Кэпсээ
Войти Регистрация

Үһүс көрсүһүү

Главная / Кэпсээн арааһа / Үһүс көрсүһүү

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
29.10.2020 14:12
Петергофка Киргиэлэй Киирикэбис айаннаабатаҕа ыраатта даҕаны! Омуна суох эттэххэ, соҕуруу сылдьыбатаҕа отучча сыл буолбут. Үлэтигэр сөҕөөччү да, сиилээччи да элбэх этэ. Кырдьык даҕаны, босхо бырайыастаах эрээри, саатар, биирдэ эмэ куруорт-сонотуоруй диэни көрбөт туох аатай! Бэл, эдьиийэ, быйыл алта уон сэттэтин туолбут Марыына, «хаарыаны, эн буолан баран Бөтөрбүүр, Москуба устун күүлэйдээн кэлбит киһи баар ини» диэбиттээх. Бу эмээхсиниҥ икки сыл буола-буола хайаан да Чуорунай муора кырылас кумаҕар күҥҥэ сыламнаан, сааһын эрдэлээн көрсөр биитэр сайынын уһатар үгэстээх. Эдэригэр Ленинград куоракка устудьуоннаабыта, онон эдэр сааһын эргитэр кэмэ – айана. Оттон Киргиэлэй туһунан этэр буоллахха, эмиэ эдэригэр спорт үлүскэнигэр сылдьан Москубаҕа хаста-хаста тиэстибитин ааҕан сиппэккин. Айаннаабатах ыйа диэн суоҕа. Хата, «күрэхтэһиигэ ыҥырымаары гыннылар» диэн, ый курдук ханна да барбатаҕына, бэркэ муунтуйара. Ол саҕана спорт маастара таһымыгар сылдьар киһини Сойуус ааттаахтарын кытта күүһүн холостун диэн, кыах эрэ тоҕоостор, ыытан иһэллэрэ. Дьэ, онтон ыла элбэх кэм ааста. Дьыл-күн хаһан күүтэн турбута баарай. Киргиэлэй «баҕалаах маска ыттар» дииллэринии, «ССРС спордун маастара» диэн үрүҥ көмүс солотуулаах бэлиэни түөһүгэр иилиммитэ уонна хаста да холонон көрөн баран «мантан ордук тугу да ситиһиэм суох» диэн, спорка дьарыгын тохтоппута. Онтон ыла хотунан-соҕуруунан кыырайара эмиэ тохтообута. Билигин сааһыран, айанныах да санаата кэлбэт. Аны туран, биир өттүнэн ыллахха, айан-сырыы кутталлаах да курдук буолбут. Дьэ, бу баар-суох кыыһын тылын быһа гыммакка, Санкт-Петербурга кэллэ. Урут, киһи дьиктиргиэх, бу дойдуга биирдэ да үктэнэн көрө илигэ. Өр айаннаабатах буолан, сөмөлүөккэ дабылыанньата син тахсыталыы сырытта быһыылаах. Хата, кыыһа Пулково аэропорка көрсөн, оптуобуһунан, метронан олорор дьиэтигэр аҕалан абыраата. Били, Уһук Хоту кый ыраах сытар бөһүөлэгэр тэлгэһэтиттэн ырааппатах оҕото, бу дойду олохтооҕо буолан билэрэ-көрөрө да сүрдээх эбит. Ити курдук ээ, бэҕэһээ остуол аннынан сэрбэйэ көппүт оҕоҥ улаатан, сири-дойдуну билэ-көрө охсоро! Киргиэлэй Питер араас кэрэ сиринэн сырытта. Сөҕүү-махтайыы дэлэ дуо! Урукку Москубаҕа холоотоххо, бу дойду дьоно сайаҕастара, холкулара, дьоһуннаахтара оһуобай. Итини кыыһа да этэр. Дьэ, бу Петергофка инньэ Финскэй хомонон устан тигинэтэн кэлэн Ева фонтанын таһыгар хаартыскаҕа түстэ. Барыта түһээтэхтээҕи курдук – онно фонтан ыһыллар, манна фонтан уһуурар. Статуялар көмүс солотуулара диибин диэн, араас көҕөрдүүлэрэ сыттыын-сымардыын дьикти иэйиини көбүтэллэрин эриэхсит! Омуктар бэйэлэрин тылларынан туохтан да кыбыста хайыы, толло-дьулайа барбакка, кус-хаас саҥатын түһэрэн ааһаллара эриэккэһин. Тугун сүрэй! Дьокуускайга саха саханы кытта нууччалыы эрэ кэпсэттэҕинэ сатанар курдук үйэтэ кэллэ эбээт! Манна, Питергэ, хас да саханы кытта кэпсэтэн көрбүтэ даҕаны, хата, оҕолоруҥ нууччалыы эрэ кутан субуруталлара. Чэ, итини баҕас сөмөлүөккэ олороот билбитэ – саха ыччата төрөөбүт тылынан саҥара сатаабатын. Сирень киһи сүрэҕин көрбүтүнэн киирэр дьикти хойуу сытын хаһан умнар үһү. Аны туран, үүнээйи арааһа биир
тэҥник кырыллан-харайыллан кырылаан турара көрүөххэ, эчи, кэрэкэтин! Киргиэлэй бу курдук алаарыйа сылдьан ньиэгирдэр бөлөхтөрүгэр сирдьит буолан сылдьар кубаҕай сирэйдээх дьахтар кинини тонолуппакка одуулуурун бэлиэтии көрдө. Суох, көрдө буолбатах – сүрэҕинэн өтө сэрэйдэ. Хап-хара дьүһүннээх, тиистэрэ эрэ килэбэчиһэр бу дьонуҥ сытыылара-хотуулара диэн туох да сүрдээх, аан дойдуга адьас кинилэр саҕа улуу дьон суоҕун курдук тутталлар, саҥалара диэн ньамалас. Оттон мааны баҕайы таҥастаах били дьахтар кинилэргэ тугу эрэ дьоһуннаахтык быһаарар. Киргиэлэй, тоҕо эбитэ буолла, кэриэйгэ дуу, дьоппуоҥҥа дуу маарынныыр дьахтартан хараҕын араарбата. Ол ыккардыгар кыыһа «паапаа, ити туох ааттаах дьахтара эйигин супту көрдө, аны гипнозтаах дуу, туохтаах дуу хотууска буолаарай, сэрэн эрэ» диэн ыксатта. Мас күлүгэр баар ыскаамыйаҕа олорбуттарыгар били дьахтар ньиэгирдэригэр тугу эрэ этэн баран, чуо Киргиэлэйдээххэ хааман кэлэн нууччалыы дорооболосто: – Бырастыы гыныҥ, эһиги Саха сириттэн сылдьаҕыт дуо? – Ээх, Саха сириттэн, оттон Эн хайа дойдуттан сылдьаҕын, Саха сирин хантан билэҕин? – диэн Киргиэлэй хардары ыйытааччы буолла. – Хайдах билиэм суоҕай, хаһан эрэ төрөөбүт дойдум этэ буоллаҕа дии, – дьахтар нууччалыы саҥатын кубулуппакка хараҥа ачыкытын устан арылыччы көрбүтүгэр Киргиэлэй сүрэҕин тэбиитэ күүһүрэн ыларга дылы гынна. «Ханна көрдүм этэй? Бэйи, ыйыппыт киһи, хайа оройуонтан төрүттээҕин» диэн санаа үүйэ-хаайа тутта. Киһи саатыаҕа туох баарый – малтаччы ыйытан саайда. Онто киниэнэ киниэнин курдук буолла: сэрэйбит оройуонун ааттаата. Кини эбит! Лира! Бастакы көрсүһүү Кирииһэ, тохсус кылаас үөрэнээччитэ, оскуола бастыҥ спортсмена буолан, күннээн-күөнэхтээн сылдьара. Бу үс нэһилиэк ыһыаҕар, бөһүөлэгиттэн 6-7 биэрэстэлээх сиргэ, анаан-минээн оҥостон кэлбитэ. Улаатан истэххэ, ыһыах адьас атын тыыннанан, долгутара күүһүрэн иһэр эбит. Кини урут ыһыах диэн күнү-күннээн тэлбистээһин, утатыы-хоргуйуу курдук саныыра. Бу сырыыга хапсаҕайга бэйэтин ыйааһыныгар кими да тулуппатаҕа. Эчи, билбэт кыргыттара да элбэхтэрэ бэрдэ. Ыаллыы оройуонтан тырамбаайынан устан кэлбиттэр. Бу кыргыттар Кирииһэҕэ «ыалдьан» да биэрбиттэрэ. Онтон санаата көтөҕүллэн эбитэ дуу, утарылаһааччыларын илиилээх-атахтаах оҥортооботоҕо. Ол аайы ытыстарын таһыналлара, далбаатыыллара. «Кытаат, Гриша!» диэн чаҕаараллара. Киргиэлэй чөмпүйүөн аатын ылан, бириискэ диэн биэрбит мүһэлэрин табаарыстарын кытта буолбакка, кылгас чараас былаачыйалаах Лиралаах Розаны кытта сиэбиттэрэ. Хата, физруга Өлөксөй Микиитис дьоҕус балааккатын киниэхэ уларсан кыргыттарын онно киллэрбитэ. Хорчуоппаттан эт, кымыс ылан, тото-хана аһаан-сиэн, хатыҥ чараҥ устун күүлэйдээбиттэрэ. Онтон сотору соҕус Роза «урууларбын буллум» диэн тэйэн биэрбитэ. Кирииһэ табаарыстара «хаарыан балааккаттан, мүһэттэн маттыбыт» диэн, киниэхэ абаланан да хайыахтарай, кыахтарынан олоччу баһыйтаран баран. Оо, чахчы да долгутуулаах киэһэ этэ! Балаакка аанын түөрэтин тимэхтээн, «чып хатанан» баран уураспыттара. Лира көбүс-көнө атахтааҕа, түүппүлэтин устан, атахпын сынньатыам диэн, хоппуруон чулкутун биир-биир аргыый аҕай устубута. Кирииһэ спортивнай суумкатыттан бырастыына, чараас суорҕан ылан тэлгээбитэ уонна онно сыппыттара. Кыыс итиччэ сыгынньахтаммытыттан эрдийэн, уол бүрүүкэтин устан
плавкилаах эрэ хаалбыта... суорҕанынан саптыбыттара, эт эккэ сыстан, ураты күүстээх сэрээт үөскээбитэ... Иккис көрсүһүү Иркутскай куорат аэропордун баксаала. Ыам ыйын бүтэһик күннэрэ, төһө да ыкса киэһэ буоллар, харааннаан налыйан турбуттара. Ыскаамыйаҕа түөһүгэр толору значогу иилиммит сержант олороро. Бу – аармыйаттан диэмбэллэнэн иһэр Кирииһэ этэ. Саха сиригэр күн-дьыл мөлтөх буолан, сөмөлүөт түөрт чаас тардыллар диэн биллэрбиттэрэ. Диэмбэл хайыай, дойдутун ахтылҕаныгар тэптэрэн, утуйар-утуйбат киэбинэн диспиэччэрдэр тугу биллэрэллэрин иһиллии-иһиллии олордоҕо эбээт. Арай бу олордоҕуна, хайалара эрэ «Гриша, здравствуй» диир саҥата иһилиннэ. Уол өрө көрө түспүтэ – Лира турара! Кыыс үөрүйэх баҕайытык Кирииһэни иэдэһиттэн уураан чоп гыннарбыта. Нууччалыы-сахалыы кэпсээн тырыбынаабыта. Чуорунай муораттан – куруортан – иһэр эбит. Суумкатыттан араас хаартысканы ойутан таһааран көрдөртөөбүтэ. Эчи, кэпсээнэ элбэҕин! Кини таһыгар туран түһүспүт дьону барытын кыыһа Кирииһэ сөҕүөр диэри харахтарыыстыкалаата. Тугун сүрэй! Өссө, били, ыһыах саҕанааҕы түүнү кытта аҕынна. Онно Кирииһэ буруйдаах үһү. Лира уол «быһаарыылаах атаакатын» түүнү быһа кэтэспит да, харда суох буолан биэрбит. Оттон Кирииһэҕэ оннук санаа ол кэмҥэ төрүт киирбэтэҕэ ээ. Кыыһы ыга кууһа, ууруу сытан итинник быртах санааҕа ылларбатаҕа. Кырдьык, били «табаарыһа» тыҥыаҕынан тыҥаан, таҥас курдары кыыһы кэйэриттэн, хата кыбыстан, сиргэ тимириэн сирэ кытаанах быһыылааҕа. Итиччэ аһаҕастык кэпсэппит дьон туран таһырдьа хаамыстылар. Лира атын эриэйсэнэн арыый эрдэлик көтөр эбит. «Бачча көрсүбүччэ, шампанскайдыахха» диэн кыыс этии киллэрдэ. Баксаалтан тэйэн, тирэх мастар быыстарыгар киирэн көрсүһүү туһугар ыстакааннарын көтөхпүттэрэ. Диэмбэл сержант ол аайы били тохсус кылаас үөрэнээччитэ буолбатах этэ. Оттон Лира таптал ускуустубатын толору баһылаабыт, имэҥҥэ-дьалыҥҥа уопутурбут дьахтар киэбинэн хойуу сэбирдэхтээх тирэх маска сыстан туран таптал хаһан да умуллуо суох кутаатын күөдьүппүтэ. Кирииһэ маннык таптаһыы баарын урут хаһан да билэ илигэ... Былыргыны былыт саппат Мааны дьахтар Киргиэлэйи эмиэ сонно билбит этэ. Ол гынан баран урукку быстах тапталын (оттон Кирииһэ хайдах курдук таптаан эрэйдэммитин кини хантан ундаардыай!) оҕото, бу ситэн эрэр кыыс, кинини хайдах курдук абааһы көрбүтүн билбэтэ диэн кэлиэ дуо. Ыскаамыйаҕа олорон кэпсэтэн иһэн биллэ-биллибэтинэн Киргиэлэйгэ визиткатын туттарбыта. ... Кинилэр Лира Нева бэрэспиэгэр турар 5 хостоох кыбартыыратыгар көрсүбүттэрэ. Бу килэйбит-халайбыт уораҕайга дьиҥнээх хотун хаан быһыылааҕа. Эркиҥҥэ кэргэнин, оҕолорун кытта түспүт хаартыската мэтириэт буолан турара. Киргиэлэй соһуйан, мах бэрдэрэн хаалбыта – Лира эрэ хап-хара дырайбыт ньиэгир буолан биэрбитэ! Оттон оҕолоро үүт-үкчү аҕаларын курдуктара. Били кыры-кылбаҕар бууттаах Лира, остуоруйаҕа эрэ кэпсэнэр дьиҥнээх кырасаабысса, ыра санаата Африка бу килэгир хара ньиэгиригэр кэлэн түмүлүннэҕэ тугун баҕас дьиктитэй! Оттон бэйэтин Кирииһэ аан дойдуга саамай бүрэ киһинэн ааҕынара эбээт! – Гриша, көрсүһүүнэн, – диэн баран, Лира халаатын быатын төлөрүттэн кэбиспитэ... Киргиэлэй, төһө да мух-мах бардар, урукку кэрэтин ыһыкта илик туналы маҥан дьахтары
эпсэри кууспута, өйү туймаардар дьикти сыттаах духуунан ыстарыммыт Лираҕа бүүс-бүтүннүү бас бэриммитэ. Бастакы таптала Лира дырайбыт ньиэгир эрэ суостаах Отелло буолан Дездемонатын оннугар Киргиэлэйи хабарҕалаан да турдун, дьөрү кыһаллыа суоҕа! Маннык имэҥ-дьалыҥ – биир туспа ырай дойдута эбээт! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан