Кэпсээ
Войти
Регистрация
Куттара көтө сыспыт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Куттара көтө сыспыт
K
kyym.ru сайтан
Сонор
01.11.2019 17:25
Бырамаҕа эрбии биитин курдук бииргэ тардыһан, утум-ситим улааппыт бырааттарым Петр Харитонов уонна Кэскил Иванов, төрөөбүт-үөскээбит, киһи хара буолбут Дьэҥкэрэ диэн үтүөкэннээх алаастарын ортоку улахан күөлүгэр, анды көҥүллэниэн аҕыйах хонук иннинэ дурдаларыгар хонуктуу кэлбиттэр. Чаанньык оргутан, өйүөлэрин таһааран уопсайдаан баран, икки үөлээннээх аһыы-сии олорон ону-маны ыатаран, сонуннарын-нуомастарын үллэстэн, үөннээх-күрдьэҕэлээх, бэтиэхэлээх-дьээбэлээх түгэннэриттэн хардары-таары хаадьылаһан, күлэн-үөрэн саха тэҥэ суох буолбуттар. Сөп буолан, ахтылҕаннарын таһааран уонна хараҥа саба бүрүүкээн кэлбититтэн даҕаны, хомуна охсон дурдаларыгар киирэн мончууктарын мыҥаан олорбуттар. Күөс быстыҥа буолан баран, аҕыйах үөрдээх улахан кус кэлэн мончууктарын таһыгар түһүнэн кэбиспиттэрин мэтэриктээн, түөрдү хаптатан хаалларбыттар. Киһи суһал туттунуулааҕа Бүөтүр Харитонов тыынан киирэн, хомуйталаан тахсыбыт. Сэрэх дьон быһыытынан дурдаларыттан ыраах илдьэн, көҥүс төрдүгэр, хойуу от быыһыгар кистии анньан кэбиспиттэр. «Дьэ, Эбэбит барахсан, арааһа, аһатар-сиэтэр буолла. Сэргэхтик олордохпутуна сатанар. Андылар да киирэллэрэ буолуо», — диэн сылыктаабыттар. Сарсыарда күн кылайа тахсыыта, сытыы кынат тыаһа куһуура түспүт даҕаны, отучча үөрдээх анды мончууктарын көрдө-көрбүтүнэн сурулаан түспүт. Уу тыастаах баҕайытык ыһыллыбыт. Күөл үрдэ хара тордох буолбут, саҥа-иҥэ, охсуһуу хойдубут. Дурдаҕа олорооччулар, ымсыырбыт омуннарыгар, тыастаах баҕайытык чыпчырыммыттар, үөһэ-аллара уһуутуу олорбуттар. Холбото, чугаһата сатаабыттар да, андылара чугаһыахтааҕар, хата, ыраатан барбыттар. Көтөр кутталлаахтарын билгэлээн, сүбэлэһэ түһээт, эр-биир икки бөлөҕү кыҥаат, ытан саайбыттар. Соһуйбут, куттаммыт андылар көтөн тахсыбыттар. Кэскил, дурда ойоҕоһунан ааһан истэхтэринэ, иккини умса ытан түһэрбит. Бүөккэ Харитонов күөлгэ хаалбыт андылартан биирдэстэрэ үөскэ киирэн истэҕинэ ыппыт да, сыыһан кэбиспит. «Кытаат, тыыгынан киирэн эккирэт»! — диэбит Кэскил. Бүөккэ эрдэн куһуйа турбут. Ол икки ардыгар андылара төннөн кэлэн, күөл ортотугар түһүнэн кэбиспиттэр. Бүөккэ, хата, ол иннинэ аҕай бааһырбытын ситэ баттаан, эрдиинэн быһа охсон ылбыт. Түспүт андылары Кэскилгэ кыһайан, ыраахтан төттөрү-таары устан күөйэ-хаайа сылдьыбыт. Андылар кыра-кыралаан мончууктарга чугаһаан испиттэр. Бүөтүр сатабыллаахтык кыһарыйан, кустар дурдаҕа өссө чугаһаабыттар. Аны сүүрбэччэ миэтэрэни этэҥҥэ тиэрдэр кыһалҕатыгар сылдьыбыт. Ити кэмҥэ алаастарын арҕаа сыырын диэки сөмөлүөт тыаһа ньиргийэн иһиллибит. Өр-өтөр буолбатах, кинилэр дурдаларын көрбүтүнэн бу тиийэн кэлбит. Күөлгэ киириитигэр таҥнары сурулаан адьас таарыйар-таарыйбат үрдүгүнэн ааспыт. Кэскил дурдаҕа олорон «Бүөккэ, тыыгар умса түс, сирэйгин кистээ! Алдьархай, биһигини тута кэллэҕэ!» — диэн хаһыытаабыт. Бүөккэ тыытыгар бүк түһээт, киһитин диэки харса суох эрдэн күллүргэтэн испит. Сөмөлүөттэрэ үөһэ күөрэйэн тахсан Амма диэки түһэ турбут. Андылар сөмөлүөттэн кыйданан, күөл соҕуруу өттүгэр салаллыбыттарын көрөн, Бүөккэ онно устубут. Чаас аҥаара буолаат, арҕааттан, били, сөмөлүөт кэлбит сирин диэкиттэн, аны бөртөлүөт итирик киһи курдук түҥ-таҥ дайбанан иһэрэ көстүбүт. Кэскил дурдатыттан ойон тахсан: «Сөмөлүөт биһигини тыллаабыт быһыылаах, бөртөлүөт иһэр. Куота охсуохха, андылар хааллыннар», — диэн киһитин ыҥырбыт. Бүөккэ эргийэ баттаат, баарынан-суоҕунан эрдэн биллиргэппит. Дурдатын таһыгар кэлээт, кытыыга ыстаммыт. Тыытын өрө тардаат, саатын,
андытын хомуйа тутаат, Кэскилигэр ыстаммыт. Бөртөлүөт алаас үрдүгэр кэлээт, аллараа түспүт, уолаттар хоту, үрдүк сыыр диэки ыстаммыттар. Көҥүс төрдүгэр хойуу окко сааларын, андыларын кистии быраҕаат, туох баалларынан түһүнэн кэбиспиттэр. Кэскил инникилээн иһэн иһиттэҕинэ, Бүөтүрүн атаҕын тыаһа тибигирээн иһэн хойуу үөттэргэ тиийиитигэр сүтэн хаалбыт. Кэскил тыынын кыайан ылбат буолуор диэри аҕылаабыт, атахтара мастыйан хаалбыттар, такымын үрдүгэр олоро сылдьар буолан хаалбыт. Ол үрдүнэн биэрэстэ курдук тэйиччи турар үрдүк тумул сыырын өрө сүүрэн тахсан тыаҕа түспүт. Суон тиит анныгар олорон, тыын ылан баран, күөлүн көрбүтэ, «ити туох буолан түҥ-таҥ түстүгүт?» диэбиттии, ып-ырааһынан мэндээриччи көрөн сытар эбит. Бөртөлүөт тыаһа илин диэки ыраах биллигирии турбут. Бүөтүрэ ханна да барбыта биллибэт, сүтэн хаалбыт. Атахтарын тыылыы тэбэн сынньаныах буолбута, иҥиирдэрэ түүрэ тардан өлө сыспыт. Үҥкүрүйэн-күөлэһийэн, онтон-мантан тардыһан, арыычча туран хаамыталаабыт. Суралара быстан ыарыы бөҕөтө бобута харбаабыт, аатын эрэ аадаҥнаан, айакалаан-дьойоколоон сыыры түһэн, үмүөрүһэн турар үөттэр аттыларынан ааһан истэҕинэ, Бүөтүрэ туран кэлбит уонна: «Хара сордоох, өйүҥ-төйүҥ суоҕа диэн. Биэрэстэлээх сиргэ сүүрэн сыраҕын-сылбаҕын бараатаххын. Хата, мин сынньанным. Ол да буоллар атахтарым уйбат буолбуттар, сүрэҕим хайда, тыыным быстан тумнаста сыстаҕым үһү», — диэн күлбүт. Көҥүс төрдүттэн кистээбит кустарын, ааһан иһэн бырахпыт андыларын ылаттаан үллэстибиттэр, сааларын сүкпүттэр. Дурдаларыгар кэлэн чэйдэрин тобоҕун испиттэр, олоро түһэн түбэспит көрдөөх түгэннэрин өссө ахтыбыттар. Уонна бөртөлүөт куоттарбатаҕа буоллар, бултуйуох дьон мэлийдибит диэн абатыйан баран дьиэлээбиттэр. Еремей ПОПОВ-Дьэҥкэрэ Дьэрэмиэйэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан