Кэпсээ
Войти Регистрация

Кураанах кэллэххэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Кураанах кэллэххэ

K
16.08.2018 13:57
Сиргэ-уокка сылдьан, ону-маны санаан, арыт ол долгунугар оҕустаран ыраах ханна эрэ тиийэн хаалбыт курдук буолаҕын. Бииргэ үөскээбит аллар атаһым анараа дойдуга соһуччу аттаныаҕыттан араас курус санаа ытыра-ытыра тардыалыыр буолбута ыраатта. Күн-дьыл төһө да ырааттар, атаһым барахсан тутта-хапта сылдьара, сэгэйбитинэн бу киирэн кэлэрэ бу баарга дылы. Дьылҕа Хаан обургу кылгас үйэлээбитин туох диэххиний. Ол эрээри сүрдээх курус, доҕоор. Маннык түгэҥҥэ эр киһиэхэ айылҕата эрэ көмөлөһөр быһыылаах. Хайдахтаах да ыарахан балаһыанньаттан төлө көтөн тахсарга сорох-сороххо биир ньыма баар дии саныыбын – айылҕаҕа көҥүл сылдьа түһүү. Ону, дьиҥэр ким барыта билэр ини. Онон сааланан булка тахсыахха. Мантыбыт эмиэ ноолоох. Сорох кыһыны быһа күүтэн-күүтэн, тэринэн-тэринэн баран, олох да мэлийэн кэлиэн сөп. Оннук кураанах кэллэҕинэ, кырыылаах тылы таһаарыа суохха баара. Билигин куһу-хааһы өҥүн да көрбөккө, илии соттон да кэлиэххэ сөп буолбута ыраатта. Бу – эр киһи мөлтөҕүттэн дуу, аһыы утаҕы олус ыймахтаабытыттан да буолбатах. Көтөр кынаттаах аҕыйаабыта оччо. Баары-баарынан эттэххэ, ыймахтаан, хонон-өрөөн хаалбыт да киһи син баар. Бэйэбинэн охсон этэр буоллахха, аҕам буолуохсут аһыы утаҕы ыймахтаабыт аҕай киһи. Иһэ аһыйдаҕын аайы дьиэ иһинээҕилэр кумалааҥҥа барар курдук тарҕаһарбыт. Ааспытын кэннэ кэпсиир чэпчэки, оттон кэмигэр, дьэ, кытаанах олох этэ. Ама да ааспытын иһин... Билигин иһэр-аһыыр “муодаттан” тахсыбыта ыраатта бадахтаах. Дьон-сэргэ иһэн-аһаан туох да туһа тахсыбатын этинэн-хаанынан билбитэ ыраатта. Арыый төбөлөөх өттө аһыы утахтан аккаастаммыта быданнаата. Төһөлөөх эрэт бу астан умсубута буолуой, ааҕан сиппэккин. Санаа тууйуллуутун айылҕаҕа, оллоон, кутаа таһыгар олорон отур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ таһаарар баҕайыта. Кыһыны быһа кыаһыылыы сылдьыбыт курус санаа торҕо буруону кытта ыраах көтөн хаалар. Айылҕалыын биир ситимҥэ киирэн дууһалыын сынньаныахха. Дьэ, оччоҕо санааҥ биллэ чэпчиэ, ыарык-баттык санаа тэйэн сүргэҥ бөҕөргүө, үөрүөҥ-көтүөҥ. Санааҕын таскар таһааран, үөлээннээхтэргиттэн сүбэ-ама ылан, кыһалҕаҕын быһаарар биир суолуҥ – бу. Хаһаайкалар, төһө да булда суоҕун иһин, тыаттан киирбит күндү киһигит сирэйин-хараҕын өйдөөн көрөр буолаарыҥ эрэ. Хас эмэ күнү супту утуйбакка да сырыттар хараҕа сырдаабыт, санаата көтөҕүллүбүт буолар эбээт! Дьэ, ити курдук үөрэн-көтөн киирбит киһини үөрэ көрсүөххүтүн билиминэ, сорох кэрэ аҥаар күрдьүөтээбитинэн көрсөр идэлээх. Куһа-хааһа суох буолла да, күүлэйдии сылдьыбыт аатырар. Эр бэрдэ «кураанах сырыттарбын, бултуйбатарбын ханнык» диэбэтэҕэ чахчы. Чахчы, кыаллыбатах буолан, кураанах киирээхтиир буоллаҕа эбээт. Тыла суох үөрэх Бурҕаалаан (күтэрдээн) сиэн, сирэй-харах баранар, атах сыгынньах сырсар кэм. Булчут хааммыт оччоттон оонньуур эбит. Эргэ бэлисипиэт хаамырата күндү мал буолара. Сонно тута ачаахха олордуллан арагаайка бэрдэ буола охсон, сыал ыта барарбыт. Бэйэ оҥоһуута кыра чааркааннаах этибит. Бастаан өссө саха чаачардаах чааркаана баара. Ону бараахха иитэ сатаабыппыт быһыылааҕа. Кутуйахха баҕас олох үчүгэй, киһи тугу этиэй. Хороонун иннигэр ууран баран иннигэр эбиэһи таммалаттыҥ да, кыбыллан токуйа
сытар буолара. Оттон дулҕа үрдүгэр бараахха иитэрбит эрээри, эстэрин эстибит буолара да, тоҕо эрэ иҥнибэт буолара. Дьэ, биирдэ тэлгэһэбитигэр сырсан киирбиппит, атаһым аахха хантан эрэ дьон кэлбит сибикитэ баар. Атах таҥаһа, саппыкы эҥин элбээбититтэн ким кэлбитин эндэппэккэ билэр бэйэбит ол саппыкылары өтөрүнэн көрбөтөх буоламмыт, улаханнык мунаардыбыт. Киирдибит. Остуолга номнуо аһаан-сиэн ырааппыт көрүҥнээхтэр. Сирэй-харах элбэх. Дьоммут быыстарыгар билбэт дьоммут сирэйдэрэ кытарыы аҕай. Дьаардаах сыт-сымар номнуо олохсуйан эрэр эбит. Ол аата, бу күн биһиги эмиэ бэйэбит билэрбитинэн, ким баһын ханна батарарынан сылдьыахтаахпытын сэрэйдибит. Атаһым ол икки ардыгар сирэйэ-хараҕа туран хаалла, аҕатыгар тиийэн кытаанахтык өтөрү-батары көрүтэлээбитигэр анарааҥҥыта саҥата-иҥэтэ суох тахсан барда. Сотору туох эрэ талыргыыр тыастаах, кууллаах туох эрэ тимири тутан киирдэ. Олоппоһугар лах гына олоро биэрээт, куултан онон-манан арыылаах, кумааҕыга суулана сылдьар бөкүнүк тимири сулбу таһыйан ылла. Биһигини ыҥыран: “Дьэ, уолум булчут буоллун диэммин, саҥа хапкаан ылан кэллим, хайдах иитиллэрин көрдөрүөм, сэрэнэн иитээриҥ, куруһууната саҥа буолан кытаанах”, – диэн быһаараат, онтун хайдах баттыырбытын, тылын быарыгар туруорарбытын көрдөрөн биэрдэ. Аһаан ньамалаһа олорор дьон ону көрөн, көһүтэ сатаан (ыксаан олорор дьон буоллахтара, куолайдара куурдаҕа) “уолаттар сатыахтара, итини баҕас...” эҥин диэбиттэригэр өссө да элбэҕи үөрэтиэх киһи тохтоон хаалла. “Сэрэнэн иитээриҥ” хос тоһоҕолоон этэн баран, миэхэ эмиэ биир сабыс-саҥа хапкааны туттаран кэбистэ. Оо, онно үөрбүппүн эриэхсит! Биһиги саҕана ол бэлэх муҥутуур үөрүү. Сонно тута күүлэҕэ тахсан, саҥа чааркааммытын иитэн, эһэн көрө үөрэннибит. Кыратык мускуһа түһэн, эриһэн син сатаатыбыт. Бастаан чааркааҥҥа халыҥ үтүлүгү быраҕан көрдүбүт, хапкааммыт сонно эстэн лип гына түстэ. Бэрт диэн буолла. Онтон миэнин иитэн көрдүбүт. Эмиэ син эриһэ түһэн ииттибит. Бу сырыыга чыыппааны ылан хаптара сатаатыбыт да, хапкааммыт тыла кытаанаҕа бэрт буолан, бэрт эрэйинэн эһиннэ. «Тылын тутарын аалыахха» диэн буолла. Атаһым хантан эрэ игии ойутан аҕалла. Аалан кыыкынаттыбыт. «Сөп буолла ини» дэстибит. Ииттибит. Син өһүргэс соҕус да буоллар, холкутук эстэр буолбут. “Дьэ, үчүгэй!” диэн үөрдүбүт. Саҥа, сонун хапкааннарбытын билээри, чугас кыра бадарааннаах күөлгэ тэбиннибит. Тиийэн иһэн ханна бараах ордук мустарын быһаардыбыт. От быыһыттан туран кэлбиппитигэр охсуһан өрө кулахачыйа сылдьар бөтүүктэр үрэл гынан хааллылар. Биһиги ууга түһэ сыһа-сыһа, арыы бадарааҥҥа таҕыстыбыт. Ол ортотугар дулҕаттан дулҕаҕа ойуоккалаан тиийэн, саҥа хапкааннарбытын иитэн бардыбыт. Атаһым иитэ охсон, хапкаанын отунан-маһынан саба тарыйа сылдьар эбит. Миэнэ, били, өһүргэс гына аалан кэбиспиппит, ииппитим кэннэ иккитэ бэйэтэ эстэн чып гына түһүтэлээтэ. Хапкааммын иитэрбэр дулҕа үрдүгэр олорбутум атаҕа уйбакка, тэһэҕэс саппыкыбар уу киирдэ, ол да буоллар тулуйан олордум. «Киирбит да киирдэҕэ» диэтэрбин да тымныы уу киирэрин ким сөбүлээбитэ кэлиэй. Үһүстээн иитэн «дьэ табылынным» дии санаан, от сыыһынан тылын саба туран алҕас отум быыһыгар
бадараан сыстан, хапкааным тылыгар түһэн эстэн, ылгын чыҥыйам төрдүн хам ыстаан кэбистэ! Оо, ыарыыката бөҕө! Эбиитин ол дулҕабыттан сууллан, бадарааҥҥа илиибин уган ыллым, курданарбар диэри уулаах бадарааны кэһэн тахсан, лаҕыччы олорон эрэ илиибин уунан ыраастаабыта буоллум. Ол иннинэ быһахха быстыбыппын эбэм өрбөҕүнэн баайан баран үрдүгэр ииктэппитин бэркэ билэ сылдьабын. Дьэ, ол иһин уоттуйан өҥө бүппүт маайкабыттан сорҕотун хайа тардан ылан хаана чоккуруу турар илиибин хам баайаат, үрдүгэр көҕүрэттэн чоккураттым. Атаһым да бу курдук эмтэнэри бэркэ билэр буолан, туох да диэбэтэ. Табыллыбатах хапкааммытын салыбыратан аҕалан, тылын тордуоҕун хат аалан, көннөрөн биэрдибит. Бу сырыыга син кытаанах гына ааллыбыт. Эмиэ ол күн илдьэн, били, иитэ сатаабыт дулҕабар тиийэн, ньоҕойдоһон туран ииттим. Ол кэмҥэ атаһым номнуо биир барааҕы ылбыта. «Саҥа хапкааммыт үчүгэй буолсу» диэн тойоннообуппут. Сарсыныгар тиийбиппит, икки бараах иҥнэн өлөн сыталлара. Дьэ, үөрүү диэтэҕиҥ! Иккиэн ааппытын билбэт буола үөрэн, дьоммутугар аҕаллахпыт аайы ийэлэрбит үөрүү бөҕөтө. “Хас кустааххыт?” диэтэхтэрин аайы ахсаанын эрэ этэрбит. Биһиги эмиэ улахан дьон курдук булчут тэҥэ сананарбыт. Илиим ол эмтэнии кэнниттэн ыкка оһорун курдук, килэриччи оһон хаалбыта. Этим аһыйан, онтон бэттэх хас биирдии хапкаан туох кыыл-сүөл үктүөхтээҕин суоттаан тыла төлө барыахтааҕын аалыллар, туруоран бэриллэр эбит диэн өйдөөн хаалбыппын. Тыла суох үөрэх диэн, итини этэн эрдэхтэрэ. Куорат дьоно Куоракка олорор эр дьон муҥнаахтар дэриэбинэҕэ олорор эр бэртэригэр төһө эрэ ымсыыраллар. Оттон дэриэбинэ эр бэртэрэ куоракка олорор дьоҥҥо ымсыыраллар. «Куоракка дьахтар аймах кырыы-кырыытынан» диэн ымсыыраллар. Эмиэ туһугар сөп даҕаны. Айылҕаҕа чугас дьоҥҥо, көҥүл көччүйэ сылдьааччыга куоракка тууйуллубут эрэйдээх ымсыырар. Куорат сүпсүлгэннээх олоҕо биир кэм сүүрэлээн олорор. Күн-дьыл дииллэригэр дылы, кырдьык, биир кэм субуллан олорорго дылы. Тыаҕа нус-хас нуһараҥ олох. Тыаттан ырааппатах киһиэхэ куорат сылаалаах. Өрүү ыксыы сылдьар курдуккун да, туох эмэ улаханы ситиспитиҥ көстүбэккэ дылы. Мас мастаан дуу, от оттоон дуу курдук үлэҥ түмүгэ көстүбэт. Эн баарыҥ-суоҕуҥ кимиэхэ да наадата суох курдук. Айылҕаҕа ыраас салгыны түөһүҥ муҥунан көҥүл тыынаҕын, бэйэҥ бэйэҕэр хаһаайыҥҥын. Куоракка оннооҕор оптуобус суоппара эйиэхэ хаһаайын – төлөөбөккүн, таҕыс, бар мантан! Оттон тэрилтэҕэр тойон үөһэ тойон. Ким эрэ туһугар сүүрэн-көтөн сылдьаахтаабыппыт баара, биирдэ өйдөммүппүт – бэйэбит киэнэ диирбит ончу туох да суох буолар эбит... Эттиин-сиинниин булчут хааннаах киһи куоракка кэлэн олохсуйан уйа булара, дьэ, ыарахан суол быһыылаах. Баҕарбытыҥ да иһин, көҥүл көччүйбэккин. Ол иһин эбитэ дуу, ускул-тэскил сылдьар дьон элбэх быһыылаах. Хаһан эрэ көҥүл сылдьыбыт эр бэртэрэ куоракка уһун солкуобайы сырсан кэлэн, быстаран хаалбыттара толору быһыылаах... Оттон биһиги, куоракка олорон хаалбыт муҥнаахтар, кусчукка-хаасчыкка, масчыкка-отчукка ымсыыра хаалаахтыыр буоллахпыт. Ахтылҕан Ол күннэри бэҕэһээҥҥи курдук саныыбын. Санаабар, бэҕэһээ кустаан-хаастаан киирбит курдукпун. Оччоҕо дойдубун,
булпун-алпын ахтыбытым арыый да ааспыкка, мүлүрүйбүккэ дылы буолар. Дойдум барахсан маһа-ото көҕөрөн эрдэҕэ. Куһа-хааһа хойдон эрдэҕэ, Дойдум барахсан балыга тахсан эрдэҕэ... Бүгүн эмиэ кустаатым. Балык миинин, отуу чэйин истим. Бүгүн эмиэ кутаа тула олорон үөлээннээхтэрбин кытта кэпсэттим, үөрэ-көтө эҥээрдэстим, сонуммун тэбээтим, бэйэлэриттэн кытта туоһуластым. Дойдубар тахсан сирбин-уоппун эргийэ көтөн кэллим. Сыһыыларбын кэрийэ сүүрдүм. Эбэм барахсаҥҥа уу тахсан, булчуттар сэһээккэлэрэ элбээбит. Үрэх уутун киллэрэн номнуо мууһун ыраатыннарбыт. Дойдум барахсан уһуктан эрэр! Сир-дойду уута-хаара бүтэн, тыам көҕөрө быһыытыйан эрэрин көрөн, олус да сынньанным. Һуу, эмиэ түүл эбит дуу... Буркун.
kyym.ru сайтан