Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьоһун оҕонньоттор этилэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьоһун оҕонньоттор этилэр
K
kyym.ru сайтан
Сонор
26.09.2019 16:23
Биир күһүн табаны ааҕар хамыыһыйаҕа киирэн, Эдьигээн «Ленинскэй» сопхуоһун бастакы нүөмэрдээх ыстаадатыгар тиийдибит. Ыстаада звеноводунан Иван Васильевич Горохов үлэлиирэ. Эппиэттээх уонна үлэҕэ-хамнаска улахан суолталаах үлэ буолан, киһи балай эмэ. Бачча элбэх киһини аһатыахха наада. Онон биир күн тайахтыы тахсар буоллубут. Табаһыттар чугас эргин тайах ханан турарын эндэппэккэ билэллэр. Кинилэр ыйан ыыппыт сирдэригэр былааннаан баран, бэйэ-бэйэбитигэр үүрсэр буоллубут. Биэс буолан тоһуурга хааллыбыт, үс уучахтаах киһи үүрэ бардылар. Тоһуур дьоно халыҥ хаарга мас кэннигэр хорҕойон, кулгаах-харах иччитэ буолан олордубут. Кэнникинэн тоҥон бардыбыт, оттон үүрэ барбыт дьоммут биллэр ааттара суох. Кэмниэ кэнэҕэс, ыраах саалар тыастара бүтэҥитик иһиллэн баран ах барда. Биһиги эмиэ сэргэхсийэ түһэн кэтэстибит даҕаны, туох да сибики биллибэтэ. Өтөр буолан баран тайах үүрсэ барбыт Виктор Юмшанов ачыкыта килбэйбитинэн, бэйэтэ күлбүтүнэн, бу ойутан кэллэ. «Хайа, тоһуурдар, күүтэн буорайдыгыт дуу? Дьоҥҥун ыҥыртаа, кыылларбытын үөһэ ойуттубут. Ботуруону аҕыйаҕы ылбыппыт бүттэ», — диэтэ. Кыттыгастарбын ыҥыртаан бардыбыт. Тиийбиппит, үс тайахтан биирин охторбуттар. Иккитэ үрдүк тааска куотан тахсыбыттар. Биирэ сытар, иккиһэ турар. Турарын ытан сууллардыбыт. Онтубут түһэн иһэн, маска иҥнэн, аара хаалла. Кыанар дьон тахсыҥ диэн, миигин уонна биир киһини соруйдулар. Иккиэ буолан тахсан, кыраттан иҥнибит тайаҕы бэрт нэһиилэ хамнатан аллара астыбыт. Бу кэмҥэ үөһэ сыппыт кыыл туран кэллэ. Ону ыппыппыт, хата, аара туохха да иҥнибэккэ кудуххайдык түстэ. Онон тааска ситэри тахсыбакка аараттан төнүннүбүт. Бу да тахсыбыт сирбит үрдүк буолан, бэрт сыранан түстүбүт. Уонна ити бэйэлээх ыарахан кыыллар бачча үрдүк тааска хайдах ыстаҥалаан тахсыбыттарын сөҕөн-махтайан кэпсэттибит. Бултуйбут дьон кыылларбытын үөрэ-көтө астаан, миэстэлээн, сарсын тиэйиэх буолан, уучахтарга олорон дьиэлээтибит. Сарсыныгар үс буолан алта көтөл табанан эппитин тиэйэ барар буоллубут. Аргыстарым Горохов Михаил-Миискээн, Слепцов Егор-Мөнчө иккиэн да сырыыны сылдьыбыт кырдьаҕастар. Бастаан Миискээн миэхэ уонна Мөнчөҕө хамандыыр быһыытынан сырытта. Ол эрээри эттэрбитин сыарҕаҕа тиэйии кэмигэр «былаас» уларыйда. Миискээн биһикки эмис байтаһын тайах биир миэстэтин хаартан хоҥнорон, нэһиилэ өндөтөн баран, кыайбакка төттөрү түһэрдибит. Онуоха Мөнчөбүт кэлэн Миискээҥҥэ «оччо-бачча кууллаах бурдугу таһааччыбын диэн кэпсэнэриҥ бэрт этэ дии, биир тайах миэстэтин кыайбат эрээри» диэн баран, били эппитин ылан, сыарҕаҕа ууран кэбистэ. Биһиги саҥата суох бардыбыт. Миискээн эдэр сылдьан үлэ боруонугар Сангаарынан, Эдьигээнинэн сылдьыбыт. Баарсаттан таһаҕас сүөкээһинигэр үс куул бурдугу (Эмиэрикэ куула 75-80 киилэ буолара үһү) көтөҕөрүн туһунан оҕонньоттор кэпсииллэрэ. Ити курдук икки бухатыыр оҕонньору кытта илэ алтыһан астынан турардаахпын. Айылҕа биэрбит күүһүн бэйэлэрин кытары илдьэ бараахтаатахтара. Өссө биири сөхпүтүм. Мөнчө балааккатыгар киирэн кэпсээнин истэ-истэ чэйдэспитим. Онно оҕонньор лиитирэлээх куруускатыгар биир олорууга үстэ чэй куттан испитин наһаа сөҕө көрбүтүм. Чаанньыга даҕаны аҕыс лиитирэлээх этэ. Ону эрдэ көрөн «айан киһитэ арыый дьоҕус да соҕуһу илдьэ
сылдьыаҕын» дии саныырым. «Сыгынньах» эһэ Биир күһүн Сэмэн оҕонньор Сирэм Алыы диэн сиргэ уолун кытта бултуу тахсыбыттар. Уола тииҥнии сылдьан кырдьаҕас арҕаҕын таба тайаммыт. Сэмэн хайдах бултуурун толкуйдуу сатаан баран, Эндирээҥҥэ ааһан иһэр айанньыттарынан билэр киһитигэр сурук ыыппыт. «Дьэ, Киэсээ, кырдьаҕас арҕаҕын буллубут. Тириитэ миэнэ. Кэлэн бултас», — диэн ис хоһоонноох сурук буолбут. Сотору кэминэн эмиэ айанньыттарынан хоруй тигинээн кэлбит. «Дьэ, Сэмэн, илдьиккин туттум. Бачча тухары бултаатым ини, бултаабатым ини. Ол тухары сыгынньах кырдьаҕаһы бултуур санаам суох», — диэн аккаас буолбут. «Сэниэлээх» балык Биир күһүн Хара Сиэллээх дьарҕаатынан аатырбыт Буһурук үрэҕэр Буоха оҕонньордоох төрдүө буолан балыктаабыттар. Күөгүлээн уонна илимнээн балайда балыктаммыттар. Биир кыттыгас Буохаттан: «Кырдьаҕас, ити сорох балык тоҕо көнөтүк, оттон сорох токуччу тоҥоруй?» — диэн ыйытааччы буолбут. Оҕонньор дьээбэлэниэх санаата киирэн: «Хайа, тоойуом, бэйэҥ толкуйдаан көр. Ырыган балык сэниэтэ суох буолан, мөхсүбэккэ сыппытынан көнөтүк бөһүйээхтиир. Оттон эмис, сэниэлээх балык мөхсө сытан токуруччу тоҥор», — диэбит. Ити курдук ботуччу балыктаах дьиэлэригэр төннөр кэмнэрэ кэлбит. Хомунуу кэмигэр ким көлөнөн дьарыктаммыт, ким таһаҕаһы, балаакканы дьаһайбыт. Били, ыйытар киһи балыгы үллэрэргэ ананан, бэйэтэ туһунан дьарыгырбыт. Арай дьоно кэлбиттэрэ, киһилэрэ токуччу тоҥмут балыктары барытын бэйэтигэр ууруммут эбит уонна кыттыгастара кэлээттэрин кытары өлүүтүн хааламмытынан барбыт. Дьоно көнө балыктары куулларыгар сып-сап уктан кэбиспиттэр. Киһилэрэ ол тухары балыгын уган ортолообут эрэ. Токуруччу тоҥмут «сэниэлээх» балыктары угарга эрэйдээх бөҕө буоллаҕа. Тохтубут «барыанньа» Биир дьыл отон арааһа өлгөмнүк үүммүтэ. Мин бэтэринээр киһи, Эмэндирээнинэн, Уһуктааҕынан сылдьан үлэлииргэ үс хонуктаах сорудах ыллым. Сопхуос уордьаннаах сылгыһыта Стручков Петр Терентьевичтэн ат ылан күн ортото айаннаатым. Атырдьах ыйын саҥата буолан, үөн-көйүүр элбэх. Бырдах да, ньаалаҕай да сапта сытар. Атым суол кытыытыгар үүммүт оту туура тарда-тарда кудуххайдык айанныыр. Аара Чаалый отчуттарыгар чэйдээн аастым. Оту кыайбыттар. Ити курдук айаннаан, Эмэндирээҥҥэ хонуктуу тиийдим. Бу учаастакка субан сүөһү үлэһиттэрэ уонна олохтоох Слепцов Байбал (Байбачыах) дьиэ кэргэниниин бааллар. Миигин үөрэ-көтө көрүстүлэр. Оҕонньордоох сайын оттоон, кыһын бултаан, сүөһү, сылгы ииттэн быр бааччы олороллор. Сайыннары-кыһыннары үрүҥ аһынан, этинэн-балыгынан быстыбаттар. Оҕонньор кэпсээнэ, остуоруйата баһаам. Киэһэтин хайаан даҕаны хаартытын таһааран, баарыстатан баран тэйэрэ. Аппын сынньатан, бэйэм дуоһуйа кэпсэтэн, бэркэ хонон баран, нөҥүө күнүгэр Уһуктаахха аастым. Төннөн иһэн эмиэ Байбачыахха таарыйдым. Киһим туох суолу-ииһи көрбүппүн ыйыталаһар. Уонна мин диэки имнэнэн баран, сиэннэрин диэки ыйар: «Бу уолаттар Харыйа Тирэҕэр сүөһү көрө таарыйа баран кэллилэр. Эн отонньуттары көрсүбэтиҥ дуо?» Сиэннэрин илиилэрэ, сирэйдэрэ отоҥҥо умньаммыта көстө сылдьар. «Дьонуҥ отонньуттар тоҕон барбыт барыанньаларыгар түбэһэн абыраммыттар», — диэн оҕонньор күлэр. Мин аара кими даҕаны көрсүбэтэхпин, арай биир сиргэ кырдьаҕас суолун көрбүппүн эттим. Оҕонньор ону истэн баран сиэннэригэр «Ити, иһиттигит
дуо, ханнык отонньут барыанньа тоҕон барбыт үһү» диэтэ. Уолаттар тугу даҕаны өйдөөбөккө сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр уонна таһырдьа оонньуу ыстаннылар. Биһиги быара суох бардыбыт. «Кырдьаҕас» отон элбэҕэр иһэ төһөнү ыларынан симинэрин уонна туохтан эмэ соһуйдаҕына, хойуу соҕустук «ыһыктаат» дьаадьыйан биэрэрин истэр буоларбыт. Андрей КОНСТАНТИНОВ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан