Кэпсээ
Войти Регистрация

Адьырҕалыын харсыһыы

Главная / Кэпсээн арааһа / Адьырҕалыын харсыһыы

K
28.03.2019 16:30
Олоххо киһи күүппэтэх араас соһуччу түгэнэ, өмүтүннэрэн да буоллар, син тахсар эбит. Истибит эрэ киһи болҕомтотун тардар. Биһиги түөлбэҕэ өтөрүнэн буолбатах дьикти түбэлтэ соторутааҕыта Кырамда Күөрэлээх суолугар тахсан, дьон уоһуттан түспэт сонун буолла. Бу түбэлтэ туһунан таксист Анатолий Александрович Абрамовтан сиһилии кэпсииригэр көрдөстүм. Мантан аллараа быһылааны илэ хараҕынан көрбүт уонна онно бэйэтинэн кыттыспыт киһи кэпсээнин истиэҕиҥ. – Алтынньы 31 күнүгэр мин оптуобуспар толору киһилээх киэһэлик куораттан тахсан дойдубар Күөрэлээхтээн испитим. Пассажирдарым бары ыччаттар. Кинилэр ортолоругар аармыйаттан саҥа диэмбэллэнэн иһэр саллаат уол эмиэ баара. Тыраасса көнө суолунан сырылаччы айаннаан Бэрдьигэстээҕи, онтон Аһыманы ааспыппыт. Бэйэбит суолбутугар киирбиппит. Олорсон иһэр эдэр дьон булт-алт, ол-бу туһунан күө-дьаа кэпсэтэ испиттэрэ. Бу киэһэ Күөрэлээххэ эстрада эдэр ырыаһыттара Сахамин, Айгылаан уонна Анатолий Горохов кэнсиэрдииллэрин истэннэр, ону баттаһа тиийээри, ыччаттар миигин тиэтэтэ испиттэрэ. Күөрэлээхтэн 2 көс бэтэрээ сытар Кырамдаҕа тиийэрбит 2 биэрэстэ курдук хаалбытын кэннэ, үөһэ-аллара түһүүлээх суолунан айаннатан истэхпинэ, хараҥаҕа массыына хараҕын сырдык уотугар эмискэ иннибэр бастаан балачча тэйиччи 3 харамай күлүгэ элэҥнэһэн көстө түспүтэ. Бастаан ону сылгылар дуу, туртастар дуу сылдьаллар диэн таайа санаабыппыт. Онтон балайда чугаһаан иһэн, аны ыттарга балыйдыбыт. Ыксаан иһэр массыына түргэнэ сүрдээх буоллаҕа, көрүөх бэтэрээ өттүгэр аттыларыгар бу астаран кэллибит. Дьэ, онно эрэ өйдөөн көрөн, били араас харамайга балыйбыт кыылларбыт үс сур бөрө буолбутуттан соһуйуу-өмүрүү үлүгэрэ буолла. Бөрөлөр, массыына фаратын уотуттан мэһэйдэтэн, харахтара саатан, суол устун иннилэрин күөйсэ-күөйсэ балачча бардылар. Онтон бастаан биир обургу адьырҕа суол уҥа өттүгэр туора ойдо. Кини кэнниттэн иккис бөрө эмиэ, ыксаан быһыылаах, хаҥас диэки ыстанна. Онтон икки өттүттэн үтүрүйтэрэ испит тыһы бөрө, соһуччу тыкпыт сырдыктан улдьааран быһыылаах, тоҕо эрэ доҕотторун саппай уопсубата уонна суолтан туораабакка иннибэр сундулуйан истэ. Массыынаҕа олорор уолаттар тыыннаах адьырҕаны чугастан илэ харахтарынан көрөн, омуннуран-төлөннүрэн, миигин «Доо, гаастаа, гаастаа! Үрдүнэн аас!» – диэн үрүт-үөһэ үөгүлээһин бөҕөтө буоллулар. Онуоха мин, кэтэмэҕэйдии барбакка, улгумнук гааспын үктээн кэбистим уонна сонно тута массыына анныгар кэтиллибит тыаһы иһиттим, тиэхиньикэм кыылы түҥнэри көтөн үрдүнэн барбытын биллим. 6-7 миэтэрэни аһара сүүрдээт, массыынабын тохтотон хорус гыннардым. Кэпсээтэххэ уһун курдук даҕаны, бу барыта, этэргэ дылы, көрүөх бэтэрээ өттүгэр буолбута. Эдэр уолаттар, көрө охсуох баҕалара батымына, уолҕамдьы санааларыгар тута таска сулбу ыстанан ойон тахсан истэхтэринэ, мин, аҕа саастаах киһи быһыытынан, арыычча хаһыытаатым: «Тохтооҥ, тахсымаҥ эрэ, адьырҕа аны тыыннаах сытара буолуо, сэрэниэххэ!» – диэн буойталаан, көрөөрү дэлби бугуһуйбут уолаттары нэһиилэ тылбар киллэрэн тохтотолоотум. Ол да буоллар, уолаттар тулуйбатылар, ааны аһан, өҥөйөн туран кыылларын туругун чинчилээтилэр. Көрбүппүт, 3-4 миэтэрэ тэйиччи суолга бөдөҥ көрүҥнээх адьырҕа кыыл өрө тыыллан, суолга хаана халыйан, кэлин атахтарынан сэниэтэ суохтук тэбиэлэнэ сытар
эбит. өндөйөр кыаҕа суоҕун билэн, уолаттар массыынаттан сулбурута ыстанан тахсаннар, өһөн эрэр адьырҕаны бастаан ыраахтан, онтон чугаһаан, тула өттүттэн суотабайынан түһэртээн чаҕылыннаран түһэн бардылар. Онтон дьэ уоскуйан, кыылбыт өлбүтүн билэн, эдэр саастарыгар соһуччу көрсүбүт сэдэх түбэлтэни өйдүү-саныы сылдьаары, бөрө аттыгар бары хаартыскаҕа түстүбүт. Бөрө төбөтө, айаҕа барыта кыа хаан буолан киһи тутуох-хабыах буолбатах этэ, ол иһин, өй булан, төбөтүгэр салаппаан бакыаты кэтэрдэн, баайан баран, оптуобуһум багааһынньыгар үөһэ куолаан, бары өйөөн тиэйдибит уонна салгыы айаннаан куугунаттыбыт. Уолаттар омуннара-төлөннөрө эмиэ хат күөдьүйэн тахсан, былдьаһа-былдьаһа эмиэ кэпсээн бөҕө буоллулар. Чаас аҥаарын курдугунан бөһүөлэккэ кэллибит. Сарсыарда аймахпыт, сааһырыар диэри байанайдаах булчут, сорсуннаах сонордьут Николай Гаврильевич Жирков, истэ охсон, тиийэн кэллэ. Кини кэнниттэн сотору Николай Константинович Жирков, Сидор Никифорович Дунаев (иккиэн биэнсийэҕэ тахсыахтарыгар диэри сылгыһыттаабыттара) кэллилэр. Үһүөн бөрөнү көрөн-истэн баран, сүллүлэр уонна тириитин хатара гараас истиэнэтигэр тиирдилэр. Онно көрдөххө, адьырҕабыт эмис баҕайы эбит, сыа бөҕөтө. Бөрөбүт тыһы эбит, ол эрээри уулана илигин быһаардылар. Дьэ, ити курдук, соһуччу адьырҕалыын харсыһан, мин айаммар хаһан да умнуллубат түгэн тосхойдо. – Анатолий, эн уонтан тахса сыл ыстаастаах, сырыы бөҕөтүн сылдьыбыт, айан бөҕөтүн айаннаабыт уопуттаах суоппар буоллаҕыҥ дии. Суоппардаабыт бу уһун кэмҥэр манна майгынныыр атын быһылааннары көрсүбүтүҥ дуо? – Түҥнэри көтөн өлөрүүлээх бу бастакы сырыым буолар. Онтон айанныы сылдьан, ойуур аарыма кыылларын хаста даҕаны көрсүтэлээн турабын уонна барытыгар эйэ дэмнээхтик арахсыбыппыт. Ол курдук, бастаан 90-с сыллар ортолоругар күнүс улуус киинигэр киирэн истэхпинэ, Улахан Кырамда таһыгар суолга иннибэр эмискэ тыаттан эһэ ойон тахсыбыта, аҕыйахта суол устун сүүрээт, суол нөҥүө өттүгэр туора ойбута. 2002 сыллаахха Тукулааччы - Кырамда икки ардыгар улахан баһаар буолбута. Ол кэмҥэ күһүөрү сайын түүн ыалдьыбыт киһини Бэрдьигэстээххэ илдьэ Сыылахааҥҥа чугаһаан эрдэхпинэ, буруо быыһынан биир улахан эһэ массыына хараҕын уотугар суолу кыйа сүүрбүтэ, онтон начаас туора ыстаммыта. Былырыын саас куораттан быһалыы суолунан кэлэн истэхпинэ, Туостай таһыгар борук-сорукка иннибэр 2 аарыма тайах суол кытыытынан аргыый сүүрэн суодаҥнаһан иһэн маар диэки туораабыттара уонна өссө тохтоон эргиллэн көрө хаалбыттара. Онтон быйыл сайын куораттаан истэхпинэ, улуус кыраныыссатын анараа өттүгэр, күнүс икки тайах оҕото суол кытыытыгар тураллара, онтон чугаһаан истэхпитинэ, ойуурга ойбуттара. Дьэ, ити курдук, айаҥҥа сылдьар киһи, чаастатык да буолбатар, айылҕа оҕолорун син биирдэ эмит көрсүтэлиибин. – Дьэ, Анатолий, интэ-риэһинэй кэпсээниҥ иһин махтанабын. Константин Жирков. Сэтинньи 15 күнэ, 2012 с.
kyym.ru сайтан