Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сүбэһит: Уу туһатын туһунан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сүбэһит: Уу туһатын туһунан
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.05.2022 17:20
Киһи, бастатан туран, тыынар салгына, иһэр уута суох олорбот. Баҕар, аһа суох ыйы быһа тулуйуо, оттон иһэр уута суох аҕыйах күнүнэн өлөр. Уу киһиэхэ оннук улахан суолталаах. Билигин аан дойду үрдүнэн ыраас иһэр уу тиийбэт буолан эрэр. Соторутааҕыта иһэр уубутун атыылаһан ылан иһиэхпит диэн долоҕойбутугар да түһэрбэт этибит дии. Оттон билигин куорат олохтоохторо күн аайы ыраастаммыт ууну атыылаһабыт. Сотору, аны, ыраас салгыны атыылаһан ылыахпыт диэни итэҕэйиэххит дуо? Хайдах ууну иһэр доруобуйаҕа ордук туһалааҕый? Уу молекулата водород икки атомыттан уонна кислород биир атомыттан турар. Водород сибээһэ молекулалары бөлөхтөргө ситимниир, олору кластердар диэн ааттыыллар. Кластердар туох эрэ дьайыыттан уларыйаллар, ол эбэтэр тулалыыр эйгэттэн киирэр информацияны “өйгө” хатыыллар. Ол иһин уу “өйдөөх” диэн учуонайдар дакаастаан тураллар. Сир иэнин 71%-на (361,1 мөл.кв.км.) уунан бүрүллүбүт (акыйааннар, муоралар, күөллэр, өрүстэр, муустар). Ол эрээри, баар уу 97,5% — муора туустаах уута, иһэргэ да, үүнээйигэ кутарга да туттуллубат. Иһэр уу кээмэйэ 2,5% эрэ, ол онтон 98,8%-на ирбэт мууска баар уонна сир аннынааҕы уу буолар. Онон өрүстэргэ, күөллэргэ баара-суоҕа 0,3% иһэр уу баар. Ону даҕаны киртитэн, иһэргэ буортулаах оҥорору киһи-аймах, дьэ, сатыыр. Киһиэхэ уу тоҕо нааданый? Хаан састаабын 20%-на – үрүҥ уонна кыһыл эттиктэр, 80%-на – уу. Киһи этэ-сиинэ эмиэ 70-80% ууттан турар. Кырдьаҕас киһи уута аҕыйах буолар – 50-60%. Хаан организмы кислородунан, иҥэмтиэлээх бэссэстибэнэн хааччыйар, оттон лимфа ыраастыыр, белогу хааҥҥа төннөрөр, онуоха уу оруола улахан. Уу буортулаах бактыарыйалары, мунньуллубут токсиннары, суурайан таһаарар, бары уорганнар, оһоҕос сөпкө үлэлииллэрин, хойуулук хаппатын, дабылыанньа түспэтин-тахсыбатын хааччыйар. Ону тэҥэ, организм биир тэҥ кыраадыһы тутарыгар эмиэ уу наада. Хас биирдии килиэккэ ууга наадыйар. Онон киһи үйэтин тухары ортотунан 35 туонна ууну иһэр. Бэл, хамсаммакка да олорон, күҥҥэ киһи 300 гр уутун сүтэрэр (көлөһүнүнэн уонна тыынарынан). Оттон куйааска уонна тиритэ-хорута үлэлиир, спордунан дьарыктанар буоллахха, киһи 4 киилэ уутун сүтэриэн сөп. “Өлбүт” уонна “тыыннаах” уу “Тыыннаах” уу – католит булкадаһыга, сыта суох, дьэҥкир, кыра солохтоох (щелочь). Маннык уу иммуннай систиэмэни бөҕөргөтөр уонна антиоксидантнай көмүскэли күүһүрдэр. “Тыыннаах” уу хайа өрүстэригэр, күрүлгэннэргэ, дьүүктэлэргэ баар буолар. Ардах, хаар уутун тутула эмиэ чугас, ол эрээри, кирдээх салгынтан буортулаах бэссэстибэлэри оборон ылбыт буолуон сөп. “Өлбүт” уу араҕастыҥы өҥнөөх, аһыы сыттаах, амтаннаах. Маннык уу хлордаах ууну солбуйар, бактыарыйалары өлөрөр. “Өлбүт” ууну бадарааннарга уонна сытыйбыт, турар уулаах холуодьастарга, о.д.а. көрүөххэ сөп, иһэр сатаммат. Ууну хайдах иһэбит? Иһэр уу кыра солохтоох, орто “кытаанах”, кыра минераллаах, дьэҥкир буолуохтаах. Киһи күҥҥэ ыйааһынын 3%-гар тэҥнэһэр ыраас ууну иһиэхтээх. Холобур, 50 киилэлээх киһи — 1,5 лиитэрэни, 100 киилэлээх киһи — 3 лиитэрэни. Иһэр уу хлора, ыарахан металлара, бактыарыйалара суох, сымнаҕас буолуохтаах. Уу сымнаҕаһын-кытаанаҕын чаанньык түгэҕинэн быһаарыахха сөп. Чаанньыккар дьэбин курдук кэһиэх олорон хаалбыт буоллаҕына, бу уу кытаанах эбит. Ону тэҥэ, уу pH кээмэйэ эмиэ оруоллаах. Организмҥа аһыыба-солох дьүөрэлэһиитэ (кислотно-щелочный баланс) кэһилиннэҕинэ, аһыйан, ыарыы үөскээн барар. Уу эт-хаан олус аһыйарыттан ыраастыыр аналлаах. Тоҕо диэтэр, уу pH кээмэйэ – 7,5-8, мантан намтаатаҕына, организм аһыйан барар. Утах, муорус, чэй, кофе, үүт, миин – бу уу буолбатах, бу – аһылык. Дьон үксүгэр “элбэх чэйи иһэбин, онон элбэх ууну иһэбин” дии саныыр. Оннук буолбатах. Онон ыраас ууну туспа иһиллэр. Киллиргэтэн кэбиспэккэ, бытааннык, кыра-кыралаан иһиэххэ наада. Уу сылаас буолара ордук, тоҕо диэтэр, тымныыны куртах да, ноор да сөбүлээбэттэр. Уу аһылыктааҕар улахан суолталаах. Уу эниэргийэни биэрэр, уута суох олох суох. Ууну сөпкө иһэр киһи уһун үйэлэнэр, доруобай буолар. Ыраас ууну испэт киһи сыыйа ыарыылары “мунньар”. Оргуйбут уу Дьэ, хайдах ууну иһэбит диэн үгүс дьон толкуйга түһэр буолуохтаах. Биһиги үөрэммиппитинэн, ууну оргутан иһэбит. Оргуттахха, микробтар, бактыарыйалар өлөллөр, онон ыарыыга сыстар куттал сүтэр. Кыраантан кэлэр ууну оргутар ордук. Ол эрээри, оргуйбут уу туһата эмиэ кыра буолар. Оргуйар кэмигэр кислорода тахсар, онон килиэккэлэргэ тиийэр кыаҕа мөлтүүр. Ордук хлордаах ууну өр оргутар буортулаах: токсиннаах бэссэстибэлэр үөскүүллэр. Куруук оргуйбут ууну иһэр дьон эбии битэмииннэри, минераллары иһиэхтэрин наада. Оргуйбут ууну иһэр буоллахха, маннык быраабылалары тутуһуллуохтаах: — оргутуох иннинэ, хас да чаас туруоран, хлорун көтүтүллэр; — уу саҥа оргуйан эрдэҕинэ, араарыллар, оччоҕо туһалаах бэссэстибэлэрин сороҕо хаалар; — хос-хос оргуттахха, доруобуйаҕа буортулаах, канцерогеннар үөскүүллэр; — оргуйбут ууну өр харайар, хас да хоннорор сатаммат. Сиикэй уу Дьиҥинэн, айылҕа оҥорбут сиикэй уута ордук туһалаах. Сиикэй уу тутула организмҥа баар уу тутулугар чугас, онон иҥэмтиэтэ үчүгэй. Килиэккэҕэ быһа тиийэн, кислородунан аһатар, көҥүл радикаллар үөскүүллэрин бохсор, организм көмүскэнэр кыаҕын күүһүрдэр. Ол иһин “тыыннаах” дииллэр. Сир анныттан сүүрүгүрэр дьүүктэ уута, эбэтэр хас да килэмиэтири дьөлө үүттээн, оборторон ылбыт уулара “тыыннаах”, эмтээх буолаллар. Биһиги усулуобуйабытыгар сиикэй ууну талар буоллахха, сир анныттан хостоммут, фильтрынан ыраастаммыт, оргутуллубатах уу ордук туһалаах. Ыраастаммыт уу Ол эрээри, улахан бытыылкаларга кутуллубут уу барыта туһалаах буолбатах. Күүстээх фильтр араас булкаастан, бактыарыйаттан ыраастыыр эрээри, туох баар туһалаах минеральнай туустарын эмиэ ыраастыыр. Онон “кураанах” уу буолан тахсар. Бу маннык ньыманы туһанарга, саамай сүрүнэ, фильтрдары кэмигэр уларытан иһиэххэ наада. Киртийбит фильтр туһата суоҕун таһынан, ууну эмиэ киртитиэн сөп, бу доруобуйаҕа буортулаах. Куруук былаастык бытыылкаттан иһэр эмиэ буортулаах, онон фильтры дьиэҕэ туруортарар ордук. Бытыылканы хайдах сууйан-сотон, харайан аҕалаллара эмиэ биллибэт. Муус уута Муус ирэн, ууллубут уу тутулугар кристаллара сааһыланан, оттон көннөрү ууга ыһылла сылдьаллар. Сааһыламмыт тутуллаах ууну килиэккэлэр түргэнник иҥэринэллэр, тоҕо диэтэр, килиэккэ иһинээҕи ууга майгынныыр. Муус уута саамай туһалаах: бэссэстибэлэр атастаһыыларыгар, холестерин намтыырыгар, хаан хаачыстыбата тупсарыгар, мэйии, сүрэх, бүөр үлэтигэр, хаан баттааһына чөлүгэр түһэригэр, үчүгэйдик утуйарга, араас инфекцияларга утарылаһарга көмөлөөх. Мууһунан тириини соттуу эдэргэ түһэрэр. Уу тоҥор кэмигэр кристаллара сааһыланан, ураты тутулланар. Онон кыраан уутун да тоҥордоххо, туһалаах буолар, элбэх эниэргийэни биэрэр. Оргутар да наадата суох. Муус тоҥор кэмигэр кирдээх бэссэстибэлэрэ ортотугар мусталлар, ыраас уу кытыытынан баар буолар. Дьиэҕэ хайдах бэлэмниэххэ сөбүй? Тоҥорору тулуйар өстүөкүлэ иһити булуохха наада, тимир да, былаастык иһит да барсыбат. Хайдыбат буоллаҕына, эмээллээх иһит буолуон сөп. Кыраан уутун биир суукка туруоран, хлорун көтүтэбит, түгэҕэр кирэ-хоҕо сөҥөр, ону ылбаппыт. Фильтрга ыраастаан баран, ууну иһиккэ кутан, хортуонунан сабан, тоҥоро уурабыт. Кыһын болкуоҥҥа тоҥоруохха сөп. Сотору кэминэн ылан, үөһээҥҥи чараас мууһун хостоон ылабыт, төттөрү тоҥоро уурабыт. Бу кэннэ уу 2/3 чааһа тоҥорун кэтэһэбит. Кытыытынан тоҥмут, ортотугар уулаах буолар. “Кирдээх” өттө хойут тоҥор, онон бу уутун тоҕобут. Мууһун иһитигэр ууллара хаалларабыт. Оргутар табыллыбат, тутула алдьаныа, туһалаах бэссэстибэлэрэ сүтүөхтэрэ. Аны туран, муус уута 12-17 чаас иһигэр муҥутаан туһалаах буолар эбит. Онон муус уутун хаһааммакка, тута иһэр ордук. Оттон ыраастаммыт мууһу хаһааныахха сөп. Бу курдук оҥоһуллубут муус уутугар бүтүннүү көспөккө, күҥҥэ аҕыйах ыстакааны иһэр да туһалаах. Биһиги өбүгэлэрбит күөлгэ, өрүскэ тоҥмут муус уутун иһэн кэлбиттэрэ. Муус тоҥор кэмигэр кирдээх өттө аллараа сөҥөр, үөһээҥи уу ыраас буолар. Онон маннык тоҥмут, айылҕа оҥорбут уута туһалаах. Уу туһунан чахчылар ЮНЕСКО 2020 сыллаах дааннайынан, саамай ыраас уу Финляндияҕа, Канадаҕа уонна Саҥа Зеландияҕа баар. Ыраастаммыт уу 0 кыраадыска тоҥмот. Сыл аайы муораҕа, акыйааҥҥа 260 мөлүйүөн туонна былаастык оҥоһуктар быраҕыллаллар. Ону тэҥэ, күөллэргэ, өрүстэргэ, муораҕа күн аайы 2 мөлүйүөн туонна киһи “тобоҕо” түһэр. Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, Хаартыска:
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан