Кэпсээ
Войти Регистрация

Сэнээн баран, сөрү диэн сөхпүппүт

Главная / Кэпсээн арааһа / Сэнээн баран, сөрү диэн сөхпүппүт

K
10.07.2020 12:07
Мин уонча саастаахпыттан булдунан дьарыктаммытым, барыны-бары бултаабытым, араас түбэлтэҕэ түбэспитим. Сиргэ-уокка сылдьар булчукка саамай эрэллээх көмөлөһөөччүтэ – ыта. Үчүгэй ыттаах буоллуҥ да, булдуҥ-аһыҥ биир оннук. Киччэҥ бөһүөлэгэр бултаабат, тыаҕа сылдьыбат эр киһи суоҕа. Оттон бултуур буоллуҥ даҕаны, хайаан да ыттаах буолуохтааххын. Ол иһин Киччэҥҥэ ыта суох ыал суоҕа. Аны, киһи барыта бултуур буолан, ыт да барыта булчут этэ. Онон ыттары «бу булчут», «бу булчута суох» диэн араарбат этибит. Ыт буолла даҕаны булчут буолуохтааҕын курдук саныырбыт. Ыты анаан-минээн да үөрэтии суоҕа, ыт ыты кытары сылдьан үргүлдьү үөрэнсэр быһыылааҕа. Ол да буоллар кинилэр быыстарыгар дьикти ыттар эмиэ баар буолар этилэр. Миэхэ биирдэ ытым үс-түөрт оҕону төрөттө. Олору тута дьон үллэстэн ыллылар. Арай биир кыра баҕайы нээгирбит оҕо хаалла, сирэн ким даҕаны ылбат. Бу ыкка мин да, дьонум да кыһаммаппыт, бэйэтэ дьаалатынан сылдьан улаатта. Дьиэ таһыгар, бөһүөлэк иһигэр атын ыттары кытары сылдьар. Ол курдук икки сааһыгар тиийдэ, ким да кинини куска-куобахха да, улахан булка да илдьэ сылдьыбат, онон бөһүөлэк “бөҕө” буолан сылдьар. Кыһын кыбыылаах окко утуйар, сайын дьиэ таһыгар сытар буолааччы. Аат даҕаны бэриллибэтэҕэ, анаан ким да аһаппат даҕаны. Миигин син иччиргиир быһыылаах: үрэх баһыттан бөһүөлэккэ кэллэхпинэ, наар сыарҕам үрдүгэр сытар, атын ыттары чугаһаппат, дьонтон даҕаны көҥөнөр курдук туттар. Ол эрээри кими да үрбэт. Итинник сылдьан ыппыт күнү быһа тэлгэһэҕэ сытан баран, түүнүн мэлийэн хаалар буолуталаата. Сороҕор хонон-өрөөн баран көстүтэлиир даҕаны ким да киниэхэ кыһаммат. Биир күһүн убайым Христофордуун уонна Семенов Семен диэн киһилиин үһүө буолан улахан тайахсыт ыппытын илдьэ тыаҕа таҕыстыбыт. Били, дьиэ ыта батыһаары гыммытын мэһэй буолуо диэн, төттөрү үүрдүбүт да хаалбата, улахан ыты батыһан иннибитигэр түсүһэ турда. Хонук сирбитигэр чугаһаан истэхпитинэ, били ыппыт биир аппа иһигэр үр да үр буолла. Дьонум: «Ытыҥ, хата, эһэни хаайда быһыылаах», — диэн күлүү гыннылар. Улахан ыппытын тайахтатарга анааммыт, мэнээк сүүрэн сылайыа диэн быалаан иһэр этибит. Ол гынан аппаҕа тиийбиппит, ыппыт, кырдьык, эһэни кытары охсуһан тула холоруктуу сылдьар эбит. Мин табалары тутааччынан хааллым, дьонум баран өр буолбатылар, кыылы бултаан кэллилэр. «Хайа, бу абааһы сүөһүтэ эбит дии, хаһан, ханна үөрэммитэй? Эһэни кытары адьас куттаммакка охсуһар, сатана акаары буолан ини», — дэһэн улахаҥҥа уурбатыбыт, сэнээбиппитин кубулуппатыбыт. Эһэбит этин ындан Сэмэммитин бөһүөлэккэ ыыттыбыт, таарыйа кыра ыты илтин диэн быалаан биэрдибит. Өр буолбата, ыппыт баайбыт быабытын быһа кэрбээн төттөрү тиийэн кэллэ. Балаакка тардынан хонон баран, сарсыарда тайахтыы бардыбыт. Ыттарбыт иннибитигэр-кэннибитигэр түһэн иһэллэр. Күн ортотун саҕана биир аарыма атыыр, биир кур кытарах тыһы, биир үстээх тыһы хаайсан туралларын булан үрдүлэр. Тайахтарбыт ыттарар сиргэ киллэрбэккэ сулбу куотан, Лээмпискэ үрэххэ киирэн уҥуоргу
кытыл диэки харбаатылар. Кэннилэриттэн түсүһэн харбаан иһэн улахан ыппыт төннөн таҕыста. Кыра ыт уҥуор тахсан тайахтары эккирэтэн бара турда. Биһиги: «Улахан ыт бэйэтэ эрэ эбитэ буоллар, ити тайахтары тохтотуо этэ. Ити абааһы ыта батыһан үргүтэлээтэ», — диэн, буруйу киниэхэ түһэрдибит уонна «аны кэлэн мэһэй буоллаҕына, тыынын салҕаан кэбиһиэхпит» дэстибит. Бастакы түбэспит булпут табыллыбата, онон салгыы баран истибит. Арай, көрбүппүт, үрэх уҥуор үс тайахпыт ойууртан төттөрү ыстанан адаарыһан тахсан үрэххэ ыстаннылар даҕаны биһиги диэки харбаан ньолостулар! Кэннилэриттэн, били сааммыт ыппыт харбаан кутурук уопсан иһэр эбит! Биһиги улахан ыппытын утары ыстанан киириэ диэн туттубут уонна кытылга манан тиксиэхтэрэ диэбит сирбитигэр сүүрдүбүт. Өр гымматылар, тайахтар кытылга ыстанан таҕыстылар даҕаны ойуурга куоттулар. Улахан ыппытын батыһыннара ыыттыбыт. Өтөр буолбата, ыттарбыт тайахтары тохтотон моргуордулар. Тиийэн ытыалаан иккини охтордубут. Улахан тыһы тайах куотан хаалла. Тайахсыт ыппыт ону эккирэппэтэ, охтубут кыыллар эмэһэлэрин үргүү хаалла. Оттон, били нээгирбэ ыппыт куоппут тайаҕы эккирэтэн түһэ турда. Биһиги ону аахайбатыбыт. Охтортообут кыылларбытын астыы сырыттахпытына, арай, кэннибитигэр, били абааһы ыппыт үрдэ, ону кытары тыас барчаланна. Көрө түспүппүт, ыппыт, били куоппут тайаҕы күөйэн бу үүрэн аҕалбыт эбит! Бу сырыыга баҕас куоттарбатыбыт, түҥнэри ытан түһэрдибит. Бу сырыыга нээгирбэ ыппытын, дьэ сэҥээрдибит, сөхтүбүт-махтайдыбыт. Кырдьыга даҕаны, үрэх киэҥ баҕайы үөһүнэн куоппут кыыллары харбаан эккирэтэн тахсан баран, төттөрү үрэххэ киллэрэрэ, куоппут тыһы тайаҕы эккирэтэн ситэн күөйэн аҕалара, чахчы киһи эрэ сөҕөр-махтайар түбэлтэтэ этэ. Тайахтарбытын астаан, хатарҕаннаан баран, хонук сирбитигэр төнүннүбүт. Ыттарбыт иннибитигэр сырса турдулар. Хонук сирбитигэр тиийбиппит, улахан ыппыт кэлэн сытар, кырабыт суох. Сотору соҕус буолан баран, хайа эрэ диэки үрэр саҥата иһилиннэ. Көрбүппүт, ыппыт биир эһэни кытта охсуһан кулаачыктаһа сылдьар эбит. Кыыл мас ылан сырбатар, ыт аһаран биэрэ-биэрэ такымыгар түһэр. Эһэ куотар. Ити курдук охсуһа-охсуһа биһиги диэки иһэллэр. Биһиги мастан-маска сөрүөстэн тиийэн кыылы ытан ыллыбыт. Дьэ, уонна ыппытыттан өссө күүскэ салынныбыт. Кэпсэл аны наар кини эрэ туһунан буолла, улахан булчут ыт эбит диэн билиннибит. Ити курдук бэркэ бултуйан бөһүөлэккэ төннүбүппүт. Хомойуох иһин, бу ураты булчут ыт өр олорботоҕо, ыт чумаатыгар ыалдьан өлөн хаалбыта. Чахчы даҕаны, айылҕаттан бэрдэриилээх дьикти булчут ыт үөскээн сылдьыбыта. Инники суруйбутум курдук, сорох түүн мэлийтэлиир, хоно-хоно кэлитэлиир этэ. Ол, арааһа, бэйэтэ бултуу сылдьыбыт, онно айылҕа бэйэтэ үөрэппит эбит. Эбии кэпсээтэххэ Үчүгэй булчут ыттар наһаа хорсун, куттанар диэни букатын билбэт, эһэҕэ да, бөрөҕө да сүрдэрин баттаппат эр сүрэхтээх, өлөллөрүн да өйдөөбөт буолааччылар. Биһиги биирдэ арҕахтаах эһэҕэ түбэһэн үс ыты былдьатан турардаахпыт. Биир саас, эһэ арҕахтан саҥа тахсыытын саҕана, иччилээх арҕахха түбэстим. Киэһэ үүтээммэр кэлэн кыттыгаспар Дьяконов Христофорга кэпсээтим, сарсыарда бултаһа барарга быһаарынныбыт. Сырдыкка тиийэрдии суоттанан
сарсыарда эрдэ туран, үс ыппытын илдьэ бардыбыт. Арҕахха тиийэн ыттарбытын ыыталаатыбыт. Кинилэр обургулар кыыл сытын ылан, өрө баргыһа түстүлэр. Эһэ арҕаҕын бүөтүн аспыт, киирэ-тахса сылдьар эбит. Арҕаҕын иһиттэн сүр ынырыктык ырдьыгынаата. Аны сулбу ойон тахсан сиэтэлиэ диэн, улахан тииттэргэ сөрүөстэн, быкта даҕаны ытарга бэлэмнэннибит. Ыттары табан кэбиһиэхпит диэн сэрэтистибит. Кыыл саҥатын истэн ыттарбыт бэйэ-бэйэлэриттэн көҕүһэн өссө ордук сүрдэннилэр. Биир ыт адьас арҕах иһигэр киирээри гынна. Биһиги кыыл былдьыаҕа диэн буойан хаһыытыы сатаатыбыт да тохтуо баар дуо, уоҕа-кылына киирэн, адьас илбиһирэн төбөтүн арҕахха уган эрдэҕинэ, анараа күтүр биирдэ ньылбы тардан ылла. Ыппыт «ньах» да диэбэккэ хаалла. Аны иккис ыппыт эмиэ адьас куттаммакка баргыйбытынан, төбөтүн уган эрдэҕинэ, адьырҕа обургу эмиэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр иһирдьэ тардан ылла! Биһиги хаалбыт ыппытын тохтотуохпутун, тутуохпутун баҕарабыт даҕаны аны кыыл ыстанан тахсыа диэн, куттанан, мастарбытыгар сөрүөстэн турабыт. Кырдьыга даҕаны, суостаах кыыл сулбу ыстанан таҕыстаҕына, түргэнэ бэрт буолан сүгүн-саҕын ыттарыа биллибэт, аны ыксалга бэйэ-бэйэни даҕаны дэҥнэһиэхпитин сөп этэ. Хаалбыт ыппыт эмиэ сэрэнэр, куттанар диэни билбэт буолан биэрдэ. Уоҕун-кылынын киллэрэн арҕах ааныгар төбөтүн уган биэрбитигэр адьырҕа обургу бу да сырыыга мүччү туттубата... Ити курдук үс ыппытын сиэртибэлээн туран кыылбытын син бултаан турабыт. Эһэ обургу ыттары иһирдьэ ньылбы соһон ыла-ыла сүнньүлэрин, кэтэхтэрин биирдиитэ үлтү хадьырыйталаан кэбиспит этэ. Ньукулай ДЬӨГҮӨРЭП, Кэбээйи.
kyym.ru сайтан