Кэпсээ
Войти
Регистрация
Булугас буоллахха бултуйуохха сөп
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Булугас буоллахха бултуйуохха сөп
K
kyym.ru сайтан
Сонор
06.08.2019 13:49
Кэнники сылларга, араас сылтаҕынан диэххэ дуу, сааскы кус булда көҥүллэнэрэ сүгүн-саҕын биллибэккэ булчуттары эрэйдиир. Ааспыт сылларга «көтөр тумуута» өрө турбут аатырбыта, быйыл Фукусима айдаана, баһаар, халаан уута... Дьиҥэр, ити биһигини харыстыыр дьаһаллар буоллахтара. Ол эрээри бүтэһик күҥҥэ диэри тардыллыбыт дьаһал булчуттарга араас өттүнэн диэлийэн тахсар. Сааскы куска төһө даҕаны эрдэттэн бэлэмнэннэргин, барыахтаах күҥҥэр син биир туох эрэ умнуллан, төттөрү-таары мэскэйдэнии бөҕө буолааччы. Дьэ, биирдэ тардыллыбыт болдьох эмискэ көҥүллэнэн, үөрүү-көтүү буолла. Ким быстах уоппуска ылаары сүүрэр, ким бултуур билиэтин уһаттарар, ол быыһыгар эрдэ оҥоһуллубут испииһэгинэн мончуук, кырааска, ас-үөл ылыытыгар элэстэнэр. Биһиги эмиэ бүтэһик күҥҥэ диэри урукку мончууктарбытын илдьэ барыах буола сылдьыбыппыт. Онтубут баара, сирбит уларыйар буолан, эбии мончуук атыылаһарга күһэлиннибит. Хас да маҕаһыынтан мэлийэн, арай ырыынакка тиийбиппит, кытайдар барахсаттар муус маҥан пенопласт мончуугу босхону эрэ үрдүнэн атыылаан ньамалаһа тураллар. Биһиги үөрүүнү кытта уонтан тахсаны атыыластыбыт. Муус маҥаннар. Эҥин араас кыраасканан соттоххо, бэртээхэй мончуук буолсулар. Эчи, илдьэ сылдьарга чэпчэкитэ да бэрт эбээт. Аны түргэнник куурар, ууга суураллыбат, кылабачыйбат кырааска көрдөөн, араас маҕаһыыны биир гына кэрийдибит. Барыта ыксал. Дьиктиргиэхпит иһин, ханна даҕаны биһиги наадыйар кырааскабыт ордубатах. Бэл, маслянай кырааска көстүбэтэ. Арааһа, булчуттар бары маҥан мончуугу, эрдэ атыылаһан бүтэрбиттэр быһыылаах. Олох ыксаатыбыт — субу барыахтаахпыт. Хайыахпытый? Кумааҕы килиэйин кытта ууга суураллар гуашь кыраасканы хото атыыластыбыт уонна айанната турдубут. Кустуохтаах сирбитигэр этэҥҥэ тиийэн, дурда туттан, эргэ мончууктарбытын ууга анньыталаан, добуочча бэлэм буоллубут. Бастакы түүммүтүгэр Байанайбыт барахсан маанылаан, син уонча куһу бултатта. Кус барыта кэлбит. Эбэбитигэр сис уута хас даҕаны сиринэн халдьыгыраччы киирэр буолан, уута түргэнник кэҥээн барда. Чахчыта даҕаны, киэҥ эбэҕэ эргэ мончууктарбыт көстүүтэ суох буолан бардылар. Кустар, биһиги эрэ мончууктарбытыгар наадыйбакка, онон-манан көтөллөрө элбээтэ. Дьэ, саҥа мончууктарбытын хостотолоон, бултаабыт кустарбытыгар маарыннатан, кырааскалаан дьэрэлиттибит. Бары даҕаны уруһуйга дьоҕурдаах соҕус буоламмыт тулуппатыбыт. Бэрт сотору бэртээхэй мончууктарбытын күн уотугар сараҕыта уурдубут. Киэһэ саҥа мончууктарбытын эргэлэрбитин кытта ууга анньан барылаттыбыт. «Эбэҕэ киирбит кус биһиэнэ», — диэн күлүкпүтүгэр имнэнсэн кэбистибит. Уу нуурал буолан, мончууктарбыт олус үчүгэйдик көстөллөр. Кырдьык, ол түүн эбэҕэ киирбит кус биһигини быһа ааспатаҕа. Бэркэ ыттарбыта. Сарсыарда кус көтүүтэ аҕырымныырын баттаһа кыратык тыалыран, быстах былыт ыга анньан кэлбитигэр, отуубутугар тахсан, чэйдээн баран, утуйан хааллыбыт. Дьон саҥатыттан уһуктан кэлбитим, сылгыһыттар кэлэн чэйдии олороллор эбит. Ардах ааспыт, чаҕылыйан түһэн күн да күн буолбут. Сылгыһыттар биһиги куурда тэлгэппит кустарбытын көрөн сөҕүү бөҕөлөрө. «Дьикти эбит. Ити маҥан мончууктаргытыгар тартараҕыт дуо? Оттон ыраахтан маҥхаһан, куһу даҕаны чугаһатыа суох курдуктар дии». Биһиги, төһө да өйдөөбөтөрбүт, уҥа-хаҥас бырахсан кэпсэттибит. Дьоммут чэйдээт, үргүлдьү ааһа турдулар. Мин мончууктарбын көрө киирдим. Чугаһаан иһэн халампааһынан тартаран көрбүтүм, чахчы
даҕаны, мончууктарбыт быыстарыгар үп-үрүҥ кустар төттөрү-таары уста сылдьаллар. Дьиктиргээммин, чуут үөмэ сыстым. Онтон өйдөөн көрбүтүм, бэйэлээх бэйэбит мончууктарбыт эбит! Сарсыарда ардах түһэн, маа бэйэлээх мааны кырааскаларбытын суурайан, кылбаччы сууйан кэбиспит. Хайыахпытый, төттөрү хомуйталаан ылан, иккистээн кырааскалаатыбыт. Киэһэ эмиэ киллэрэн, тардан кэбистибит. Киэһэтин эмиэ бэркэ ыттыбыт. Арай сарсыарданан кустар, түһүөхчэ буола-буола, өрө көтөн тахсаллар. Сорохтор эргийэ даҕаны барбаттар, ааһа тураллар. Ити кэмҥэ сиккиэр тыаллаах этэ. Туох буоллаҕай, туохтан сиргэнэллэр диэн өйдөөн көрбүппүт, мончууктарбыт аллараа өттүлэрэ долгуҥҥа оҕустаран, ууга суураллан, олох маҥхаҥнаан олорор эбит. Быстыахпыт дуо, эмиэ хомуйан ыллыбыт. Бу сырыыга үлэтэ аҕыйах, аллараа эрэ өттүлэрин кырааскалаатыбыт. Айылҕа бэйэтэ үөрэтэн, адьас «учуонай» буоллубут. Тыал, ардах суох эрэ кэмигэр ууга түһэрэбит. Улаханнык тыалырдаҕына, кытыыга таһааран, бадараан үөһэ лаһыгыраччы олордон кэбиһэбит... Дьэ, итинник маҥан мончууктарынан, эрэйдэнэн да буоллар, бэркэ кустаан турабыт. Кэлин онтубутун харанан грунтовкалаан баран, суураллыбат кыраасканан ойуулаан, билиҥҥэ диэри үчүгэй баҕайытык тутта сылдьабыт. Арай пенопласт буолан, айаҥҥа тумсулара тосторо бэрт. Онно даҕаны албас булбуппут. * * * Биирдэ ыкса күһүн, кус айанын баттаһа, кустуу барар буоллубут. Эмиэ ыксал-тиэтэл бөҕө буоллахпыт. Хайа, үлэ кэнниттэн тэйиччи сиргэ тиийэн, киэһээҥҥи ытыыны баттаһар баҕа баһаам буоллаҕа. Бэлэм турар таһаҕастарбытын массыынаҕа хаалаат, айанната турдубут. Киэһээҥҥи ытыыны бэрт нэһииччэ баттаһан, эбэбитигэр киирэн, миэстэлэрбитин булунан, турунан кэбистибит. Бараары аһара уойбут кустар күөл ортотуттан сотору-сотору өрө көтөн тахсан, ытыллыбат ырааҕынан эргийэ көтөн, төттөрү түһэн барылыыллар. Кынаттарын куурдан, эрчийэн эрдэхтэрэ. Хараҥарыыта атын күөллэртэн аһаары, үөргэ холбоһоору кустар киирэн бардылар. Сырдык-хараҥа былдьаһыгар аҕыйахта тыаһаатыбыт. Биир үөр кус үөһэ баҕайынан сырылаан киирдэ. Мин ырааҕырҕатан ытымаары гынан баран, «баҕар» диэн санааттан, чыыбыспын тардан кэбистим. Өс киирбэх биир кус үөһэттэн тааһы бырахпыттыы, аллараа куугунаан, күөл ортотугар тиийэн, өрө ыһылла түстэ. «Сарсын сырдыкка ылыахпыт. Киириэхпитигэр диэри көтөр ылбат ини?» — дэһэн, салгыы турбахтыы түһэн баран, отуубутугар таҕыстыбыт. Сарсыарда олох эрдэ туран киирдибит эрээри, мэлийдибит. Биирдэ-иккитэ саа тыаһаатын кытта, хоммут кустар күөл ортотуттан тыастаахтык көтөн суугунаан, соҕуруу диэки түһэ турдулар. Лаппа сырдаабытын кэннэ көрбүтүм, бэҕэһээҥҥи куһум сытар эбит. Ымсыырбыт санаабар, харааран, улахана сүрдээх. Массыынаттан эрэһиинэ тыыны сүгэн аҕалан, ыһан, үрдэрээри гыммыппыт, арай ньииппэллэрэ, носуоһа мэлигир. Мөһөөччүгэр эмиэ хаалбатах. Били, ааспыт сырыыга куурда хостоон баран, кэлии ыксалын хомууругар носуостаах суумка турбутунан хаалбыт. Дьэ, кыһыы! Хайдах даҕаны күһүҥҥү эмис куһу ыллахпытына сатанар диэн буолла. Массыынаны сүүрдэн аҕалан, бэнсиин сүүрдэр эрэһиинэ сылаанганы буруо тахсар турбатыгар уган, гааһынан үрдэрэн бырылаттыбыт. Бу даҕаны сырыыга кытайдар барахсаттар айбыт «Роса» бытыылкалара туһалаата. Киһи сөҕүөн курдук, ньииппэл эриллэн киирэр сиригэр «Роса» бытыылкатын төбөтө оруобуна сөп түбэһэр эбит. Кыратык быыһылыыр эрэ. Тирээпкэлээн баран, тыы икки өттүгэр
бытыылкалары хороччу эрийтээн кэбистибит. Куспут 100-кэ миэтэрэлээх сиргэ сытар. Саамай тыыга үөрүйэхпит, эрдииһиппит Дьөгүөр тыыны ууга анньан киллэрээт, эрдэн кулупаайдаабытынан барда. Көрөргө астык баҕайы, күрэхтэһиигэ кытта сылдьар курдук, эрдии элэҥнээн олорор. Ону даҕаспытынан тыы икки өттүгэр роса бытыылкалара үрүҥ былаах курдук биир кэм эйэҥнээн иһэллэр. Эрэһиинэ тыы өссө итинник түргэнник устарын көрө илигим. Эрдииһитэ үчүгэйэ бэрт буоллаҕа. Начаас элэҥнэтэн тиийэн куһун ылаат, төттөрү хайысханы тутта. Ити кэмҥэ тыы салгына тахсан ньалбайыахча буолла. Көрөн турааччылар, киһибитин тиэтэтэн, ыһыы-хаһыы бөҕөтөбүт. Тыы кытылга тиксиитигэр олох ньалбайан кэлбитэ... Кытайдар барахсаттарга тыыннаахтыы пааматынньык туруоруох буоламмыт, күлэ-үөрэ, быыһаабыт роса бытыылкаларбытын талахтарга анньыталаан кэбиспиппит. Дьэ, итинник сырыы эмиэ баара. Роса бытыылката элбэхтик туһалаан турар, биирдэ аптамаат саа цевьетун хаппаҕа түһэн хаалан, ол оннугар ити бытыылка хаппаҕын эрийэн, кустаан турардаахпыт. Ити — туһунан кэпсээн. Хайа, уонна кураанах куул иһигэр бытыылка бөҕөнү симэн, алталыы куулу бииргэ баайан, болуот оҥостубуттарын туһунан кэпсээҥҥин билигин кими даҕаны соһуппаккын. Айанньыт.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан