Кэпсээ
Войти Регистрация

Эрдэ өрүллүбүт күөс

Главная / Кэпсээн арааһа / Эрдэ өрүллүбүт күөс

K
02.07.2020 15:02
С­аха муудараһа «күөһү эрдэ өрүнүмэ» диэн сэрэтэр. Мин сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан аллар атаспын, 9-с кылаас үөрэнээччитэ Ильин Буобаны кытта бултаабыппын саныыбын. Сэбиэттэн, учууталлартан куттанан, саабытын ыһан баран таҥаспыт иһигэр уктан бөһүөлэги тахсан, Кыталыктаах диэн сиргэ 20-чэ мүнүүтэ хааман тиийдибит. Мантан антах бырысыака устун Үрүҥ Хайа диэки хааман куһуйдубут. Булчуттарбыт да бэрт ээ, сыалай 5 ыттаахпыт. Бу иһэн биир ыппыт куобаҕы туппутун үрүсээкпитигэр симиннибит. Күнүс аһыы олорон өрүһү өҥөйөн көрбүппүт, арай, адьас биһиги анныбытыгар өрүскэ биир хаас олорор эбит. Тута үөмэн киирэн ытар туһунан өй да суох. Биһиги Буобабыныын хааспытын хайдах үллэстэр туһунан уһуннук-киэҥник мөккүһэн бардыбыт. Буобам «морускуойдаһабыт, ким кыайбыт – ол ыллын» диир. Ону мин утарабын. «Морускуой чиэһинэйэ суох, тумсуттан саҕалаан кутуругар диэри чиэһинэйдик хайытан үллэстэбит» диибин. Бэрт өр мөккүһэн баран, үөмэн киирээри өҥөйөн көрбүппүт, хааспыт көтөн баран хаалбыт. Аҕыйах сыллааҕыта доҕотторум «Буотама үрэх таһыгар эһэ арҕаҕын буллубут» диэн ыҥырдылар. Күнү быһа айаннаан хонукпутугар булчуттар үүтээннэригэр тиийдибит. Биһиэхэ «көмөлөһө» диэн ааттаан ханнык эрэ байыаннай таҥастаах дьон кытта кэлбиттэр. Ол киэһэни быһа Дьэргэстэй ыһыаҕа төлө тардылынна. Дьиҥинэн, мин да син оччону-баччаны көрөн, иһэн кэллэҕим буолуо да, эҥин араас быһыылаах-таһаалаах арыгы бытыылката элбэҕин онно көрөн сөхпүтүм. Эһэбит тириитин, үөһүн ким ыларын барытын сиһилии быһаарыстыбыт. Мин табыллар быабар, дьонум эһэ тириитин «эдэр киһи кини ыллын» диэн биир-биэс тыла суох миэхэ бэлэх кэриэтэ «биэрэн» кэбистилэр. Ол аайы мин үөрүү-көтүү бөҕө. Эһэбитин арҕаҕын таһыгар өлөрөн баран дьиэбит таһыгар массыынанан состорон аҕалан, дьиэҕэ иттэ-иттэ астыах буоллубут. Ол аайы мин «соһуллан кэлэригэр тириитэ алдьаммат ини» эҥин диэн санаан аһарабын, «аара тирии алдьаммат ини» диэн токкоолоһобун. Сокуоннай бэйэм тириибин харыстыырым баа буолбат. «Сороҕун хаалларыахха, кырдьаҕаһы өлөрөн баран Байанайы маанылыахпыт» диэн икки бытыылканы сарсыҥҥыга хаалларынныбыт. Үчүгэй баҕайы тирии бэлэхтэтэн үөрэн-көтөн утуйан хаалбыппын. Түүн утуйа сытан түһээтэхпинэ, эһэбит мин ийэбэр тиийэн кэлэн: «Морууса, уолгун Куоланы буой, миигин өлөрөөрү гынар. Мин олоро түһүөхпүн баҕарабын», — диир. Ону истэн ийэм: «Хайдах буола сылдьаҕыный, эһэ эрэйдээҕи», — диэн мин бултаһарбын бопсор. Сарсыарда уһуктан баран тугу түһээбиппин арыый аҕа саастаах киһибитигэр кэпсээбиппэр, киһим сөбүлүү истибэтэ. «Бултатымаары үҥсэр, хайдах буолар? Көрөн иһиэхпит», — диэтэ. Бараары туран кыратык «абырахтанныбыт». Суола-ииһэ суох 5 биэрэстэ сири 2 чааһы быһа айаннаан сыннаран тиийдибит. Арҕахха 100-чэкэ хаамыы тиийбэккэ, сатыы хааман тиийэн көрбүппүт, эһэбит бу түүн туран баран хаалбыт. Саҥа түспүт кыраһа хаарга суола-ииһэ субу ырылыйан сытар. Били биһиги түүнү быһа кинини астаан-үөллээн, иһин-үөһүн барытын үллэстэн, массыынанан состорорбутун, Байанайы маанылыах буолан дьаабыланарбытын барытын истэ сыппыт буолуон сөп эбит. Былыргы дьон «эһэ киһи тугу кэпсэтэрин истэ сытар» диир буолаллара. Соччо Ку-ту-каай,
Маалыкай.
kyym.ru сайтан