Кэпсээ
Войти
Регистрация
Күүстээхтэр сирдэригэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Күүстээхтэр сирдэригэр
K
kyym.ru сайтан
Сонор
08.02.2019 16:38
Саха сиэринэн күһүн-саас булт көҥүллэнэрин долгуйа кэтэһэбин. Эмиэ ол сиэринэн, быйыл куска, мас көтөрүгэр көҥүлү сезон саҕаланыан быдан иннинэ оҥорторбутум. Даҕатан эттэххэ, быйыл Булт департамена саҥа оҥорбут быраабылатын улаханнык биһирээтим. Онон көҥүлү сылдьыахха айылаах улуустарбар барытыгар толорторон, улаханнык астынным. Күһүҥҥү куска аймахтарбар барарга быһаарынан, күтүөппэр Сашаҕа эппиппэр, биһирээбитэ. Орто кыыһым Татьяна Уус Алдан Кэптэнитин уола Саша Ксенофонтовка кэргэн тахсан, саҥа аймахтарбытыгар Эбээ Нютаҕа, Николай Алексеевичка кустуу, сир астыы сылдьар буолбуппут ыраатта. Аны булт спорду кытары майгыннаһар өрүттээҕэ, хайаларыгар да сыһыаннаах киһиэхэ, миэхэ, ордук умсугутуулаах буолар. Саха сирин балачча кэрийбитим. Онно сылдьан тоҕоос түбэстэҕинэ, ол дойду биллиилээх дьонун сэҥээрэн ыйыталаһабын. Чуолаан, күүстээх дьон туһунан. Ол курдук төрөөбүт Мырылабар (Чурапчы) дуулаҕа бухатыырдар Уҥар Боллоот, Бөҕө Ньыахан, Бөҕө Тараҕай олорон ааспыт сирдэринэн хаамыталаабытым. Күүстээх Десяткин төрөөбүт алааһыгар сүгүрүйэн, Хаҥалас бухатыыра Биэстээх Бочоох көтөхпүт тааһын тардыалаан ааспыттаахпын. Номоххо киирбит Майаҕатта Бэрт Хара алааһыгар – Кыыс Хаҥыга өрөспүүбүлүкэ куйуурун кылаабынай судьуйатынан үлэлээбитим, күүстээх Уйбаан төрөөбүт Дьүпсүнүгэр хаста да волейбол ыыппытым. Оттон быйыл өссө биир солун сиргэ сылдьан үөрэн-көтөн кэллим. Кус көҥүллэнэр күнүгэр күтүөтүм Сашалыын Муоматтан төрүттээх Алексей Терехов уонна Хомустаахтан Семен Бекечянов диэн кыттыгастарбытын ылан, Кэптэнигэ тиийдибит. Кэтэһэ олорор дьоммутугар кэлэн үссэнэ түһээт, салгыы Николай Алексеевич “фермеригэр” олорон, Найахыга былырыын бултаабыт Бырыылаах алааспытыгар кудуххай соҕустук айанныы турдубут. Аара уулартан кустары син көтүтэбит да, кыһаммаппыт. Арай Эһэлээхтэн көтүппүт кустарбыт алааһы туоруохпутугар диэри төттөрү кэлэн түспүттэрин сэҥээрэ көрдүбүт. Онтон биир сиһи туораары суол куһааҕар түһэн, балачча моһуогура сырыттыбыт. Аны сирдьиттэрбит Семеннаах Саша тиийиэхтээх сирбитигэр туоруур суолларыгар мунаардылар. Күн киэһэрэн барда. Онон төннөн Эһэлээххэ олоруоххайыҥ дэһэммит, борук-сорук саҕана кэллибит. Сып-сап чэйдии охсоот Сэмэммитин тыынан арыыга киллэрдибит, бэйэбит күөлү тула турдубут уонна ытан куһуй да, куһуй. Ити курдук хараҥа буолуута уонтан тахса кустанан үөрэн-көтөн таҕыстыбыт, сирбитин таба тайаммыппытыттан бары да астынныбыт. Даҕатан эттэххэ, Алексей саатын Үөһээ Бүлүүгэ хаалларан, миэхэ доҕотторум бэлэхтээбит икки уостаах ТОЗ 120-12 саабын уларсыбыта. Саа хайдах тэбэрин сураспытыгар, хаадьылаан, “кыҥаан сордонумаар, туһаайдыҥ да атынын бэйэтэ быһаарыаҕа” диэбитим. Кырдьык да, хоту дойду хоһуун уола саа тэбэр сиринэн ааһар куһу быһа аһарбатын көрөн астынныбыт. Онно эбии “Азот” ботуруона сааҕа арааһа сөп түбэһэр эбит диэн сыаналаатым. Урут араас ботуруонунан ыта сылдьыбытым эрээри, тоҕо эрэ барсыбат курдуга. “Фермербит” куусабыгар төрдүөн кэккэлэһэ сытан тоҥмокко-хаппакка сүрдээх үчүгэйдик хонон турдубут. Сарсыарда чэйдии олордохпутуна 3 массыынанан Гаврил Никитин “аармыйата” тиийэн кэллэ, “сыгааннар курдук субуруһа сылдьабыт” диэн күллэрдилэр. Кэлээт да күөлгэ уста сылдьар көҕүллээх (ханай, умсаах) оҕолоругар киирээри гыммыттарын “бэйэбит киирээри олоробут” диэн тохтоттубут. Ол эрээри, көрдөһүүлэрин быһа гыммакка, икки “аармыйа” 4 тыынан киирэн, начаас
8 көҕүллээҕи бултаан таҕыста. Сиэр быһыытынан, булпутун аҥаардастыбыт. Сарсыныгар аны хоту алаастарга тиийдибит эрээри, күөллэрэ улахана бэрт буолан, кус элбэх да буоллар, соччо ыттарбата. Онтон дьонум “Хаптаанньа сайылык” дэспиттэригэр, аатырбыт Мас Мэхээлэ ол дойду киһитэ буоларын саныы биэрэн, хайаан да таарыйан ааһыахха диэн, улуу киһи төрөөн-олорон ааспыт алааһын көрөн, улаханнык астынным. Алаас үрдүк сыырыттан туруйалаан ыла-ыла таҥнары сүүрэн түһэммин дьоммун соһуттум. Уолаттарбар “биэс быраат Карамзиннар бу сыыр үрдүттэн оҕус үрдүгэр туран эрэ түһэллэрэ үһү” диэн улаханнык бэркиһэттим. Онтон “алаас ортотугар аһыы сылдьар атыыр үөрүн киирэн эккирэтэн ситэн көрүҥ эрэ” диэн аны дьулаттым. Оттон номоххо ахтылларынан, былыр манна олорбут бухатыырдар оҕо сылдьан биэни алаас уҥуор тииккэ баайан баран, кулунчук ийэтин диэки муҥ кыраайынан ыстаннаҕына, кэнниттэн самыытын таһыйа- таһыйа сырсаллара үһү. Дьэ ити курдук дуулаҕа бухатыыр олорбут сирин, төрөөбүт алааһын көрөн астынан, биирдии бэйэбит аҕыстыы кустанан, Кэптэнибитигэр төннөн кэллибит. Уолаттарбыт дьиэлээтилэр, оттон биһиги салгыы отоннуу хааллыбыт. Николай Кронников, “Байанай” сурунаал 2014 с. литературнай куонкуруһун кыайыылааҕа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан