Кэпсээ
Войти Регистрация

Үүтээҥҥэ киирбит адьырҕа

Главная / Кэпсээн арааһа / Үүтээҥҥэ киирбит адьырҕа

K
31.10.2018 19:25
Төрдүбүн-ууспун кэпсээтэххэ, аҕам – Таатта Дьохсоҕоно, Бэрээйи алааһыттан силистээх-мутуктаах, ийэм – Колодезникова (Халадьыастар) төрүт-уус Томпо улууһун дьахтара, Мэҥэ Алдан олохтооҕо. Былыр Алдан баһыттан үс ини-бии Халадьыастар устан кэлбиттэр. Ол устугас дьонтон биир Мэҥэ Алдаҥҥа хаалар, иккис – Кириэс Халдьаайыга, үһүстэрэ Уус Алдаҥҥа олохсуйар. Биһиги аймаҕы, Халадьыастары, төрүттэрбит өрүһүнэн устан кэлбиттэрин иһин, “устугастар” диэн ааттыыллар. Эһэм бииргэ төрөөбүт быраатын сиэнэ Братан Сэмэн Халадьыаһынньыкабы адьырҕа баттаабытын туһунан биһиги аймахха уостан түспэт номох баар. Братан Сэмэн бөдөҥ-садаҥ, күүстээх-уохтаах, мас тардыһар киһи этэ. Биир күһүн Сэмэн Бокуруоп саҕана ыраах Мундулу үрэххэ бултуу тахсыбыт. Онтон сэтинньи ый бүтүүтэ “Братаны адьырҕа баттаабыт үһү” диэн сурах тарҕаммыта. Сурах тарҕаммыта аҕыйах ый буолбутун кэннэ, кыһын оройо, арай киһим илэ бэйэтинэн төбөтүгэр бэрэбээскилээх дьиэбэр киирэн кэлбитэ. Сэмэн оһох иннигэр аргынньахтаан олорон табахтыы-табахтыы, сыыйа-баайа кэпсээнин саҕалаабыта. Кэпсии олордоҕуна, болҕойон көрдөххө, урукку оруо маһы ортотунан сылдьар Братан буолбатах этэ. Хайдах эрэ дьик-дьах туттара уонна туохтан эрэ сибиэркээн, олус дьиксиммит көрүҥнээҕэ. Братан Мундулу төрдүгэр тиийэн Төрүт диэн сиргэ киискэ тоһуур ууран баран төннүбүт. Үүтээнигэр кэлэн 6 чаас саҕана аһын астана сылдьыбыт. Ол киэһэ, өлүү түбэлтэлээх, харабыынын ыраастаары бүтүннүүтүн ыһан кэбис­пит. Сор суоллаах диэбиккэ дылы, үйэтигэр саатын ыраастаабатах бэйэтэ, туох эрэ имнэммитигэр дылы, анаан-минээн ыстаҕа үһү. Атах анныттан алдьархай адаҕыйыаҕын түһээн да баттаппакка сырыттаҕа. Күөһэ үрүҥ күүгэнинэн бүрүллүбүтүн кытыыга тардан, саатын ыраастыыр санаалаах, тимир оһоҕор кэлбит. Араа­дьыйаҕа чаһы оруобуна алтаны охсубут. Ол кэмҥэ атах тыаһа сырдырҕаан кэлэн, аанын охсон “лүҥ” гыннарбыт. Сэмэн тута сөрөөн: “Адьырҕа кэллэ”, – диэн сэрэйбит. Ыксал бөҕөнөн сэттэ чох үр­дү­нэн үктэнэн саатын хомуйа сатаабыт. Ол турдаҕына аарыма улахан тыатааҕы түннүгүнэн барыйан ааспыт. Үрдүгэ түннүк үөһээ холуодатыгар тии­йэр үһү. “Адьырҕа үүтээн иһигэр кии­риэр диэри саабын хомуйа охсубут киһи” дии санаан ылбыт. Ол эрээри ол баҕа санаата туолбатах. Кыыл төннөн, ааныгар кэлбит. Братан ойон тиийэн ааны тутааҕыттан туппут, тардыһыы кытаанаҕа буолбут. Тыатааҕы олуурдаах ааны иэччэҕиттэн арааран туура тардыбыт да, ыраах элитэн кэбиспит. Үүтээн айаҕа аҥас гына түспүт. Тымныы салгын үрүҥ туман буолан, үүтээҥҥэ субулла кутуллубут. Киһи турар диэн сэрэммэккэ, аан модьоҕотун атыллаан, үөс курдугунан өһүөннээхтик батары көрөн, суос бэринэн ырдьыгынаан, килэҥ аһыытын көрдөрбүтүнэн, аарыма кыыл үүтээҥҥэ баар буола түспүт. Тыатааҕы кытаран көстөр кугас дьүһүннээх улуу дьаалы эбит. Көхсүн иһигэр күрдүргээн тыынар, сирэйин сэбирийбит түүтэ өр тымныыга сылдьан кырыарбыт, атаҕа таас үрэх тааҥын кэһэн мууһурбут үһү. Аар тайҕа муҥур тойоно дириҥ уутугар утуйа сыппакка, ороһуйан уһуктан, киҥэ-наара холлон, киэҥ көхсө кыараан, барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан, торҕонноон икки атахтаахха санаммыта ынырык көстүү үһү. Сэмэн, амырыын кыылы көрөн, куйахата
үмүрүтэ тарпыт, этин сааһа аһыллан “дьар” гыммыт. Тымныы көлөһүнэ дьулайыттан саҕалаан сиһин ороҕунан атаҕын тилэҕэр тиийэ дьырылаабыт. Булчут кэннинэн хааман чинэрийэн, аргы маска куурда ыйаабыт ыстаанын куругар иилэ сылдьар быһыччатын кыыныттан сулбу хостоон ылбыт. Кы­һалҕатын оҥорон быһах буолбатах бы­һычча эбит. Братан чинэрийэн, наара ороҥҥо кэтиллибит. Ол кэмҥэ кыыла тохтуу биэрбит. Онтон мууһурбут аҥаар баппаҕайын өрө көтөхпүт. Кыл түгэнэ оннук тугу эрэ толкуйдуур курдук туттан, тохтоон тура түспүт. Онтон үөлэс саҕа айаҕын дьаллаччы аппытынан, сыраана санньылыйбытынан, ардай араҕас аһыытын килэппитинэн, мунна хараҕар тиийэ сылластан, субу барыйан кэлбит. Биһиги киһибит булчут өбүгэлэрин хорсун хаана уһуктан, уолуйбакка, куттанары таһы-быһа умнан, хаҥас илиитинэн чөрөгөр кулгааҕыттан харбаабыт, туох баар күүһүнэн маҕыйа-маҕыйа сүнньүгэ быһыччатынан анньыалаабыт. Хас астаҕын аайы арҕаһын халыҥ түүтүттэн быһычча төттөрү тэйэ сылдьар үһү. Күн туллар, күһэҥэ быата быстар былдьаһыктаах кэмин Дьылҕа Хаан силлибэттик ыган аҕалбыт. Братан ыксаан киирэн барар. Оргуйа турар чаанньыктаах уунан, күөһүнэн охсубут. Ону кыыла ымыр да гынан көрбөтөх. Дуолан охсуһуу араллааныгар оһоҕу, остуолу түҥнэри көппүттэр, үүтээн ыыс-быдаан, үөдэн-таһаан буолбут. Амырыын адьырҕа булчуту наара ороҥҥо тиэрэ баттаабыт. Хата, бүтүн оҥоһуулаах киһи буолан, батарыайанан умайар лаампата эркиҥҥэ ыйанан, сырдык баар үһү. Ол сытан Сэмэн кыылы хаста даҕаны ойоҕоско анньан кибир­гэппит. Бу сырыыга быһыччата иһирдьэ киирбитэ илиитигэр биллибит. Ол кэмҥэ адьырҕа бүлгүнүн хадьырыйбытыгар быһаҕын мүччү тутан кэбиспит. Кыыла хабарҕатыгар түһэн эрдэҕинэ орон анныттан хардаҕаһы сулбу таһытан ылан икки илиитинэн, “өлүү айаҕын нээтэгинэн бүөлээбит” диэбиккэ дылы, хар­даҕаһы үөлэс саҕа айаҕар туора анньыбыт. Адьырҕа хардаҕаһы хабан ылан илгиэлээбит, туора хадьырыйбыт, мүччү туттарбыт. Онуоха булчут иккиһи ылан эмиэ туора айаҕар аспыт. Дьэ, итинник өрө тустан биликтэһэ сыппыттар. Братан ийэ-хара көлөһүнэ сарт түһэн, уу билик илиитэ сылайан, нукаай буолбут, күлгэдийэн эр сэнэҕэ эстибит. Хаста даҕаны бэринэн кэби­һээри сананан баран, аламай үрүҥ күн сырдыга күндү буоллаҕа эбээт... Тыатааҕы быһахтан ылбыт эмсэҕэ­лээ­һинэ таайан, киһи атаҕын сымара таастыы ыга баттаан ыараханнык иһин түгэҕиттэн мэҥийэн аҕылыы олорбут. Братан ол сытан ис-иһиттэн тэптэн, кыйыттан “туох аньыым-харам иһин буулаан, сэнээн-атаҕастаан кэбилээтиҥ” диэн, кыылга абаран хардаҕаһынан төбөҕө биэрбит. Дьэ, бу саамай улахан алҕаһа эбит! Тыатааҕы буолан-хаалан турбут, кыыһыран-кыйыттан ырдьыгынаат, үрдүгэр саба түспүт. Ардай аһыытынан хадьырыйбыт, дэгиэ тыҥыраҕынан хайыта-тоҕута тарпыт. Ол быыһыгар киһи хараҕын абааһы көрөн, куйахатын саралаан хараҕын саба түһэрэ сатаабыт. Хата, мүлтүрүҥнээн мөхсөн, төбөтүн куоттаран, сыыһа-халты харбатан тыҥыраҕын кэтэҕин уоллаҕаһыгар хатаабатах. Сэмэн өй-мэй баран, ыарыыны да­ҕаны билбэт турукка киирэн хаан-билик буолан сыппыт. Торҕоннообут адьырҕа чочумча олоро түһэн баран, оронтон түһэн ааҥҥа тиийбит. Модьоҕону атыллаан тахсан иһэн, аан чанчыгар төбөтүн охсубут, тыас “дьиҥ” гынан бүтэҥитик тыаһаабыт. Братан оронтон сыһыллан туран ааны­нан өҥөйөн көрбүтэ, уонча
хаамыылаах сиргэ кини диэки кэннин хайыһан көрөн турар үһү. Икки ардыларыгар чөҥөчөккө мас мастыыр сүгэтэ батары сааллан турбут. Братан синигэр түһэн, эр санаатын ылынан, үүтээнтэн сулбу ойон тахсан, сүгэни харбаан ылаат, бэлэһин муҥунан хаһыытаан тоҕо барбыт: “Кэл, баскыҥ хайа охсуом!” Адьырҕа дьиктиргээбиттии көрөн турбут. Хараҕар өһүөн тобоҕо да көстү­бэт үһү. Тыатааҕы кэннин хайыһан көрө-көрө, Сэмэн хайыһарын суолунан үөһэ диэки үмүрүччү үктээн, сүгүллэн хаама турбут. Хас хардыылаатаҕын аайы тириитэ туһунан хамсаан бүгүл­лэҥниирэ үһү. Оннук олус ырыганнаа­быт адьырҕа эбит. Ол даҕаны иһин ыксаан, күнэ харааран, ас көрдөөн үүтээҥҥэ киирдэҕэ. Аар тайҕа муҥур тойоно туохтан уһуктан кырыалаах кы­һын илэ барбытын туох билиэ баарай?! Баҕар, таас үрэх уута арҕаҕар киирбитэ буолуо эбэтэр икки атахтаахтар мүччү тутан куоттарбыттара буолуо? Ону билигин ким билиэ, таайыа баарай?! Братан хамсалаах табах быстыҥа кэм устата кыыла харах далыттан тахсыар диэри одуулаан турбут. Хаана барара, ыарыыта сүрдээх үһү. Ону ис таҥаһын хайыта тыытан бэрэбээскилэммит, үүтээн аанын оҥорбут, үөдэн-таһаан буолбут дьиэтин иһин өрө тарпыт. Ити түбүгүрэ сырыттаҕына, араадьыйа сэттэ чааһы охсубут. Арыый тыын ылан уотун саҥаттан оттубут. Тоҥ хаһаа буолбут үүтээнэ сотору сылыйан быр гыммыт. Чэйин оргута уурбут. Саатын дьэ хомуйбут, дьиэ таһыгар тахсан ытан көрбүт, харабыына, хата, эстибит. Өл хабан чэй испит уонна оронугар өттүгэстээн сыппыт. Араллаан ааһан уоскуйуутугар, аны хабыар хапсыһыы ухханыгар биллибэтэх ыарыыта дьаралыйа ыалдьан утуппатах. Ол сытан: “Өр сыттахпына көһүйэн, кыайан туруом суоҕа”, – диэн санаабыт. Онон түүннэри Атырдьахха, үс аҥаар көстөөх сиргэ сатыы айаннаабыт. Үс аҥаар көс диэн эттэххэ эрэ дөбөҥ. Хас даҕаны таас үрэх оломун булан, кэһэн туоруохтаах. Түүн олому булар уустук, сүүрүккэ оҕустаран муус анныгар барыахха сөп. Биһиги дойдуга кыһынын таас үрэх тоҥмокко сүүрдэ сытааччы. Дьэ, итинник, быраатым Сэмэн этэҥҥэ моһоллору туораан Атырдьахха күнү-дьылы кэтиир сиргэ тиийбит. Братан эр санаалаах, кыанар киһи буолан, өрө сүгүллүбүт сымара таас курдук ынырык адьырҕаттан быыһаммыт. Кини тыатааҕыны олус күүстээх эбит диэн саллыбыт этэ. Братан Сэмэн оһох иннигэр аргын­ньахтаан олорон көннөрү киһи куйахата күүрэр ынырык кэпсээнин түмүктээбитэ. Онтон туран, ааны аһан баран эрдэҕинэ: “Сир-дойду иччитэ тыатааҕы буолан кубулунан эйигин холдьохпут, кырыы хараҕынан кынчыатаабыт. Сиэри-туому кэһэн, тугу эрэ сыыһа-халты туттан, аар тайҕаҕын хомоппуккун. Онон аньыыҥ-хараҥ боруостаныар диэри, аны Мундулу үрэххэ бултуу тахсыма”, – диэн сүбэлээбитим. Братан үүннээх-тэһииннээх тылбын истиэх бэйэлээх буолуо дуо?! Ааттыын Братан буоллаҕа. Хас даҕаны буолан Мундулуга бултуу тахсан баран табыл­лыбатаҕа. Күөгэйэр күнүгэр сылдьан быстахха былдьаммыта. Киһи сиргэ уонна аар тайҕаҕа бэйэ бодотун тардынан, итирэн-кутуран сир-дойду иччилэрин уйгуурдубакка, булт сиэрин-туомун, Байанай үгэстэрин тутуһан сылдьыахтаах. Егор КАРТУЗОВ.
kyym.ru сайтан