Кэпсээ
Войти Регистрация

Булду, бурдугу бииргэ тутан

Главная / Кэпсээн арааһа / Булду, бурдугу бииргэ тутан

K
24.05.2020 01:27
Күһүн. От үлэтэ үмүрүйэн, булчут дьон хараҕа уоттанан сылдьар кэмэ. Сайыны быһа хаһаана сылдьыбыт бултуур баҕаларын дьэ төлө тэбиир кэмнэрэ кэлбититтэн күлүктэригэр имнэнэллэр. Мин эмиэ бултуур баҕа санаам ханна баран, сүтэн-оһон хаалыа баарай, баҕам баһаам. Уруут-уруккуттан “хос эһэм, эбэм олорбут өтөхтөрүгэр тиийэ сылдьыбыт киһи” диэн ыраланарым. Быйыл күһүн бу санаабын толордум. Ис-испиттэн үөрдүм. Төрүттэрбин кытта илэ кэпсэппит, көрбүт курдук сананным. Бу санаабын таайбыттыы, Григорьев Егор Николаевич бэйэтинэн тыл көтөхпүтүгэр үөрдүм аҕай. Сиэнин курдук батыһыннаран илдьэ сырытыннарда. “Сэттэ уончатыгар сылдьар сүдү киһибиттэн хаалан хаалбатарбын ханнык”, – диэн санаан, наар батыһа сырыттым. Бэйэм саастыылааҕым эбитэ буоллар, онно-манна биирдэ-иккитэ көстөн хаалыах эбит. Сардаҥа Ааттыын минньигэстик иһиллэр. Сандаарыйа турбут Сардаҥа барахсан... Чиргэл кытаанах сир эбит. Онон-манан харыйалар, күҥкүйэлээх үрэхтэр, куотуһа үүммүт чүмэчи курдук тииттэр, хатыҥнар... Барыта киһи кута-сүрэ чахчы тохтуур дойдута. Үтүө дойду! Сэрии кэмигэр оҕонньоттор бэркэ да дьаһанан олорбуттар. Биир да киһи аччыктаан өлбөтөх. Дойдум дьоно барахсаттар, бурдугу кыайа-хото тутар үлэһит бэртэрэ эбит. Ытыс да саҕа сир таах хаалбатах – бурдугу үүннэрбэхтээбиттэр. Сэрии сут-аччык сылларыгар аччыктаабакка үлэлээн-хамнаан, бултаан-алтаан олордохторо эбээт! Таһынааҕы нэһилиэктэргэ бурдуктарыттан ордорунан дьонноругар ыыталлар эбит. 52 туоннаҕа тиийэ үүннэрбиттэр. Оччотооҕуга бурдуктаах буоллахха, тастан киирэр көмөҕө соччо наадыйбакка, холкутук олоруохха сөбө буолуо. Дойдум барахсан хотугу эргимтэттэн лаппа чугас сытар. Быстах санаатахха, бурдук ситиэ суоҕун курдук. Ол эрээри дьаһалын кыайа-хото тутан, сылтан сыл тахсан, сирдэрин кэҥэттэр кэҥэтэн испиттэр. Наар булдунан эрэ олорбуттара буоллар, булда суох дьылга хоргуйуо эбиттэр. Сири таҥастааһын бары мындырын баһылаабыттар. Кэтээн көрдөххө, бааһыналар бары кэриэтэ күөллэр хоту өттүлэригэр сыталлар. Бу – күһүҥҥү хаһыҥҥа ылларбат инниттэн дьаһаныы. Хоту өттүн тыа хаххалаан турар буолан, бастакы хаһыҥҥа тулуһар буолуохтаах. Тыа быыһыгар кытта бааһына баар. Умайбыт уохтаах сиргэ бурдук буолбатаҕына, хортуоска хото баҕас үүнэрэ чахчы. Тыа быыһыгар турар үүнээйи күһүн хойукка диэри туран ситиэн сөп. Бу да дьаһаныы сайыммыт кылгаһын сырсыыттан тахсар. Урут бурдук соҕуруу эрэ үүнэр диэн өйдөбүллээҕим. Биһиги диэки наар булдунан эрэ салҕанан олорбуттара буолуо диирим. Ону баара, бурдук эрэ буолбакка, хаппыыста, турунуопус, хортуоппуй, сүбүөкүлэ, моркуоп үүннэрэн хомуйбуттарын төгүрүк сылы быһа сииллэр үһү. Үүнээйилэрин хаһаанарга анаан, булгунньаҕы хайа хаһан киирэн икки оһохтоох “бадыбааллаахтар” эбит. Бу аата булду таһынан билиҥҥи курдук үүнээйини эмиэ сиэн олорбуттар. Биһиги дойдуга булт баар бөҕө буоллаҕа дии. Саас-күһүн куһа-хааһа, Дьаҥханан, Дьыыппанан кэлэр-барар балыга, ойуурга таҕыстахха, муостааҕа да баар аҕай эбит. Булду аҥаардастыы кыдыйбатахтар. Саһылы кытта ииппиттэр. Эһэлэрим иккиэн саһыл иитиитэ дьарыктаммыттар. Хос-хос эһэм Апанааһай хос эһэм Ньуустара дьиэтигэр саһылга анаан, ампаар дьиэ оҥостон, саһылтан төрүөх ылан олорбут эбит. Ол дьиэтэ билигин да турар. Икки улахан, биир кыра хостордоох.
Икки улаханыгар – тыһыларын атыырдарын, кыраҕа төрүүрэ чугаһаабыты уонна оҕолорун туспа тутарга аналлаах хостордоох үһү. Кыра баҕайы чуолҕаннарынан кылатан көрөллар эбит. Буорун хаһан тахсыбатыннар диэн, дьиэ анна мас муосталаах. Кытыытыгар күкүр курдукка буору толору симэллэр эбит. Саһыл төрүүр кэмигэр таска олох тыас суох буолуохтаах үһү. Саһыл төрүүр кэмигэр тыаһы абааһы көрөр диэн. Дьонтон көҥөнөн, төрүөҕүн сиэтэлээн да кэбиһэр кыахтаах. Онон саһыл төрүүрүгэр эһэм барахсаннаах атахтарын төбөтүгэр барбах дугунан сылдьалларын кыл түгэнигэр көрөн аһарбыт киһи баар ини... Бүөтүр эһэм саһыл пиэрмэтигэр анаан бултаабыт. Саһыл сиэ диэн тайахха туһахтыыр, собоҕо туулуур үлэлээҕэ үһү. Бу маны барытын буһаран сиэтэн туруорбуттар. Саһыл пиэрмэтин дьиэтэ билигин да турар, таһыгар саһыл сиэккэлэрэ, аһаабыт иһиттэрэ, ас буһар тимир хочуоллара ордубуттар. Биир тылынан, урукку оҕонньоттор билиҥҥиттэн итэҕэһэ суох дьаһанан олорбуттар. Өссө сорох өттүнэн таһынан эбиттэр. Үлэни кыайар-хотор буолан, оччотооҕу ыар кэми аччыктаабакка атын нэһилиэктэргэ бурдугунан көмөлөстөхтөрө. Сэрии ыар кэмигэр эр дьон да хаалбатах. Эһэм уонна сопхуос соҕотох ууһа Ньукулай Киргиэлэйэп эрэ хаалбыттар. Дьөгүөр аҕатын Ньукулайы хос эһэм боруонньалатан хаалларбыт. Кыайар-хотор киһитэ кини эрэ буоллаҕа. Оҕонньортон барыны-бары оҥорор уус киһитин үһүстээн көрдөөбүттэригэр улуус киинигэр киирэн: “Бу киһибин ылар буоллаххытына, бэйэбин эмиэ ылан барыҥ!” – диэн этэн кэбиспит. Оччолорго Ньуустара сэттэ уонуттан лаппа ылан баран сылдьара үһү. Биллэн турар, оҕонньору уонна нэһилиэк соҕотох ууһун ыыттахха, олох-дьаһах эстэрин сөпкө өйдөөтөхтөрө – хаалларбыттар. Дьэ, ол иһин булду, бурдугу, сүөһү, сылгы көрүүтүн биэс тарбах курдук билэр иккиэйэх киһи өйөнсөн сылдьан, түүннэри-күннэри үлэлээн дьоннорун хоргуппатахтар. Элбэх дьон тыынын уһаппыттар, онон ааттара өлбөөдүйүө суохтаах. Дьон туһугар төһөлөөх өлө-тиллэ үлэлээбиттэрэ буолуой?! Эһэбин кулаактааһын саҕана “кулаак оҥоробут дуу, суох дуу?” диэн норуоттан ыйыппыттар. Онуоха бары биир киһи курдук эһэм диэки буолбуттар. “Биир да киһини атаҕастаабатаҕа, хоргуппатаҕа” диэн оччотооҕу кылаанныра-кыһыйа сылдьар дьону батан ыыппыттар. Ол аата, чахчы норуотун туһугар кыһаллар салайааччы буоларын туоһута. Биир эмэ киһини кыратык да ыкпыта буоллар, ол кытаанах дьон айаҕар уган биэриэх этилэр. Ити курдук, төһө да ыраах сытталлар, биир дьиэ кэргэн курдук өйөһөн, өйдөһөн, хардарыта көмөлөсүһэн олорбуттар. Оччотооҕуга хантан тимир көлө эҥин диэн кэлээхтиэй, барыта кыһыл илиилэринэн, сылгынан, оҕуһунан хорутан, тиэрэн, боронолоон, тыаны солоон, бурдук сирэ таһаарынан, бэркэ дьаһанан олорбуттар. Оччотооҕу оҕонньоттор бары тэҥкэ тиитин курдук бөдөҥ-садаҥ дьон эбиттэр. Үлэни өрө туппуттар. Норуот биир киһи курдук турунан үлэлээтэҕинэ, ама, тугу киһилиэй?! Силиспит-мутукпут чиргэл тиит силиһинии кытаанах да эбит! Суол-иис Булчут кыыл-сүөл суолун-ииһин эндэппэккэ билэр. Маҥнайгы хаар түстэ да “тыа кинигэтин ааҕа” барар. Тиийэр, ааҕар, сонордоһор, ситэр, бултуур. Ол үөрүйэх ханна сүтэн-оһон хаалыай. Сылдьарыҥ тухары кыра да иҥнэри барбыт мутугу, сытыары баттаммыт оту, күөлгэ
киирдэххэ, бэйэлэрэ да көстүбэтэхтэрин иһин, уу талаанын көрөн, төһө кус сытарын сылыктыыр идэлээх дьоммут. Дьэ, бу барыта – булка. Быйыл күһүҥҥэ диэри кыыл-сүөл эрэ суол-иис хаалларар буолуохтаах дии саныы сылдьыбытым баара, кыылтан ордук иэгэйэр икки атахтаах хаалларара элбэх эбит. Дьэ... Иккиэ буолан бултаан-алтаан баран, төннөн иһэбит. Биһиги диэки кэлиҥҥинэн төһө да кураан дьыллар турдаллар, суол-иис сылдьарга дьэ арыый аматыйан эрэр курдук. Биһиги, атахпытынан сири-сибиири кээмэйдээччилэр, туохтан иҥнэн, хаайтаран туруохпут баарай, суолбутуттан аргыый кээрэтэн иһэбит. Онон айаммыт диэн, түөрт саппыкы эрэ суола. Барбах төлө туттан, хатыахча сытар суол туойугар үктэнэн ыллахха эрэ онтубут көстөрө буолуо, уоннааҕытын – от-мас быыһынан барбыппытын – сытыы муруннаах эрэ билэрэ буолуо. Бу курдук сылайбыт дьон быһыытынан, эбиитин ардах түһэн, тыа силбигэ бэргээн, тимир көлө суолугар киирдибит. Арай, доҕоор, суол тоҕойугар “түөрт атаҕын” бадарааҥҥа булкуйан, силиһи-мутугу өрө сүгэн иһэн кыанымына турар тимир “бөҕөскө” кэтиллэ түстүбүт... Били, кыылга-сүөлгэ туттар үөрүйэхпитинэн “сыт ылан” “кинигэбитин” ааҕан бардыбыт. Онон-манан үктээн, ойоҕолуу кэлиэххэ диэри бу тимир көлө түһүөхтээҕин түһэн, туох да сэмэйдик, өссө киһи хараҕар аһыннарыах айылаах көрөн турара. Ойоҕолоон ааһан иһэн арай аҥаар түннүгэ хампарыйбытыттан сылыктаатахха, дьэ, сырыы табыллыбатаҕа тахсан кэллэ. Көлө кэннин диэки тиийиибитигэр аам-дьаам хартыына арыллан кэллэ. Арааһа, туттуу-хаптыы диэн киниэнэ буолбут быһыылаах... Тырахтарыыс соҕотох айаннаабатаҕа чуолкай эбит диэн буолла. Таҥас-сап, ас-өйүө, ыһык хаалаахтаабыттар... Ыһыктаах үрүсээктэр онно-манна хаанньаччы быраҕыллыбыттар. Били, сэниэ эстэн хааллаҕына, кууллаах бурдук турбутунан хааларыныы, биир үрүсээк хомуос кырыытыгар олорон хаалбыт. Туора баран көрдөххө, үүт-үкчү быанан хааман иһэр циркэ артыыһын курдук. Хомуос обургу, уутун ыыта сылдьыа баара дуо, айаныгар баспыта дуу, ардах түһэн эппитэ дуу – түгэҕэр лаппа уулаах турар. Онно ким эрэ сээкэйэ ыһыллан хаалан, таах уста сылдьар... Кыра оҕо суунар тааһыгар оонньообутун санаталлар. Хойуу “астаах” дьон эбит диэн буолла. Кыаҕырбыт дьон “торуос тардан ньылбы соһон таһаарыахпыт” диэтэхтэрэ дуу, кэннигэр торуоһу тарпыттар. Чахчы “кыахтаах” дьон сылдьыбыттар... Саа, сэп хаалан хаалбыт? Ол аата бэйэлэрэ “бэркэ бултуйа” сылдьар дьон буоллахтара диэн түмүктээтибит. Дьалты хаама турдубут. Эһэ, бөрө мэнээгэ Кэлиҥҥинэн эһэкээн икки бөрө икки мэнээктээн, билигин дэриэбинэ сыбаалкатыгар тиийэ быгыалыыллар. От үлэтигэр күҥҥэ хаста эмэ тиэстэр суолбутугар күнүстэри иккилии буолан хаамсар буоллулар. Кыыл аата кыыл, таах сылдьыбат үгэстээх. Хас да сиргэ сүөһү эмиһин, тотун талан ылан баттыыр буолбуттар. Эһэкээннэр быйылгы уоттан хаайтаран, ситэ уойбакка хааман хаалан, дьиэ таһыгар киирэн сүөһүнү сүгүннээмээри гыннылар. Сотору-сотору онно-манна сүөһү өлүгүн булуталыыллар. Оҕонньоттор: “Хайдах кыстык кэлиэ биллибэт...” – дэһэллэрэ элбээтэ. Дьиэ таһыгар аны бөрөбүт кэлэн, оҕолорун дьарыйталыыр саҥатын истэллэр. Бу бөрө оҕолоро туран кэллэхтэринэ, күһүн сылгыны эһэллэр! Уоттан хаайтаран сыталлар, барыахтара диэҕи, төрөөбүт ыырдарын
кыылын-сүөлүн, маһын-отун уот сотон ааспыт сиригэр тоҕо төннүөхтэрэй – чугастыы сылгыны сойуолаһаллара чуолкай. Дьону көрөн-истэн улааппыт бөрө көлөттөн да, киһиттэн да толлоро саарбах. Отонньуттар дьиэ таһыгар тахсыахтарын дьиксинэр буоллулар. Бас быстар ыстарааптаах буолан, бултаһыах да дьон бултаспат. Онон төһө сүөһү орулаабытынан хара буору уобуо биллибэт буолла... Бүөтүр БӨТҮРҮӨП.
kyym.ru сайтан