Кэпсээ
Войти Регистрация

Оттуу сылдьан

Главная / Кэпсээн арааһа / Оттуу сылдьан

K
19.04.2019 14:25
Дойду сиргэ от үүммэккэ, дьон бэрдин талан, илиинэн оттуур биригээдэни тэрийбиттэр. Амма Эбэ уҥуоругар Хочоҕо түһэр Лаабычах үрэххэ оттото ыыппыттар. Көтөр аалынан бирилээн кэлэн, оттуур сирдэригэр түспүттэр. Борук-сорукка аһаары аамайдаһан сырыттахтарына, арай биир уол эргэ гараас кэнниттэн аарыма улахан тайах аҥаара быган, кинилэри көрөн турарын көрбүт. Отчуттар сааларын үрдүгэр түһэллэр да, лөкөй кэтэһэн туруо дуо?! Элэс гынан хаалар. Эбэлэрэ, Хочо иччитэ итинник көрсөр! Сарсыҥҥы күнүттэн саҕа-лаан тыа дьоно барахсаттар от бөҕөнү оттоон бараллар. Астара-үөллэрэ татымсыйыыта, тайаҕы бултуурга көҥүл кэлэр. Биһиги дьоммут хараланаары, үс эр бэрдэ: Оппуос, Сааска уонна Сахаар – тайах тоһуйа бараллар. Хас да күн уу кытыытыгар тоһуйаллар да, суол-иис баарын үрдүнэн, тайахтара уулуу киирэн быстыбат. Уолаттар сылаарҕаан киирэн бараллар. Күнү быһа хас да уон сыллаах лааҥкыны эт илиилэринэн эллэһэн, кыратык үссэнээт, хараҥаны харбыалаһан, көстөөх сиргэ сатыы баран, тайах сойуолаһан кэлэр, сыанан-арыынан аҕаабат. Чахчы кыанар уонна булка баҕалаах эрэ дьон буолан сырыттахтара. Үгэс быһыытынан, борук-сорукка харбыалаһан биир кыра ууга тоһуйа кэлэллэр. Маҥнай Сахаар маныыр, Сааска иккиһинэн, онтон Оппуос уочарата кэлэр. Кини эдэригэр лаппа кыанар уонна сылбырҕа, хапсаҕай туттуулаах эр бэрдэ этэ. Биирдэ Чурапчы спорт оскуолатыттан тренер тахсан, мин убайбын Ньукулайы уонна Оппуоһу ыҥыра сылдьыбытын, биһиги дьоммут сэмэйдэрэ-муҥкуктара бэрт буолан барбатахтар. Улуу тренергэ дьарыктаммыттара буоллар, лаппа тустуох дьон хааллахтара. Саха сирин үрдүнэн төһөлөөх элбэх талааннаах дьон сайдыбакка таах хаалаллара буолуой?! “Миигинниин биэс хааһах” диэбиккэ дылы, оннооҕор мин сыралаһан тустубутум. Оппуос, төһө да сымса буоллар, күнүс күүстээх үлэттэн сылаарҕаан, көхсө сааллан, утуктаан барар. Арай ол олорон көрдөҕүнэ, туох эрэ хара ууга тыаһа-ууһа суох аргыый киирэн кэлэр. Оппуос хараҕын сотто-сотто көрөр. Дьиибэ кыыла төрүт тыаһа суох күлүк курдук устан барыҥныыр, улаатар-кыччыыр. Муодаргыы-муодаргыы, киһитин уһугуннарар. Өр толкуйдуу барбакка тайах дии санаан, ытыалаан либиргэтэллэр. Киһи куйахата күүрэр ынырык часкыыр иһиллэр. Биһиги дьоммут, адьырҕа эрэ буолуо диэбэккэ олорбут буоланнар, куттара куота сыһар! Иэдээн илэ бэйэтинэн тиийэн кэлэр. Аар тайҕа муҥур тойоно, идэмэрдээх буулдьаҕа сиритэ-хайыта ыттаран, маҥнай кини да буоллар, соһуйан мах бэрдэрэ түһэр. Онтон икки хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыынньан, иннигэр түбэспити барытын тоҕута-хайыта сынньа-сынньа, ардай аһыылаах айаҕын аллаччы аппытынан отчуттар диэки түһүнэн кэбиһэр! Биһиги дьоммут ботуруоннарын мүччү-хаччы тутан, сиргэ түһэрэ-түһэрэ нэһиилэ сааларыгар укталлар. Ханна эрэ истибиттэрин өйдөөн, сонос маска сөрүөстэ түһээт, часкыыр хоту ытыалаан бытарыталлар. Оттон-мастан иҥнэ-иҥнэ кэннилэринэн чинэрийэллэр. Ол кэмҥэ билигин аҕай турбут тииттэригэр ыстанан кэлэн түөһүнэн сааллан “ньилк” гынар. Өстөөҕө тиит нөҥүө турарын курдук, кууһардыы дэгиэ тыҥырахтаах баппаҕайынан охсон хабылыннарар. Өстөөхтөрө куотан биэрбит кыһыытыттан-абатыттан, ол тиит хатырыгар часкыйа-часкыйа, үрүҥ субата кылбас гыныар диэри хайыта тыытар. Уол оҕо уйана-хатана биллэр хабыр хапсыһыытыгар биһиги
дьоммут уолуйан куоппакка, атын маска сөрүөстэн баран, эмиэ ытыалаан либиргэтэллэр. Сыҕарыйан биэрбиттэрин кэннэ, кыыллара эмиэ тиити кууһа түһэр. Оннук айаннаан отууларыгар түүн үөһэ кэлэллэр. Дьоннорун туруоран, кутаа оттон, сэрэнэн-сэрбэнэн, олорбутунан хоноллор. Түүнү быһа кыра тыастан чугуруҥнаһа хоноллор. Халлаан сырдаабытын кэннэ, хас да буолан умайар уот кугас аарыма адьырҕаны булаллар. Бүтэһик буулдьалара тыын сирин булбутун астыы сылдьан быһаараллар. Тыа сэмэй отчут-масчыт дьоно ыксаллаах кэмҥэ, өлөр-тиллэр алдьархайа буолбутугар, куттара көтө куттаммакка, бэйэ бодолорун тардынан хабыр хапсыһыыга үрүҥ тыыннарын өрүһүйдэхтэрэ. Хаһан да киһиргээн ыһа-тоҕо кэпсээбэттэр. Убайым Боро-куоппай Эбэтигэр Туолаайыга оттуу сылдьан буолуохтаах буолбутун курдук, сэмээр кэпсээбитин кэпсиибин. Оччолорго аахайбакка истэн баран, кэнники санаатахха, тустаахха ол кэмҥэ, кырдьык, ыксал буола сылдьыбыта буолуо дии саныыбын. Е.Картузов.
kyym.ru сайтан