Кэпсээ
Войти Регистрация

Туундара дьиктилэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Туундара дьиктилэрэ

K
31.05.2019 15:59
Усуйаана Омолойугар, Хайыр бөһүөлэгиттэн ырааҕа суох, аттыгар урут кырса пиэрмэтэ турбут күөлүн Кырсалаах диэн ааттыыллара. Бу дьиктилээх күөл туһунан ааспыт үйэ отутус сылларыттан саҕалаан араас кэпсээн, номох иһиллэн барбыта. Биллиилээх полярнай лүөччүктэр, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа И. Черевичнэй уонна ССРС үтүөлээх штурмана В. Аккуратов 1939-40 сылларга бу күөл үрдүнэн элбэхтик көппүттэрэ. Кинилэр биирдэ 700-800 миэтэрэ үрдүктэн күөлгэ икки улахан, биллибэт харамай сылдьарын көрбүттэр. Лүөччүктэр тута тосхоллорун уларытан 50-ча миэтэрэ намтаан бу кыыллары сиҥэйэн көрбүттэр. Владимир Мезенцев Москубаҕа тахсыталаабыт «Энциклопедия чудес» диэн икки туомнаах кинигэлэрэ «Чудеса. Популярная энциклопедия» диэн ааттанан 1991 с. Алма-Атаҕа бэчээттэммитэ. Онно Саха сириттэн метеорит, чучунаа, Хайыр, Лабыҥкыр күөл дьиктилэрэ киллэриллибиттэр. Манна ааптар Лох-Несс таабырыннара быһаарыллар кэмнэригэр маныаха хабааннаах дьиктилэр Саха сирин күөллэригэр эмиэ бааллар диэн суруйбут. Биологическай наука хандьыдаата, этэрээт үлэһитэ Н.Ф. Гладких Саха сиригэр Дьааҥы оройуонугар баар Хайыр күөлгэ сүүнэ улахан кыылы көрбүтүн туһунан кэпсээбит. Эмиэ урут Кырсалаах күөлгэ биологическай эспэдииссийэҕэ сылдьыбыт А. Потапов Хайыр күөлүн дьиктитин туһунан бу курдук кэпсиир: «Мин 1970 сыл от ыйыгар Хайыр бөһүөлэгиттэн соччо ырааҕа суох Кырсалаах диэн күөлгэ дьиктигэ түбэһэн турабын. Күөл төп-төгүрүк, кэтитинэн 600 миэтэрэҕэ тиийэр этэ. Эмпэрэ кытыллааҕа, арай хотугулуу-илин өттө эрэ кылыс отунан үүммүт сытыары этэ. Будулуйбут уулааҕа. Бөһүөлэк олохтоохторо бу күөлү абааһылаах диэн, кыра наадаҕа сылдьыбаттар эбит. Биллибэт харамайы аан бастаан маннык көрбүтүм. Ол сарсыарда мин уу үрдүн болҕомтолоохтук кэтээн олорбутум. Кытылтан 50-ча миэтэрэ сиргэ кус кэлэн түспүтэ. Ол гынаат, эмискэ уолуйбуттуу сапсына-сапсына ууга тимирбитэ. Арааһа, кинини туох эрэ харбаан ылан тимирдибитэ быһыылааҕа. Бу барыта көрүөх бэтэрээ өттүнэ буолбута. Ол гынан баран көтөр тумсугар майгынныыр ньолбоҕордуҥу уһун сыҥааҕы көрөн хаалбытым. Бу түгэн кэнниттэн мин балыктыырбар эрэһиинэ тыыбар бэркэ сэрэнэн олорор буолбутум. Иккис төгүл оҥочонон устан иһэн сүүнэ улахан уонна сигара курдук көрүҥнээх уһун күлүгү көрбүтүм. Күлүк мин хаҥас өттүбүнэн уонча миэтэрэлээх сиринэн батыспыта уонна аргыый аҕай уу түгэҕэр түспүтэ. «Сигара» уһуна, харах көрүүтүнэн, икки аҥаар-үс миэтэрэттэн итэҕэһэ суоҕа. Ол гынан баран, уу үрдэ эрэһэ долгунунан дьиримниир буолан, ханнык эмэ ураты бэлиэни кыайан көрбөтөҕүм. Бу кэннэ мин бэйэбин көмүскэнэр инниттэн анал уу саатын (гарпуну) илдьэ сылдьар буолбутум. Биир киэһэ тыынан устан иһэн, эмпэрэ кытыл анныгар туох эрэ бөдөҥ күлүк сылдьарын көрбүтүм. Ол гынан баран бу иннинэ көрбүппүнээҕэр кыччыгый этэ. Оҕото быһыылаах дии санаан баран, саабын ылан төбөтө буолаарай диэн кыҥаат, чыыбыспын тардан кэбиспитим. Нейлон быа тута чиккэччи барбытынан билгэлээтэххэ, гарпун оноҕоһо харамай этигэр кытаанахтык хатаммыта. Мин тута оҥочо түгэҕэр сытынан кэбиспитим. Тыы харамай тардар хайысхатынан дьулуруйбута. Өндөйөн көрбүтүм, кытылтан адьас чугас эбиппин. Онон тыыбын кытылга астаран баран ыстанан
тахсыбытым уонна быабын субуйбутум. Онтум баара, ханнык эрэ биллибэт күтүр буолбакка, сүүнэ улахан сордоҥ соһуллан кэлэн соһуппута. Сордоҥ 35 киилэттэн итэҕэһэ суох ыйааһыннааҕа. Мин «динозавр буолуо» диир кистэлэҥ санаам хабах кэриэтэ уостубута, санаам түспүтэ. Өссө биир дьикти түбэлтэ 1995 сыллаахха тахсыбыта. Олоҕун бүтүннүү таба иитиитигэр анаабыт, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата К.Н. Филиппов уонна ыстаада үлэһитэ И. Слепцов буоланнар, Тумат хоту өттүнэн, Сиэллээх губатыттан ырааҕа суох, туундараҕа таба маныы сылдьан дьикти харамай кырамтатын булбуттара. Бу харамай айаҕын аппыт, модьу-таҕа тиистэрэ ардьаһан сиэмэх кыыл киэнигэр майгынныыллар эбит. Сыныйан көрөн баран, бастаан харахадьыыл, ону ааһан динозавр дьардьамата быһыылаах диэн санааҕа кэлбиттэр. Харамай өрөҕөтүнэн тоҥ буорга сыстан сытар эбит. Этин кырса сиэн, уҥуоҕа эрэ хаалбыт. Табаһыттар өр бодьуустаһан, дьардьаманы тоҥ буортан хоҥнорбуттар уонна сэрэнэн, үрдүк сиргэ таһааран уурбуттар. Сонно тута төбөтө хоолдьугуттан арахсан кэлбит. Ону тордохторугар илдьибиттэр. Ыстаада биригэдьиирэ Ким Филиппов дьикти дьардьаманы булбуттарын туһунан араассыйанан улуус киинигэр Депутатскайга биллэрбит. Сэтинньи 9 күнүгэр күнүс Тумакка бөртөлүөт кэлэн түспүт. Манна Ил Түмэн дьокутаата И. Черов, улуус дьаһалтатын баһылыга Г. Полушкин бааллар эбит. Сирдьит ылан баран хас да киһилээх бөлөх муора диэки көппүт. Тумат сопхуос иккис нүөмэрдээх ыстаадатыгар тиийэн урут көрбөтөх дьикти харамайдарын дьардьаматын көрбүттэр. Дьардьама төбөтүн уонна ойоҕосторун уҥуохтарыттан сылыктаатахха, харахадьыылга буолбакка, динозавр бииһин ууһугар маарынныан сөп курдук эбит. Сиһин тоноҕоһо ханан да бысталамматах, ойоҕосторун уҥуохтара эмиэ бары бааллар. Төбөтө харахадьыыл киэнигэр майгынныыр эрээри, тиистэрэ лаппаҕар, 70 см кэриҥэ уһуннаах, бэйэтэ быһа холуйан түөрт миэтэрэ уһуннаах эбит. Бөртөлүөтүнэн тиийбит дьон, бу туох кыыл буоларын эмиэ кыайан быһаарбатахтар. Кэлин Дьокуускайтан Биология институтун испэсэлиистэрэ тиийэн, бу ханнык да харахадьыыл дуу, динозавр дуу буолбакка, муораҕа үөскүүр белуха балык дьардьамата буоларын быһаарбыттар уонна дьардьаманы илдьэ барбыттар. Лаптевтар муораларын кытыытыгар, Буор Хайа, Сиэллээх губаларыгар, Омолой үрэҕин төрдүгэр, олохтоохтор сайынын муора улахан балыгын көрөллөрө үһү. Ол да буоллар муора харамайа баалга оҕустаран эбитэ дуу, эбэтэр муора уутун таһыма үллүүтүттэн эбитэ дуу, кытылга кый-бырах хайдах быраҕыллыбыта араас санааны үөскэтэр. Николай КҮНДҮЛҮН, кыраайы үөрэтээччи.
kyym.ru сайтан