Кэпсээ
Войти
Регистрация
Булчут кэпсээниттэн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Булчут кэпсээниттэн
K
kyym.ru сайтан
Сонор
11.12.2018 14:52
Таксинан бииргэ айаннаан истэхпитинэ, Борис Иванович Шергин кэпсээн улаханнык сөхтөрөн турар. Булду сэҥээрэр буоламмын, бэркиһии, сөҕө-махтайа истибиппин тиэрдэбин. Эдьигээн. Күһүн. Балаҕан ыйын бүтэһик күннэрэ. Үрэх уута чараас мууһунан бүрүллүбүт кэмэ. Күһүҥҥү хараҥа халлаан кэлтэгэй ыйын сырдыгар бырамыысыланнас быраҕыллыбыт учаастагын дьиэлэрэ онон-манан иччитэхсийэн, киһи кутун-сүрүн баттыырдыы барыаран көстөллөр. Ким да олорботоҕо ырааппыт дьиэлэригэр суол оҥорооччулар тыраахтардара алдьанан, хоно сыппыттар. Ол киэһэ түүҥҥү хараҥаны кытта охсуһан, биир эрэ үүтээн түннүгүн уота кылайар. Үүтээн аанын хаахыныыр тыаһа чуумпуну уйгуурдар. Биир киһи орҕостон тахсан, табах уматтан өрүһүспүт курдук, табаҕын соппойо, обортолуу турбут. Онтун быыһыгар соторутааҕыта уһуктубут буолан, тыыллаҥнаан ылыталыыр. Киэһээҥҥи ыраас салгыны эҕирийэн ыла-ыла, үрэх тэллэҕэр киирэр. Тэһийбэккэ, ону-маны олоотуу көрөр. Ол сылдьан арай үрэххэ туох эрэ хамсыырын, өссө барбах тыаһыырын истэр. Син булчут хаана оонньоон, үөмэн сыбдыйан тиийэн көрбүтэ, доҕоор, тайах үрэх чараас мууһун дьөлө үктээн түһэ сытар эбит! Кэлбит сиринэн дьиэтин диэки тылын быһа ытыран, сүүрэн тэлэмээттэнэн кэлэр. Бу кэмҥэ үүтээҥҥэ Борис Иванович Шергин суол оҥоруутугар эмиэ бииргэ үлэлиир доҕотторун кытта олорбут. Борис Амма Абаҕатыттан бу дойдуга бульдозеристаабыта номнуо уонтан тахса сыл ааспыт кэмэ эбит. Хоту дойду барахсан үгүс булдунан-алдынан булчут киһи кутун-сүрүн тутан эрдэҕэ буолуо эбээт. Баай Байанай сиэрдээх булчуту бэлэҕиттэн матарбыта суох ини. Онон Борис эдэр сааһыттан булка ылларан, иллэҥ кэм көһүннэ да, хара тыаны кэрийэр эбит. Үлэһиттэр тыраахтардарын оҥостон, иллэҥсийэ быһыытыйан диисэл сырдыгар кинигэ ааҕа олорбуттар. Бу курдук налыйан олордохторуна, били, таһырдьа тахсыбыт киһилэрэ ааны тэлэччи аһан дьиэ иһигэр биирдэ баар буола түһээт: “Уолаттаар! Тайах ууга түспүт!” диэн, биир кэм айманыы бөҕөтө. Бористаах СКС-тарын хаба тардан ылаат ким тугу таҥнан олорбутунан таһырдьа ыстаҥалаһан тахсаллар. Үрэххэ киирэн көрбүттэрэ, аарыма тайах муустаах ууну барчалыы, кытылга тахса сытар эбит. Бачча бэлэм, өлгөм булду биирдэ-иккитэ ытан тыын сирин буллараллар. Ол икки ардыгар, хантан кэлбитэ буолла, киҥэ-наара холлубут аар тайҕа аарымата адьырҕа эһэ тайах үрдүгэр сулбу ойон тахсар. Киһи куйахата күүрүөх часкыйан бытарытар! Дьоммут манныгы эрэ күүппэккэ турбут буолан, уолуйан хаалан тэпсэҥнии түһээт, эмиэ ытыалаан субуруталлар. Тыатааҕыларын сүрэххэ түһэрэллэр. Ол да буоллар кыыллара кытылы былдьаһар. Чугастааҕы сиһиккэ тиийэн, күүһэ өһүллэн, онно охтор. Бултарын астыыр түбүгэр түһэллэр. Ыкса күһүн буолан, иккиэн да эмистэрэ сүрдээх буолан биэрэр. * * * Дьикти булт түбэлтэтин Борис Ивановичтан: “Ити аар тайҕа икки аарымата хайдах биир чардаакка түспүттэрэ буолуой?” – диэн, лаппыйан ыйыталаһабын. – Чуолкайын билбэтим. Арааһа, соһуччу көрсөн бултаспыта буолуо. Тайаҕы үрэххэ киирэрин манаан сытан түһүөн сөп курдук. Эһэттэн дьаарханан, тайах үрэххэ ыстаммыта буолуо. Ким да билбэт. Дьиҥэр, айылҕаҕа киһи өйдөөбөт араас дьиктитэ элбэх буоллаҕа. Онон балай эмэ уойбут,
арºҕахха киирээри сылдьар эһэ тоҕо тайахха санаммыта – биһиэхэ таайыллыбат таабырын. * * * Мантан сиэттэрэн Борис Шергинтэн булт туһунан ыйыталаспытым. – Аан бастакы булкун өйдүүгүн дуо? – Кыра эрдэхпиттэн аҕабын эккирэтэ сылдьан кустуурум. Оттон Абаҕаҕа кэлэммин, Байбал Мэхээлэбис диэн булчут оҕонньору кытары билсибитим. Кини миигин үөрэтэн, булт абылаҥар ылларбытым. Оччолорго саам суоҕа, инньэ гынан наар дьонтон уларсарым. Оҕонньордуун иллэҥ кэммэр өрүү тайахтыы барарбыт. Хас да сыл субуруччу бултуйбакка сылдьыбыт кэмнэрдээхпит. Биир дьыл оҕонньор табаны ыттарбыта. Онтум муоһа билигин даҕаны өйдөбүнньүк буолан, сарайым ойоҕоһугар ыйанан турар. – Ордук ханнык кыыллары бултуугун, хайдах бултаналларый? – Улахан булду хоту барыахпыттан бултуубун. Билиҥҥитэ кыыл табаны, тайаҕы, эһэни, сиэгэни, саарбаны, бөрөнү бултаан турабын. Табаттан, тайахтан, эһэттэн ураты кыыллары хапкаанынан ылабын. Холобур, сиэгэн сүрдээх сэрэх, сытымсах, хапкааҥҥа мээнэ киирбэт кыыл. Онон бэрт эрэйдээхтик бултатар. Хоту сиэгэни бултуурга хаарынан бугул оҥороллор. Онтуларын дьөлө хаһаллар. Иһигэр балык быраҕаллар уонна бугулларын тула хас эмэ хапкааны иитэллэр. Ити кэннэ кичэйэн хаарынан саба бүрүйэллэр. Сиэгэн собулҕаҕа кэлэн орох тэппитин буллахтарына, аттыгар иитэллэр. Балай эмэ кэтэһиннэрэн баран, син биир иҥнээччи. Үксүгэр хаар кыраһалаатаҕына, онно балыйтаран киирэр. Билиҥҥитэ 30 сиэгэни хапкаанынан ыллым. — Куска-хааска эмиэ бултуур буоллаҕыҥ... — Куска урут-уруккуттан сылдьабын. Уоппускам кэмигэр сааскы уонна күһүҥҥү куска өрүү көтүппэккэ сылдьабын. Бэйэм кустуур күөллэрдээхпин, онно мончуук түһэрэн, дурда туруоран сытабын эбэтэр тураҥнары, үрэхтэри кэрийэбин. Сезон аайы төһө көҥүллээхпинэн айахпар бултуубун Оттон Хоту хааска сөбүлээн сылдьабын. Ыам ыйын 8-9 күннэригэр хаардаахха кумах арыы таҕыстаҕына, хаастыы киирээччибит. Хаас ойуута (профиль) кумахха турарын көрөн, ол көтөрдөр албыннатан түһэллэр. – Эн санааҕар, дьиҥнээх булчут хайдах буолуохтааҕый? Булт диэн эйиэхэ тус бэйэҕэр туох суолталааҕый? – Булчут диэн туспа айылгылаах киһи дии саныыбын. Кини куруутун айылҕаны кытта алтыһар, онон атын дьоннооҕор айылҕаҕа быдан чугас. Дьиҥнээх булчут хара тыа иччитин – Баай Байанайы хомоппот, антах хайыһыннарбат курдук сиэрдээхтик тута-хапта сылдьыахтаах. Көтөрү-сүүрэри мээнэ ытара сатаммат. Дьиҥэр, билигин, саа-саадах уонна тиэхиньикэ сайдыбыт кэмигэр, сыал-сорук оҥоһуннахха, төһө баҕарар кыылы-сүөлү сонохтуохха сөп. Дьиҥнээх булчут оннукка тиийиэ суохтаах. Булт тус бэйэбэр түҥ былыргы өбүгэлэрбиттэн бэриллибит айылҕаны кытта ситимим дии саныыбын – Оттон билиҥҥи булчут булт сиэрин төһө тутуһарый? – Билиҥҥи булчут былыргы сиэри-туому син тутуһа сатыы дии саныыбын. Ол – үүтээнин да туругуттан көстөр. Киин уонна хоту улуустар булчуттарын үүтээннэригэр билигин даҕаны кураанах хардаҕастары, тууһу, испиискэни, о.д.а. булаҕын. – Хоту дойду булчуттара хайдахтарый? – Хоту дойду дьоно олус сайаҕастар. Киһини элбэххэ үөрэтэллэр. Кинилэртэн хапкааны хайдах сөпкө иитэргэ, ханнык кыылы хайдах бултуурга, биир тылынан, булт араас албаһыгар-ньыматыгар үөрэнним, онон кинилэргэ махталым улахан. – Булчуттарга туох баҕа
санаалааххын? – Айылҕаҕа сиэрдээхтик сылдьары, бултууру, өбүгэлэр суруллубатах үгэстэрин өрүүтүн тутуһуохтарын баҕарабын. Баай Байанай инникитин да саха булчуттарын бойомнук өлүүлүү турдун. Илья ОКОНЕШНИКОВ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан