Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биир күһүн 37 тайаҕы
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биир күһүн 37 тайаҕы
K
kyym.ru сайтан
Сонор
21.09.2018 11:47
Эдьигээҥҥэ аата-ахса биллибэт үгүс үрэх баар. Кинилэр бары Өлүөнэ эбэҕэ кэлэн түһэллэр. Биир оннук үрэх Мууна буолар. Уутун кээмэйинэн да, уһунунан да Саха сирин биир саамай улахан үрэҕэ. Мууна айылҕатын кэрэтинэн, булдунан-аһынан олус баай. Манна саас көтөр кынаттаах бииһин-ууһа барыта кэриэтэ кэлэн төрүүр-ууһуур уонна күһүнүн үрэх төрдүгэр мустан ыам бырдаҕын курдук хойуутук көтөр. Сүүрэр атахтаахтан эһэ-бөрө, тайах, кыыл таба, күндү түүлээхтэн киис, саһыл, солоҥдо, андаатар үөскүүр. Онно эбии уу улаханнык ылбатах дьылыгар куобах хойуутук төрүүр-ууһуур. Мас көтөрүттэн хара улар, куртуйах, бочугурас, курупааскы бааллар. Оттон уутугар саас күндү балык – бил, хатыыс, о.д.а. ыыр. Күөллэригэр быраҥаатта, собо үөскүүр. Кыыл таба Хотугу Муустаах байҕалтан тахсан эмиэ бу үрэх төрдүгэр кыстыыр. Оттон тайах балаҕан ыйыгар хотуттан кэлэн быһа ааһар. Дьэ, ол кэмҥэ Эдьигээн тайахчыттара бары онно мусталлар. Биһиги эмиэ онтон матыахпыт дуо, биир күһүн доҕотторбун Клим Лазаревы, Василий Шемякову уонна Григорий Николаевы кытта тайахха таҕыстыбыт. Хоргуоска Аппатыгар Доҕотторбун эрдэ мотуордаах оҥочонон ыытан, бэйэм кинилэр кэннэ дэриэбинэҕэ икки хонон баран, омук туристарын илдьиэхтээх бөртөлүөккэ кыбыллан (оччолорго Эдьигээҥҥэ омук дьоно кэлэн бултуур идэлэммит кэмнэрэ), Хоргуоска Аппата диэн сиргэ тиийэн, этэҥҥэ түстүм. Малбын барытын эрдэ ыыппыт буоламмын, бэйэбин кытта туох да таһаҕаһым суох, арай, биир «күндү» дьааһыктаахпын. Тиийэн түһээппин кытта уолаттарым мотуорканан сүүрдэн кэлэн, тута дьааһыкпын хаба тардан ыллылар уонна «туруоҥ дуо, бардыбыт» диэн буолла. Кырдьык, бу аппаҕа кэлсибит ньиэмэс булчуттарын көрсөөччү хара баһаам. Оттон кинилэри барыларын аһаттахпытына дьааһыктаах «күндү» аспыт көҕүрүүрэ чуолкай. Онон сып-сап хомунаат, «сус» гынныбыт. Уолаттар балааккаларын Хоргуоска уонна Тэгээстээх диэн аппалар икки ардыларыгар түһэрбиттэр. Дьэ, манна киэһэ улахан бырааһынньык буолла. Быыһыгар, аттыбытынааҕы кыттыгастарбыт кэлэллэр-бараллар. Инньэ гынан сорох бытыылкабытын кистээтибит. Чэ, ити хааллын. Бастаан Муунаҕа күһүҥҥү тайаҕы хайдах бултуулларын кэпсиим. Быһа ааспат сирэ Үрэҕи өксөйдөх ахсын сирэ-уота уларыйан иһэр. Бастаан кэлэр буор хайалар сыыйа үрдээн, таас хайаларга кубулуйаллар. Оттон олору бата бардахха, үрэх икки өттүттэн кыра үрүйэлэр түһэр сирдэрэ саҕаланар. Дьэ, тайахтар бу үрүйэлэри бата үрэххэ түһэллэр уонна уутун харбаан туораат, уҥуоргу үрүйэлэринэн тахсан бараллар. Биһиги талах быыһыгар балааккаҕа олорон олору кэтэһэбит. Икки киһи куруук бүнүөкүллээх таһырдьа маныыр. Тайах биһигини быһа ааспат. Өлөрбүт тайахпытын астаан, биир сиргэ мунньабыт. Ону киэһэ ахсын бөртөлүөт кэлэн Эдьигээҥҥэ илдьэ барар. Оччолорго бөртөлүөттэр Молодо үрэҕэр эспэдииссийэ турбаларын таһаллара уонна төннөн иһэн биһиги дуогабарынан райпоҕа туттарар эппитин ылан ааһаллара. Биригээдэҕэ тойоммут – сопхуос управляющайа Ф.М. Ксенофонтов. Политрукпут – райком тэрийэр отделын сэбиэдиссэйэ, билигин СӨ Архыыбын сэбиэдиссэйэ Н.Р. Константинов. Барыта тоҕуспут. Киэһэ аайы тойоммут балааккатыгар мустан бөртөлүөтчүктэр хаалларбыт «кэһиилэрин» иһэбит. Оттон олор сырыы аайы тайах муоһа, тыһа, этэ бэлэхтээх төннөллөр.
Биһиги эппит кыратык да көҕүрээбэт. Хата, киэһэтин – тайах быыһастаах бырааһынньык. Ол быыһыгар кэлээт, кистээбит бытыылкаларбытын турардыын-турбаттыын көрдүү сатыыбыт даҕаны, туһа тахсыбат. Барытын биир сиргэ Биир сарсыарда эрдэ туран, уолаттарым күөс буһарыахтарыгар диэри кинигэ ылан, баҕар, тайах киириэ диэн, талах быыһыгар киирэн олордум. Тымныыта сүрдээх, эбиитин туманнаах буолан, уҥуоргу биэрэк боруоран эрэ көстөр. Арай, кинигэ ааҕа олордохпуна, уҥуоргу тыаҕа мас тостон «пас» гыммытыгар көрө түспүтүм, санаабар, балаҕан саҕа күлүктэр мастар быыстарынан күлүгүлдьүһэн, үрэххэ киирэн кэллилэр. Өтөр биир улахан тыһы тайах балай да үрдүк күрүлгэн үрдүттэн ыстанан түстэ да, ууну былдьаста. Тахсыах сирэ миигиттэн халдьы соҕус буолсу. Инньэ гынан төҥкөйөн баран, талах кэннинэн кыылбын күөйэ сүүрдүм. Аны, ол иһэн хараҕым кырыытынан көрбүтүм, өссө хас да тайах үрэххэ ыстанан түһэн эрэр эбиттэр. Ити икки ардыгар бастакы тайаҕым номнуо кытылы булан, уутун тэбэнэн барда. Ыксал буолла. Кинини күөйбэтим да, атыттар батыһан куоталлара эрэбил. Онон талах кэнниттэн ойон тахсан, аһаҕас сиринэн кыылым диэки сүүрэн маҕыйдым. Тайаҕым, онно миигин дьэ өйдөөн көрөн, соһуйдаҕа буолуо, чолос гынан, хамнаабакка турунан кэбистэ. Мин, көстөн баран хайыамый, тааска тобуктуу түстүм да, СКС харабыыммынан тайах иннигэр баар тааһы харса суох ытыалаан куһуйдум, ону кытта кыылым сиргэнэн, уутугар төттөрү түстэ. Ити бириэмэҕэ үрэх икки өттүгэр мотуоркалар собуоттанан бирилэстилэр, тайахтар бары ууга киирэн булумахтаннылар. Дьэ, доҕоор, уолаттар барытын көрөн турбуттар эбит. Онон икки өттүттэн мотуорканан сүүрдэн кэлэн, төттөрү-таары сүүрэн булумахтана сылдьар тайахтары ытыалаан битиргэппитинэн бардылар. Үрэх иһэ саа, мотуор тыаһынан, тайах орулааһынынан, дьон хаһыытынан туола түстэ. Ол кэмҥэ ботуруонум бүтэн, көрөөччү эрэ буолан хааллым. Ити үлүгэрдээх «сэрииттэн» биир аарыма лөкөй ордон биэрэк устун куотта. Уолаттар, ону тэйэн эрдэҕинэ көрөннөр, кэнниттэн түстүлэр. Хата, ыраатыннарбатылар. Ол гынан баран, сүүрбэччэтэ ытан нэһиилэ охтордулар. Кэлин билбиппит, ити охторбут аҕыс тайахпытын барытын бу аарыма кыыл күөйэн илдьэ сылдьыбыт эбит. Олор миэхэ киирэн биэрэн былдьаммыттар. Барыта бүтэн, тыас-уус тохтообутун кэннэ, мин таас үрдүгэр табахтыы олорон, бу түбэлтэни Гражданскай сэрии саҕана Төхтүр дьаамын анныгар Сылластыгас Сүөдэр сирдьиттээх бандьыыттар этэрээттэрэ соҕурууттан Дьокуускайдаан испит Каландаришвили этэрээтин тоһуйан кыргыбыттарыгар тэҥнии санаан ылбытым. Оннук дьикти түбэлтэҕэ түбэһэн турабын. Кырдьык, санаан да көрдөххө, биир өттүнэн дьулаан соҕус хартыына буолуохтаах. Иккиһинэн, чыпчылыйыах түгэҥҥэ Байанай итиччэ өлгөм булду биэрэрэ – сэдэх көстүү. Мин биир сиргэ уонча мүнүүтэ иһигэр бүтүн 9 тайаҕы дьаһайбыттарын өссө истэ-көрө илигим. Айанныах иннинэ Ити курдук бултаан, эппитин барытын ыытан, таһаҕаспытын үс оҥочоҕо тиэйэн баран, ыраах айанныыр дьон быһыытынан эбиэттээри тэриннибит. Икки биэдэрэнэн эмис тайах түөһүттэн, ойоҕоһуттан буһара уурдубут уонна күөс буһарын күүтэ таарыйа, бары мустубучча, отуу тула олоро-сыта булт араас түгэннэрин ахтыһан,
күлэ-сала олордубут. Ол олорон арай хараҕым кумах быыһыттан быган сытар хаһыат лоскуйугар иҥиннэ. Мин испэр «бу хайалара отуу таһыгар чохчойдоҕой?» диэх курдук санаан иһэн, кумааҕыга уруһуйдаммыт харахадьыыл ойуутун көрө биэдим. Тута өйдүү биэрдим – манна кэлиэм иннинэ дьааһыктаах бытыылкаларбын «Крокодил» сурунаал лиистэринэн суулаабытым. Онтон ойон тиийэн кумаҕы тарыйа биэрбитим, били, кэлээт, кистээбит үс бытыылкабыт бу сыталлар эбит. Дьэ, доҕоор, үөрүү-көтүү манна буолла. Аһыы олорон баартыйа киһитэ Николай Романович туос көтөхтө. Онно мүччүргэннээх түгэҥҥэ сөптөөх быһаарыыны ылына охсон, бүтүн үөр тайаҕы эт атахпынан сырсан күөйэн бултаппыт, милииссийэ уопуттаах суоллааччыта буолан, үс бытыылканы чугас кистээн, онтубун сыаптаах ытынан харабыллатан, бу бырааһынньыкка тигиһиннэрбит мин аатыран, хайҕамматахпын хайҕанным. Ол курдук Муунаҕа уонча күн бултаан, барыта 37 тайаҕы өлөрбүппүт. Ити сыл кыһыныгар, 1993 с., үлэбинэн Горнайга көһөн кэлбитим. Нөҥүө сылыгар тайах сезонун саҕана отдел тайахчыт уолаттара биирдэ «хоту дойдуга үлэлээбит киһи, тайахха сылдьарыҥ буолуо, тайаҕы өлөрбүттээххин дуо, кэпсээ эрэ» диэбиттэригэр, мин хайдах баарынан, бу кэлээри сылдьан 37 тайаҕы өлөрбүппүн аһаҕастык кэпсээтим. Ону тоҕо эрэ дьонум «алҕаһаата быһыылаах» диэн, хаста да ыйытан көрөн баран, тэйэ хаамтылар. Өссө кэлин истибитим, дьонум миигин букатын итэҕэйбэккэ, «биһиги манна куһу да итиччэни бултаабаппыт, улахан «лапсаһыт» киһи кэлбит» дии сылдьар сурахтаахтара. Дьэ, кырдьык, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Бу аатырар Мууна үрэҕэр сыл аайы ити курдук төһөлөөх тайах бултаммыта буолуой?! Ол туһунан ким да кэпсээбэт, арай эбэ хотун бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Захар Федоров, Эдьигээн-Бэрдьигэстээх.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан