Кэпсээ
Войти
Регистрация
Улуу суорун быһаарыыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Улуу суорун быһаарыыта
K
kyym.ru сайтан
Сонор
05.12.2019 17:07
«Кыымҥа» тахсыбыт «Суор уонна куобах» диэн ыстатыйаны ааҕан баран, мин эмиэ урут истибиппин суруйуохпун баҕардым. Булка-алка сылдьар дьон сиэри-туому син тутуһа сатыыллар. Ииппит аҕам, Чурапчы улууһун биир кырдьаҕас учуутала Егор Никифорович Макаров, хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох, кэпсээбитин дьон-сэргэ сэҥээриэ дии саныыбын. Егор Никифорович, урукку дьон сиэринэн, кыра булка (кус, куобах) балачча үлүһүйбүт киһи этэ. Кыһынын куобахха туһахтыыра, кырынааска хапкаан уурара. Сэрии кэннинээҕи аас-туор олоххо куобаҕын сүгэн, санныгар хаары бүрүнэн киэһэ хараҥарыыта киирэн кэлэрэ харахпар субу баар. Нэһилиэгэр биир бастыҥ кэпсээнньит, остуоруйаһыт этэ. Өбүгэ үгэһин халбаҥнаабакка тутуһара, миигин кыра эрдэхпиттэн такайара. Ол кэмҥэ кэпсээбититтэн биир түгэни, оччолорго оҕо киһи тугу өйдөөн хаалбыппын, ааҕааччыларга тиэрдиэхпин баҕарабын. Сылаҥҥа, арҕаа үрэх халдьаайы тыатыгар, биир киһини кытары тыаларын үллэстэн, тус-туһунан туһахтыыр эбиттэр да, суор буулаан, чөллөөҕү ордорбот буолбут. Биирдэ Чурапчыга оскуола наадатыгар киирэ сылдьан, оччолорго аатырбыт биир дойдулааҕа Эҥсии ууска кэпсээбитин киһитэ: «Ахсынньы аҕыс бүтүүтүгэр үрдүк сиргэ туран, халлаан дьааһыгырыыта куобаҕын сэмнэҕин көрдөрө-көрдөрө, күн диэки хайыһан туран үҥүс», — диэн сүбэлээбит. Егор Никифорович Эҥсии уус ыйбыт кэмигэр (чуолкай чыыһылатын умнан кэбиспиппин) ити этиллибитин курдук Улуу Суоруҥҥа үҥсэр. Арай, ол кэнниттэн суор куобаҕын тоҥсуйбат буолан хаалбыт. Аттынааҕы киһитэ ону истэн, эмиэ Улуу Суоруҥҥа үҥсүбүт да, тугу эрэ сыыстаҕа буолуо, суор син биир куобаҕын сэмнэҕин эрэ хаалларара үһү. Дьэ, ити! Иитэн-аһатан олорор Айылҕабыт барахсан алтыһан олордоххо, дьэллэм буолуон сөп эбит. Наһаа иҥсэрбэккэ, аһара барбакка, сиэр быһыытынан сылдьан бултаатахха, Баай Байанай бэйэтэ көрөн өлүүлээн-чаастаан биэрэр эбит ээ. Ол курдук, Егор Никифорович 80 сааһын томточчу туолан баран, сааһын тухары бултаабыт Сыҥаһалаах эбэтигэр күнүс икки анды түспүтүн дурдаҕа олорон биирдэ эрэ ытан кэбиспит уонна: «Ол иһин даҕаны. Эбэм барахсан өлүүбүн-чааспын биэрэр буоллаҕа», — диэн үөрэр-көтөр буолара. Түмүккэ, бары өбүгэбит үгэ-һин билиэххэ, ону халбаҥнаабакка тутуһуохха, Үөһээҥҥи Айыыбыт сөптөөхтүк сыһыаннастахха, көрдөстөххө, туһаттан атыны аҕалбатын, араҥаччылыы сылдьарын өйдүөххэ, умнумуохха диэн этэбин. Е.Макаров. Чурапчы.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан