Кэпсээ

Кутуйах түүйбүтэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Кутуйах түүйбүтэ

К
Кыым Күлүк
26.01.2026 13:11
Кутуйах түүйбүтэ

🎵 Кутуйах түүйбүтэ


Мин оччолорго Иркутскайга омук тылын факультетын бүтэрэн, төрөөбүт улууспар ананан кэлбит эдэркээн учуутал этим. Олус табыллан, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьан, олохтоох уолга кэргэн тахсан, дьиэ-уот туттан, дьон сиэринэн олорбуппут.    Кыыспын төрөөн баран, үлэбэр тахсыбакка, оҕобун көрөн олордум. Ол сыл хаһан да буолбатаҕын курдук, дьиэбитигэр кутуйах бөҕө үөскээбитэ. Оннооҕор утуйа сыттахпытына үрдүбүтүнэн сүүрэллэрэ. Бу санаатахха, оччолорго билиҥҥи курдук буолблатах,  куоска да аҕыйах эбит, куоскалаах ыал диэн суоҕа даҕаны. Күнү быһа кутуйахха хапкаан иитэн, ону бултаһан тахсарбыт. Оскуолабар олус сөбүлээн кэтэр баайыы сэлиэттээҕим. Күһүн үлэбэр тахса охсоору, таҥастарбын сэмээр сыымайдааччыбын. Ыскаап иһигэр ыйанан турбут били сөбүлүүр сэлиэтим иннинэн, хаҥас өттүнэн бүтүннүү кутуйах кэбийэн кэбиспит! Дьиктитэ диэн, атын таҥаһы отой да тыыппатахтар. Хаарыан сэлиэппин тыыппыттарыттан олус кыһыйдым. Ити – сайын, ыһыах саҕана кэм этэ. Онтон атырдьах ыйыгар эмискэ сүрэҕим ыалдьан, өлө сыһан, суһаллык Новосибирскайга тиийэн эпэрээссийэлэнэн киһи-хара буолбутум. Ол иннинэ хаһан да сүрэҕим ыалдьыбат, муус доруобай этим ээ. Эпэрээссийэм этэҥҥэ ааһан, этэҥҥэ син бэттэх кэлэн, дьиэбэр тахсыбытым – кутуйахтарбыт сүтэн хаалбыт этилэр. Онтон ыла нэһиилэ өрүттэн, билигин сүрэхпинэн инбэлииппин. Бу санаатахха, оччолорго кутуйах түүйбүт эбит.   Розалия Иннокентьевна.   Курдаттыы сэрэйии      Дьалхааннаах 90-с сыллар кэлбиттэригэр, тыаҕа үлэ суох, бэйэбит сүөһүбүт-аспыт суох буолан, эбиитин аҕабыт арыгыга оҕустаран, ийэбит, икки оҕотун туппутунан, дьоллоох Дьокуускайга дьол көрдүү диэн киллэртээбитэ. Былыргы икки чымадааҥҥа ол-бу малбытын хаалаан, Өлүөнэни өксөйөн, аан бастаан куорат диэн сирдэрин көрөр дьолломмутум...    Биһиги Дзержинскэй аатынан уулуссаҕа икки мэндиэмэннээх мас дьиэни куортамнаһан олохсуйбуппут. Билигин ол дьиэ оннугар элбэх этээстээх таас дьиэни туппуттара. Сиргэ тимирэн эрэр дьиэбит сииктээх, саатар, бастакы этээс буолан, курдары үрэ турара. Дьиэ хаһаайына Елена Митрофановна диэн нуучча дьахтара этэ. Ийэбит “Эҥсиэли” ырыынагар кытайдарга атыыһыттаан, күнү-күннээн суох буолара. Мин, дьиэҕэ соҕотох эр киһи буоламмын, балтыбын көрөн, уһун күнү быһа дьиэҕэ хаайтаран олорорум. Биирдэ ийэбит, бырааһынньыкка тардыллан, дьиэтигэр кэлбэтэ. Иккиэйэҕин эрэ чороһон олордубут. Кураанах лапсаны арыыга ыһаарылаан баран утуйардыы сыттыбыт. Дьиэбит сөрүүн уонна кыараҕас буолан, балтыбын кытары хоонньоһон сыттыбыт. Ийэбитин манаан, өр баҕайы уубут кыайан кэлбэккэ сыттыбыт. Оннук төһө өр сыппыппыт эбитэ буолла? Арааһа, халлаан сырдыырын саҕана, подъезка атах тыаһа иһилиннэ. Мин ийэбит кэлэн, “тоҕо түүннэри утуйбакка сытаҕыт” диэн мөҕүө диэн, суорҕан иһигэр киирэн, утуйбута буолан иһиллии сыттым. Күлүүс тыаһыыра иһилиннэ, аан аһылынна уонна эмискэ уку-суку буолан, чуумпуран хаалла. Мин суорҕан иһигэр сытан, тыыным хаайтаран, тулуйбакка төбөбүн быктардым. Ким да киирбит сибикитэ биллибэт. Арай эмискэ тымныы салгын билиннэ уонна төбөбүн тыбыс-тымныы илии имэрийдэ. Мин сап-салыбырас буолуохпар диэри куттанным уонна биэдэрэлээх уунан саба ыспыттарын курдук буоллум. Минньигэс баҕайытык утуйа сытар балтым өрө
мөхсөн “бар-бар, бар” дии-дии өрө мөхсөн барда. Мин балтыбын уһугуннаран “туох буоллуҥ?” диибин. Кыыһым эмискэ марылаччы ытаан барда. Ону туох буоллуҥ диирбин “ийэбитин биир киһи сырсан тиийэн, өлөрөн кэбистэ буолбат дуо? Эн тоҕо көмүскэспэккин” диэн ытааһыннаах буолла. Куустуһа сытан, утуйан хааллыбыт.    Киэһэлик ийэбит күөх баламах буолан тиийэн кэллэ. Сирэйин кистиир. Биһиги соһуйан “ийээ, туох буоллуҥ?” дэстибит. Онтубут бөлүүн бииргэ үлэлиир кэллиэгэтин төрөөбүт күнүн үлэлэригэр бэлиэтээбиттэр уонна салгыы Кирзаводка ол киһи дьиэтигэр тиийэн бырааһынньыктаабыттар эбит. Ийэм дьиэтигэр бараары таксыы тута тахсыбыт. Дьүөгэтэ атаарсыбыт. Массыына кэлбитин кэннэ, ол дьүөгэтин эрэ буолуохсут  “миигин быраҕан баран эрэҕит” диэн күнүүлээн, хардаҕастаах ойон тахсыбыт, онтон таксыыһыт куттанан, тэскилээн хаалбыт. Ойоҕун ойоҕоһо тостуор диэри бүттэтэ суох кырбаабыт. Биллэн турар, ийэбэр  дьүөгэтин көмүскэспитин иһин эмиэ тиксибит. Уулуссаҕа ыһыы-хаһыы буолбутугар ыаллара тахсан тохтоппуттар, суһал көмөнү ыҥырбыттар. Күнүс балыыһаҕа ол дьүөгэтин сырдык тыына быстыбыт. Дьүөгэтин биһиги бэркэ билэрбит. Кини ол олорор дьиэбитин буларга, уопсайынан, куоракка саҥа көһөн киирэрбитигэр, оннубутун буларбытыгар көмө-тирэх буолан олорбут дурдабыт-хаххабыт этэ. Өлбүтүн кэннэ тулаайах хаалбыт уолун ийэм сүүрэн-көтөн, бэйэтин аннынан суруйтаран иитэ ылбыта. Билигин этэҥҥэ быр-бааччы бииргэ төрөөбүттэр курдук олоробут. Ол быһылаан кэнниттэн ийэбититтэн хаһан да бэйэбитинэн хаалбатахпыт, куруук кутурук курдук батыһа сылдьыбыппыт. Бу билигин олорон саныыбын ээ, киһи чугас киһитэ ыарахаҥҥа түбэстэҕинэ, курдаттыы сэрэйэр эбит диэн.   Михаил, Дьокуускай куорат.   Чыычаах уйата      Аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ үһүөлэр, ийэлэрэ эрдэ өлөн, тулаайах иитиллибиттэр. Эһэм уонна аҕам бииргэ төрөөбүт икки эдьиийэ – тыла суохтар. Аҕам тыллаах төрөөбүтүгэр улахан үөрүү үһү.    Дьиҥэ, эһэм улаатан баран биирдэ тылыттан маппыт. Оттон аҕам эдьиийдэрэ олох төрүкү тыла суохтар. Ону аҕам маннык тойоннуура.    Эһэм аах, оччолорго оҥой-соҥой көрбүт уолаттар, сэрии кэннэ өтөхтөрү, ыраах-чугас ойуурдары кэрийэ сылдьан моҕотойдуур, оонньуур эбиттэр. Биирдэ бурдук бааһынатын кэрийэн, күтэрдии сылдьан, күөрэгэй уйатыгар кэтиллибиттэр. Дьэ, ону хомуйан ылан, сиэптэригэр уктан салгыы көтөр уйатын алдьата-алдьата, добуочча сымыыты хомуйбуттар. Онтуларын иккиэ буолан ыһаарылаан сиэбиттэр. Ол сымыыты ыһаарылаан сиэхтэриттэн сайыны быһа тэлгэһэлэригэр аймаммыт үөр чыычаах элиэтиир буолбут. Дьон “бу чыычаахтар туох буоллулар, олус да элбээтилэр” диэхтэригэр диэри. Күһүөрү эһэм ол табаарыһын кытары үрэххэ балыктыы тахсыбыттар. Ол сылдьан иккиэн ууга түспүттэрин, дьолго, Охонооһой диэн сэбиэккэ үлэлиир киһи түбэһэ түһэн быһаабыт. Ол кэннэ эһэм табаарыһа сэбиргэхтэтэн өр буолбакка өлбүт. Оттон эһэм өр баҕайы балыыһаҕа сытан тахсыбыт. Кулгааҕа тэстэн, уһун кыһыны быһа тохтообокко ириҥэ сүүрэн истибэт, онтон отой да саҥарбат буолан хаалбыт.    Баҕар, билиҥҥи мэдиссиинэ эбит буоллар, син быыһаныахтара хаалбыт. Эһэм ыалдьыбытыгар абаҕата биһиги эргин биллэр отоһукка илдьэн эмтэтэ сатаабыт. Онуоха “оо, бу оҕо айылҕа чыычааҕын уйатын алдьатан
быстахха былдьаммыт, үйэтин тухары биир дорҕоону саҥарбат буолбут” диэн, аккаастаан ыыппыт. Дьиҥэ, эһэм бастаан утаа, былдьырытык да буоллар, саҥа таһаарар үһү. Онтон кэлин отой да бүгэн хаалбыт.    Улаатан, ыал буолар сааһыгар үктэммитигэр аттынааҕы нэһилиэктэн биир дьүлэй кыыһы күүстэринэн холбообуттар. Онтон икки кыыс төрүкү саҥарбат буолан төрөөбүттэр. Ону эһэм “оҕо сылдьан оонньообут аньыыбын оҕолорум кытары ыйыстар буоллулар” диэн сүрдээҕин хомойоро үһү. Оттон түөрт уоннарын лаппа ааспыттарын кэннэ, биһиги аҕабыт тыллаах төрөөн дьоллообут. Онон аҕабыт өрүү “айылҕаны алдьатымаҥ, көтөр уйатын тыытымаҥ” диэн такайара.   Матрена Николаевна.   Хоту улууска      Мин ол-бу абааһы, сибиэн эҥин диэни отой итэҕэйбэт киһибин. Кыра сылдьан аралдьыйа таарыйа, үксүгэр куттуур, дьээбэлиир сыаллаах мустан абааһылаах түбэлтэлэри кэпсэтэллэрин күлүү-элэк курдук истэрим. Улаатан да баран куска, куобахха соҕотоҕун куттаммакка дурдаҕа, үүтээҥҥэ хонон туруллааччы. Умнубатахпына, сирбин-уоппун аһатааччыбын. Дьолго, Байанайы дуу, иччилэри дуу хомоппутум суох быһыылаах.   Үлэһит буолан баран, куорат таас дьиэтиттэн мээнэ быкпатаҕым. Куруук үлэҕэ умса түһэн, оннооҕор сааскы куска тахсыбат буолбутум. “Үлэ–дьиэ–үлэ” “хаатыргатыгар” хаайтаран, тыыным-быарым ыгыллан барбыта. Хата, биирдэ тойонум ыҥыран ылан: “Алеша, эйигин хоту улууска эрэбиисийэҕэ ыытар буоллубут, түргэнник бүтэрэн төннө сатаар”, – диэн сорудахтаата. Мин, наар түөрт истиэнэҕэ көмпүүтэр иннигэр олорбут буолан, ити сонуну үөрэ иһиттим. Буолаары буолан, хаһан да үктэммэтэх хотугу улууспар ыытар эбиттэр. Көтөр билиэппин ылан, олохтоох дьаһалтаны кытары кэпсэтэн, түһэр сирбин эҥин быһаарсан баран, дьиэбэр тиийэн хомуннум. Олохтоох дьаһалта үлэһитэ “кэлэргэр, баһаалыста, икки ячейка сымыытта илдьэ кэлээр, бу дойдуга сымыыт олох атыыламмат” диэбитин быһа гымматым.    Соннук сарсыныгар АН-24 сөмөлүөтүнэн икки чаас кэриҥэ көтөн тиийиэхтээх сирбин буллум. Хоту дойду дьоно барахсаттар үөрэ-көтө көрүстүлэр. Мин улуус салалтата субсидия быһыытынан ылбыт үбүн төһө сөпкө туттубутун бэрэбиэркэлиир сыаллаах тиийдэҕим. Эргэ баҕайы тутуулаах аэропортан гостиницаҕа илтилэр. Гостиница да диэхтээн, киһи хонугар 2 тыһ. солк. төлүүрүгэр отой остуойута суох, боростуой көстүүнэй. Сааһыра барбыт дьахтар хоспун булларан олохтоото. Мин тута үлэбин толоро хонтуораҕа ыстанным.    Киэһэлик кэлэн, ол-бу түргэн лапсаны эҥин буһаран аһаабыта буоллум уонна сылайбытым бэрт буолан, утуйан хааллым. Арай түүн үөһэ хоспор киһи киирэн кэллэ. Мин уум быыһынан көрдөхпүнэ, кубархай таҥастаах, тирии сонноох, саастаах дьахтар турар. “Гостиница үлэһитэ киирдэ” диэн, бастаан утаа улахаҥҥа уурбатым. Туран тэлэбиисэрбин араараары гыммытым – эмээхсиним сүтэн хаалла. “Хайдах-хайдаҕый?” диэн тулабын көрдүм да, туох да баара биллибэт. Хараҥаны баттаһан аллара түспүтүм, били дьахтар утуйан, муннун тыаһа муораҕа. Сэрэнэн аан халҕанын арыйан тахсан, табахтаатым уонна киирэн сыттым. Дьэ, саҥардыы уоскуйан, утуйан истэхпинэ, туумбабыттан тушенка бааҥката төкүнүйэр тыаһа иһилиннэ. Уубар аҥаарыйан истэхпинэ, аны сирэйбэр сотторум кэлэн түстэ. Дьэ, ыксаатым, хаһыырдым.    Сарсыарда хонтуораҕа тиийбиппэр
“хайа, хайдах утуйдуҥ?” эҥин диэн токкоолостулар. Мин “ээ, үчүгэй” диэтим. Дьиҥэ, сүгүн утуйбакка сордонон аҕай сылдьарым. Киэһэ тиийэн, били, көстүүнэй үлэһитигэр бөлүүн туох буолбутун сэмээр кэпсээтим. Онуоха анараа киһим “ээ, куттаныма, манна дөрүн-дөрүн баарын биллэрээччи, эдэр оҕону дьээбэлиир, ааҥҥар бу кыптыыйы ууран кэбиһээр” диэн кыптыый биэрдэ. Мин, оччолооҕу истэн баран, өр да өр утуйбакка муҥнана сыттым. Хата, ол сибиким биллибэтэҕэ. Оннук нэдиэлэ кэриҥэ буолан баран, дьиэбэр төннүбүтүм. Бу санаатахха, кэлбит күммэр дьиэбин, сирбин-уоппут аһаппатах эбиппин. Ол иһин буулаабыта быһыылааҕа.   Алексей.
kyym.ru сайтан