Кэпсээ
Войти Регистрация

Нуотараҕа

Главная / Кэпсээн арааһа / Нуотараҕа

K
19.04.2019 14:21
Чурапчы улууһун биир тарбахха баттанар улахан булчута Сахаарап Сэмэни көрсөн мүччүргэннээх түбэлтэлэрин кэпсииригэр көрдөстүм. Хата, киһим бэрт улгумнук, кэтэмэҕэйдээһинэ суох кэпсээбитэ. Нуотара Эбэҕэ биир күһүн Баай Байанай мичик гынан бултуйдубут. Онон хаар түһүөн иннинэ дойдулаабыппыт. Нуотара Чаччаҕар диэн салаатынан төннөн иһэбит. Күнүс биир үүтээҥҥэ кэлэн чэйдээн баран, айаннаары туран атаһым: “Сааҕын чэҥкээйи оҥостон, көхсүгүн тоҕута сыстара сылдьыма, аккар төргүүлээн кэбис”, – диэбитэ. Мин тохтоон, саарбахтаан туран саныыбын: “...барар сирбит ыраах, кырдьык, бу суол ортотугар туох баар буолуой, биир эмэ мас көтөрө баар да буоллаҕына, атаһым дьаһайар ини...” Онон улахан буулдьа саабын ыҥыырга иилэ бырахтым. Туох да кыһалҕата суох Нуотара Эбэм бииртэн-биир кэрэ көстүүтэ арыллан истэ. Ол иһэн быйыл бэркэ бултуйбут сирбин санаан ааһабын. Холбону сиэгэн буллаҕына, кыһыны быһа үссэнэр, хаһаас оҥостор буоллаҕа. Бөрө курдук быһый атаҕа суох, булбутун муннун анныгар мустаҕына эрэ тыыннаах ордор. Бургунас мунна тосту тоҥор тымныытын тулуйар кыахтанар. Дьэ, оннук ону-маны буолары-буолбаты саныы истим. Арай ол айаннаан истэхпитинэ суол кытыытынааҕы ыарҕа быыһыгар ыттарбыт охсуһан ый-хай бөҕөнү түһэрдилэр. “Куобах сэмнэҕин булан былдьаһан эрдэхтэрэ”, – дии саныыбын. Аар тайҕа аарымата аҕыйах хаамыылаах сиргэ, ыарҕа быыһыгар, атахпыт анныгар сытарын хантан билээхтиэмий?! Арай, доҕоор, тумул кэтэҕэр умайар уот кугас дьүһүннээх аарыма тыатааҕы, үөлэс саҕа айаҕын аллаччы аппытынан, саһарбыт аһыыларын килэппитинэн, уонча хаамыы сиргэ бу барыс гына түстэ! Биһигини көрөөт, соһуйан, хорус гынна, суос бэринэн, халлаан хайдар, сир сиҥнэстэр часкыырын иһитиннэрдэ! Атым, дьигиһис гынаат, куһаҕан аҕайдык хаһыҥыраат, икки кэлин атаҕар турда, мин үүммүнэн харса суох айаҕын тардыалаан көрдүм да, куттаммыт сылгы хантан бэриниэй. Ыксал буолла, уйабар уу киирдэ! Атым инники атаҕынан иккистээн өрө тэбиниитигэр, мин ыҥыыртан арахсан, сууллуубар хоолдьукпун тэлгии сыстым. Хата, сымнаҕас сиргэ, ыарҕа быыһыгар тас уорҕабынан баран түстүм. Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар куттанан, куттара көтөн, түбэспэтэхтэригэр түбэһэн, өлүү айаҕыттан мүччү туттаран өрө тэбэ-тэбэ кэлбит суолларын диэки сүүрэн таҥкычахтана турдулар. Мин сулбу ыстанан туран, көхсүбэр саалаах курдук санаан, харбанан көрдүм – сылдьыбыт да сирэ суох! Тыыммын толук уурар альархайдаах алҕаһы оҥорбуппун дьэ онно биирдэ өйдөөтүм. Кэмсиммитим-кэмириммитим иһин, аны кэлэн, туох абырыай... Хараҕым кырыытынан көрбүтүм, киһим саатын сүкпүтүнэн саҥа орҕостон туран эрэрэ. Саалааҕын көрөөт, син чэпчээбиккэ дылы буоллум. Ол икки ардыгар киһим хара улары ытаары саатын хостообутун саныы биэрдим. Баҕар, хара уларынан сирэйдэнэн Аар тайҕа иччилэрэ биһигини өлөр өлүү айаҕыттан мүччү тардан таһаарбыттара буолуо... Суолдьут барахсан сирилээн кэллэ да, мин үрүҥ тыыммын өрүһүйээри, өлүү айаҕын бүөлүү, арҕаһын түүтүн адаарыппытынан турунан кэбистэ! Алдьархай аанын нэтээгинэн бүөлээбиккэ дылы, адьырҕа кыыл обургу кырачаан ыт оҕото эрэйдээҕи ааһан иһэн хайа дайбыыр буоллаҕа... Эрэллээх доҕорум үрүҥ тыыммын өллөйдөөн,
бэйэтин толук уурарга бэлэм сохсоллон тураахтаата... Адьырҕа Суолдьуттан мэһэйдэтэн, иннибэр үс-түөрт хаамыы сиргэ хорус гына түстэ. Улахан ытым Булчутум ойон кэллэ да, биир-биэс тыла суох арҕаһыгар сүктэрэ түстэ. Эһэ соһуйан, охсон көрдө да, баппаҕайа кулгааҕын кэннигэр тиийбэт эбит. Суолдьут барахсан адьырҕа кулгааҕар түстэ... Чуумпуран турбут Нуотара Эбэбит киэҥ киэлитин айдааммыт ылан кэбистэ. Адьырҕа часкыырыттан, ыттар моргуордарыттан Аар тайҕа баһа сатараан олорор. Дуолан охсуһуу, ааттаах араллаан манна буолла! Кырдьаҕас ардай аһыытынан хабан ылан ыстыы, баппаҕайынан охсо сатыыр да, Суолдьут таптаран бэрт! Бу кэмҥэ киһим ыта кэллэ да, кырдьаҕас борбуйугар хатана түстэ, ону үтүктэн кыра ытым, атын борбуйугар хатанна. Тыатааҕы охсор кэмигэр, ыттар аһаран биэрэллэр, сүбэлэспит курдук, утуу-субуу борбуйдаһаллар. Ити кэмҥэ ытарга сөп буолла диэбиттии, Булчутум тыатааҕы арҕаһыттан ойон түстэ да, кыттыһан тиистэспитинэн барда. Эмискэ саа тыаһа түп-тэлэннэ, ону кытта тыатааҕы соһуйан, тиэрэ баран түстэ да, үрэххэ хааһаҕы бырахпыттыы, ойон быыппаста турда. Кэнниттэн инчэҕэй сиртэн тэбиммит уоҕугар иһэҕэ ыһыллан хаалла... Ыттар кэнниттэн тэбиннилэр. Биһиги буолуох буолан бүппүтүн кэннэ, дьэ өй ылан, тымныы ууну испит сылгы курдук, уҥуох-уҥуохпут халыр босхо барда. Сүһүөхпүт уйумуна, сиргэ “лах” гына олоро түстүбүт. Уоскуйан, табахтаан сыыйдыбыт, ол олорон кыл түгэҥҥэ буолбут хабыр хапсыһыыны эргитэ санаан ыллыбыт. Сап саҕаттан салҕанан, Айыыларбыт ар-гыстаһан, Иэйэхсиппит эҥээрдэһэн, тыыннаах орпут үөрүүбүт өрөгөйө хам кууста! Ол үөрүүбүтүн аны Баай Байанай утары ууммут боччумнаах булдун мүччү туппут хомолто курус тыына солбуйда... Аргыый туран, уку-сакы үрэххэ киирэн кыылбыт тыҥырахтаах атаҕынан батарыта үктээн ойбут олугун хардыылаан көрдүбүт. Хата, ыттарбыт барахсаттар күн-ый буоланнар, билигин бу кэпсии-ипсии олордоҕум. Аар тайҕа уолаттарын өтөр-өтөр үөйбэтэх өттүлэриттэн үтэн-анньан көрөр идэлээх буоллаҕа. Хабыр соҕус да буоллар, уһуйан-хатаран эрдэҕэ. Булчут эр бэрдин сардаҥалаах сарсыҥҥытын тымтыктанан көрбүт суох...
kyym.ru сайтан