Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биир ытыы – биэс хаас
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биир ытыы – биэс хаас
K
kyym.ru сайтан
Сонор
15.11.2018 16:19
Баһылай оҕонньор уһуктан, оронугар сытан эрэ, саҥардыы тахсан эрэр күн сардаҥалара дьиэ эркинигэр тыкпыттарын көрөн: “Күн түргэнник да сыҕарыйар эбит”, – диэх курдук санаан ылла. Кырдьыга даҕаны, билигин санаатахха, “киһи олоҕо түннүгүнэн чыычаах көтөн ааспытын курдук” түргэнник элэс гынан ааһар эбит. Уонча сыллааҕыта алта хааһы бултаабытыгар биир үөлээннээҕэ: “Оо, дьэ, кырдьаҕас, бу сылы туораабат буолбуккун, Байанайыҥ бүтэһигин бойомнук өлүүлээбит”, – диэн куттуу сылдьыбыттаах. Онто, хата, оҕонньор күн бүгүнүгэр диэри өлүөр, чэгиэн сылдьар. Барыларын кыһыыларыгар, хата, билигин даҕаны хаастыы барыах курдук сытар. Ол хаастары бултуур сылыгар, Баһылай эдэр сааһыттан, дьон этэринии, “сопхуос ыарахан үлэтигэр миккиллэн”, биэнсийэҕэ тахсыбыта номнуо хаһыс да сыла этэ. Кыралаан доруобуйата “сылаабайдыыр” буолан, чэрчийэ таарыйа эдэр уолаттары кытта Ытык Күөлгэ андыга сыта киирсибитэ. Бу – икки биэрэстэттэн ордук усталаах, ортотунан синньээн ылар, хомустардаах, тураҥнаах уулаах улахан эбэ. Куулата – хара тиит мас, халдьаайыта – бэс чагда, алаас тыатын саҕата хатыҥнаах. Онон эриэккэс кэрэ көстүүлээх үтүөкэн дойду. Саас анды саҕана алаас сэргэхсийэр. Манна былыр-былыргыттан кус-хаас бөҕөтө бултаммыт сирэ. Ол сыл анды аанньа биллибэтэҕэ. Уолаттара үлэлии бараннар, кырдьаҕас соҕотоҕун хаалан, уруккуну-хойуккуну саныы сыппыта. Халлаан хотуттан тыалыран киирэн барбыта. Күүһүрэн, дурда сабыытын саралыы тардыахха айылаах үллэҥнэтэрэ. Тыал сотору-сотору уонна олус күүскэ үрэр буолбутугар атын дурдалартан андыһыттар тахсыталаан киирэн барбыттара. Кини эмиэ тахсан матасыыкылын көрбүтэ, инники көлүөһэтэ тыынын таһааран кэбиспит этэ. Дурдаҕа күннэри-түүннэри сытыах диэтэххэ, эмиэ да сылаалаах. Онон бултуу сылдьар киһи сиэринэн оҕонньор икки уостаах саатын сүгэн, күөл арҕаа баһынан аргыый хааман, кэрийэн кэлэргэ быһаарынна. Алааһын ахтыбыта да бэрт. Сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ, бу алааһы чааһынай дьоҥҥо түҥэппиттэрэ, онон, хата, от бөҕөтө оттонор буолла. Сир оҥорооччунан үлэлии сылдьан докумуоннарын барытын бэйэтэ эт илиитинэн оҥортообута. Кэлин алаас уута сыллата улаатан иһэринэн, ходуһалара кыччаан эрэр. Былырыын кимнээх хайдах оттообуттарын көрө иһэн, эдэригэр хоту үлэлии сылдьан, туундараҕа кустары күөрэтэн түһэртиирин санаан, мүчүк гынан ылбыта. Арҕаа баска Окойуомаптаах куска сыппыт дурдаларыгар тиийэригэр, арай соҕуруу-илинтэн туохтар эрэ хараарыҥнаһан иһэллэрэ көстүбүтэ. Баһылай дурда ойоҕоһугар сытынан баран, өйдөөн-төйдөөн одууласпыта – хаастар. Сүүрбэччэ үөрдээх хардырҕас хаастар тыалы утары, түҥ-таҥ дайбаан аҕай иһэллэр эбит этэ. Тыала күүһэ бэрт буолан, санаатыгар, бэрт нэһиилэ иннилэрин диэки сыҕарыйаллара. Кини үрдүгэр кэлэн, дурда ойоҕоһугар сытар киһини хойутаан көрбүттэриттэн соһуйан дуу, хайдах эбитэ дуу, аймана түһээт, хайдах эрэ чөмөхтөһөн хаалбыттара. Баһылай ону көрөөт, ытан ньиргиппитэ. Хас да хаас төбөлөрүн оройунан барбыттара. Иккис уоһунан ыппыта – саата эстибэтэҕэ. Хаастара арҕаа бас тыа үрдүнэн эргийэн илин диэки, тыал хоту бэрт түргэнник көтө турбуттара. Хаастар ытыллыбыттарын көрөн, атын булчуттар эмиэ дурдаларын диэки хороҥнообуттара. Баһылай өлбүт биэс хааһын тыал
бэрт түргэнник кытылга охсубутун, киирэн таһааран истэҕинэ, илин баска эмиэ саа тыаһа бачыгырыы түспүтэ. Хаастарын биэрэккэ от быыһыгар мончуукка маарынната уурталыы охсоот, мааҕын сыппыт сиригэр сытынан кэбиспитэ. Көрбүтэ, хаастара эмиэ кини туһаайыытынан, үрдүгүнэн соҕус иһэллэрэ. Санаатыгар, от быыһыгар сытар хаастары көрөн эбитэ дуу, бэрт кыратык да буоллар, намтаабыт курдук буолбуттарыгар, биир хааһы кыҥаан баран ыппыта. Онто сууллан бурҕас гына түспүтэ. “Саа, хата, ылар эбит” дии санаат, бүтэһик хааһы иккис уоһунан ытаары гыммытыгар, саата эмиэ эстибэтэҕэ. Оҕонньор хаас үөрэ айманан-сайманан халдьыы тыа үрдүнэн тахсан түһэ турбуттарын сайыһа көрөн хаалбыта. “Биирдэ ытан биэс хааһы бултаабыт үһү” диэн сурах бөһүөлэккэ түргэнник тарҕанан, хас да сылы быһа уос номоҕо буолбута. Бу түбэлтэ Мэҥэ Хаҥалас биир маанылаах алааһыгар, анды саҕана, уонтан тахса киһи көрөн турдаҕына, буолбута үһү. Виктор Корякин, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан