Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бэртээхэй саас этэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бэртээхэй саас этэ
K
kyym.ru сайтан
Сонор
11.10.2019 15:25
Сааскы халаан уутугар кыттыһан хоту дойду биир улуу өрүһэ Индигир хаҥас кытылынан Сууччуйа диэн үрэх кутуллар. Бу үрэх сүүрүгүн өксөйөн, үөһэ тахсан истэххэ, көнө ньуура бураллан, кэтит көхсө кыараан, икки кытылынан, хоту дойду холугар суон тииттэрдээх кырдала, талахтарынан солбуллан, эргиирэ-эриирэ, эмпэрэ сыырдара элбээн, болбукталаах ойуурдара хойдон, мотуордаах тыынан устан иһэр киһи билэр гына дабайыылаах буола кубулуйар. Түргэн бэйэлээхтик устан иһэн, сотору-сотору Сууччуйа уҥа-хаҥас өттүктэриттэн кыракый үрүйэлэр биһиги «Крым» оҥочонон сүүрдэн иһэр үрэхпитигэр өлгөм бэйэлээхтик куталларын элэс гына көрөн аһараҕын. Халлаан күп-күөх, күн сырдыга кэмэ суох, айылҕа үөрбүтэ-көппүтэ, салгын чуумпута — барыта кэрэ. Үрэхпит төһө синньиир, төһөнөн тыа-ойуур тииттэрэ чугас элэҥнээн ааһаллар да, оччонон тыал аймалҕана аччаан, сорох тоҕойдорго сиэркилэ ньуурунан халтарыйан иһэр курдук ньылбаарыйа сыыйылыннараҕын. Арай «Вихрь» мотуор биир кэм курулуу-бирилии айанныыра көтөн иһэр туруккун умуннарар. Итинник үтүө-кэрэ, мааны сирдэринэн айаннаан Кубалаах диэн күөлгэ кэллибит. Хараҥарбыта биллэр, ол гынан баран оҥочобутун чалкалаан (баайан) баран, эмпэрэ сыыры дабайан, күөлтэн син тэйиччи, ойуур быыһыгар хордоҕос баарыгар, балаакка туруоруннубут. Илимнэрбитин куултан хостоон, көрбүтэ-бэрийбитэ буолаат, эрэһиинэ тыыбытынан киирэн кытылтан наһаа тэйбэккэ үттүбүт. Ыраах киириэхпитин мууһа бэрт, олох кытыыга — киһи түөһүн тылынан эрэ холобурдаах чычаас сиргэ — түһэрдибит. Урут бу эргин абыйдар соболоон көрбөтөхтөр эбит. Ол иһин кыһын дойдубутуттан биирдии илими боруобалаан көрөөрү аҕалбыппыт. Кустуу (абыйдыы — саалана) баран иһэр дьон быһыытынан, сарсыарда тураат, салгыы тэптэрдибит. Илиммитин көрөр санаа суох, мууһа бэрт, эрдэ даҕаны. Төннөн иһэн эһиэхпит диэн сүбэлэстибит. Кустуур-андылыыр Балаҕаннаахпытыгар толору уулаах сиэнинэн үөрэ-көтө, эрэйдэммэккэ тиийдибит. Мин сылдьыбатах сирим буолан олус соһуйдум: үрэх үөһүнэн күөлгэ киирэрбитигэр бирээмэ муораҕа кэлбит курдук сананным, бэл өйүм-санаам ыһыллан хаалла. Кураанах Чурапчы уолугар, кырдьык, дьулаан хартыына этэ. Мин ханна эрэ Көппөргө, Хондуга барар курдук санаммыт эбиппин, онтукам баара, нэлэмэн маҥан муус, чысхааннаах тыал, уҥуоргу кытыл ханна эрэ – ыраах-ыраах көстөр. Салынным. Байҕал ортотугар муустар көһөҥөлөрө «бу тоҕо анньыам» диэбиттии киэптээн баран, киһи эрэ буоллар, тыал модун үрүүтүгэр хотторон, кини дьаалытынан салайтаран сырыттылар. Аргыһым Кеша уол — бэрт сытыы киһи — айаҕа хам буолбат. Ону-маны кэпсии-кэпсии «Крым» багажнигыттан кууллаах илимнэри хостоон үс кылгас илими синньигэс үрэхпитин туора үтүтэлээн кэбистибит. Ол кэннэ кытылтан тэйбэккэ, ырбыынан аргыый айаннаан, соруктаах сирбитигэр тиийдибит. Үүтээммит күөлтэн арыый тэйиччи, ойуур быыһыгар үрдүк хотоолго турар, сулламматах титириктэртэн охсуллубут дьоҕус дьиэ эбит. Икки кып-кыараҕас түннүктээҕэ күн сырдыгын киллэрбэт айылгылаах буолан биэрдилэр, аан утары хаптаһын наара орон көстөр, хаҥас диэки тимир оһох барыйар. Хата, үүтээн таһыгар икки өттүгэр ыскамыайкалаах уһун мас остуол, бөҕө-таҕа оллоон, илим бэрийэр аргы (сиэрдийэ), балачча дириҥ оҥкучах бааллар. Дьон сылдьыбатаҕа ырааппыт. Хаппыт маһы сүгэнэн
барчалаан кутаабытын отуннубут, солуурга чэйбитин туруордубут уонна дьиэбитин-уоппутун көрүнэн, сөргүтүнэн баран мончууктарбытын бэрийдибит. Хаһан аһаан-сиэн, кыратык нуктаан ылыахпытыгар диэри киэһэрэн барда. Хоту дойду үрүҥ күнэ, тула өттүбүт халдьаайы буолан, бүлүүһэ түгэҕэр сытар курдук күөлбүтүн эргийэ турар хара тыа үрдүнэн сандаарыччы тыгар. Наҕылыччы киирэн мончууктарбытын түһэрдибит. Биһиги хоруолларбыт — бэйэ оҥоһуулара. Аллараа өттө чараас хаптаһыҥҥа пенопластан быһан кус моһуонугар майгынныыр көҕүстэри хара таҥаһынан саба тардан баран, бытархай тоһоҕонон иҥиннэрэн кэбиһэбит, маҥан кыраасканан сурааһыннаан кэбистибит да бүтэр. Арай төбөтүн эмиэ пенопластан кыһан, кырааскалаан тупсаҕай гына оҥоробут. Илдьэ сылдьарга чэпчэки. Бүтэн, оҥочобутугар киирэн олордубут, улахан дурда-хахха суох дьонобут. Оҥочобут күөл диэки өттүн куулларынан сабан баран, олбохпутун биир өттүгэр тэлгэччи быраҕан, онно тиэрэ түһэн, кус манаан сирэй-харах буола олордохпут дии. Киирэн эрэр күн харахпытын саатырдар, хотугулуу-арҕаа диэки өттүбүт сүгүн көстүбэт. Тула барыта кэрэ. Обургу соҕус тыыраахылар тэлээриһэн кэлэн үрдүбүтүгэр сапсыналлар, эппитин толоругаһа суох үгүрүө халлаан оройуттан үлтү түһээри «ыксатар», кэтэҕэриин тыаҕа атыыр хабдьы дьабыгырыыр. Саһархай төбөлөөх талах чыычаахтара чыбыгыраһаллар, сотору-сотору халыҥ үөрдээх чырыптар ыалдьыттаан ааһаллар, иннибитигэр былдьырыыттар бэрт дьоһуннаах баҕайытык туттан уһун тумустарынан бадараантан үөнү-көйүүрү хостоһон тыраҥнаһаллар. Ол барыта кыһыны быһа дьиэ иһигэр хаайтаран холлубут дьон сүрэҕэр-быарыгар алыптаах иэйиини саҕар. Күөлбүт атаҕын уҥуоргутугар икки туус маҥан куба түһэн, уһун субуу моонньуларын ууга уган аһыы сылдьаллар. Бүүс-бүтүннүү умустахтарына, кыһыл атахтара уонна кутурук түүлэрэ эрэ көстөр. Ити абыйдарга сибэтиэй көтөрдөр — ытыллыбат. Ыраах-ырааҕынан, халлаан уонна уу силбэһиитинэн кыйа өрө көрдөххө, синньигэс сабы уһата тарпыттыы уунаталаан үөр кустар көстөллөр. Атын тыас-уус суох, биир эмэ эрдэһит кумаар дыыгыныыр, ыраас салгын сүрэххэ-быарга сайа охсон киирэр. Киэһэ сэттэ чаас буолла, киэһээҥҥи кус көтөр кэмэ кэллэ. Ити курдук ботур-итир кэпсэтэ олордохпутуна, уубут кырсынан икки хара мээчик түргэн бэйэлээхтик төкүнүһэн иһэллэр эбит. Чугаһаан кэлбиттэрэ — андылар. Мончууктары эргийиэх курдук гынан иһэн тыһыта тэһииркээн, өрө уһууран таҕыста, ону тэҥэ Кешам саатын тыаһа «бар» гынна да, умса баран түстэ. Мин хаалыам дуо, тыһытын кэнниттэн, мэктиэтигэр, хорус гына «туормастаабыт» атыыры түҥнэри ытан кэбистим. Дьэ, эбэтээ, баартаах уолаттар буоллубут! Бастакы омуммар, сап-салҕалас буолбуппун (хаһан да кустаабатах киһи курдук), саппыкы оһун да тардынар өйө суох, эрэһиинэ тыыны соһон килэрэн, булпутун таһаардым. Өрө көтөҕөн көрдөрүөх буолбутум, киһим ньыкыйыаҕынан ньыкыйбыт, уҥа илиитинэн миигин «хаптай» диэн сапсыйар. Мин чохчос гына түстүм. Халлаантан сып-сырылас тыаһы кытта уонча анды саккыраан түспэттэр дуо! Эргийэ хайыы барбатылар, мончууктартан арыый үөскэ икки бөлөҕүнэн түстүлэр. Сонно тута төбөлөрүн ууга батары биэрээт, хостоон ылан эргичиҥнээн истэхтэринэ, киһим аптамааттаан саайда. Андылар ортолоругар булумахтаһыы буолла, икки анды дайан истэхтэринэ, мин ыттым, иккиэн охтон түстүлэр. Хаҥас өттүбүттэн икки анды тахсыбытын
иккис уоспунан ыппытым эстибэтэ. Кэлин өйдөөбүтүм, бастакы кустары ытыы омунугар иккис ботуруоммун укпатах эбиппин. Тура биэрэн күөлбүн көрбүтүм — үөскэ үс хара сытар, мин икким миигиттэн чугастар, ыраах соҕус биир «ньаҕаччы» буолан, муус кырыытын диэки устан эрэр эбит. Ону Кеша тыынан эккирэтэн ыраатыннарбакка ылла. Ити курдук уонча мүнүүтэ иһигэр аҕыс андыны бултаатыбыт. Билигин да эрдэ. Уопсайынан, манна күн киирэн иһэн тахсар буолан, түүн уон иккигэ-бииргэ диэри таах олоруохха сөп. Киһим мантан түүн сааҥ итийиэр диэри ытыаҥ диирин саарбахтыы санаатым да, таспар таһаарбатым. Кырдьык, кус өр кэтэһиннэрбэтэ. «Ээ-ээ-иллэ, ээ-ээ-иллэ» дии-дии, мууһу кыйа отучча үөрдээх ээбиллэ айманан иһэрэ көһүннэ. Хоруолларбытын көрөн ол диэки салалыннылар. Биһиги тыыммакка да сааларбытын туһаайбытынан кэтии олоробут. Түһүөх быһыылара биллибэт, бэрт түргэннэр. Сатаналар бэйэ-бэйэлэрин кытта охсуһаллар дуу, бөлүөхсэ-бөлүөхсэ арахсаллар. Туһаайыыбытынан кэлэн, ортоку хоруоллары ааһан истэхтэринэ, иккиэн тэҥҥэ чыыбыспытын төлө тардан кэбистибит. Биэс оҕутта, атыттара кинилэргэ эрэ наадыйбакка ааһа көттүлэр. Бу сырыыга Кешам саата биирдэ эрэ эстибит: кумааҕы гильза харан хаалбыт. Киһим абарыы бөҕө, аны мин уоскутааччы буоллум, сааҥ итийиэр диэри ытыаҥ, пластмасс гильзаларгын угун диэтим. Уон биэс кустанныбыт. Чуумпуруу буолла. Син балачча хамсаабакка кэриэтэ олоробут, дьагдьайан бардыбыт. Тоҕуһу ааспыт, ол тухары туох да суох, «сойутуу буолла» диэн Кешам быһаарар. Ханна эрэ ыраах саа тыаһа «дор» гынар. Ити кэмҥэ күн киирдэ, боруо сатыылаата. Халлаан сырдыгар кыһайан көрдөххө, арай, кустар иһэллэр. Биһиги кирис гына түстүбүт. Андытааҕар түргэннэр, быһыыта, умсаахтар быһыылаах. Күөлбүт атаҕын эргийэн мончууктар быдан анараа өттүлэригэр түстүлэр, ыраахтар. Кеша кус саҥатын үтүктэрин истэ-истэ, сорохторо чугаһаан истилэр. Мин үлэх быһыытынан оҥочо хаҥас өттүгэр бааллары ытыахтаахпын. Саа ылар сиригэр чугаһабыттарын кэннэ ытан бурҕаттыбыт. Икки кус тута барда, өссө иккини дайан истэхтэринэ охтортоотубут. Мантан биирэ ньаҕаччылаата, түөрт атыыр куһугуруу турдулар. Өтөр буолбата, иккитэ төннөн кэлэн кэннибититтэн киирдилэр. Күөрэтэн көрдүбүт да, хамныыр кыахпыт кыра буолан таппатыбыт. Уоскуйан эрдэхпитинэ, аны биир утары көтөн кэлэн, тиэрэ түһэн сытар тыһы умсаах таһыгар түстэ. Бу сырыыга сыыһа туттубатыбыт. Киирэн хомуйдубут, бааһырбыт кус муус анныгар саһан хаалбытын эккирэппэтибит. Ити түүн уон иккигэ диэри олорон баран үүтээммитигэр таҕыстыбыт. Сарсыарда турбуппут, халлааммытын хара былыт саба бүрүйбүт, хаар кыыдамныыр. Тимир оһохпутун оттунан биир андыны, биир умсааҕы буһаран күө-дьаа аһаатыбыт. Бэҕэһээҥҥи булпутун оҥкучахпытыгар сөкүнү тэлгээн, кустарбыт төбөлөрүн кынаттарын анныгар кистээн баран, инчэҕэй лабааларынан саба быраҕан уурдубут. Маннык хараллыбыт кус тымныыга нэдиэлэ устата туох да буолбат. Кус кэтии киириэхпитин сөрүүнэ, тыаллааҕа бэрдиттэн Кешам хаалла. Мин оҥочоҕо хаалбыт малы-салы дьаарыстыы, сааларбытын аҕала бардым. Ол тиийэн сээкэйбин хомуна туран, анды чыҥкырыыр саҥатын истэммин хаптас гынным. Көрбүтүм, аҕыс анды хоруолларбытын көрбүтүнэн түһэн эрэллэр эбит. Аргыый аҕай
бэйэм ТОЗ-пун чугаһаттым, табаарыһым аптамаатын ылан кустарбын көрдүм. Түөрт пааранан аҥыы-аҥыы олороллор эбит, наһаа ырааҕа суохтар. Өйбөр хайдах ытарбын суоттаатым. Хаҥас кырыытыттан ытарга быһаардым. Хайдах олороллорун өссө көрөн баран, бастакы тыһыны кыҥааат ыттым. Сонно тута өссө түөрдү хаптаттым. Хаалбыттар талыгыраһан тахсан эргийиэх курдук буолан эрдэхтэринэ, ТОЗ-пун сулбу ойутан таһааран иккини охтордум. Аны икки утары кэлбитин аптамаакка хаалбыт ботуруонунан хоһулатан түһэрдим. Хараҕым кырыытынан көрбүтүм, Кешам кытылга киирэн турар эбит. Бүнүөкүллээбитим, эрбэҕин чочоҥнотон астыммытын биллэрдэ. Онон биир да андыны куоттарбакка ахсыаннарын ыллым. Дьэ, бэйэбиттэн бэйэм сөхтүм, астынным. Ити курдук, субуоталаах баскыһыанньа бултаан, хомунаммыт төнүннүбүт. Халлааммыт ааспыт киэһэтэ буолбатах, мэлдьэспит курдук күн да күн! Сэттэ уонтан тахса тахса кустаахпыт: анды, умсаах, ээбиллэ, биргинэх, моонньоҕон (абыйдыы, кунньалгы). Аара, били сиэҥҥэ үппүт илимнэрбитин көрөн, хамсыы сылдьар улахан бэйэлээх сүүрбэччэ чыыры ыллыбыт. Олорбутун анаан илдьэ кэлбит мас дьааһыкпытыгар муох үрдүгэр хаалаатыбыт, бытархай хаахынайдары, сордоҥнору куулларбытыгар симнибит. Аҕыйах чааһынан Кубалаахпытыгар тиийэн собобут илимнэрин көрө таҕыстыбыт. Икки хонук иһигэр ырбыы кэҥээбит, бырдах хойдубут. Күнүс буолан, итиитэ сүрдээх. Синньигэс бэйэлээх сиэннээх эбит, онон сүүрдэн кытылын уута чычаарбыт. Били, илим баайбыт мастарбыт хороһон тахсыбыттар. Ууга чугаһаабыппытыгар собо бөҕө атахпыт анныттан үөс диэки ууну бырдаҥалатан куотта. Илимнэрбитигэр тиийбиппит, тимирэн хаалбыттар. Омуннаан эттэххэ, хараҕын аайы бөскөйө уойбут, лаппаакы саҕа үрүҥ көмүс хатырыктаах собо иҥнибит. Сатаан араарыа суох буолан уонна кумаар бэлэспитигэр киирэн тыыннарбатыттан, илимнэрбитин тыыбытыгар тардан ыллыбыт. Онтукабытын аллараа өттүнэн наһыылканан нэһиилэ оҥочобутугар киллэрдибит. Бөһүөлэккэ кэргэттэрбит икки күнү быһа ыалы кэрийэ сылдьан дьоҥҥо сыҥалыы сатаабыттара да, төрүт абыйдар собону билбэт, сиэбэт буоланнар, манна олохсуйбут чурапчылар уонна уус алданнар эрэ ылбыттара. Маныаха холоонноох бултааһын Абыйга ааспыт үйэ 70-80 сылларыгар маассабай буолара. Оччотооҕу кэм дьоно бултарыттан-алтарыттан хото ылсар-бэрсэр буолан сытытыы-ымытыы хаһан даҕаны тахсыбат буолара. Николай ПЕТРОВ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан