук сылдьан айаҕа дэлби бааһыран хаалан, оо, сор-муҥ бөҕөнү көрдөрбүтэ. Билигин санаатахха, ийэтэ хорсун да, хоодуот да дьахтар эбит. Хаһан да биһиги бу бэйэбит эрэ олоробут диэн муҥатыйар санаатын эппэтэҕэ, арай: «Оҕолорум улаатан, киһи буоллахтарына, кэлин миигин санаан, күүстээх дьон буолуохтара, олоххо элбэҕи ситиһиэхтэрэ», — диир буолара. Ити курдук Люба ийэтин санаатаҕына, күүһүгэр күүс, сэниэтигэр сэниэ эбиллэргэ дылы гынара. Ол курдук күн-дьыл эмиэ түргэнник элэҥнээн ааһан испитэ. Оҕолор оскуолаларын бүтэрэн, үөрэххэ киирбиттэрэ. Лена устудьуоннуу сылдьан, доҕотторун көмөтүнэн маҥнайгы кэнсиэрин оҥорбута. Кини аатын билбэт ыччат суоҕа. Кэлин наһаа кыахтаах ыал уолугар кэргэн тахсан, куорат биир саамай мааны дьахтара буолбута. Били, ийэтин кытта муоста сууйбут тэрилтэтин аттынан ааһан иһэн, мэлдьи аан маҥнай куоракка кэлбит сылларын саныыра. Кини онно чопчу өйдөөбүтэ — кыахтаах ыал оҕотун ханна баҕарар, талаана да суох буоллун, үөрэ-көтө кытыннаралларын, барыны-бары харчы эрэ быһаарар оруолламмытын. Ол да иһин буолуо Лена тосту уларыйан хаалбыта. Биирдэ киниэхэ тыаттан аймахтара кыыс балыыһаҕа киирээри кэлбитэ. Онуоха номнуо хотун хаан буолан хаалбыт, хаһааҥҥыта эрэ тыа сэмэй кыыһа Лена куораты олох билбэт балта кыһалҕатын кэпсии сатыырын тоҥуй баҕайы хараҕынан көрөн, туохха да кыһамматахтыы истэн олорбута. Арай ийэтэ үөрэ-көтө чэй бэлэмнээн, букунайа сылдьыбыта. Сарсыныгар Лена балтын илдьэ балыыһаҕа барбыта. Киирэр аан таһыгар умнаһыт эмээхсин муҥнаах ытыһын тоһуйан олороро. Лена ону көрбөтөх курдук кынтаччы туттан киирэ турбута. Кэнниттэн балта эдьиийин күүттэримээри, сиэбин түргэн үлүгэрдик хаста охсон, аҕыйах солкуобай баарын биэрэн ааспыта. Киирбиттэрэ, балыыһа кыараҕас көрүдүөрүгэр элбэх киһи симсэн олороллоро. Лена уочараттыы барбакка, сыаналаах төлөпүөнүн маникюрдаах, кыһыл лааҕынан кырааскаламмыт тыҥырахтаах тарбаҕынан баттыалаан кимиэхэ эрэ эрийдэ. Онуоха биир кэбиниэттэн саха киһитэ быраас тахсан, көлөһүн бычалыйан тахсыбыт сүүһүн сотто-сотто, супту кинилэргэ хааман кэллэ: — Лена Андреевна, здравствуйте, племянницаҕын аҕаллыҥ дуо? Ну, пойдем, сразу балыыһаҕа киирэр буоллаҕа, миэстэ бэлэмнээбиппит. — Данил Михайлович, спасибо. Оччоҕо кыыһы хаалларан баран бардым. Ити курдук Лена балтын Ияны балыыһаҕа биир да уочарата, кыһалҕата суох бэрт түргэнник киллэрээт, бара охсон хаалла. Ол эрээри кини олоҕор барыта бу курдук туох да кыһалҕата суох сатанан испэтэҕэ. Кэргэнэ үлэлии олорон улахан суумалаах харчыны бэрик ылыыга буруйданан, биирдэ хаайыы киһитэ буолан хаалбыта. Кинилэр хас эмэ сылы быһа бииргэ олорбуттара да, кыайан оҕоломмотохторо. Онон ол курдук арахсан хаалбыттара. Биирдэ Лена бииргэ үөрэммит доҕотторун кытта көрсөөрү оскуолатыгар кэлбитэ. Уруккуну-хойуккуну санаан, оскуола уһун көрүдүөрүн устун хааман иһэн, география кылааһыгар киирбиттэрэ. Арай онно биир эдэрчи көрүҥнээх эр киһи, остуолга нөрүйэн, тугу эрэ суруйа олороро. Лена, били аан маҥнайгы тапталын соһуччу
көрсөн, хайдах эрэ сүрэҕэ мөхсөн ыларга, тыына хаайтарарга дылы буолбута. Кинилэр харахтара харса түспүттэрэ. Андрей эмиэ долгуйбута олус биллэрэ... Дьиҥнээх таптал кутаа уота хаһан да өспөт саҥа тыыннанан, өссө күүскэ күөдьүйбүтэ. Ол курдук кинилэр олохторун суолун холбоон, алаһа дьиэни иччилээн ыал буолбуттара. Лена оҕолонон Орто дойду дьиҥнээх дьолун билиэн олус баҕарара. Кини онно дириҥник уонна ис сүрэҕиттэн өйдөөбүтэ — баай диэн толору дьол буолбатаҕын. Бып-быыкаа уу кыһыл оҕо барахсаны илиитигэр көтөҕүөн, мип-минньигэстик үөрэрин көрүөн-билиэн баҕарара туохтааҕар да күүстээҕэ. Лена кэмниэ кэнэҕэс уһуннук эмтэнэн, ийэ буолаары сылдьарын билэн, атаҕа сири билбэт буола үөрбүтэ... Люба кыыһа оҕолонон, сирэйдиин-харахтыын уларыйан хаалбытын көрө олорон, эдэр сааһын, олорбут олоҕун эргитэ санаан, уйадыйан ылбыта. Олохпутун уларытаары диэн куоракка киирбиппит. Ол эрээри кэргэмминиин үүт турааннык олорбут бэйэбит икки аҥыы арахсыбыппыт, ол да буоллар оҕолорбун соҕотоҕун улаатыннартаан барыларын киһи хара оҥортоотум. Кыыһым оҕолонно, улахан уолум ыал аҕата буолбута ыраатта, кырам үөрэҕин бүтэрэн, олоҕун оҥостон эрэр. Онтон ордук үрдүк дьол ийэҕэ туох баарый? Олохпун киһи кэмсиммэт гына олордум, мин дьоллоох эмээхсиммин диэн астыммыт санаатыттан өрө тыынан ылла. Суруйда Ангелина КУЗЬМИНА.
kyym.ru сайтан