Кэпсээ
Войти Регистрация

Биллибэт күүс, өтөх, уот иччитэ баар дуу, суох дуу?

Главная / Кэпсээн арааһа / Биллибэт күүс, өтөх, уот иччитэ баар дуу, суох дуу?

K
30.11.2018 15:05
Үөрэҕэ да суох буоллар, “сэбиэскэйдии” өйдөөх-санаалаах, абааһыны-таҥараны итэҕэйбэт, куттанар, дьиксинэр диэни билбэт аҕаҕа иитиллэн-такайыллан кэллим. Ол түмүгэр аҕам өйө-санаата бэриллэн, бачча сааһырыахпар диэри абааһы, иччи, сүллүкүүн, чөчүөккэ ханна эрэ сөрүөстэ, саһа-кирийэ сылдьаллара буолуо диэн санаабакка кырдьан эрэбин. Ол эрээри саха буолан, сиргэ-уокка сылдьан, өбүгэ саҕаттан кэлбит сиэри-туому тутуһабын. Өтөх, алаас иччилэрин алы гынан, Баай Байанайбыттан көрдөһөн-ааттаһан, үксүгэр уоттаммакка-күөстэммэккэ, өйүө килиэппин арыылаан, от-мас быыһыгар, тиит төрдүгэр уурарбын хаһан да умнубаппын. Оттон иччитэх өтөхтөргө хоно сытан, оһохтоох буоллаҕына, уот оттон эбэтэр дьиэ таһыгар күөстэнэн, аал уотум иччитин аһатарбын оҕо эрдэхпиттэн ытык иэһим курдук саныыбын. Ол эрээри ардыгар аахайбакка, атыны саныы сылдьан, умнан эбэтэр соһуччу туохха эмэ аралдьыйан, сирбин-уоппун аһаппакка хаалбыт түбэлтэм баар буолааччы. Арыый хойутаан да буоллар, биирдэ оннук сыыһа туттубуппун, аал уотум иччитин аһаппатахпын чопчу өйдөөн кэлбиттээхпин. Ол түүн чугаһынан киһитэ-сүөһүтэ суох иччитэх өтөххө хайа да киһи куттаныан сөптөөх түгэннэрэ буолбутун ааҕааччыларбар кэпсиэхпин баҕардым. Бороҕоҥҥо үгүс доҕорбор бу түбэлтэ туһунан кэпсээбитим, онон кинилэргэ сонун буолбатах. Оттон бэйэм күн бүгүнүгэр диэри абааһыга, иччигэ түһэриэх санаам олох кэлбэт. Чэ, күндү ааҕааччым, бэйэҥ сыта-тура сыаналаан көрөөр, саас-сааһынан сиһилии суруйан көрүүм. 80-с сыллар саҥалара, милииссийэҕэ үлэлиибин. Биирдэ балаҕан ыйын ортотун саҕана, былыттаах, кыра сиикирэ ардахтаах сарсыарда, эрдэ туран, куолубунан, икки саабын, хонор өйүөбүн сүгэн, Чараҥынан, Хааҥхаранан тахсан, өрүү бултуур, сылдьар Чаҕадымам алааһыгар тиийдим. Майаҕастан тахсан өрүү онно сайылыыр Мэхээчэлээх көспүттэр. Сайын отчуттар улахан ампаар дьиэлэрин таһыгар уокка оттуллар аҕыйах хардаҕас баарын, “баҕар, киэһэ манна кэлэн хонуом” дии санаан, дьиэҕэ киллэрэн, тимир буочука оһох таһыгар чөмөхтүү бырахтым. Ампаар илин өттүнэн ааннаах, халыҥ хаптаһын халҕаннаах, түннүгэ сороҕо тааһа суох, сороҕо салапаан сабыылаах, биир түннүк салапаана хайдыбыт, тыал курдаттыы үрэр. Оһох аттыгар былыргы мас орон турар. Бу ампаар дьиэҕэ урут кэлэ-бара сылдьыбытым үгүс буолуохтаах да, хоммутум суох. Икки-үс сыллааҕыта оттуу сылдьан, Майаҕас оскуолатын учуутала бу ампаарга туруорбут матасыыкылыгар Мэхээчэлээх түөрт-биэс саастаах кыыстара эрэйдээх оонньуу сылдьан, матасыыкылга баттатан хомолтолоохтук өлбүтүн истэр этим. Оппун-маспын бэлэмнээн баран, үргүлдьү Чаҕадыма соҕуруу өттүнээҕи алаастары кэрийэн, “Таампаранан” эргийэн, Иччилээххэ тиийэн, табаарыспар Михаил Охлопковка сылдьан, кэпсэтэн, чэйдээн баран, Күрүөлүкү алааһынан тахсан, Чаҕадымам өтөҕөр хараҥа буолуута кэллим. Уонча кустаахпын. Күһүнүн ардах астан, таҥаһым-сабым кураанах. Киирэн, сааларбын тоҕо эрэ ампаар саамай ыраах, хараҥа хоту муннугар илдьэн уурталаатым. Үрүсээкпин устан, сааларым таһыгар муостаҕа бырахтым, өйүөбүн мөһөөччүктэри ороон ылан, оһох таһынааҕы улахан ороҥҥо уурдум. Маспыттан кураанаҕын талан, буочука оһохпор толору симэн кэбистим уонна сарсыарда сырдыкка көрбүт бытыылкалаах убаҕас баарын ылан, оһоҕум иһинээҕи маспар ыстым. Тыраахтар “аһылыга” быһыылаах, испиискэбин уматан, маспар даҕайарбын кытта, оһоҕум үөрэ-көтө күүдэпчилэнэ түстэ. Оһох үрдүгэр турар
уулаах биэдэрэни таһырдьа таһааран тоҕо ыһан баран, үрэхтэн ыраас ууну баһан таһааран, оһоҕум үрдүгэр уурдум. Өр буолбата, ампаарым иһэ сылыйан, буочукам үрдэ кытаран, биэдэрэлээх уум бэрт сотору оргуйан бидилийдэ. Чэйбиттэн ылан куттум. Дьэ уонна бэрт холкутук, наҕыллык, барыта санаа хоту табыллан иһэриттэн астынан, уһун саппыкыбын устан, атаҕым таҥаһын куурда ыйаан баран, оронум үрдүгэр аа-дьуо аһыы олордум. Тото-хана аһаан, оһохпор толору өссө биирдэ мас симэн баран, оһох аанынан кыламныыр уот сырдыгар кыһайан чаһыбын көрбүтүм 11 чаас буолан эрэр эбит. Дьиэм олус сылыйан, сорох тас таҥаспын устан, ороҥҥо тиэрэ түһэн, утуйардыы сыттым. Арай саҥардыы нухарыйыах курдук буолан истэхпинэ, төбөбөр тымныы билиннэ. Муодарҕаан, өндөс гынан, көрө түспүтүм, төбөбүттэн адьас чугас турар ааным тэлэччи аһаҕас турар эбит. Улаханнык соһуйбатым, куһаҕан түннүктээх-үөлэстээх апмаар дьиэҕэ тыал курдаттыы сылдьара буолуо дии санаан, ойон туран, ыарахан липпэ ааны күүскэ соҕус саба тартым. Эмиэ сыттым. Оһоҕум үчүгэй баҕайытык умайа турар, үрдэ кытаран олорор. Бу сырыыга утуйдум быһылаах. Ол эрээри олус тымныы салгынтан уһукта биэрэн көрбүтүм: ааным эмиэ аһаҕас турар! Соһуйдум эрээри, абааһы, иччи туһунан санаан да көрбөтүм. Эмиэ Тыалга-кууска, куһаҕан оҥоһуулаах ааҥҥа күтүрээтим. Ойон туран, ааммын күүскэ лип гына саптым. Кырдьык, кыратык аппайар, аһыллар диэни “билбэт” аан эбит, кыратык аппайда да, тиэрэ эһиллэр адьынаттаах эбит. Ол иһин бу сырыыга ааммын кэлгийэргэ икки жилкалаах уот дуу, төлөпүөн дуу боробулуохатын булан ыллым, балачча дороххой. Аан тутааҕар иҥиннэрдим уонна чугас истиэнэҕэ саайыллыбыт улахан тимир тоһоҕоһун эрийэ тутан баайдым, улаханнык кичэйэ барбатым, оннооҕор быата туһаҕа суох аһыллыбакка турбута дии санаатым. Эмиэ утуйардыы сыттым. Бу сырыыга уһуннук сыппатым быһыылаах. Эмиэ төбөм тоҥон киирэн барда. Тута көрө түспүтүм, ааным эмиэ аһаҕас! Ойон турдум. Боробулуохам дороххойугар, үчүгэйдик баайбатахпар түһэрдим. Абааһы, иччи туһунан санаа эмиэ киирбэтэ. Ол эрээри бу сырыыга ааммын олус кичэйэн кэлгийдим, аны мээнэ турбат гына. Хос-хос баайан баран, ааммын иһиттэн анньыалаан көрдүм, хамсаан да көрбөтө. Дьэ, уоскуйан, утуйардыы сыттым. Ол иннинэ чаһыбын көрбүтүм 12-ни ааспыт. Эмиэ бэрт кыратык утуйдум быһыылаах. Арай наһаа тымныыттан төбөм, этим-сииним барыта тоҥон киирэн барбытыттан уһукта биэрдим, тута ааным диэки көрө түспүтүм: тэлэччи аһаҕас! Дьэ, дьиксинним, абааһылара баҕайы, иччилэрэ диэн кырдьык баар буоллаҕа дуу, тугуй? Тоҕо дьиибэтэй, дьиктитэй?! “Мантан бар, хонума!” диэн холдьоҕор дьүһүнэ дуу диэн, онтон да атын муодаргыыр санаа кииртэлээн ылла. Тураммын ааммын саптым. Боробулуоха баайыыта барыта өһүллэн хаалбыт. Бу сырыыга ааммын соруйан аат харата эрэ баайбыта буоллум уонна ол биллибэт күүскэ, өсөһүөх, куруубайдаһыах санаам киирэн: “Ити буоллаҕына, хайдах ааммын аһан таһырдьа таһааран быраҕаргын көрүллүө”, — диэх курдук бас баттах санаа киирэн таҕыста. Сааларбын хараҥа муннуктан аҕалан аттыбар
ууруннум, быһахпын сыттыктана уурбут үрүсээгим анныгар астым уонна ааммын туох кэлэн аһарын көрөөрү, кэтэһэн ахан сыттым. Балачча уһуннук сытан, устунан нухарыйан, наһаа күүскэ утуйан хаалбыппын. Сарсыарда 6 чаас саҕана икки Майаҕас уолаттара кэлэн, ааммын тардыалаан, бэйэлэрэ аһан киирэн, уһугуннаран тураллар. Түүҥҥү быһылаан туһунан уолаттарга кэпсээбэтим, өрүү бултуур, сылдьар сирдэриттэн эдэр дьон, баҕар, дьиксинэ, куттана сылдьыахтара диэн. Дьонум да өр сэлэһэ олорботулар, бэҕэһээ ханан сылдьыбыппын, кус ханна баар буолуон сөбүн туоһулаһаат, тахсан бардылар. Мин таҥнан, уоппун оттон, чэйим тобоҕун сылытан, аһыырдыы оҥостон, арыылаах килиэппин айахпар тиэрдэн истэхпинэ, соһуйан “ходьох” гына түһүөхпэр диэри, оттуллан турар оһоҕум иһигэр бөстүөн эстэрин курдук тыас “пас” гына түстэ. Сонно эрэ наһаа чуолкайдык бэҕэһээ киэһэ, умнан кэбиһэн, аал уоппун аһаппатахпын өйдүү түстэҕим үһү! Ойон туран уобан испит арыылаах килиэппин уоппар бырахтым уонна: “Аал уотум иччитэ, акаары уолгун алы гын. Улаханнык куттаабакка (дьиҥэ, ааспытын кэннэ эттэххэ, дьиксинэ, куттана санаабытым баара) этэҥҥэ хоннорон ыыппыккар махтал буоллун!” — диэн ботугураатым. Аһаан, хомунан, салгыы алаастары кэрийэ бултуу баран хааллым. Бу түбэлтэ туһунан маҥнай дьуһуурунайдыы олорон, түүн милииссийэ уолаттарыгар кэпсээбиппэр, дьонум Саша Ноговицын уонна Саша Алексеев син куттаннылар быһыылааҕа. Оттон кэргэммэр олох да кэпсээбэтэҕим, хоно-өрүү бардахпына, ону санаан, куттана, кэлэрбин кэтэһэ сылдьыа диэн. Кэлин хайа эрэ табаарыһым кэргэнэ дьахтартан истэн, туох буолбутун сураһан көрбүтүгэр, түннүгэ-үөлэһэ суох эргэ өтөх иһигэр тыал-куус курдат үрэриттэн иккитэ-үстэ ааным аһыллыбытын туһунан дьон эбэн-сабан омуннаан, дарбатан кэпсииллэр диэн аралдьытан кэбиспиттээхпин. Кырдьыга, билигин да ол иччитэх ампаарга миигин туох эрэ биллибэт күүс, өтөх иччитэ дьээбэлээбитэ буолуо диэх санаам кэлбэт. Өскөтүн оннук биллибэт дьулаан күүс баара эбитэ буоллар, миигин, киниэхэ оччо өһөспүт, куруубайдаспыт, охсуһаары гыммыт курдук саатын, быһаҕын бэлэмнэммит акаары киһини, дьэ, тоҕо аһынна, баарын тоҕо суостаах соҕустук биллэрбэтэ?! Оттон эһиги, күндү ааҕааччыларым, ону туох дии саныыгытый? Булт да араастаах Айылҕа барахсан киһини-сүөһүнү, оту-маһы араастаан айбытын курдук, көтөрө-сүүрэрэ, үөнэ-көйүүрэ да бэйэтэ туспа боруодалаах, бөдөҥнөөх-кыралаах, уһуннаах-кылгастаах, эмистээх-көтөхтөөх буолар быһыылаах. Бачча сааспар диэри син элбэх куһу-хааһы, улары, куобаҕы бултаабытым буолуо гынан баран, кэпсээҥҥэ сылдьар гына, чахчы, астык, бөдөҥ, эмис булка икки төгүл түбэһэн турардаахпын. Ол туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Атырдьах ыйын бүтүүтэ ыраах хоту алаастарынан кэрийэн кустаан баран, баара-суоҕа үс чыркымайдаах, биир көҕөннөөх дьиэбэр төннөн иһэн, Ат Туйаҕын үрэҕин сыырын үрдүгэр тыа быыһынан биир туус маҥан куобах соҕуруу диэки ыстаммытын көрө түстүм. “Дьыл баччатыгар хайдах итинник туус маҥан куобах эбитэй?” диэн муодаргыы-муодаргыы, кэнниттэн батыһыах санаа киирдэ. Куобах киирбит хараҥа ойууругар чугаһаан истэхпинэ, икки бочугурас көтөн тирилээн тахсан, биирдэрэ тиит мутугар олоро түстэ, иккиһэ ойуур иһигэр “тимис” гынна. Бочугураспын ытаары гынан иһэн, баҕар, куобаҕым
чугас буолуо диэн ыппатым. Күн балачча арҕаалаан, тыа иһэ хараҥаран барда. Хойуу иһирик ойуур иһигэр киирэн, ол-бу диэки чуҥнаан, от-мас аннын өҥөйтөлүү туран көрбүтүм, арай куобаҕым миигиттэн чугас сыгынах анныгар кирийэн, бу туртайан сытар эбит. Кыҥаан ытыам икки ардыгар куобаҕым ыстанан кэбистэ. Сүүрэн истэҕинэ, ойууру быыһынан иккитэ субуруччу ытыалаан хабылыннардым да, куобаҕым “элэс” гынан хаалла. Дьэ, букатыннаахтык мэлийдим дии санаатым. Дьоҕойон, барбыт сирин диэки хааман истим. Суолум да мантан чугас буолуохтаах. Арай ыраас дьэҥкэ ойуурга тэйиччи туох эрэ маҥан кылбайан сытара көһүннэ. “Эс, ама, куобаҕым буоллаҕай?” — дии санаабытынан, чугаһаан кэлбитим, куобаҕым тыыллан сытар эбит. Дьэ үөрдүм. Сулбу тардан ылыыбар аһара бөдөҥүн уонна ыараханын сөҕө санаатым. Оччотооҕуга күһүн аайы Курбуһахха куобах бөҕөнү бултуурбут буолуо эрээри, маннык бөдөҥ куобаҕы өлөрбүппүн өйдөөбөппүн. Хараҥа буолуута дьиэбэр кэллим. Киэһэ спортзалтан оҕолору кытта мээчиктээн кэлбиппэр, кэргэним ол куобаҕы сүлэ турар эбит. Буутун туһунан эрэ кыра эт баара кытаран көстөр уонна таһа барыта көстүбэт сыа буолан соһутта. Оттон иһин ыраастыырыгар кэргэним өссө дьулайда: ким эрэ соруйан иһигэр сыаны мунньан симэн кэбиспитин курдук. Куобах да, сибиинньэ курдук уойар буолар эбит! Арааһа, аарыма кырдьаҕас атыыр куобах олус эрдэ маҥхайар уонна аһара уойар быһыылаах. Тыһыынчанан куобахха биир эмэ оннук баара, бука, миэхэ түбэстэҕэ. “Байанай утары ууммутун...” Афанасий Максимов-Көрдүгэн кинигэтиттэн.
kyym.ru сайтан