Кэпсээ
Войти Регистрация

Булчуттар кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Булчуттар кэпсээннэрэ

K
11.01.2019 12:37
Булчуттар кэпсээннэрэ Сөп буолуо Булт барахсан ураты абылаҥнаах. Булчуттар, төһө да ороскуоттааҕын иһин, син тэринэн хара тыаларын диэки барбыттара эрэ баар буолар. Биир күһүн алта буолан Ньурба Өлөөн быыһыгар тайахха диэн бултуу тахсыбыттар. Баай эһэкээн барахсан бастаан утаа булдунан бэркэ маанылаабыт. Күнү көтүппэккэ кэриэтэ ыттара тайах туруоралларын сууллары ытыалаан испиттэр. Саастаах, өрүү бултуур дьон өлгөм бултан үөрэн-көтөн, атахтара сири билбэт буолан сылдьаллар. Арай эдэрдэрэ Валентин, хайдах эрэ ытырыктатан, кэри-куру буолан барар. Иһигэр: “Бу туох ааттаах үлүгэрэй?! Наһаа да аһара барыы буолар эбит. Ойуур кыылын бүтэрээри гынныбыт! Түксү!” – дии саныыра күн аайы бөҕөргөөн испит. Тыа киһитэ, дьиҥэр, айаҕар бултаата да бүтэр үгэстээх. Бу сырыыга кылгас кэм иһигэр сүүрбэ биэс тайаҕы бултаабыттара сиэри таһынан элбэх үһү. “Хайа, убайдаар, сөп буолбаппыт дуо?” – диэн этэн көрбүтүн кыттыгастара отой саҥардыбатахтар. Хата, ол оннугар “бу үлүгэр үчүгэйдик бултуйа сылдьаҥҥын, туох буоллуҥ?!” диэн, саба саҥаран кэбиспиттэр. Маннык хааны-сиини ыһа-тоҕо сылдьан, биир түүн Валентин иччилээх түүлү түһүүр. Үлүгүнэйэ сытан уһуктар. Онно хайа эрэ кырдьаҕас оҕонньор үүтээҥҥэ сэмээр киирэн кэлэр уонна аргыый: “Нокоо, сөп буолуо эбиккит, дойдулааҥ...” — диэн сибигинэйэн баран, хайдах тыаһа суох киирбитин курдук, төттөрү тахсан баран хаалар. Түүлүгэр баттатан уһуктан, сарсыарда эрдэ туран, дэриэбинэтигэр төннөрдүү хомунан барар. Саастаах булчуттарыгар чэйдии олорон түүлүн кэпсиир. Истэн олорооччулар өссө да бултуу түһэр санаалаах буоланнар, соччо итэҕэйбэттэр, сэҥээрбэттэр. Эдэр булчут сылайбыт дии санаан: “Чэ, эн бар. Биһиги өттүгэлээн, саҥа сир көрөн барыахпыт”,– диэн, эмиэ да син төннүөх курдук тэринэллэр. Ол эрээри өссө бултуу түһэр түгэх санаалара кэйиэлээн кыайбыт. Ити курдук, “халлаан киһитэ” диир эдэр уоллара атын үрдүгэр түһэр да, быһа суолунан дойдутун диэки айанныы турар. Хаалбыт кырдьаҕастар, били, “өттүгэлээн” диэбит тылларын тутуһаллар. Аттарын үрдүгэр түһэн хоҥноллор. Өттүгэлээн иһээччилэр өр айаннаабаттар. Ыттара эмиэ тугу эрэ хаайан үрэр саҥалара аймана түһэр... Алдьархай аана арыллан, ардьаччы атан эрэрин ким билээхтиэ баарай?! Икки инники испит булчут “ол онон үрүйэ киирэр, онон эргийэ бардыбыт, баҕар, ыраас сиргэ тахсан биэриэхтэрэ” дэһээт, боруочука устун аттарын быһа кымньыылаталаан кэбиһэллэр. Хаалбыт дьон аттарыттан түһэн, ычыкын титириктэригэр баайталыыллар. Биир сыыдамнара, сылбырҕалара өрүсүһэн, түргэн үлүгэрдик ыттар үрэр сирдэрин диэки ыстанан хаалар. Сүүрэр икки хаамар икки ардынан мас быыһынан элэстэнии саҕаланар. Тайаҕы ыттара хаайан туран, үрэн маргыйа туралларыгар балыйтарбыт буолуон сөп курдук. Отой чугас турар “кыыллары” сонно тута эр-биир умсарыта ытыалаан кэбиһэр!!! Ытыалааччы Никииппэртэн аҕыйах хаамыынан хаалан, кэнниттэн сырсан испит Баһылай ыттар тастарыгар Ньукулайдаах Киргиэлэй сылдьалларын өйдөөн көрөн, киһитэ саатын көтөҕөн, кыҥаан эрдэҕинэ: “Никииппээр, ытыма!!! Дьоммут сылдьаллар!!!”– диэн хаһыытыыр да, өлүү түбэлтэлээх, саа тыаһыгар хотторон ситэ иһиллибэккэ хаалар. Иккитэ саа
тыаһа өрө хабылла түһэр – икки киһи умса баран түһэллэр! Сүүрэн тиийбитэ, доҕоор, икки доҕоро буулдьаҕа таптаран, биирэ – умса, иккиһэ тиэрэ түһэн сыталларын көрөн өй-мэй буолар. Оо, бу иэдээни! Харах баайыллара диэн баар буолар эбит! Ииримтийбит киһи санаатыгар “... итиэннэ олох олорон да диэн” диэх санаа кылам гынан аастаҕа. Быһаҕын кыыныттан сулбу тардан ылан искэ анньыммыт. Тыын сирин булбакка, иккистээн көтөҕөн эрдэҕинэ кэнниттэн кэлбит Баһылай Никииппэртэн быһаҕын былдьаан, туура охсон ылан киэр элитэр. Өлөрдүү табыллан сытар Ньукулай эрэйдээх: “Ким сиэтэ?..” – диэн иһэн Никииппэри хараҕын далыгар киллэрээт, налыс гынан хаалаахтыыр. Никииппэр иһин туттубутунан, ата бааллан турар сирин диэки ыстанар. Ол икки ардыгар, тыын былдьаһа сытар Киргиэлэй ынчыгын быыһынан: “Нокоо, Никииппэр, өлөр буоллаххына, дьону көрдөтөн эрэйдээйэҕин. Суолга, дьон булар сиригэр!” – диэн, хааныгар чачайа-чачайа кылана хаалаахтыыр. Бу да туран өйө хамнаан ылбыт буолуохтаах. Аттыгар сытар сааны ылар да: “Эн да тыыннаах хаалан... уһун соннонума...” – диэт, аны үһүс доҕорун ытар! Бэһис киһилэрэ Маппый “бу дьон туох эрэ буоллулар дуу?” диэн мунааран, атын титириктэн сүөрэн сиэппитинэн, дьонун диэки барар. Никииппэрэ иһин туттубутунан, ойууртан сүүрэн тахсаат “түҥнэри кэйэн кэбистэ!” дии-дии, тэһиини сулбу тардан ылаат, ат үрдүгэр түһэр да, быһа кымньыылаан, бөтөрөҥүнэн маһы-оту тоҕо барчалаан, ычыкыны тоҕута силэйэн, кэлбит сирин диэки түһэ турар. Бу курдук кылгас кэм иһигэр өтөрүнэн буолбатах соһумар иэдээн тахсар. Ордубут булчуттар эрэйдээхтэр уку-сакы хомунан муҥнаналлар. Икки тыына быстыбыт дьоннорун аттарыгар туора быраҕан ындаллар. Улаханнык бааһырбыт киһилэрин илдьэ дойдуларын быһаллар. Быһылаан сириттэн соччо ырааппакка, аны Никииппэрдэрэ атын тэһиинигэр боруочука кытыытыгар ыйанан турарын булаллар... Сир-дойду иччитэ, эдэр уолунан илдьиттии сатаабытын истибэккэ, ымсыы-обот санааҕа баттатан үс киһи суорума суолланнаҕа ити! Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх буоллаҕа эбээт... Бу барыта олоххо буолбут түбэлтэттэн сурулунна, дьон аата эрэ уларыйда. Уйбаан ӨЛӨКСӨНДҮРҮӨП. Дьикти Урут биһиги оҕонньотторбут саа сэбэ аҕыйаҕына улары наар туһахтаан эбэтэр сохсолоон ылаллара. Көтөн иһэр чыычаах тоҥон суулларын саҕана, халыҥ хаары үрдүнэн туут хайыһарынан сылдьар туһахчыттар, сохсоһуттар да аҕыйаҕа суох буолуохтаахтар. Билигин, саа-саадах элбэх кэмигэр, булду тулуппат буоллулар. Көрдүлэр да ытан, үксүгэр бааһырдан иһэллэр. Урукку дьиҥнээх булчут сиэриттэн-туомуттан тахсан эрэллэр. Аны кэлиҥҥи сылларга тимир көлө баҕайы үрдүгэр түстүлэр. Олохпут сайдыыта булка туһата аҕыйах ини. Тимир көлөҕө элбэх буолан олорсо сылдьан кыһыннары-сайыннары көтөрү-сүүрэри харыстаабакка ылгыыллар. Иһиттэх аайы “онно – оччону, манна – баччаны” диэн буолар! Онтон кэлиҥҥи икки-үс сылтан бэттэх аны “көтөр суох” диэн аатырар буолла. Уруккута буоллар, туһахха биир эмэ киириэх этэ. Онон арыттанан ааһара, тыыннаах хаалара элбэҕэ. Быстан хаалбакка төрүөх биэрэн, эһиилигэр эмиэ үөскээн эрдэҕэ буолуо. Билигин хастыы да саалаах дьон бултууру көргө кубулуттулар.
“Булт эһиннэ!” дииллэр да “эһээччилэр” бэйэлэрэ буолалларын соччо чөмчөкөлөрүгэр тохтоппокко сылдьаахтыыллар ээ, бадаҕа. Сиэрдээх булчут билигин “мөлтөх булчут” аатырар буолла дуу, тугуй? * * * Мантан сиэттэрэн атаһым кэпсээбитин эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын. Өрүү буоларын курдук, тимир көлөлөрүгэр толору симиллэн мас көтөрүн ыта тахсыбыттар. Уруккута туһахтанар кытыаннардаах эҥин кэрэкэ сири-уоту үрдүнэн тоҕо солоон ааспыт суолларын батыһан испиттэр. Былыр бэйэлэрин төрүттэрэ олорбут өтөхтөрүн бииртэн-биир кэритэ сүүрдүбүттэр. Аара өтөх аайыттан биирдии улары ытыалаан, ылан испиттэр. Олохтоох улардар буоллахтара дуу, суолларын тоҕойугар баар өтөхтөр аттыгар түһэллэр эбит. Дьон көтөр маһы булла да кэнниттэн сүүрдэн тиийэн, сууллартаан сонохтообуттар. Бу курдук алта хара улары илиилэригэр ылбыттар. Төһөнү сыыһа-халты ытан, бааһырдан ыыппыттарын ким да билбэт. Ото-маһа үүнэн ырааппыт кыра өтөххө ойутан киирбиттэр. Арай уолаттар көрдөхтөрүнэ, биир баараҕай тиит алын суон мутугар улар мааныта багдаллан олорор эбит. Тыаһа суох сыбдыһан тахсаат, “чэй!” дэһээт, тутуһан туран, биэс сааһыт биир киһи курдук ыппыттар. Улардара саа тыаһа эрэ, массыына тыаһа эрэ диэн кыһаллыбакка, олорбутун курдук олорбут. “Маат-муут” түһэрээт, эмиэ сибиниэһи салайбыттар. Көтөрдөрө барбах кэҕиҥнээн, кэннин хайыһан көрөр эбит. Атаһым бэркиһээн, икки уостааҕын эр-биир “сөтөлүннэрэн” баран, иккиһин ииттибэтэх. Элбэхтэ эстэр саалаахтар ботуруоннара бүтэн уолдьаспыттар, икки да уостаахтар тохтообуттар. Ииттэ турдахтарына, улар көтөн тиийэн киһи уҥуохтарын диэки түспүт. Бэркиһээн, уҥуохтарга барбатахтар. Улар мэҥэлэр быыстарынан хааман доодоҥнуу сылдьара көстөрө үһү. Салгыы атын өтөхтөрү кэрийэ көтүппүттэр. Ол күн “холондоорбут” улар кэнниттэн тугу да харахтаабатахтар. Хараҥарыыта төннүбүттэр. Атаһым санаата батарбакка, сарсыардалык эрдэ туран, “мөлтөөбүт” улары ирдэһэ быраатын кытта барбыт. Түспүт уҥуоҕун таһыгар чопчу тиийбиттэр. Иккиэн сааларын туппутунан киирбиттэр. “Түспүт сириттэн ырааппакка өлбөтөх буоллаҕына, суоллаан син биир булабыт” диэн, эрэх-турах санаммыттар. Тоҥуу хаары оймоон тиийбиттэрэ, суол-иис ханан да суох буолан соһутар! “Бэҕэһээ-бүгүн икки ардыгар хаар да, тибии да түспэтэҕэ” диэн, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбиһэллэр. Ол күнтэн бэттэх атаһым: “Сиэр-туом туһунан элбэҕи толкуйдуур буоллум”, — диэбитин сэргии истибитим. Тумарык.
kyym.ru сайтан