Кэпсээ
Войти Регистрация

Тайах, эһэ уонна суор...

Главная / Кэпсээн арааһа / Тайах, эһэ уонна суор...

K
20.03.2020 16:31
Биир күһүн убайым Сэмэн (Кучуук), күтүөм Егор (Күүстээх Батака Сэбиэт) буолан тайахтыы барарга сүбэлэстибит. Үһүөн биирдии ыттаахпыт. Миэнэ тайахсыт, оттон атыттара бары бэлэми эрэ үрсэр ыттар. Дьонум оччолорго 60, 70 саастарыгар чугаһаабыт этилэр, билигин суохтар. Булка тахсар күммүт тиийэн кэллэ. Егор отчуоттуур-быыбардыыр бартыыйынай мунньахтаах буолан хаалла. Онон иккиэ буолан тахсар буоллубут. Сылдьыахтаах сирбит 60 км тэйиччи. Үөһээ Бүлүүлүүр суолу бата Сиинэ салааларын бысталыахтаахпыт. Таҕыстахпыт күн киэһэтигэр Кутана күөлүгэр кэллибит. Мин инникилээн иһэбин. Биһигини утары үрэр тыал туох эрэ сытыйбыт сытынан быһыта биэртэлиир. Оҕонньорбор туох эрэ сыта кэлэр диибин. Киһим: «Ыттарыҥ?», — диэн ыйытар. Ыттарбыт суохтар эбит. Арай, хараҕым кырыытынан көрбүтүм, күөл кытыытыгар муҥурах тиит турар. Өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм: «кырдьаҕас» икки кэлин атаҕар туран биһигини көрөр эбит. Ыттар чугас соҕус сылдьаллар да, куттанан үрбэттэр. Карабин уонна 16 халыыбырдаах ИЖ саалаахпыт. Мин кус түбэстэҕинэ ытыам диэммин доруобун сүгэ сылдьабын. Оҕонньортон карабины ылан баран көрбүтүм, кыылым оргууй аҕай тыатын диэки баран эрэр. Мин ойоҕолуу батыстым. Ону көрөн ыттарбыт дьэ сырыстылар. Улахан ыт кэнниттэн ыраах сылдьан барбах үрэн баҕыргыыр. Биир ыппыт мунааран биһиги, кыыл диэки көрө-көрө турар, үрбэт. Оттон биир саастаах ыппыт ойуур иһигэр киирэн нөҥүө өттүттэн хойуутук үрэр. Мутукча түһэ илик, кэрии барыта ычыкын. Онно көрдөххө, биһигини ойоҕолуу ыркый ойуур мутукчата илигирээн олорор. Ол быыһыгар кыылбыт онтон-мантан былтас гынан биһигини көрөөт сүтэр, түргэнэ сүрдээх. Ыппыт оҕото ойуур иһигэр үрэн ньаҕыйар. Улахан ыттар ол диэки көрө-көрө кыра-кыратык бахсыйаллар. Мин кыыл иннин күөйэ толоонунан киирэн иһэбин. Арай биирдэ өйдөөбүтүм, кыылым сылдьар арыытын уһугар чугаһаабыт эбиппин. Карабиммын бэлэмнээн чохчойон олордум. Өтөр буолаат, кыыл миигиттэн сүрбэччэ миэтэрэлээх сиртэн толооҥҥо ыстанан таҕыста. Ыппыт оҕото кэнниттэн батыһан таҕыста, биһигини көрөн үрэрэ өссө күүһүрдэ. Оттон эһэ икки улахан ыты көрөн хорус гына тохтуу түстэ. Ол кэмҥэ мин кыҥаан-кыҥаан баран чыыбыспын тардан кэбистим. Кыыл өрө көтө түһэн баран нукус гынан хаалла. Улахан ыттар сүүрэн тиийэн тула көттүлэр. Оҕонньорум икки аты сиэппитинэн тиийэн кэллэ. «Наһаа чугас киирэҕин» диэн сэмэлээтэ. Ол да буоллар үөрбүтэ-көппүтэ сирэйигэр-хараҕар көстө сылдьар. 5-6 саастаах адьырҕа кыыл буолан биэрдэ. Наһаа эмис буолбатах. Сүлэн, астаан, биир бытыылканы кураанахтаан баран үөһүн онно сүүртүбүт. Эһэкээн үөһэ улахан эмп буолар диэн күндүтүк саныыбыт. Кыылбыт тугу гына сылдьыбытый диэн суолун хайан көрдүбүт. Онтубут, 13 салаалаах муостаах тайаҕы баттаан баран көмөн сытыарар эбит. Төбөтүн арааран ылан тэйиччи соҕус олордон кэбиспит. Биһиги тайах төһө сытыйбытый диэн онон-манан хайыта быһан көрдүбүт. Кыһын ыт да аһылыгар наада буолуо диэн сарсын ороон дьаһайыах буоллубут. Бу сиртэн үс биэрэстэ тэйиччи Саһыл Уйалаах диэн үрэххэ киирэн хоннубут. Нөҥүө күнүгэр кыылбыт тириитин тиирэн
кээстибит. Ол кэннэ баран тайахпыт этин дьаһайан холболоотубут. Муоһун хойутуу массыынанан ылыахпыт диэн талах быыһыгар соһон кэбистибит. Киэһэ Егорбут тиийэн кэллэ. Аара биһиги бултаабыт сирбитин көрбүт. Кыра табаны бултаабыттар дии санаабыт. Былыргы дьон эһэкээни бултаатылар даҕаны дьиэлэригэр төннөн киириэхтээхтэр. Биһиги, сүбэлэһэн баран, эппитин суолтан чугас урукку араҥас холбоҕо ууран баран, тиирбит тириибит хатыар диэри биир күн өрөөн сиргэ сылдьыах буоллубут. Ити курдук тэринэн баран дьиэбитигэр төннөн киирдибит. Тириини Дьокуускай куоракка олорор, үлэлиир Исай диэн күтүөппүтүгэр бэлэхтиэх буоллубут. Ол тирии билигин даҕаны мааны бэлэх буолан сылдьар буолуохтаах... Күһүн буолан массыына сырыыта саҕаланна эрээри, тоҕоос көстүбэккэ эһэбит этин тиэйбэккэ сырыттыбыт. Саҥа дьыл чугаһаата. Биирдэ Үөһээ Бүлүүгэ Дьокуускайтан армян суоппардаах «Урал» массыына таһаҕас аҕалла. Бу киһини Туобуйаҕа барыахха диэн ынньаҕалаттыбыт. Киһибит «ол диэки эһэни бултууллар дуо?» диэн ыйытта. Оҕото ыалдьар эбит, эһэ сыата наада буолбут. Мин хаһаастаах киһи быһыытынан сыаны булуохха сөп диэтим. Массыынаҕа маҕаһыыҥҥа барыахтаах таһаҕаһы тиэнэн айаннаатыбыт. Тохтообокко бардахпытына 12 чааһынан тиийиэхтээхпит. Айаннаан иһэн киһибэр «аара эһэ этэ хаһаастаахпын, ону ылан ааһыахпыт» диэтим. Суоппарым үөрдэ, айанын өссө түргэтэтэн биэрдэ. Эттээх сирбитигэр кэлэн айан суолуттан туораатыбыт. Урут тыраахтар сылдьыбыт буолан суола үчүгэй. Массыынабытын холболоох эппит таһыгар ыкса таттаран кэбистибит. Арай, холбобут иһигэр туох эрэ тыаһыыр, «киис быһыылаах» диэтим. Ол гынан баран, туох да суол-иис суоҕа мунаардар. Хаар син халыҥ. Эргийэн көрбүппүт, сабыытын икки кытыы маһа түспүт. Өрдөөҕүтэ быһыылаах, үрдүгэр хаар түспүт. Арай, үрүт маһын түһэрэн эрдэхпитинэ суор хааҕырҕаата. Онтон хоппо иһиттэн суор ойон тахсан сиргэ ыстанан түстэ. Кыайан көппөт буола уойбут дуу, көһүйбүт дуу быһыылаах. Кынаттарынан даллахачыйан икки өттүнэн иэҕэҥнээн сыҕарыйар. Киһим миэхэ: «Монтировканан охсон өлөр!», — диирин буолумматым. Оттон суорбут адьас кыаммат буолбут киһи онтон-мантан тутуһан сыҕарыйарын курдук алтахтаан тиийэн тэйиччи баран олорон хаалла. Эппитин көрбүппүт — киһи туһанара туох да хаалбатах. Дьардьамата эрэ, ол даҕаны ынах сааҕынан халыҥнык сыбаабыт курдук суор сааҕар хам тоҥмут. Киһим хомойон бөҕө, суору үөхсэр. Ол быыһыгар суор эһигиннээҕэр киитэрэй эбит диир. Суор эһэ төбөтүн илин өттүнэн тыыппат эбит. Кэнниттэн үнтү тоҥсуйан сиэбит, харахтарын оҥон ылбыт. Төбөтүн кытары аҕыйах уҥуоҕу оҕонньотторго көрдөрөөрү ыллым. Армяммар эһэ сыатын бөһүөлэккэ тиийэн дьонтон булан биэрбитим. Ити диэки бадараан массыынаны уйар буолуута Үөһээ Бүлүүттэн УАЗ-игынан булчуттар кэлэ сылдьыбыттар этэ. Туобуйаттан эмиэ тахса сылдьыбыттара биллэр. Баҕар, кинилэр эһэ этин, сыатын сулуйан ылан баран холбону аһан кэбиспиттэрэ дуу, эбэтэр тайах дуу, таба дуу муоһунан аалынан түһэрбитэ дуу диэн таайа сатыыр таабырын буолла. Оттон кырдьаҕастар: «Эһэни холболообут да диэн» дэһэллэр этэ. Суор эти түргэнник буһарар, сии-сии утары саахтаан иһэр дииллэр. Онон суор даҕаны сиэбит
буолуон эмиэ сөп. Уйбаан Шологонов. Үөһээ Бүлүү, Туобуйа.
kyym.ru сайтан