Кэпсээ
Войти Регистрация

Машенька. Маша. Мария Ивановна

Главная / Кэпсээн арааһа / Машенька. Маша. Мария Ивановна

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
05.11.2020 14:03
Машенька Хаһан эрэ мин Машенька этим. Оҕо сааһым ибир да былыта суох дьэҥкир ыраас халлааны санатара: тулалыыр эйгэм барыта мин тула эргийэргэ дылыта. Төрөппүттэрим миигин көрө-көрө таптыыллара бэрдиттэн хайыахтарын да булбаттара, учууталларым киэн тутталлара, дьүөгэлэрим миигинэ суох сатамматтара. Мин, этэргэ дылы, үүттэн үрүмэтин эрэ халбыйарым уонна итини барытын буолар буолуохтааҕын курдук ылынарым. Оскуола кэнниттэн тута соҕуруу үөрэххэ киирбитим. Быһатын эттэххэ, олоҕум «по сценарию» баран иһэрэ: баҕардым — ыллым диэбит курдук. Ол эрээри улахан куоракка, биллэн турар, ким да миигин билбэтэ, эгэ, таптыахтара баара дуо? Уопсайга Рязантан сылдьар кыыстыын бииргэ олорор буолбутум. Кыыһым, чымадааммын ситэри босхолуу да иликпинэ, «Аска харчыта бырахсыахха» диэн дьаһайан барбыта. Арааһа, маамата өй уктаҕа. Мин төһө да кыараҕас буоллар, сып-сытыы харахтарбынан веснушка ыбылы ыһыллыбыт сирэйин батары көрбүтүм уонна: «Тоҕо?» — диэбитим. Кыыһым онно тылыгыраан турбат дуо, хортуоска, эт, лапса, репчатай луук атыылаһыахпыт, бэйэбит астанан аһыахпыт... «Здра-асьте! Мин манна дыраһааҥка буһара кэлбэтэҕим! Үөрэнэ кэлбитим!» — диэн, туос-маас курдук саҥарбытым. Кыыһым, хайыай, бэйэтэ соҕотоҕун хаһаайыстыбаламмыта: иһит-хомуос, ас-үөл атыылаһан барбыта. Мин киэһэ кэллэхпинэ, дьэ, киһи сөҕөр хартыыната харахпар үөскүүрэ. Хобордооххо хам сыстыбыт хортуоппуйун эбэтэр аһыйбыт хаппыыстаттан буһарбыт щитин мин иннибэр олорон кыыс сиирэ. Онуоха мин испэр: «Какое убожество!» — дии саныырым. Сиэккэлэнэн-бакыаттанан баран нэһиилэ лаппардатан хаамар дьахталлары төһөлөөх көрбүтүм буолуой?! Кинилэри мин «клушалар» диэн ааттыырым. Рязань кыыһа олортон биирдэстэрэ буолара чуолкайа. Оттон мин олоҕум баҕарбытым курдук атын ис хоһоонноох этэ: үөрэх, спортзал, быыстапка, кэнсиэр... Наһаа да үчүгэй этэ! Ол эрээри биэс сыл элэс гынан түргэнник да ааспыта. Дипломмун ылаат, дойдубар төннүбүтүм уонна биир улууска үлэҕэ анаммытым. Тоҕо сөбүлэспиппин билигин да сатаан санаабаппын, этэргэ дылы, Дьылҕа Хаан тартаҕа. Маҥнай утаа адьас иэдэйэ сыспытым: тоҕо бу манна, үөдэн түгэҕэр, кэллим диэн кэмсинэн да биэрэрим! Кып-кыһыл тыҥырахтарбын көрө-көрө, бэйэбин бэйэм аһынарым: манна ким да эн маникюргар, эн уратыгар наадыйбат! Дьахталлар үлэлэригэр кэлэн баран, бэҕэһээ киэһэ тугу буһарынан сиэбиттэрин наар ырытыһаллар (Рязань кыыһын күлүгэ эккирэтэ сылдьарга дылыта!), оттон эр дьон... господи, ити аата эр дьон үһүлэр дуо? Бары хортуоппуй буолатыттан тахсыбыт курдук көрүҥнээхтэрэ. Чэ, быһатын эттэххэ, мин кынаппын адьас түһэрэн, төбөбүн хоҥкутан, бу дойдуттан куотарга бэлэм олордохпуна, Петруша диэн маннааҕы уол бастаан хараҕым далыгар, онтон сүрэҕим ортотугар баар буола түспүтэ. Кини тапталыттан мин адьас тумнаста сыспытым уонна кэргэн тахсарга сөбүлэҥмин тута биэрбитим. Баҕар, атын түгэҥҥэ мин кинини бэлиэтии да көрөрүм саарбах этэ, ол эрээри ол кэмҥэ кини «Ма-ашенька, Машенька...» дии-дии, кулгаахпар сибигинэйэрэ адьас бэйэтэ муусука курдук иһиллэрэ. Ол оннугар, дьэ, ийэтэ обургу миигин хара маҥнайгыттан абааһы көрөн, күннэтэ уолугар эриэн үөннүү сыыгыныыра: «Кырааска-ирээскэ буолан
түһэн! Боростуой кыыһы булуоххун? Ак-каары! Уонна дьиэҕэ-уокка таах-сибиэ эбит! Ту-угу да гыммат!» — диэн Прасковья Ильинична уолугар ыххайарын истэн бөҕө. Дьиэ иһинээҕи сыһыан байааттаҥнаан барбыта. Петруша биир өттүнэн ийэтигэр тардыһара (чороҥ соҕотох уол хайыа баарай?), биир өттүнэн миигин уҥуор дылы таптыыра. Чэ, ити курдук тыҥааһыннаах соҕустук олорон иһэн мин хат буолбутум. Онуоха Прасковья Ильинична тута уларыйа түспүтэ: сиэн кэтэһэр баабыска оруолугар киирэн, кыыһырара тохтообута. Аны мин хайдах аһыырбын-сиирбин, доруобуйам туругун күн аайы салгыбакка кэтиир идэлэммитэ. Онтон дьэ, кэмниэ кэнэҕэс Петруша-мл. күн сирин көрбүтэ. «Уой, оруобуна, Бүөккэ курдук!» — дии-дии, хотунум сиэнин сиэбэтэ эрэ. Күнэ-ыйа ити быыкаайык уолчаантан тахсар буолбута. Оттон мин, уолбун эмтэрээт, утуйар идэлэммитим. Сыттыкка төбөбүн сыһыарыам эрэ кэрэх — тута түһээн барарым. Онтон арай биирдэ-э уһукта биэрбитим: хотунум эмиэ буурҕалыыр саҥата иһиллэрэ. Биллэн турар, мин туспунан: «Оҕотун таҥаһын, саараама, биирдэ да сууйбат! Бүөккэ сордоох үлэтиттэн сылайан-элэйэн кэлэн баран бэйэтэ сууйаахтыыр! Эр киһи тирээпкэ буолара түргэнин!» Мин тулуйа сатаан баран биирдэ кэргэммэр туос-маас курдук эппитим: «Петруша, учаастакта атыылаһыах уонна дьиэ туттан, ийэҕиттэн туспа барыах!» Петруша сирэйим олоруутун көрөөт, мөккүһэр сатамматын өйдөөбүтэ быһыылааҕа: «Сөп, Машенька», — диэхтээбитэ. Ити курдук биһиги сотору соҕус кэминэн Ильиничнаттан көспүппүт. Ол эрээри хотунум обургу таах арахсан бэрт, күннэтэ сиэнин ахтыбыт аатыран кэлэ турара. Дьэ, уонна уоскуйуо баара дуо: «Бүөккэ эрэйдээх аһын бэйэтэ астыыр. Биир миини үс күнү быһа соһо сылдьан иһэллэр. Уолларын ситэри аһаппаттар!» — баабыска кыыһырбыт уоҕар мэнэрийбэт эрэ этэ. «Үчүгэйэ бэрт дии, мин эн уолгар хамначчыт буолаары тахсыбатаҕым!» — диэн утарсааччы буолбутум. Дьэ, онно айдаан тахсыбата дуо?! Эҥин араас тыл барыта этиллибитэ да, киһи соһуйуох, ити бурайсыы түмүгэ астык буолан биэрбитэ. Петруша туох да иһин миигиттэн арахсыбат. Петруша-мл. ийэлээх-аҕатыгар тапталга улаатыан наада. Мин уларыйар кыаҕым суох. «Оччоҕуна Линаны ыҥыртарабыт!» — диэн Ильинична саҥа аллайбыта уонна тута төлөпүөн үрдүгэр түспүтэ. Икки хоноот, биһиги дьиэбитигэр Акулина диэн кэргэним аймаҕа, тулаайах кыыс баар буолбута. Биһиги барыбыт дьолбутугар, кини дьиэ үлэтигэр ураты талааннаах буолан биэрбитэ. Үөрэ-көтө сууйара-соторо, ас астыыра — барытын сатыыра. Бары харахпытыттан сыыс ылларбыкка дылы, дьэ «һуу» диэбиппит. Наһаа да үчүгэй кэм саҕаламмыта. Ол эрээри ол сотору бүппүтэ: Петрушам сэттэ сыл бииргэ олорбуппут кэннэ оһолго түбэһэн бу олохтон туораабыта. Маша Ити курдук «Машенька» диир киһим аны суох буолбута, ол оннугар «огдообо» диэн тыл миэхэ хам сыстыбыта. Тулалыыр дьонум бары: «Маша, кытаат!» — диир буолбуттара. Мин хайдах «кытаатарбын» бэйэм да билбэтим, арай эмиэ утуйар аакка түспүтүм. Төһө баҕарар утуйар кыахтааҕым. «Маша!» диэн уһугуннараары ыҥырдахтарына, ити тыл мин кулгаахпар хатыылаахтык да иһиллэрэ. Мин төбөбүн сыттыгынан саптаат, салгыы
утуйарым. Түүл илэ олохтооҕор быдан ордукка дылыта. Төһө бириэмэ ааспыта эбитэ буолла, арай биирдэ харахпын нэһиилэ сэгэтэн көрбүтүм, куукунаҕа чороҥ соҕотох уолун сүтэрбит хотунум уонна аттыгар кэккэлэһэ уолум олороллоро. Хотунум сирэйэ былырыыҥҥы хортуосканы саната мырчыстан хаалбыт, урукку тэтимэ сүппүт. Сыыйа-баайа кини саҥатын истэбин: «Хайдах аны ыал буолабыт? Ийэҥ уоппускатыттан таҕыстаҕына, сатаан үлэлиирэ саарбах. Ыалдьыбыт быһыылаах, утуйартан атыны билбэт, бырааска көрдөрүөххэ наада...» Аччыгый Петруша ити тыллартан курутуйан, көхсө ибигирээн барбытыгар мин эргиллэ биэрээт, бэйэм ытаабытым. Петрушаны аһыммытым. Уолбун харыһыйбытым. Хотуммун аһыммытым. Бэйэбин мөҕүттүбүтүм. Хаһааҥҥыттан олох мин тула эргийбэт буолла? Нэһиилэ ороммуттан орҕостон турбуппар, кэри-куру сирэйдээх дьонум миигин көрсүбүттэрэ, саҥата-иҥэтэ суох аттыбар кэлэн олорбуттара уонна чааскыбар чэй куппуттара. Мин хара чэйи ыймахтыы олорон санаабытым: «Ама, бу мин олоҕум үһү дуо?» Маныаха майгынныыр ыарахан түгэннэри мин хаһан эрэ сыччах киинэҕэ эрэ көрөрүм. Салгыы тулуйан-тэһийэн олорор кыахпыттан ааһан, көхөҕө ыйанан турар кууркабын бүрүнээт, таһырдьа тахсыбытым уонна кирилиэскэ салгын сии олорбутум. Саас кэлбит. Хаар ууллара чугаһаабыт. Дьиэ утары турар икки тэпилииссэ Петрушаны санаталлара. Кини саас буоллар эрэ бэйэтэ буорун булкуйара, үүнээйилэрин олордоро. Мин биирдэ эмэ киирэн сыччах оҕурсу быһарым. Тэпилииссэ аттыгар буорга батары саайыллыбыт мастарга Петруша бэрчээккилэрэ анньыллыбыт. Итини көрөн, мин эмиэ уйадыйан барбытым. Иэдэспинэн түспүт хараҕым уутун куоптам сиэҕинэн соттоот, туора көрбүтүм. Олбуор кытыытыгар бэрэбинэ мас кыстанан турар. Петруша маһын тиэйтэрэн баран, үөрбүтэ даҕаны: «Дьиэбитин салгыахпыт!» диэн былааннанара. Ол ыра санаата бэйэтин кытары хара буорга көмүлүннэҕэ диэн толкуйдаан иһэммин, эмискэ уоспун быһа ытырбытым. «Дьиэни бэйэм туттарыам!» — ити санаа хайдах төбөбөр киирбитэ буолла? Соһуччу быһаарыныыбын дьоммор эппиппэр, Лина «хайда-ах?» диэн эрэ хаалбыта. Хотунум саҥата суох барбыта, ол эрээри харахтара бокуойа суох сүүрэкэлээбиттэриттэн сэрэйдэххэ, соһуйбута уонна... итэҕэйбэтэҕэ. Арай аччыгый Петруша илин-кэлин түспүтэ: «Маама, бэйэбит туттабыт дуо?» — диэбитэ. «Бэйэбит буолбакка, бэргэһэбит буолуо дуо?» — диэн хоруйдаабытым. Чахчы да, ким буолуой уонна? Ити күнтэн саҕалаан, мин тэтэрээттэммитим. Хайдах дьиэбин туттарарбын, кими үлэлэтэрбин, төһө харчыны барыырбын барытын сурунан испитим. Бэрт сотору кэминэн олбуорбутугар тутааччылар биригээдэлэрэ киирэн, үлэлээн барбыта. Дьиэм истиэнэтэ биирдии бэрэбинэнэн үрдээн иһэрин көрөн, испэр үөрэрим: Петруша ыра санаата туолан иһэр... Мария Ивановна Билигин миигин итинник эрэ ааттыыллар. Улууска биллэр предпринимательбин. Чиэс-бочуот-аптарытыат. Икки маҕаһыыннаахпын, өссө хас да сыллааҕыта кафе арыйбытым. Ас астыыр диэн умсугутуулааҕын, дьэ, онно биирдэ билбитим, хас биирдии эрэсиэби асчыттарбын кытары тэҥҥэ астаспытым. Ааспыкка Дуня диэн асчытым ытыы көрсүбүтэ. «Сүүрбэ саастаах кыыһым баччааҥҥа диэри мин моонньубар олорор. Нэһиилэ кэтэхтэн үөрэнэр ааттаах уонна күнү быһа Интэриниэттиир, санаата-оноото таҥас эрэ туһунан. Дьиэҕэ туу-угу да көмөлөспөт, ту-угу да сатаабат. Биирдэ эмэ муоста сууйаары гыннаҕына, үс чааһы быһа
дьиэни биир гына сыбаабыралаах хаамыталыыр. Ама, ас астыа баара дуо? Оннооҕор миини сатаан буһарбат! «Баҕарбаппын», — диэн тыллаах. Дьэ, уонна хайдах киһи-хара буоларый?» — Дуня инчэҕэй харахтарынан мин диэки көрбүтүгэр, уоскута сатаабытым: «Санааҕын түһэримэ, кыыһыҥ уларыйыа». «Хайда-ах?» «Олох уларытыа» — диэбитим. Олох хайдахтаах курдук киһини уларытарын мин бэйэм эппинэн-хааммынан биллэҕим. Арааһа, урукку олохпор аһара утуйан кэбиһэммин быһыылаах, мин билиҥҥи олоҕум – тохтоло суох хамсааһын. «Ыстаал хайдах хатарыллыбытай?» диэн этии мин туспунан буолуо. Тириим халыҥаан, санаам күүһүрэн, кыра аайы ымыттыбаппын. Чугас дьонум эрэ этэҥҥэ сырыттыннар. Аччыгый Петруша медицинскэйгэ киирдэ, Лина-Акулина оҕолонон соһуччу үөртэ, Пашенька диэн таҥара бэлэҕэ кыыстанныбыт, оттон хотунум Ильинична биһигини кытары олорор. Дьон төлөпүөннээтэхтэринэ: «Мария Уйбаанабынаны ыҥырар кыаҕым суох, кини билигин сынньанар», — диэн, киһи күлүөх, көҥөнөр ээ. Ити курдук олох салҕанан, иннин хоту баран иһэр. ДААНА САРД.
kyym.ru сайтан