Кэпсээ
Войти
Регистрация
Санаа күүһүнэн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Санаа күүһүнэн
K
kyym.ru сайтан
Сонор
03.04.2020 11:57
Андреев Егор Егорович үйэтин тухары бултаан-алтаан сылдьыбыт киһи. Төһө да сааһырдар, булка тахсарын бырахпатах. Өрүү бултуур сиригэр дэриэбинэттэн алта көстөөх, икки атахтаах сылгынан эрэ тиийэр Иччилээх диэн ааттаах сиригэр 2007 сыл балаҕан ыйын ортотугар бултуу тахсар. Атынан баран иһэн үүтээнигэр тиийиэ икки көс кэриҥэ хаалбытын кэннэ, ата туохтан эрэ сиргэнэн, оҕонньору ыһан кэбиһэр. Охторугар аҥаар атаҕын тосту түһэр. Ата төргүүтүн иилиммитинэн мөҕөн сахсарыҥныы турар. Атын кэнниттэн икки күнү быһа сыылан таҥаһын булар. Суолга олорон кыаммат буолбут кырдьаҕас чалбахтан уулаабыта буолаахтыыр. Бу курдук сир-халлаан икки ардыгар сытан күһүҥҥү сааһыттар сааларын тыаһын истэр. Саатын кытта эһиллибит буолан, дьону ыҥыран, сытан эрэ уонна субуруччу ытар. Туох да биллибэт. Оннук хаста да уончалыыта ытыалаан көрөр да туһа тахсыбат. Тыыннаах хаалар мөккүөрүгэр сыттаҕына, улахан уола Гоша аҕата кэлбэтэҕин иһин сүтүктээн, дэриэбинэҕэ баран иһэн булан ылар. Таҥаһынан үллүйэн баран Маҕараска ыстаннарар. Аара Чабыда диэн сиргэ Петров Спиридон Спиридонович диэн киһи бултуу сытарыгар этэн ааһар. Спиридон кэлэн оҕонньорго сылаас чэй иһэрдэн, көрөн-истэн абырыыр. Дьөгүөр: “Бу да сыттарбын санаабын түһэрбэтэҕим, булуохтара диэн эрэнэр этим”, – диэн, кэлин махтанан ахтар. Күһүҥҥү сүдүрүүн ардах быыстала суох түһэрин иһин санавиация аккаастыыр. Ол иһин икки “бөлөрүүһү” ыыталлар. Онно биэлсэр Осипова Раиса Иннокентьевна барсар. Баран иһэн ол көлөлөр иккиэн батыллан хаалаллар. Быраастаах сатыылыыллар. Уһун ардах сири-дойдуну илитэн бадараан тахсан былларыҥныы сытара үһү. Сатыы да киһи хаамара уустук эбит. Көмөҕө икки аттаах киһи тиийэр. Дьөгүөрү икки акка наһыылкалаан, төргүүлээн эҥин көрөллөр да сир өппөттөр. Сэнтиниэри үктүүр кырдьаҕаһы наһыылкаҕа сытыаран бара сатыылыыллар. Ырааппаттар. Оһолломмута ахсыс күнүгэр, хата, бөртөлүөт кэлэр. Түһэр сирин эрдэ солообуттарыгар сатаан түспэт. Оҕонньору салгыҥҥа ыйанан туран эрэ наһыылкатыныын быаны түһэрэн, тардан ылаллар. “Сир-халлаан икки ардыгар сыттахха ыарахан этэ. Оо, дьон илиитигэр киирбиппиттэн үөрдэхпиэн” диэн, быыһаабыт дьонун үтүө тылынан ахтар. Дьокуускайга аҕалбыт күннэригэр Арассыыйа үтүөлээх хирура, доруобуйа харыстабылын туйгуна, үрдүк категориялаах хирург Турдулин Степан Афанасьевич эпэрээссийэлиир. Ый кэриҥинэн балыыһаттан тахсар. Эһэм сүбэтинэн Эһэм батыһыннара сылдьан үөрэтэр, такайар. Барытыгар мындыр, үтүө сүрэхтээх, тулуурдаах, булду сиэри таһынан олус бултаабат буоларга үөрэтэр. Айылҕаны харыстыырга, саха сиэрин-туомун тутуһары көрдөрөр. Өрүү “кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин” дииллэринии, сүбэтин өйдөөн истэбин. Эһэм: “Чөл олохтоох эрэ буоллахха тугу эмэ ситиһэҕин, дьолу-соргуну сомсоҕун, үлэһит үтүөтэ, киһи киһитэ буола ситэҕин” диирин тумус туттан сылдьабын. Батас Андреев. Горнай, Маҕарас.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан