Кэпсээ
Войти Регистрация

Эҥэҕэ баартаах кустааһын

Главная / Кэпсээн арааһа / Эҥэҕэ баартаах кустааһын

K
24.02.2020 15:59
1960 с. Эҥэ оскуолатыгар ананан үлэлии тиийээт, сарсыныгар сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Гаврил Рожин ыҥырыытынан кустуу барар буоллубут. Субуотаҕа уруок кэнниттэн алта учуутал айаҥҥа туруннубут. Оччолорго Эҥэҕэ бөһүөлэктэн таҕыстыҥ да барыта бырыы да бадараан буолара. Аара Ойбон күөлтэн үс киһи олорор оҥочотун ылан, олбу-солбу сүгэн, биэс биэрэстэ сири хааман ыраас уулаах Бытантай төрдүгэр тиийэн кэллибит. Саккырыыр оройуонун бүтүннүү иитэн-аһатан олорор баар-суох эбэлэрэ түргэн сүүрүктээх, кип-киэҥ таас үрэх. Онтон өссө 3 км эмиэ оҥочо сүгэһэрдээх бадарааны оймоон бэллэйдээн тиийиэхтээх сирбитигэр дьэ тиийэн кэллибит. Бэрэбит, аата да этэрин курдук, улаханнаах кыра күөлэттэр силбэһэр хойуу оттоох сиэн эбит. Күөллэр тулалара кута, кус аһылыга дэлэй. Тиийэн кэлэрбитигэр кустара аһылыктара буолбут быһыылааҕа, саҥалара мап-маатырҕас. Бэйэлэрэ күөл ортотугар хара луоҕа курдук уста сылдьаллар. Рожиммыт «чэ, нохолор, бары кэккэлии үөмэн киирэн тэбис-тэҥҥэ ытан саайыаҕыҥ. Бука диэн бөдөҥнөрүн ыта сатаарыҥ» диэтэ. Ол саҕана ботуруону бэйэбит ииттэбит, онон иитии кэмчи буолара. Бу ытан уонча эрэ куһу хааллардыбыт. Салгыы күөллэринэн үллэстэн, хардарыта көтүтэ сылдьан ытыалаатыбыт. Мигалкин диэн киһибит тыынан сылдьан таптарбыт кустары хомуйар. Халлаан хараҥарыыта тыа үөр кустара кэлитэлээн бардылар. Инньэ гынан уопсайа 40-тан тахса кустанан баран хоно бардыбыт. Чэй өрүнэн, аһаан-сиэн дьэ уубутугар-хаарбытыгар киирэн эрдэхпитинэ «күөлгэ хаастар кэллилэр быһыылаах» диэн буолла. Мин толкуйдуу да барбакка бултаһарга сөбүлэстим. Иккиэ буолан тахсыбыппыт: им-балай хараҥа. Туох да көстүбэт. Сиэттиһэн баран хаас саҥатын хоту баран иһэн кэбинэ сытар атыыр оҕуска кэтиллэн туруйалаатыбыт. Ол курдук иҥнэл-таҥнал түһэн ферма таһыгар баар күөл кытыытыгар тиийэн кэллибит. Хаас саҥата хойунна. Биһиги ньимийиэхпитинэн-ньимийэн үөмэ сатаатыбыт да, сэргэх муҥутаан, хаастарбыт көтөн таҕыстылар. Нэһиилэ иккилиитэ эрэ күөрэтэн хааллыбыт. Хабыс-хараҥа, туох да көстүбэт. Онон таппыт буоллахпытына сарсыарда сырдаатаҕына хомуйуох буолан утуйа бардыбыт. Сарсыарда эрдэ кэлэн күөл ортотугар биир хаас өлө сытарын туман быыһынан көрдүбүт. Күөл атаҕар биир быраҕыллыбыт оҥочо ууга тимирэ сытарын уутун сүөкээн баран хааспытын ыла киирдим. Уу киирэ сылдьар оҥочотунан тимирэ сыһа-сыһа хааспын ылан таҕыстым. Ол кэмҥэ киһим атаҕын анныттан, биэс эрэ миэтэрэ курдук сиртэн хаастар көтөн тахсыбыттарын икки уоһунан субурутан баран сыыһан кыһыйыы бөҕө буолбут. Онтон кыра күөл бөҕөтүн кэрийэн, бэйэ-бэйэбитин сүтэрсэ-сүтэрсэ булсан оҥочобутун хаалларбыт сирбитигэр түмүстүбүт. Чэйдээн баран, мин наадабар чугас турар ыркыйга киирэн баран ону-маны одуулуу турдум. Арай, көрдөхпүнэ, миигиттэн аҕыйах хаамыы сиргэ бороҥ куобахтар илин атахтарын устунан ууран, төбөлөрүн ньыкыччы, кулгаахтарын ньылаччы туттан баран айаннаан иһэр хаастар курдук кэккэлии субуһан сыталлар эбит. Саамай кырдьаҕастара инники сытар. Мин урут хаһан да көрбөтөхпүн көрөн олус соһуйдум, дьоммор тиийэн эппиппэр ким да итэҕэйбэтэ. Иккистээн ыҥырбыппар дьэ кэлэн соһуйуу-өмүрүү бөҕө буоллулар. Манна куобах эстибитэ уонча сыл буолбут эбит. Бу аата айаннаан
иһэн куобахтар сэниэлэрэ эстэн, бырдылара быстан сынньана сыталлар эбит. Киһиттэн үргүбэттэр, мээнэнэн көрөн баран сыталлар. Биһиги ботуруоннарбытын хомуйан тоһуурга турар дьоммутугар биэрэн баран, ботуруоммут бүтүөр диэри иккитэ-хаста күрэтэн ыттыбыт. Ытыалаан бүтэн баран аахпыппыт, 57 куобах буолбут. Биһиги дьиэлииргэ быһаарынныбыт. Бытантайы туораан баран, сүгэһэрбит ыараханын билэн, куобахпыт сороҕун кэбиһиилээх окко кистээтибит. Барбахтыы түһэн баран үс үрүҥ аттаах дьону көрүстүбүт. Сэбиэппит бэркэ билэр дьоно Көстөкүүн Бурцевтаах буолан биэрдилэр. Куобахпытын кыайан сүгүмүнэ аара окко хаалларбыппытын, ону илдьэ кэллэхтэринэ куобах биэриэх буолан болдьостубут. Дьоммут итэҕэйбэтэхтэригэр үрүсээк иһиттэн куобаҕы быктаран көрдөрдүбүт. Сөҕүү бөҕөтүн сөхтүлэр. «Дойду уола баартаах булчут буолууһу» диэн быһаардылар. Ол курдук күһүҥҥү куска сылдьан эстэн хаалбыт, үөскүү илик куобаҕы өлөрөн дьон бөҕөтүн соһутан уонна «куобах үөскүүр буолбут» диэн үөрдэн турабыт. Кырдьык, ол кэнниттэн бэрт сотору буолан баран Эҥэҕэ, Дьааҥыга барытыгар даҕаны, куобах улахан мэнээгэ буолбута. С.С. Колесов, Нам, I Хомустаах.
kyym.ru сайтан