Кэпсээ
Войти Регистрация

Сэдэх түбэлтэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Сэдэх түбэлтэр

K
29.05.2020 19:37
Туобуйаны “Үрэх баһа сир” диэн ааттыыллар. Быйыл бэс ыйын 20 күнүгэр дэриэбинэ дьоно өтөрүнэн көрбөтөхтөрүн астына көрдүлэр. Уһук ыал дьиэтиттэн оҕо-уруу киирэ-тахса оонньуу сылдьан 20-чэ миэтэрэлээх сиргэ Көрдүгэн элгээҥҥэ күнүс икки куба түһэн, 3 чаас курдук тохтоон, сынньанан ааспытын сэргээтилэр. Эмиэ да аһыыр курдук моонньуларын ууга уган ылаллар. Бэйэ-бэйэлэрин түүлэрин ыраастаһаллар. Төттөрү-таары усталлар. Сороҕор нуктаан ылар курдук тохтоон, бүк түһэн ылаллар. Көрүөххэ эриэккэс! Оннук уһуннук сынньанан баран, Эбэбит диэки көтөн ыалыктаһа турдулар. Оҕо-уруу астына дуоһуйа көрдө-иһиттэ. Сөҕөн-махтайан тарҕастылар. Саа туһунан санаабатылар даҕаны... Хаастар Сөмөлүөт түһэр былаһаакката дэриэбинэни кытта уулуссанан быысаһар. Дьон дьиэлэрэ бу турар. Чугас. Ол суолу өрөмүөннүү сылдьыбыттар. Бөлөрүүс, ДТ бульдозер эҥин үлэлээн тиҥинэтии кытаанаҕа. Тыас-уус маанытын кэмигэр икки хаас суолга түһэн дьаарбайбыттар! Буор таһааччылар иккитэ-хаста кэлиэхтэригэр диэри ончу көппөтөхтөр! Ону биһиги дьоммут көннөрү көрөн эрэ кэбиспиттэр. Саа тыаһаабатах. Нэһилиэк тайаҕа Бэс ыйын бүтүүтэ, сарсыарда 8 чаас саҕана, чэйбин кута туран түннүгүнэн ону-маны кыҥастаһан иһэн, тайах хааман иһэрин көрөн, соһуйан охто сыстым. Тугу эмэ билэн тэһииргиирэ биллибэт. Мин “тайах!” диэт, таһырдьа ыстанным. Тахсан кэлииккэбин аһан, көрөн турдум. Хас да дьиэни, КСК-ны, хачыгаарканы ааһан оскуола олбуорун бата иһэр. Ол кэтээн туран эмээхсиммин хаста да улахан соҕустук ыҥырдым. Тахсыбытыгар тайаҕы ыйан көрдөрдүм. Атаҕа уһунун, бэйэтэ үрдүгүн көрөн, сөхтө аҕай. Саһан туран олбуорбун сутурукпунан охсон тыаһаттахпына, тайаҕым иһиллээн кулгааҕын чөрөҥнөтөр, айаҕын аппаҥнатар... Чугаһаабытыгар иккилээх тыһы тайах диэн быһаардым. “Кыра тайах боотурҕаан, киһиэхэ утары кэлэр, ойоҕолуу ааһан иһэн быһа тэбэр” дииллэрин истэрим. Ийэбит “чэ-чэ, ааны сап...” диэт, дьиэҕэ мэлис гынна. Кыылбыт уулуссанан хааман адаарыҥнаан, өссө биир уулусса быһа охсуутугар тиийэн, тохтоон ону-маны олоотоото. Сыт ыла сатыыр быһыылаах. Ол турдаҕына туора уулуссанан Балбаара тайах диэки хааман аҕай иһэр. Тайах турарын мөлтөһүөр харахтаах буолан, төрүт көрөөхтөөбөт. Хаампытын кубулуппат. Үөгүлээбиппин ыраах буолан истибэтэ. Тайаҕы куттаан, кини диэки үүрэн тэбистэриэм диэн дьиксинним. Арыый чугаһаабытыгар үөгүлээбиппин иһиттэ. Бастаан ааны аһан туран үөгүлүүрбүн сөбүлээбэтэ. “Тайах!” диэбиппэр соһуйан “туох даа?!” диэн, тула көрөн иһэн, аарыма кыыл адаарыйан турарын көрөн соһуйда. Дьиэлэр диэки туораан иһэн, тутан испит ытын аһылыгын суолтан халты тэбинэн, тоҕо түһэн мучумааннанна... Күрүө быыһынан баппакка, үөһэ тахсан олордо, тыын ылла. Эмээхсин Акыымы ыҥырбыта, киһитэ субу саһар быһыынан хааман кэлээт: “Хаартыскаҕа түһэрдигит дуо?” – диэбитигэр, дьэ өй киирдэ. Эмээхсиҥҥэ этэн аппарааты таһаартарыахха диэри тайах Балбаараҕа олох субу тиийдэ. Сытын ылаат, эргийдэ да хааман иһэн дьэ тэбиннэ. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр үрэх төрдүгэр тиийэ оҕуста. Туораата. Тыа быыһыгар сүтэн хаалла... Эмээхсин баттаһан хаартыскаҕа түһэрбэккэ хаалла. Киһи соһуйуох, биир да ыт үрэ соруммата. Акыым ыттара олбуор быыһынан көрөллөр быһыылааҕа да, сырса сылдьан
үрбэтэхтэрэ. Саа тыаһаабатаҕа. * * * Итинэн буоллаҕына, айылҕа барахсан көтөрө-сүүрэрэ, булда көмүскэллээҕин харыстыыр дьоннооҕун өйдөөн эрэр быһыылаах. Акыымныын суолун чинчийэ көрдүбүт. Барбыт сирин диэки батыһан ыллыбыт. Быһа холуйан, сүүрбэччэ мүнүүтэ курдук сырытта быһыылаах. Уйбаан Шологонов, үлэ бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү Туобуйата.
kyym.ru сайтан