Кэпсээ
Войти
Регистрация
Баламат
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Баламат
K
kyym.ru сайтан
Сонор
12.03.2019 12:41
Эриэн дьүһүннээх ыт оҕото бииргэ төрөөбүттэрин суохтаан, муннукка ытаан ньырылыы олорор. Кини Бэлэх диэн бэрт булчут ыттан төрөөбүт булчут буолар суоллаах ыт. Бэлэх үс оҕоломмутуттан иккитин дьон ылбыт, бу оҕотун хаһаайына “туһа ыт буолсу” диэн бэйэтигэр хаалларбыт. Ытыы олорор ыты ким эрэ саҕатыттан харбаан ылла да, үүттээх миискэҕэ муннун даҕатан, умса аста. Кырачаан ыт маҥнай иһимиэх курдук атыҥыраан баран, минньигэһиргэтэн, оргууй чаллырҕатан барда. Ити курдук миискэттэн аһыырга үөрэммитэ. “Баламат, Баламат!” — диэн саҥаны иһиттэ да, онно сүүрэн тиийэр буолбута. Хаһаайына ытыгар аат толкуйдуу сытан, “Кыым” хаһыакка “Булчут кутаата” диэн балаһаҕа “Баламат бултааһын” диэн кэпсээни ааҕан баран, ытын Баламат диэн сүрэхтээбитэ. Оттон кини ийэтин дьоҥҥо биэрбитэ. Онон Баламат Бой уонна Боотур диэн ыттары кытта тэҥҥэ иитиллибитэ. Сайын хаһаайынын кытта окко барсан тыаҕа, алааска мэниктээн, көччүйэн тахсара. Күһүөрү Баламаты хаһаайына куска илдьэ барбыта. Баламат саа эстэр тыаһын маҥнай онно истибитэ да, хата, куска аралдьыйан куттамматаҕа. Ытыллыбыт куһу барытын быыстала суох аҕалан иһэрэ. Онтон ыла сотору-сотору кустуу барсар буолбута. От үлэтэ бүппүтүн кэннэ, хаһаайына Баламаты дэриэбинэҕэ хаалларан баран, Боотурдаах Бойу илдьэ ханна эрэ барбыта. Үс хонон баран кэлбиттэрэ. Баламат убайдарыгар утары сүүрэн тиийэн ойуоккалааһын, сытырҕалааһын бөҕө буолбута. Хаһаайына ыҥырбытыгар кутуругун эргичиҥнэтэ-эргичиҥнэтэ сүүрэн тиийбитэ. Хаһаайынын иннигэр билбэт кыылын төбөтө сытар эбит. Ол төбөнү үрэ-үрэ, тииһинэн түһүтэлээтэ. Хаһаайына ону көрөн, астынан Баламаты хайгыы-хайгыы, өссө киксэрэн биэрдэ. Биир сарсыарда хаһаайына ханна эрэ бараары тэриннэ. Бу сырыыга ыттарын үһүөннэрин илдьэ барда. Иккис күннэригэр үрүйэ холбоһор сиригэр кэллилэр. Онно Баламакка эмискэ били төбөтүн сытын курдук сыт билиннэ. Ыттар сыт хоту ыстана турдулар. Сүүрэн тиийбитэ, арай уп-уһун атахтаах, били, дьиэтин таһыгар баар муостаахтарга майгынныыр, хараҥа дьүһүннээх билбэт кыыла адаарыйан турар эбит. Улахан ыттар күөйэ-хаайа сылдьан үрүү бөҕөлөрө. Баламат да хаалсыбата. Үрэ-хаайа сырыттахтарына, эмискэ саа тыаһа өрө хабылла түстэ. Кыыллара ойон истэҕинэ, эмиэ саа тыаһа эһиннэ. Муостаах кыыл умса хоруйа түспүтүгэр ыттар үрдүгэр саба ыстаннылар. Баламат убайдарын кытта кыыл үрдүгэр харса суох түһүөлээтэ. Билэрдии, кыылын төбөтүн үрдүгэр түһэ-түһэ илгиэлээтэ. Хаһаайына Баламаты хайгыы-хайгыы, киһиргэтэн истэ. Итинтэн саҕалаан кырачаан Баламат кыылдьыт ыт аатын сүкпүтэ. Константин ЛЕВИН-Тыал, Мэҥэ Хаҥалас, Чүүйэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан